Быйыл сайын Чурапчы улууһугар 65-тэн үөһэ саастаах дьоҥҥо анаан доруобуйаларын чэбдигирдэр сайыҥҥы лааҕыр аһыллыаҕа.
«Үрүҥ көмүс сынньалаҥ» араас хайысхалаах көһө сылдьар лааҕыр Чурапчытааҕы физкултуура уонна успуорт институтун салалтатын көҕүлээһининэн тэриллиэҕэ. Лааҕыр икки сезоҥҥа биирдии нэдиэлэ үлэлиэҕэ. 65-тэн үөһэ саастаах, коронавирустан харыстанар быһыы кууруһун толору ааспыт дьон бу лааҕырга сынньаныахтара. Сыстыганнаах дьаҥ балаһыанньата этэҥҥэ буоллаҕына, саастаах дьон лааҕыра от ыйыттан үлэлиэҕэ. Сынньанар дьоҥҥо интеллектуальнай уонна спортивнай күрэстэр, уйулҕа трениннэрэ, сөпкө аһааһыҥҥа лиэксийэлэри ыытыахтара.
55 саастарыттан үөһэ саастаах дьону түмэр лааҕыр «Демография» национальнай бырайыак чэрчитинэн аһыллан үлэлиирэ былааннанар. Бу туһунан СӨ үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистирин солбуйааччы Иван Алексеев иһитиннэрдэ.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru