“Сааскы ыһыыга бэлэмнэнэбит”

Ааптар: 
04.04.2020
Бөлөххө киир:

Аан дойдуга сатыылаабыт вирус саҥа көрүҥүттэн сылтаан, олоххо-дьаһахха ордук охсуулаах буолаары гынна.


Урбаанынан дьарыктанар дьоҥҥо эмиэ ыарахан күннэр үүннүлэр диэн этэллэр. Өрөспүүбүлүкэҕэ “Федотов Р.Е.”ИП туһунан билбэт да, истибэтэх да киһи суоҕа буолуо.
Биллэр урбаанньыт, СӨ норуодунай дьокутаата Руслан Федотов салайар тэрилтэтигэр бу күннэргэ хайдах дьаһанан олороллорун туоһуластым. Руслан Еремеевич этэринэн, үлэһиттэрин барыларын дьаҥтан харыстанар мааскаларынан, атын да тэриллэринэн хааччыйбыт. Мааскалары тиктэрбит. Санитарнай быраастар туруорар ирдэбиллэрин сүүс бырыһыан толорон олороллор, тутуһаллар.
Тимир суолунан кини тэрилтэтигэр анаан кэлэ турар таһаҕас сүөкэнэр, ханнык да харгыс тахса илик.
Биллэрин курдук, Саха сиригэр сааскы ыһыыга, сир үлэтигэр бэлэмнэнии үгэнэ. “Федотов Р.Е.” ИП-тын сүрүн соруга — хаһаайыстыбалары тиэхиньикэнэн, саппаас чааһынан, сиэмэ бурдугунан хааччыйыы. Онон бу соругун хайаан да толоруохтаах. Ыһыы хампаанньата вирустан сылтаан харгыстаныа суохтаах. Бу – тыа хаһаайыстыбатын инникитэ, туруктаах буолуута. Тыа сиригэр хаһааҥҥытааҕар даҕаны сүөһүнү-аһы элбэттэхтэринэ үптэнэр-астанар кыахтаналлар.
— Бу бэнидиэнньиктэн үлэһиттэрим аҥаардара үлэҕэ тахсаллар. Тоҕо диэтэххэ, хаһаайыстыбалар иннилэригэр эбээһинэстэрбитин, дуогабардарбытын хайаан да толоруохтаахпыт. СӨ Бырабыыталыстыбата ону, үлэлиирбитин өйүүр. Хайа, уонна суол-сырыы сабыллара чугаһаата. Онон туох-ханнык иннинэ хоту улуустарга саппаас чааһы, тиэхиньикэни ыытыахпытын наада.
Маннык уустук кэмҥэ үлэһит үлэтэ суох хаалыа суохтаах. Ол туһунан дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин, бэйэбит Ил Дархаммыт Айсен Николаев эттилэр. Ыксал буолла, балаһыанньабыт ыараата диэн үлэһиттэрбин көҕүрэтэ сатыырым сокуоҥҥа да эппиэттээбэт. Онон бу уустук кэмҥэ ыһыктынан кэбиспэккэ, иннибитигэр туруоруммут сорукпутун толордохпутуна табыллар, — диэтэ Руслан Еремеевич.

Женни СТРЮКОВА, “Саха сирэ” хаһыат.
Хаартыска: Р.Е.Федотов архыыбыттан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0