Ыал буолбуппут иккис сыла этэ. Саас, Кыайыы күнэ ааһан, сылаас, чэмэлкэй күн үүммүтэ.
«Мин кустуу барсыам», — диэбитэ кэргэним, бултуу бараары хомуна сырыттахпына.
Бу иннинэ куска барса сылдьа илигэ. Арай, куобахха туһахтыырбар, кыһын, барсааччы. Хайыһарынан куота баран хаалаары ыксатааччы. Сатыы буоллахха мин инникилээччибин.
«Куһу ытаргар кыра, сүүрбэ аҕыстаах сааны илдьэ сылдьар инигин? Эбэтэр икки уостаах уон алталааҕы ылаҕын дуу?» — диэн ыйыппытым.
«Сааламмат инибин. Доҕор буолан барсыам. Соҕотоҕун кустуу бардаххына дьиэбэр тэһийбэппин, кэтэһэн тахсабын», — диэн хардарбыта Катя.
«Чэ, бэрт. Элбэҕи бултуйдахха кустаах үрүксээги сүгээччи буолуоҥ», — күлэ-үөрэ эппитим.
«Мииҥҥэ биир эмэ чөккөөкү сөп ини?» — кэргэним үгүс куһу сүгэрин соччо эрэммэт быһыылааҕа.
Кыһыл өҥнөөх «Юпитер-5′ матасыыкылбыттан кэлээскэтин араарбытым: суолбут ойуур иһинэн, ыллыгынан эҥин барара, онон айанныырга одинарка ордук сылбырҕа.
Санаам Тэрэкээн күлүн ууларыгар сытар. Онно мэлдьи кустаах. Онно Арыылааҕынан барар сайыҥҥы суол колеята уунан туола сытар, бырыы да бадараан, кыайан барыллыбат.
Ол иһин эргийэ, Солооһуннаах суолунан, Малдьаҕардыыр хайысханы тутуһан, чохуоллаах ТОЗ-34ЕР саабын иннибэр сүгэн, кэргэммин кэннибэр олордон, ыһыктаах үрүксээги сүктэрэн баран, элээртим. Суол быраабылатын быһыытынан фаарам уотун холбоон иһэбин, эргиирдэргэ, суол быһыта охсуһар сиригэр повороткабынан салайар, туоруур хайысхабын көрдөрөн иһэбин.
Мотошлемум курдары кэргэним күлэрин истэбин: «Суол кураанах дии, биир да транспорт суох. Тоҕо повороткаҕын чыпчыҥнатаҕын? Ким көрүөҕүн?» Һы-һы-һыы!»
«Так положено, — диэтим оттомноохтук, — эн өссө Неустроев Киэсэни көрүөҥ этэ. Кини поворотката суох «Восходунан», оттоон кэлэн иһэн, ханна салайарын илиитинэн көрдөрөөччү.
Неустроев — профессионал суоппар. Ити киниттэн пиримиэр ылан, мэлдьи, ханна поворуоттуурбун көрдөрөр буолбутум».
Айахпыт хам буолбакка, күн-дьыл туругун, оскуолабыт сонуннарын кэпсэтэ-кэпсэтэ гравийдаах суол устун көтүтэн истибит. Бөһүөлэктэн биир көс кэриҥин тэйдибит. Маалыкай уонна Малдьаҕар икки ардын кыраныыссата дэнэр мас вышка чугаһаата.
Арай, суол кытыытынааҕы ууга чыккымай уста сылдьарын көрө биэрдим. Туормастаан кыычыгыратан, тохтоотум, мотуорбун, ол эрээри, умулларбатым. Матасыыкыл тыаһын ыраахтан истэн, кыһаммакка олорор кус, мотуорбун умуллардахпына, эмискэ чуумпу сатыылаатаҕына, тэһииркээн, көтөн хаалыаҕын сөп.
«Мэ, эрэ, матасыыкылы өйөөн тур. Мин ол куһу ытан ылыам», — диэн ботугураатым. Кыһыл кааскабын устан уруулга ыйаатым, чохуолуттан таһааран саабын хомуйдум, курданан иһэр батарантааспыттан үөһээ устубуолбар биэстээх доробуунньалаах «феттери», алын өттүгэр түөртээх «главпатрону» угаттаатым. Онтон суол нөҥүөтүнэн, төҥкөччү туттан, тэргэн айан суолун болотунатынан хаххаланан, куска үөмэн киирдим. Алта уонча хаамыылаах сиргэ, суол кытыытынааҕы чалым ууга уста сылдьар куска аҕыйах мүнүүтэнэн ыкса кэллим. Өндөйөн көрбүтүм, отучча эрэ хаамыы хаалбыт. Атыыр чыккый, сааскы өҥө-талата кылабачыйан, төттөрү-таары устар, сөп буола-буола иһиирэн, «чурустаан» ылар. Аа-дьуо, кыҥаан баран, үөһээ уоспунан «үрдэрдим». Куһум табыллан, тиэрэ эргийэн, өрөҕөтө кылбас гынна.
Саппыкым оһун туруоран, кэһэн киирэн, бу сааскы бастакы булпун илиибэр ыллым. Обот түүтүн үргээтим. Тириитэ сап-саһархай, эмиһэ сүрдээх эбит Түүтүн имэрийэн, сытыаран баран, төбөтүн кынатын анныгар уган, чөмөччү туппутунан кэргэммэр кэллим.
«Оо, барахсаныа!» — Катя куһу аһыммыттыы көрбүтэ.
«Тоҕо кус буолан төрөөбүтэй? Анала оннук эбит буоллаҕа», — холкутук быһаарбытым.
Итинник, кустуур сирбитигэр тиийбэккэ да эрэ, бастакы куспутун бултаабытым.
Солооһуннааахтан хаҥас диэки туораан тахсар суолунан баран, Тарыҥ Үрэххэ кэлбиппит.
Мантан салгыы суол суох этэ, онон сатыы барбыппыт. Үрэҕи туораары гыммыппыт, арай, Катя саппыкыта кылгас, тобугар эрэ дылы эбит. Курумуу саппыкыны кэппэтэҕэ. Чычаас сири булан, дулҕалар төбөлөрүнэн хааман, үрэх уҥуор туораабытым. Үрүксээги, саабын хаалларан баран төттөрү кэлбитим. «Сүгэн туоратыам», — диэбитим. «Кыайыаҥ дуо?» — Катя саарбахтаабыта. «Былырыын биэс уон алта киилэ этиҥ, аҥаар илиибинэн көтөҕөөччүбүн. Чэ, быйыл, баҕар, биэһуон сэттэ буолбутуҥ буолуо. Кыайар инибин», — мичээрдээбитим. Киһим саҥата суох сүктэрэн кэбиспитэ. Эмиэ, дулҕалаан, сэрэнэн үрэхпитин туораатыбыт.
Тэрэкээн диэки барар ыллыгынан, үрэҕи кыйа, баран истибит. Эмискэ кынат тыаһа лаһыгыраабыта, ону кытта талах быыһынан атыырдаах тыһы көҕөттөр көтөн туран эрэллэрэ көстүбүтэ. Атыырын туура биэрэн түһэрбитим. Хата, бэтэрээ кытылга охтубута. Тула буорах сыта минньигэстик тарҕаммыта.
«Саа тыаһа улаханыын! Мин тэйиччи, кэннигиттэн барыыһыбын», — диэбитэ кэргэним.
«Сөп, сөп. Оннук», — сөбүлэһэ охсубутум уонна кустаах, ыһыктаах үрүксээги киниэхэ ууммутум. Бэйэм ягдташ суумкабын санныбар кэппитим уонна үрэҕи кыйа барбытым. Түргэнник хаампытым. Санаабар, кэргэним тыастаахтык хааман куһу үргүтэн, ыраахтан көтүтэрэ. Оттон бэйэм инникилээн, тыаһа суох үктэнэн, үрэх көҥүстэригэр түһэн олорор кустары отой чугастан битиргэтиэхтээҕим. Оруобуна былааннаммытым курдук, көҥүстэргэ үөр чөккөөкүлэргэ, халбаларга түбэһэн, аҕыйахта ытан, уонтан тахса кустаммытым. Онтон, тыын ыла таарыйа, Катя ситэн кэлэрин кэтэспитим.
«Ау-у! Ханна бааргыны-ай?!» — ыраах кэргэним хаһыытыырын истибитим.
«Манна баарбы-ан! Күүтэн олоробу-он!» — үөгүлээбитим мастар төбөлөрүнэн охсуллан сатарыы турбута. Күн уота лаппа сылытан, салгын итийбит этэ. Хааман итииргээбиппин билбитим. Хаакы кууркабын устан, үөт лабаатыгар салгылата ыйаабытым. Уонча мүнүүтэнэн мутук, лабаа тостор тыаһа иһиллибитэ. Катя тиийэн кэлбитэ. Дэлби тириппит, сирэйэ тэтэрбит, сылайбыт этэ.
«Туох ааттаах элбэх өйүөнү ылбыккыный? Үрүксээк лээмкэтэ санныбар быһа киирдэ!» — диэбитэ кыыһырбыттыы.
«Чэ, оччоҕо үрүксээк ыйааһынын чэпчэтиэххэ!» — күлэ-күлэ сүгэһэрин ылан, ыһыкпытын хостообутум. Сир инчэҕэй буолан, охтубут тииккэ олордубут. Арыылаах килиэбинэн сирбин-уоппун аһаппытым, ботугураан алҕаабытым, Баай Барылаахха махтаммытым. Омурҕаннаабыппыт. «Роса» былаастык бытыылкатыгар куттубут саахардаах хара чэйбитин астына испиппит, арыылаах килиэби кытта кэнсиэрбэ балыгы сиэбиппит.
Сынньанан, «ас тарҕатан», чаас аҥаара олоро түһэн баран, салгыы барбыппыт.
Бу сырыыга кэргэним хаалыан баҕарбатаҕа, кэннибиттэн чугас испитэ. Арай, ытар кэммэр кулгааҕын саба туттара.
Чаас курдугунан, Тэрэкээҥҥэ, дьэ, кэллибит. Уон тоҕус кустаахпыт.
Аппанаак сайылык дьиэтигэр киирэн, күлүккэ сөрүүкээтибит. Аһаатыбыт, чэй истибит.
«Дьэ, кустуур сирбитигэр кэллибит. Билигин дьиҥнээхпитинэн кустуохпут», — диэтим астыммыттыы.
«Што-о? Хайдах, ол аата, «дьиҥнээхпитинэн»? А этих били, тренируясь?» — кэргэним ыксаатаҕына буоларыныы, сахалыы-нууччалыы ыйыппыта.
Мин кустуур сирбитигэр дьэ кэлбиппитин эттим.
«Хааман сылайбытыҥ буолуо. Шутка ли, биир көһү бачча итиигэ хаамар? Манна сынньан. Мин чугас Ардьаах Уутун көрөн кэлиэм», — диэбитим.
«Тоҕо көрөҕүн?» — Катя өйдөөбөтөҕө.
«Ол аата, онно баран кустаан кэлиэм», — хомуна туран быһаарбытым. Икки чаас курдугунан, Ардьаах Уутун, Булгунньахтаах Нуһугуру «көрөн», уонча кустаах кэлбитим. Үксэ бөдөҥ кустар этэ.
Катя таһырдьа «Молодая гвардия» сурунаалы ааҕа олорор этэ.
«Көр, бу, өтөхтөн эргэ сурунаал буллум. Ааҕан, хата, бириэмэ ааһарын билбэккэ, хааллым», — диэбитэ, мичээрдээбитэ.
«Өтөх буолбатах, сайылык дьиэтэ. Дьон сайын олорон оттуур», — диэн онуоха быһаарбытым.
Ыһыкпыт тобоҕун сиэбиппит, кулуһуҥҥа чэй өрүнэн испиппит.
«Дьиэлиэххэ, киэһэрэн эрэр», — диэбитэ кэргэним. Сөбүлэспитим.
Отучча куһу икки гына үллэрэн, мин ягдташка, Катя үрүксээккэ сүгэммит, төннөр суолбутун быспыппыт.
Үрэҕи туоруур сирбитигэр диэри икки халбаны, биир моонньоҕону эптибиппит.
Бастаан таһаҕаһы уҥуор таһаардым. Баарын кытылга батары аспыт бэлиэ маспын көрбүтүм үрэхпит уута биир тутум эбиллибит. Төннөн кэлбитим. Катяны көхсүгэр сүгэн, аа-дьуо туораан испитим. Арай, биир дулҕа төбөтө, үктэммиппэр, иҥнэри барбыта да, халтарыйан, уҥа атаҕым иһирдьэ түспүтэ. Дулҕаттан иҥнэн, ууга умса барбытым. Тыбыс-тымныы сааскы муустаах ууга «күр-бар» гыммытым. Түөрт атах буолан турбутум. Кэргэним, саатар, түспэтэҕэ: «Уо-аай!» — диэн хаһыытаабыта.
«Түһүүй! Уҥуор туораа!» — мин ордоотообутум. Киһим, дьэ, өй ылан, ууга ыстанан түһэн, күрүлэччи кэһэн, кытылы булбута. Син орҕостон туран, минн эмиэ тахсыбытым. Катя, биллэн турар, саппыкытын иһэ толору уу буолбут этэ. Мин ибис-инчэҕэйбин. Барбах, атахпыт таҥаһын уутун сүөккээн, онньуускабытын ыган, кэтээт, матасыыкылбытыгар харбыаластыбыт. Онно уруулга бакыат-суумканы хаалларбытым. Онно кураанах онньуускалар бааллара. Тыын быһаҕаһынан тыынан эппэҥнээн, «Юпитербытыгар» кэллибит. Кураанах онньууска эринэн кэттибит.
«Итинник, саппаас портянка илдьэ сылдьааччыгын дуо?» — кэргэним ыйыппыта.
«Д-д-даа», — диэбитим кылгастык. Тииһим ыпсыбат этэ. Матасыыкылбытын собуоттаан, дьиэбит диэки тигинэппиппит. Отучча кустаах, бэркэ үөрэн-көтөн, тоҥон-хааһан дьиэбитин булбуппут.
Ол кэннэ кэргэним кустаһа барсыбатаҕа. «Сылаалаах эбит», — диэччи. Арай, биирдэ, улахан кыылы бултуурга барса сылдьыбыта. Бээ, ону хаһан эмэ кэлин кэпсиирим дуу?
Максим Ксенофонтов.