Сааскы түбүктэр сылы туоратыахтара турдахтара

Бөлөххө киир:

Тыа дьонун олоҕор сааскы кэм сылы быһаарар хас да бэлиэ күннэрдээх.


Онон, сааскы кэмҥэ хамсаммахтаан хааллахха уонна ол хамсаныылары, үлэни-хамнаһы үөрэ-көтө оҥордоххо, хайдах эрэ барыта орун-оннугар буолан иһэр курдук.


Дьэ, бу көстүүнү, бу быһыыны-майгыны сүрэхтэригэр-дууһаларыгар илдьэ сылдьар олус сэмэй дьиэ кэргэн туһунан кэпсиэхпин баҕарабын.

Александралаах Леонид кэм хардыытын, күн-дьыл хаамыытын сөпкө туһанан, кыһыннары-сайыннары аһы-таҥаһы хааччынардыы дьаһанар ыаллар. Уонна ол үлэни-хамнаһы ыар таһаҕас оҥостубакка, барытын былааннаан, барыллаан, кэмиттэн-кэмигэр хаһаанан, буһаран-хатаран, үүт-ас үрүлүйэ сүүрэр, эт-ас сыанан-арыынан чаалыйар.

Үчүгэйэ диэн, кинилэр тыа дьонун олоҕор сиэннэрин кыра эрдэхтэриттэн сыһыаран, сиэн кыыс Милена арыы охсор, күөрчэх оҥорор, сиэн уол Вова (алын кылаас үөрэнээччитэ) блины буһарар, хортуоскатын ыһаарылыыр уо.д.а. үлэни кыайа-хото толорор.
Бу күннэргэ сүөһүлэрин таһырдьа уулатан, кыра соҕустук таһырдьа от хаптара охсон, муустарын булууска уган, арассаада бэрийэн, үүт сүүрдэн, сүөгэйдээн, суораттаан, иэдьэгэйдээн үлэлэрэ элбэх.
Аны күннээҕи түбүктэн бириэмэ ордорон, Александра Владимировна Хатастааҕы оҕо искусствотын дьиэтин үлэһиттэрин вокальнай ансаамбылларыгар ыллыыр, сиэн оҕо көрсөр.

Онон, Александра Соболева уонна Леонид Евдокаров дьиэ кэргэттэрэ киһи эрэ астына көрөр ыаллара.

Наталья РУФОВА, “Саха сирэ”, edersaas.ru сайтка анаан
Мария ВАСИЛЬЕВА түһэриилэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0