Бүгүн, муус устар 17 күнүгэр, саха талааннаах бэйиэтэ Анна Парникова-Сабарай Илгэ төрөөбүт күнүгэр, «Күһүҥҥү ыһыаҕым» диэн үһүс кинигэтин сүрэхтэниитин туһунан суруйбут ыстатыйабытын таһаарабыт.
edersaas.ru
Ыам ыйын 12 күнүгэр аныгы үйэ уһулуччулаах бэйиэтэ Анна Парникова-Сабарай Илгэ «Күһүҥҥү ыһыаҕым» диэн үһүс кинигэтин сүрэхтэниитэ буолла.
А.Пушкин аатынан Национальнай бибилэтиэкэ Историческай саалатыгар хаһааҥҥытааҕар да элбэх киһи муһунна. Сабарай Илгэ курдук хомуһуннаах тыллаах, дэбигис өйдөммөт лиирикэлээх, саха поэзиятын таҥаралаах таабырыннаах бэйиэтин харахпыт далыттан сүтэрбиппит ыраатта. Арай «Куйааска сайын» уонна «Күн баҕам» диэн кинигэлэрин күндү уонна дьикти тааһы булбуттуу, утаппыттыы уонна сэрэнэ аахпыппыт. Бэйэтиэссэ айар үлэтин 1986-1987 сыллартан саҕалыаҕыттан ыла тыл маастардарын, айар идэлээхтэр болҕомтолорун тардыбыта. Саха бэйиэттэрэ уонна кириитиктэрэ Рафаэль Баҕатаайыскай, Василий Сивцев, Моисей Ефимов, Прокопий Чуукаар, Николай Тобуруокап, Николай Рыкунов, Варвара Окорокова уо.д.а. ырыппыттара, өйөөбүттэрэ.
«Хоһоон хонуутун көстүбэт хотуна» диэн ааттыын да дьикти түһүлгэни саха дьахтар бэйиэттэриттэн биир бастыҥнара Наталья Михалева-Сайа көҕүлээн, иилээн-саҕалаан ыытта, мустубут дьоҥҥо умнуллубат дьоллоох түгэни бэлэхтээтэ. Партизан, Нам бибилэтиэкэлэрин үлэһиттэрэ хомуйсан уонна Анна Парникова дьүөгэтэ, бэйиэт Галина Томская бэрийэн «Бичик» кинигэ кыһатыгар таһаартарбыттара олус кэрэхсэбиллээх. 1500 тыһыынча ахсаанынан тахсыбыт буолан, хомойуох иһин, билигин атыыга суоҕун кэриэтэ.
«Анна Парникова-Сабарай Илгэ» уонна мин «Сайа» буола иликпинэ, хаһан да, ханна да биллэн көрбөтөх кыргыттар 1987 с. эдэр суруйааччылар өрөспүүбүлүкэтээҕи 13-с мунньахтарын арыйыыларынан буолбуппут. Ити кэнниттэн сотору дьахтар аймах этэр илбис тылларынан саха поэзиятыгар тоҕо анньан киирбит биир дьикти көстүүлэрэ буолбута, – диэн Сайа көрсүһүүнү саҕалаата. Аан бастаан кини хоһооннорун ааҕан көрөөччүгэ тириэрдибит Саха тыйаатырын артыыската, СӨ үтүөлээх артыыската Матрена Корнилова Сабарай Илгэ хоһооннорун ааҕан, биһигини хоһоон толору үүммүт хонуутугар сиэтэн киллэрдэ. Артыыска аахпытын кэнниттэн саалаҕа иһийбит чуумпу өр-өтөр буолан баран, күүстээх ытыс тыаһынан хабылла түстэ.
«Уопсайынан, киһиэхэ бэйэтиэссэ бэйэтэ тиийэн кэлэр эбит. Сабарай Илгэ хоһоонун аахпытым отут сыл ааспыт. Кини миэхэ итэҕэйэн, алҕаан биэрбит хоһооннордоох тэтэрээтин мэлдьи гостуруолга илдьэ сылдьабын. Санаабар, хайдах эрэ миигин уоскутар курдук, – диэн киэн тутта аҕынна.
М.К.Аммосов аатынан ХИФУ саха литэрэтиирэтигэр кафедратын доцена Матрена Попова: «СабарайИлгэ газель ньыматын бары ирдэбиллэрин тутуһан суруйар. Ол гынан баран, сахатытар, онто үрдүк таһымнаахтык тахсар. Бу кэнники кинигэтигэр икки матыып (таптал уонна өлүү) баарын, ордук күүһүрэн, дириҥ ис хоһоонунан бэриллибиттэрин бэлиэтиэххэ сөп. Бэйэтиэссэ хоһоонноро кэмҥэ-кэрдиискэ хаайтарбаттар. Манна урукку, билиҥҥи, кэлэр кэм өйдөбүллэрэ суохтар. Арай, туруктаахтык тулхадыйбат ис турук баар. Олоҕу даҕаны, тапталы даҕаны, оннооҕор өлүүнү даҕаны хоһоон тылынан тургутан көрөртөн чаҕыйбат Сабарай Илгэ олох ис дьиҥин суолтатын өссө да өйдөтө турдун. Олох кэнниттэн туох ордорун», — диэн санаатын үллэһиннэ.
Биир дойдулааҕа, Нам улууһун «Отуу уота» түмсүү чилиэнэ Прасковья Байанаева суруйуутун ааҕыыттан: «Сабарай Илгэ ыарыыны, кыһалҕаны билэр буолан, аһыныгас, уйан сүрэхтээх. Өйө-санаата уһуктаҕас, сэргэх. Кылабыыһа туһунан хоһоонугар тоһоҕолоон эттэхпинэ, Партизан кылабыыһата айан суолугар сытар. Ханна эрэ барар түгэҥҥэр ону туораан тахсаҕын, ол иһин эбитэ дуу, бары кэриэтэ кылабыыһаны кэрийэрбит. Ким ханна көмүллэ сытарын билэрбит, туох суруллубутун ааҕар идэлээх буоларбыт. Бу хоһооҥҥо оннук түгэн ахтыллан ааһар. Маны билбэт ааҕааччы туох буолан кылабыыһаны кэтэр баҕайытай диэн сөбө. Сабарай Илгэ хоһооннорун ыксыы сылдьан, тиэтэлинэн аахтахха, дириҥник өйдөнө охсубаттар.Нруот өс хоһооннорун салгыы тэнитэн, ситэрэн биэрэр идэлээх. Омонимнары табан туттар. Кини уобарастаан этэр дьоҕура сөҕүмэр».
Николай РЫКУНОВ, кириитик: «Кини поэзията бөлүһүөктүү лиирикэлээх. Кини биир сүрүн уратыта итиннэ сытар. Иккис тиэмэтэ – олох, кырдьыгы хайдах баарынан ааҕааччыга тириэрдэр. «Иэйиилэр, үөйүүлэр» диэн интэриэһинэй түһүмэҕэр олох араас көстүүлэрин быһыта баттаан, олус поэтичнайдык этэр. Бу хомуурунньук «Күһүҥҥү ыһыаҕым» диэн аатыгар да этиллэрин курдук, сааһырыы дуу, кэхтии дуу бэлиэтин курдук иһиллэр. Хоһоонноругар олоҕу билбит-көрбүт, эр киһилии дохсун дорҕоонноох, өлүүнү-сүтүүнү көрсүбүт киһи анаарыылара биллэллэр. Арааһа, аныгыскы кинигэтэ «Кырыа кыһыҥҥа» диэн буолара буолуо дии саныыгын».
Саргылана СПИРИДОНОВА, дьахтар бэйиэттэртэн биир бастакылара: «Сабарай Илгэ поэзиятын дьиҥнээх поэзиянан сыаналыыбын. Хоһоон эрэ барыта поэзия буолбатах, хоһуйуу диэн баар буолар. Күннээҕинэн хоһуйан ыллааһын ааһар. Онтон дьиҥнээх поэзия бу ааҕааччыга да, олоххо да хаалан хаалар, хаһан да умнуллубат, киһини кынаттыыр, сырдыкка угуйар. Сабарай Илгэ хоһоонноро оннук поэзияҕа киирэллэр».
Валентина СЕМЕНОВА, ХИФУ Хотугулуу-илиҥҥи норуоттар тылларын уонна литэрэтиирэлэрин кафедратын сэбиэдиссэйэ, доцент: «Бэйэтиэссэ поэзията уустук да диэххэ сөп, тута өйдөөбөккүн. Ол гынан баран, балачча олоҕу олорбут дьоҥҥо сонун санаалары саҕар. Кини билиҥҥи кинигэтигэр өлүү, санаарҕабыл баар эрээри, өрүү сырдык санаа көстөрүн, оптимистическай санаанан түмүктэнэрин сөбүлүүбүн».
Саргылана ГОЛЬДЕРОВА, бэйиэт: «Сабарай Илгэ бэйэтэ ааттыын да илгэ. Ол гынан баран, мин санаабар, поэзия илгэтэ. Кини поэзия туһугар олох олорор, поэзия туһугар тугу толук уурбута олоҕун драмата дии саныыбын. Баҕар кини олоҕор сирдээҕи олох кэрэтин, дьиктитин, дьиҥ сирдээҕи тапталы көрсүбүтэ буоллар, баҕар, итинник олоҕунан эрэ олоруо суоҕа эбитэ буолуо. Ол барыта кини хоһоонноругар баар. Кини тас эйгэҕэ таҕыстаҕына, мөһүүрэлээх былааттаах, торуоскалаах буолар. Олус муударай, хайыы-үйэ уһун, киэҥ олоҕу олорбут, олоҕу барытын билбит, өтө көрбүт, мычылыйа сылдьар, чүмэчи курдук сыдьаайа сылдьар эмээхсиҥҥэ кубулуйар. Кини дьиэтин иһигэр, айар эйгэтигэр киирдэххэ, чахчы да элбэх айымньылар суруллубуттара, айыллыбыттара буолуо дии саныыбын. Ол да иһин, кэнэҕэһин даҕаны айымньылара кинигэ буолан тахсыахтара».
САЙА: «Сабарай Илгэ хоһооннорунан эрэ кинигэни суруйбата. Кини бүтүн бэйэтин олоҕунан кинигэни суруйда. Онон тыыннаах сылдьан номох буолар диэн эмиэ ураты. Киһи үөһэттэн туох эрэ айдарыылаах, аналлаах кэлэр. Үөһээ айыылар Анна Парникованы саха литэрэтиирэтин өрө тартын диэн итинник дьылҕалаабыт буолуохтарын сөп. Ону сөпкө өйдөөн, онно сулууспалаан олороругар барҕа махталбытын тириэрдиэҕиҥ
Анна АЛЕКСЕЕВА, бииргэ төрөөбүт балта: «Улахан эдьиийбит туһунан киһи ылла да, кыайан кэпсээбэт. Кини биһиэхэ, биэс оҕоҕо, эдьиий, кини биһиги аттыбытыгар баар да, суох да курдук, кини биһиги олорор олохпутугар сабыдыаллаах да, сабыдыала да суох курдук. Намнааҕы билиэтиэкэ кэлэктиибэ маннык тэрээһин буоларын, тэрээһини Сайа ыытарын истэн баран, күл да күл буолбута. Кини сөбүлээтэҕинэ эрэ итинник саһыгыраччы күлэр идэлээх. Ол аата, астыммытын бэлиэтэ. Этэллэрин курдук, кини дьоҥҥо-сэргэҕэ көстүбэт, айымньыта уустугун курдук, бэйэтэ эмиэ уустук киһи. Кини саамай күндү киһитэ ийэтэ буолара. Ийэбит Мария Спиридовна кинини уратытык, истиҥник, нарыннык сыһыаннаһан ииппитэ. Анналыын кэпсэттэхпинэ, миэхэ дьүөгэм курдук буолан хаалыан сөп эбэтэр ханнык эрэ кэмҥэ киһи киһини кытта алтыһарын сөбүлээбэт курдук буолан хаалар. Уопсайынан, «күнү хайдах көрсүбүтүттэн, хайдах утуйан турбутуттан, хоһооно хайдах табыллыбытыттан эмиэ буолуон сөп» диэн оҕо эрдэхпититтэн олох ураты киһи буоларын билэн улааппыппыт… Кини поэзиятыгар, кинигэ тахсыытыгар санааларгытын аһаҕастык эппиккититтэн, кини талааныгар сүгүрүйээччилэр, кинини таптыыр, күүтэр ааҕааччылар бааргытыттан олус долгуйдум. Айыына, Уйусхаана курдук наһаа үчүгэйдик саныыр, алтыһар кыргыттардаах. Эдьиийбит кинигэтэ тахсарын кэтэспиттэрэ ырааппытын билэбит. Бэйэтэ ол туһунан истиэн баҕарбат этэ, чугас дьүөгэлэрэ көрдөһүүлэрин да ылыммат этэ. Ол эрэн, ийэтигэр наһаа улахан иэстээх курдук сананан, кини тылын истэн, «Күн баҕам» диэн кинигэтин ийэтэ тыыннааҕар таһаартарбыта. Үһүс кинигэтин дьүөгэлэрэ уонна бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ тылын ылан, көрөн-истэн таһаарбыттарыгар махтанабыт».
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru (2017 с.)