Быйыл хаар нуорматтан балтараа төгүл халыҥ буолан, эмискэччи уулларыы буоллаҕына, Өлүөнэ, Амма, Алдан тардыыларынан уустук балаһыанньа үөскүөн сөп. Халыма өрүс балаһыанньата сыллата кутталы үөскэтэр. Манна аан дойду үрдүнэн бара турар ириэрии дьайыыта көстөр.
Ардахтаах сайын кэлэрэ сабаҕаланар да, онон баһаар тахсыа суоҕа диэн эрэнэн олорбокко, туһааннаах үлэлэри ыытабыт. Айылҕа баһаардарын утары үлэҕэ көрдөөбүт үппүт толору кэлбэтэ да буоллар, 80 мөлүйүөн сыаналаах тиэхиньикэ ылбыппыт бу муус устар ортотугар өрөспүүбүлүкэҕэ кэлиэхтээх.
Кус көҥүллэнэр балаһыанньата уустук. РФ Айылҕа харыстабылын министиэристибэтин анал суругунан коронавирус тарҕаныытын тохтотор сыаллаах үлэ быһыытынан сааскы кустааһын бобуллан турар. Ол гынан баран Хоту уонна Уһук Илин эрэгийиэннэр үгэс быһыытынан бултааччыларыгар мэһэй тахыса суохтаах диэн ыйыллар. Онон хас биирдии эрэгийиэн бэйэбит быһаарыныы ылынабыт. Кус кэмэ биһиэхэ ыам ыйын ортотуттан саҕаланар буолан, өссө да бириэмэ син баар диэн эрэллээхпит. Ыарыы тэнийбэтэҕинэ, куттал суоһаабат буоллаҕына, саас кустуохпут диэн эрэнэбин. Муус устарга бу ыарыыны хум-хам туттахпытына куспут кэмигэр көҥүллэниэҕэ.
Ньургуйаана Иванова, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска интэриниэттэн