Саас буолан, күн уһаан үгүс киһи баччаларга түргэнник сылайар, төбөтө ыалдьар, көхсүн, саннын, сүнньүн былчыҥнара өр кэмҥэ күүрэ сылдьыыттан хам туталлар, онтон биир кэм сэниэтэ суох нукаай курдук буолаҕын. Төһө да уугун хана утуйан турбутуҥ иһин, сынньаммыт курдук санаммаккын, хата өссө көһүйбүккэ дылы буолаҕын.
edersaas.ru
Германия уонна Британия учуонайдара иммунитет үлэтэ кэһиллиититтэн, йод, былчархайыҥ Т3, Т4 гормуоннара тиийбэттэриттэн киһи сылайбыта ааспат диэн этэллэр. Онон күннээҕи аска магний, йод, селен элэмиэннэрэ хайаан да баар буолуохтаахтар. Ону таһынан, көмпүүтэргэ өр олорон үлэлиир дьон булгуччу хамсаныахтарын, успуордунан дьарыктаныахтарын, сибиэһэй салгыҥҥа сылдьыахтарын наада. Оччоҕо хаан үчүгэйдик эргийэн, мэйииҥ кислородунан хааччыллан, кыһыны супту мунньуллубут сылааҥ тахсар.
Итиэннэ быраастар үлэттэн, күннээҕи түбүктэн аралдьыйыы наадатын, ноҕуруускаҥ, түбүгүҥ-садьыгыҥ наһаа элбэх буоллаҕына, ону кыччата түһэр наадатын бэлиэтииллэр.
Марианна ТЫРТЫКОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1