Сабыйа сааһырбат лириката

11.03.2019
Бөлөххө киир:

Татьяна Винокурова-Сабыйа оҕолорго аналлаах 6 кинигэлээх: “Эбээ кэһиитэ”, “Чыычаах ырыата”, “Күннээх саас”, “Таптаа сахаҥ тылын”, “Оҕо-оҕо саастарбыт” уо.д.а

Сабыйа “Эйиэхэ эппэтэх тылларым”,”Санаакабын саататан”, “Кынаттаах аппынан”, “Санаам ситимэ”, “Айаным суолугар”, “Сааһырбыт дьахтар лириката” уо.д.а. кинигэлэригэр тапталы, күннээҕи түбүктэри , саха киһитин сатабылын, саха дьахтарын мындыр өйүн уо.д.а. лирик-бэйиэт хараҕынан кыраҕытык хоһуйбута.

edersaas.ru

ДЬОЛЛООХ ДА ДЬОН
“Уулуссаҕа көрүстүм мин
Аҕамсыйбыт дьахталлары,
Тохтоттулар тутан миигин
Тугу эрэ ыйытаары.
Икки дьүөгэ быһыылаахтар,
Кыыда маҥан баттахтаахтар,
Бэрт сааһырбыт көрүҥнээхтэр,
Ханна эрэ тиэтэйэллэр.
Соҕурууттан бу кэлбиттэр,
Былыр манна олорбуттар,
Уруккулуун көрсөөрүлэр
Түмэлбитин ыйдардылар.
«Ийэбиниин кэллибит»,—диир,
(Интэриэстэрэ эмиэ биир),
Ордугурҕаатым кинини—
Ийэлээх саастыым киһини.
Үчүгэйиэн ийэлээҕэ—
Таптаан баччаҕа тиэртэҕэ,
Оҕо буолбутун биллэҕэ,
Ийэҕэ дьолу биэрдэҕэ.
Испэр сөҥөрө билинним—
Ийэм суоҕа—итэҕэһим,
Эмиэ күүскэ суохтаан ыллым,
Тулаайахсыйа сананным.
Оҕолоох ийэ буоланнар,
Оок-сиэ,дьоллоох да дьахталлар!
Кыыс—ийэлээх,оҕо эбит,
Ийэ— дьоллоох ийэ эбит!

КЫРА ДА НААДА
“Ардыгар, ардыгар дьахтарга
Быычыкаан, дуона да суох наада,
Дьоллонон көтүөхчэ буоларга
Кынаттыыр букатын кыра да.
Барахсан астыныа дьоҕустан—
Ыраахтан төлөпүөн нөҥүөттэн
Кулгааҕар иһиллэр куоластан,
Сүрэҕин долгутар күүһүттэн.
Суохтаабыт, ахтыбыт куолаһа…
Биллиэҕэ уостарын сылааһа…
Уйаннык ааспыты санатыа,
Сүрэҕин ньүөлүтэн уулларыа.
Дуоһуйар ээ дьахтар, астынан,
Букатын дуона суох быыкааттан,
Үөрүнньэҥ да буолар, барахсан,
Кыраттан даҕаны манньыйан.
Дьоллонуо сүтүгүн булбуттуу—
Тулата эргиччи алаарыа,
Дайыаҕа дууһата туллуктуу—
Күһүнэ сааскылыы ылаарыа».

МААНЫ КЫЫС
“Хотугу кыраайбыт табатын
Муус маҥан тыстара унтуунан
Суол устун дыгыйа дунунан,
Маҥаас кыыһа,мааныгын даҕаны!
Сымнаҕас көмүспүт күндүтүн—
Киис кыыл кырымахтаах үтүөтүн
Сэгэччи анньан уурунаҥҥын,
Маҥаас кыыһа,мааныгын даҕаны!
Күҥҥэ көөчүктүү толбоннуран
Килгэҥниир нуоркаҕа сууланан,
Наскыччы наҕыллык хамсанан,
Маҥаас кыыһа,мааныгын даҕаны!
Иистэнньэҥ эдьиийбит киэргэтэн
Үтүлүккэр көҕүөр түһэрэн,
Оһуордаан,силиккин ситэрэн,
Маҥаас кыыһа мааныгын даҕаны!”

САХА ДЬАХТАРЫН СИМЭҔЭ
“Иһэллэр саха дьахталлара,
Көмүс
киэргэллэрин тыастара
Кылыргыы-лыҥкыныы күллэрэн,
Чахчы аанньал куолаһын түһэрэн.
Киирэллэр кэрэ түөстэриттэн
Чаҕыл күн уотун күндээритэн,
Хараҕы саатырда күлүмнэтэн
Саха куттааҕы дэбдэтэ үөрдэн.
Саха дьахтарын билиэҥ тута
Илин-кэлин кэбиһэриттэн,
Кини иһирдьэҥ ийэ кута
Онно хаххаланан бүгэриттэн.
Илин,кэлин кэбиһэр симэх
Албаҕалаах киэргэл буолбатах,
Кири-дьайы булгу тэйитиэх
Абыраллаах харысхал суолталаах.
Тапталын,кэскилин арчылаан—
Дьахтарын,оҕотун харыстаан,
Айбыта Дархан Уус нарылаан,
Илин-кэлин кэбиһэри,мааллаан”.

КЭТЭҺИИ
Дьахтар турар түннүгэр,
Тэргэн суолу манаһар,
Кими эрэ кэтэһэр,
Оттон киэһэ ыраатар.
Кэтэһэрин быыһыгар
Аны сүүрэр аһыгар,
Алаадьытын буһарар,
Хаһаастарын таһаарар.
Аһын бары тэлгэтэр,
Сандалыта киэркэйэр,
Төлөн уоттаах чүмэчи
Үчүгэйин даа,эчи!
Санаата олох хаалбат,
Түннүгүттэн арахпат
Чыллыр-чаллыр тыаһааннар
Мүнүүтэлэр маахтыыллар…
Чаастар ааһа сырсаллар,
Тиэтэйбиттии түһэллэр…
…Эрэннэрбит күнүгэр
Турбат эбит тылыгар…
Кэки-курус дьиэтигэр
Дьахтар турар түннүгэр,
Үрдүк халлаан боруорар,
Сырдык уота умуллар.
Ыгар чуумпу сатыылыыр,
Мурун тыаһа сыҥыргыыр,
Арай чаһы сытайар,
Хараҥаны хайытар…”.

ЫСПЫРААПКА:

Татьяна ВИНОКУРОВА-САБЫЙА — Үөһээ Бүлүү улууһугар Маҥааска төрөөбүтэ. 41 сыл устата учууталынан үлэлээбитэ. СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, 2006 с. В.В.Путин Гранын хаһаайката, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ. Икки оҕолоох, сиэннэрдээх, билигин Маҕаҥҥа олорор.

Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ”, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0