Сааспыт, сайыммыт хайдах буолуой?

Ааптар: 
Бөлөххө киир:
Хаартыскаҕа Айтана Аммосова түһэриитэ.

Саас хаар ууллан бардаҕына, чалбаҕы кэһэр оҕо аймах, улахан да киһи дуоһуйууну ылааччы. Уу барахсан баар буолан, олох баар буоллаҕа. Кураан эҥээрдээх чурапчылар сааскы ууну, бэс ыйыгар ардаҕы кэтэһэбит. Дьыл, саас сайын хайдаҕыттан олохпут туттулуктаах. От үүммэтэ да, сүөһү-сылгы аҕыйыыр, үлэ-хамнас кыччыыр, аһылык кырыымчык буолар.

МУУС УСТАР

Муус устарга хайдах ириэ­рэриттэн уу кэлиитэ тутулук­таах. Былырыын мыраан үөһээ 1 миэтэрэ халыҥ хаартан хааппыла да уу кэлбэккэ соһуппута. Кустуур Чаабыдабыт күөлэ мууһунан көрө сыппыта.

Ыйы быһа быйыл да тыал-куус бөҕө түһүө. Хаардыыр курдук эрээри, тута көтүтэр чинчилээх. Хаар быйыл чараас, сааскы уһун хатааһын хаартан ууну аҕалбат. Үрэхтэргэ, алаас­тарга ууну хаһааныҥ. Улуу киһибит Максим Сибиряков күөлү олохсутар, үөскэтэр үлэтинэн, илин эҥээрдэр, дьарыктаныҥ. Ханна да туһаны аҕала илик балбааҕы таһан үрэхтэри быһыттаан, нэдиэлэ да ууну туттаҕына, сири нүөлсүтүө.

Үүнээйигэ, оҕуруот аһыгар ууну куппатахха иинэллэр, хаталлар. Айылҕаҕа көмөлөһөн сөмөлүөтүнэн ардахтатыы туһаны, өҥү аҕалбытын ааспыт сайын илин эҥээрдэр биллибит. Бэйэ ытан ардахтатар сирин иэнэ кыра, онон ардах көтө сылдьан түһэрин учуот­таан, маршруту уларыта сылдьан ытар көдьүүһэ улахан буолуо.

ЫАМ ЫЙА

Саха киһитэ сайыны кэтэһэр кэрэ кэмэ. Айылҕа барахсан уһуктан, көтөр-сүүрэр барыта кэлэн уйа туттан олоҕу салгыыр кылгас кэмнэрэ. Хайдаҕын да иһин, 7 ыйы быһа тоҥон-хатан, тыйыс тымныыны тулуйан туораатахпыт. Халдьаайы сыырга ньургуһун барахсан тоҥ сири тобулан үүнэн бытыгыраабыта кэрэ көстүү. Алаас-сыһыы аайы хаар уутуттан үөскүүр сыккыстар ып-ыраас уунан кылыгырыы сүүрүгүрэллэр. Уу бу сыккыстартан хомуллан үрэхтэргэ, өрүстэргэ түһэллэр. Бу кэмҥэ тыаҕа хонууга сылдьан, бадарааннаах суолунан айаннаан иһэн сөрүүн-минньигэс салгынынан дуоһуйа тыынарга туох кэрэ тэҥнэһэрэ буолла.

Ыам ыйа быйыл эмиэ уратытык кэлиэ. Маай бырааһынньыктарыгар сигирээн хаар, сорох сиргэ балайда хаар түһүө. Кусчуттар көҥүл ылан кус кэтэһэр кэмнэрэ тымныынан аҥылыйан, тоҥорон сордуура буолуо. Ньукуолун кэмигэр ардаан сири, тыаны, алаастары көҕөрдөн дыргыл сытынан уоскутуо. Ый бүтүүтэ сылыйан күөллэр ырбыыланан, сорох күөллэргэ ханчы собото тахсыа. Баһаар уута быйыл наһаа кэлбэт. Ол оннугар тыалар кууран-хатан талаҕынан, чэчинньиэринэн, араас сибэккинэн хойуутук үүнүөхтэрэ.

БЭС ЫЙА

Киин улуустарга анды киирэр Саар Көстөкүүн кэтэһиилээх кэмнэрэ. Анды киирэр кэмигэр кэнники уонча сылларга наар илинтэн тыалыран кураанаҕы куустарда. Анды тыалы утары көтөр буолан, илинтэн тыалга аанньа утаппат, түспэт. Ол иһин үксүлэрэ Алданынан Халыма туундаратыгар быһа көтөр буоллулар. Ол эрээри тулуурдаах, үчүгэй мончууктаах дьон бэс ыйын 4-7 күннэригэр бултуохтарын болдьохпут кылгаһа мэһэйдиир.

Сэттэ уон биэс сааспын ылар сайыммар, төһө да баҕарбатарбын, отуттан тахса сыл кэтээн көрүүбэр олоҕуран сылыктыыбын. Ааспыт 2023 сылга бэс ыйыгар айылҕа ардаҕы түһэрбэтэҕэ. Ил Дархан Николаев А.С. быһаччы дьаһалынан, Бырабыыталыстыба салалтатынан Чурапчыга бэс ыйын 12-14 күннэригэр көтө сылдьан, онтон 26 күнүгэр ардаҕы сөмөлүөтүнэн ытан абыраабыттара. Ыам ыйыгар төһө да курааннаатар, сорох сирдэргэ үрэхтэр уулара сүүрүгүрдэллэр. Бэс ыйыгар ардаҕы икки төгүл түһэрбэтэххэ, быйыл сир-дойду кураан бөҕө буолуо. Айылҕа ардаҕа да быйыл бэс ыйыгар өнүйэн түспэт.

Бэс ыйыгар от тахсар кэмигэр ардах түспэтэр эрэ, алаас­тарга аһыҥа бөҕөтө өрө туруо. Ама да ааспытын иһин, чурапчылар 1970-2000 сс. диэри олус да эрэйи көрбүппүт. Сайын аайы оттуур сир көрдөһүүтэ, ыарахан кыстыктар кыахпытын ылбыттара. Биир бэйэм 60 сыл тыа сиригэр үлэлээн кэллим да, ардахтатан быыһаммыппын өйдөөбөппүн.
Илин эҥээр улуустар кураан­нааталлар эрэ, саха сүөһүтэ, сылгыта эстэр. Көрдөһөр көрдөһүүм биир – кураан сайын иһэринэн эрдэттэн былааннаан сөмөлүөттэри көтүтэн, бэс ыйыгар кырата иккитэ ардахтатыы. Бу буолуо этэ норуокка көмө. Биир дойдулааҕым, норуот билгэһитэ Тускул былырыыҥҥыттан 2024 сыл сайына өҥ буолуо, быйыл кыһын тымныйыа суоҕа диэбитэ мин сабаҕалааһыммар быйыл сөп түбэспэтэ.

Ааспыт 2023 сылга бэс ыйыгар ардахтатан дьэдьэн Чурапчыга үүнэн элбэх киһи үөрдэҕэ. Онтон уктара хаппатах хаптаҕас, моонньоҕон, дөлүһүөн, отон олус да өлгөмнүк үүммүттэрэ. Оо, нэһилиэк аайы, саатар, биэс­тии күөлү хойуу хомуһунан саба үүннэрэрбит буоллар, кус бөҕө мустуо этэ.

Бу 2024 сыл хасыйаан сыл, 1941 сылга маарынныыр бэс ыйа иһэр. Ааспыт ахсынньы 1 күнүгэр халлаан умайбытын өйдүүр инигит. Маннык ума­йыы мээнэҕэ буолбат. Сир хамсааһына, булкааннар эс­­тиилэрэ элбиэн сөп. Америкаҕа муора, акыйаан үллүүтэ үгүс куораты ууга ыытыа. Сэриини күөртүүр аньыылара айылҕа алдьархайынан боруостаныаҕа.

Ааспыт үйэ 90-с сылларыттан хаарыан булпут, куобах, киин улуустарга олох эһиннэ, 35 сыл уһун кэм. Быйыл күһүн сорох сирдэргэ куобах үөскээн эрэр диэн бултууру көҥүллээтилэр. Куобах кураан эҥээрдээх эрээри, төрүүр кэмигэр уһун ардах түспэтэҕинэ, үөскүүр. Күһүн хаар түспүтүн кэннэ сис тыаларга, үрэхтэргэ, мырааҥ­ҥа, өрүс арыыларыгар суола балайда көстүбүт. Бэс ыйыгар уһун ардах түспэтэҕинэ, куобах оҕото үөскүүр. Куобах саһыл, бөрө, куруолук, солоҥдо, кырынаас курдук оҕотун көрбөт урааҥхай. Тыаҕа ыһан кэбиһэр. Түбэһэ түспүт атын ийэ куобах аһаттаҕына баһыыба. Баһаардар бараннар, куруҥ тыаларга намчы талах, ньирээйи от бөҕө үүннэ, инникитин куобах үөскүүрүгэр усулуобуйа баар буолуох курдук. Аһылыга элбээтэ, киис аҕы­йыыр.

Бар дьонум, бука диэн, сиэри-туому тутуһа сылдьыҥ. Олохтоох сиргитигэр, оттуур алааскытыгар, кустуур-андылыыр күөлгүтүгэр, аартыкка улахан маска бэлэхтэ ууруҥ, арыылаах алаадьынан күндүлээҥ.

ОТ ЫЙА

Сир аһа үүнэр, от-мас ситэр кэмэ. Дууһа сынньанар, айылҕалыын алтыһар кэрэ кэм. От ыйын 12 күнэ – Бөтүрүөп таҥара. Бу кэмҥэ, кыратык да буоллар, ардах түһэн сири сиигитэн ааһааччы. Быйыл былырыыҥҥы курдук ардах түһэрэ кэтэһиллибэт. Ардах от ыйын бүтүүтэ, Борокуоппайап кэнниттэн түһүөҕэ. Ыйы түмүктээн сылаас күннэр туруохтара. От ыйыгар сылаас, кураан күннэр туруохтара.

Быйыл сайын от ыйын үһүс декадатыгар Бүлүүгэ, Ньурбаҕа, Сунтаарга хаһыҥ түһүөн сөп. Ардаҕы бу кэмҥэ сөмөлүөтүнэн түһэрбэтэххэ, аһыҥа кураан алаастары күүскэ сиэҕэ, сир аһын хатарыа. Быыһанар суолбут биир эрэ – Аҕа баһылык, Бырабыыталыстыба былааннаах дьаһалы ылаллара наада. Норуот талбыт дьоно, дьокутааттар, тыаҕа, норуот олорор ­алаастарыгар, сайылыктарыгар сылдьыҥ, нэһилиэктэринэн айаннааҥ, дьону кытта кэпсэтиҥ, сүбэлэһиҥ, дьоҥҥо көмөлөһүҥ!

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0