ЭКСКЛЮЗИВ: Сааскылаах — Дьокуускай. 28 күн устата. Бэлисипиэт.

Ааптар: 
09.02.2017
Бөлөххө киир:

… Мин иннибэр нарын бэйэлээх эдэркээн хатыҥыр дьахтар олорор. Аҕыйах хонуктааҕыта бэлисипиэтинэн кытай туриһын туһунан «сериал» түмүктэниитин саҕана, социальнай ситимнэргэ: «Ханнык эрэ кытайы дуу, полягы дуу сырдатыахтааҕар, бэйэбит кыыспытын суруйуҥ!» — диэн араас ис хоһоонноох сурук кэлбитэ. Кытай уонна поляк экстремал-туристара Өймөкөөҥҥө бэлисипиэтинэн айанныы сылдьалларын истэн, Антонина Константинова соҕотоҕун Сааскылаахтан Дьокуускайга айаннаабыт холобура 10 сыл буолан баран, хаттаан эмискэ «күөрэйэн» кэлбитэ. Дьэ, онон 25 саастааҕар хорсун быһыыны оҥорбут Антонина Константинованы кытта кэпсэтиибитин саҕалыыбыт.

Елена Потоцкая, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru 

— Эн, Сунтаар кыыһа, хайдах Анаабырга баар буолан хаалбыккыттан кэпсэтиибитин саҕалыах дуу…

— 2006 сыллаахха ФЭИ-ни бүтэрэн баран, ИДьМ Нолуогу төлөөһүҥҥэ буруйу оҥоруу управлениетыгар үлэҕэ киирээри, медицинскэй бэрэбиэркэни аастым. Бу тэрилтэҕэ быраактыкабын барбыт буолан, саҥа идэбин олус сөбүлээбитим. Үлэҕэ киирээри баҕа бөҕө. Сүүс бырыһыан бэрэбиэркэни ааһарга эрэллээхпин. Арай ыйааһыммынан да, уҥуоҕум намыһаҕынан да кыайан ааспатым. Эбиитин сүрэхпинэн «мэһэйдэтэр» эбиппин. Дьиҥэр, мин доруобуйабын бэрэбиэркэлэтээт, Сунтаарга бэлисипиэтинэн айаннаары былааннана сылдьыбытым. Баҕар, ылыныахтара диэн: «Туругум үчүгэй. Сунтаарга айаннаары сылдьабын», — диэн эппипппэр, терапевт быраас: «Бу сүрэххинэн Сунтаарга кыайан тиийбэккин. Онон ити санааҕын бырах», — диэн кытаанахтык этэн кэбиспитэ. Кэлин истибитим, кырдьык, эдэр спортсменнар мин диагнозпынан өлөллөр эбит.

— Ол кутталлаах диагноз дуо?

— Дьиҥинэн миэхэ эрэ буолбатах, киһи аайы баар диагноз ээ. Устудьуоннуу сырыттахпына, эмтээри профилакторийга киллэрээри гыммыттара. Ол онтум саамай тыҥааһыннаах кэмҥэ мэһэйдии түспүтэ. Санаам наһаа түспүтэ. Ол кэмҥэ эдьиийбэр олорбутум. Дьиэбит паарканы утары турар этэ. Түннүгүнэн паарка тыатын көрөн туран: «Ханна эрэ ыраах барбыт киһи…»— диэн санаа охсуллубута. Оччоҕо эрэ хомолтом ааһыах курдуга. Ол күн олорон эрэ бииргэ үөрэммит оҕолорбор: «Эһиэхэ үлэ миэстэтэ баар дуо?» — диэн эрийдим. Бары «суохтан» атыны эппэттэр, арай сотору буолан баран Анаабыртан бииргэ үөрэммит кыыһым: «Манна кэл», — диэн ыҥырда. Онон үс хонук иһигэр билиэт булан, хомунан Анаабырдаан хааллым. Тиийээт, улуустааҕы ОДьКХ-ҕа экэнэмииһинэн үлэҕэ киирдим. Онно икки сыл үлэлээн баран, уоппускабын ылаат, дойдубар төннөргө сананным.

— Бэлисипиэтинэн?!

— Оннук! Бэлисипиэтинэн.

— Тоҕо сөмөлүөттэммэтиҥ?

— Үс төрүөт баара. Бастакытынан, уоппускабын интэриэһинэйдик атаараары. Иккиһинэн, сөмөлүөт сыаната ыарахана сүрдээх этэ. Ол иһин. Үсүһүнэн, бэйэбин бэрэбиэркэлэнээри. «Омук дьоно бэлисипиэтинэн Саха сирин устун айанныыллар дии. Тоҕо биһиги атыттар сылдьар буоллахтарына, бэйэбит өрөспүүбүлүкэбит устун бэлисипиэтинэн айанныа суохтаахпытый?» — диэн санаа үүйэ-хаайа туппута.

— Бэлисипиэтинэн айанныыр дьоҕурдаах буолан итинник санааҕа кэллэҕиҥ дии. Санаатыҥ да, ыраах айаҥҥа туруммат буоллаҕыҥ…

— Даачаттан куоракка киирэрбэр наар бэлисипиэтинэн сылдьар этим. 2006 сыллаахха Питертэн дуу, Москваттан дуу (ырааппыта да бэрт, умнан кэбистим) спортивнай бэлисипиэт сакаастаабытым. Ол көлөбүнэн бэс ыйыгар Сунтаарга 986 км айаннаан тиийбитим.

— Соҕотоҕун дуо?

— Дьонум соҕотоҕун айанныырбар сөбүлэспэтэхтэрэ. Уопсай табаарыспытын, учуутал идэлээх Алексей Ларионовы аргыһынан булбуттара. Бэрдьигэстээххэ диэри иккитэ балааккаҕа хоммуппут. Онтон Саха сирин норуоттарын IV Спортивнай оонньууларын уотун илдьэ иһэр факеллаах спортсменнарга холбоспуппут. Кинилэри кытта аргыстаһан, 13 хонугунан Сунтаары булбуппут.

— Факеллаах дьон массыынанан айаннаабаттар эбит дуо?

— Суох, солбуһа сылдьан сүүрэллэр этэ. Биһиги ол кэмҥэ бэлисипиэтинэн айанныырбыт. Ол онно соҕотоҕун айанныыр быдан ордук эбит диэн санааҕа кэлбитим. Кими да күүппэккин. Бэйэҥ бэйэҕэр айанныыгын.

— Дьэ, аны Анаабырбытыгар төннүөх. Айаҥҥар төһө өр уонна хайдах бэлэмнэнниҥ?

— Биир сылы быһа бэлэмнэммитим. Бастаан утаа куртахпын бэлэмнээбитим. Аспын кыччаппытым. Сүүрэр этим. Уонна хоту дойду тыйыс усулуобуйата бэйэтэ да бэлэмнээбитэ. Тыалы утары дьиэбиттэн үлэбэр 20 мүн. устата хааман тиийэрим. Муус устар саҕана, суол алдьаныыта, дьэ бэлэммин дии санаан, айаным кыраапыгын оҥорбутум. Онтон хойутаатахпына, суол алдьанар. 28 күн устата айаннаан, ыам ыйын 9 күнүгэр Дьокуускайы булар соругу туруоруммутум.

— Суола хайдах этэй?

— Анаабыртан Өлөөҥҥө диэри өрүһүнэн айаннаабытым. Мирнэйтэн ыла федеральнай трасса буолан үчүгэй этэ.

— Соҕотоҕун айанныыргыттан кутаммат этиҥ дуо?

— Туохтан куттаныахпыный? Адьырҕа кыыл саамай суох кэмэ. Бөрө суолга тахсыбат. «Эһэм» арҕаҕар утуйа сытар. Билиҥҥи үйэҕэ куттанарыҥ эрэ — киһи. Ким итиччэ ыраах айанныай? «Дальнобойщиктар» киһилии сиэрдээх дьон. Онон суолум олох аһаҕас этэ. Арай Бүлүүлүүр суолга эрэйдэммитим. Ириэрэн эрэр буолан, иннибэр суол суох — уп-улахан күөл. Ол ону туораары, тыа быыһынан эҥин киирэн, бириэмэ бөҕөнү сүүйтэрбитим.

— Айакка да, итиччэ өр айанныыр киһи, бэлисипиэт тэбэн иһэн, сүрэҕэлдьээбэт этиҥ дуо?

— Сүрэҕэлдьээн. Наһаа тиритэр этим. Билигин санаатахпына, туох да иһин итинник айаҥҥа турунуом суоҕа этэ!

— Антонина, эйиигин хат сылдьан айаннаабыта дииллэрэ кырдьык дуо?

— Кырдьык. Эдэрим бэрт буолан, кистээбитим. Бопсуохтара диэн. Эгоист да эбиппин. Оҕобун көрө-көрө: «Хайдах итинник баламаттык санаммытым буолуой?» — диэн бэйэбин мөҥүттэбин. Биирдэ уолум: «Маама, эн бэлисипиэтинэн айаннаабыккын мин өйдүүбүн ээ. Өссө эйиигин быыһаан турабын», — диэн соһутан турардаах. Кырдьык, биир түгэҥҥэ олох утуйан хаала сыспытым. Арай дэлби сылайдым. Тулам күп-күөх муус. Халлааҥҥа сып-сылаас күн тыгар. Хаарга кыратык олоро түстүм. Онтон сылаам киирэн, сыта түһэргэ сананным. Төһө өр оннук сыппытым буолла, арай утуйа сытар эбиппин! Эмискэ уһукта биэрдим да, айаннаан бардым. Итинник сытан, утуйан хаалан, тоҥон өлүөхпүн да сөп этэ. Ити кэнниттэн бэйэбин кытаанахтык хонтуруолланар буолбутум. Наһаа илистибэт гына, сынньана-сынньана айаннаабытым. Арааһа, оҕом барахсан ити түгэҥҥэ өлөр өлүүттэн миигин быыһаан ылбыт быһыылаах. Онон туох эрэ биллибэт күүс баарыгар итэҕэйэбин…

— Хата Өймөкөөҥҥө айаннаан иһэр кытай туриһа эйигин «хостоон» таһаарда дии. Батсаап эйигинэн «туола» түстэ. Бэйэҥ төһө соһуйдуҥ?

— Этимэ даҕаны! Барахсан кытай киһитэ хантан эрэ «күөрэйэн» тахсыбатаҕа буоллар, уруккум курдук биллибэккэ сылдьыам этэ буоллаҕа. Миэхэ биир да хаартыска да, хаһыат да хаалбатах. Флешкам алдьанан хаалан, илиибин соттон хаалбытым. Хата, кимнээх эрэ хаартыскабын буолуохтааҕар, хаһыат лииһин кытта уура сылдьаллара олуһун соһутта. Дьэ буолар да эбит!

… Саха хорсун кыыһа Антонина Константинова Анаабыр Сааскылааҕыттан Дьокуускайга диэри 28 хонук устата 2621 км айаннаан, ыам ыйын 8 күнүгэр куораты булбута. Оччолорго Антонина 60 кг таһаҕастааҕа: аһа-үөлэ, утуйар- уларыттар таҥаһа, иһитэ-хомуоһа, 15 кг — бэлисипиэтин ыйааһына уонна 45 кг — бэйэтин ыйааһына. Ыам ыйын 9 күнүгэр кинини Саха сирин иһитиннэрэр-көрдөрөр сириэстибэлэрэ айхаллыы көрсүбүттэрэ.

«Мин ханнык да дьоруой буолбатахпын. Төрөөбүт Сахам сиригэр олорор киһи дойдум устун айаннаан үгүһү билбитим-көрбүтүм.  Биһиги өрөспүүбүлүкэбитин интэриэһиргээн, бэлисипиэтинэн кэлэн барар омуктарга махтанабын эрэ, — кинилэр биһиэхэ хайдахтаах курдук үтүө дойдуга олорорбутун бэйэбитигэр кэпсээн, арыйан бараллар», — диэн кэпсэтиибитин түмүктээтэ батсаап дьоно киэн тутта айхаллыыр кыыстара Антонина Константинова.

Елена Потоцкая, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0