Киэҥ экраҥҥа бүгүн тахсаары турар «саха энциклопедиятынан» билиниллибит, Амма Аччыгыйа “Сааскы кэм” арамаанынан уһуллубут “Сааскы кэм. Биһиги билбэтэх оҕо сааспыт” диэн кэтэһиилээх киинэбит кылаабынай оруолун Таатта оҕото, Алампа аатынан 1№-дээх орто оскуола 6 кылааһын үөрэнээччитэ Алеша Петров олус чаҕылхайдык толордо.
Анна Яковлева, edersaas.ru сайтка анаан.
Алеша улахан дьиэ-кэргэн собус соҕотох мааны уола, кинини үрдүнэн икки кыталык кыыс эдьиийдэрдээх. Улахан эдьиийэ Айталина медицинскэй институт устудьуоҥката, кыра эдьиийэ Клара оскуола үөрэнээччитэ. Алеша ийэлээх аҕата Нам педколледжыгар бииргэ үөрэнэ сылдьан сүрэхтэрин холбоон ыал буолбуттар. Иккиэн олус талааннаах уруһуйдьуттар. Аҕалара Никифор Николаевич Тааттатааҕы гимназия учуутала, уһун дистанцияҕа сүүрүүнэн, хайыһарынан утумнаахтык дьарыктанар, маһы ыллатар мындыр уус. Ийэлэрэ Ньургуяна Денисовна 1 №-дээх орто оскуола уруһуйга учуутала, көмүс тарбахтаах иистэнньэҥ, кини туппута барыта ураты тыыннаах, олус тупсаҕай, кэрэ буолар.
Алеша кыратыттан олус оттомноох, саҥа хааман тойтойо сылдьан чобуотук хоһоон ааҕан дьонун манньытара, быыкаа тарбахчааннарынан улахан киһи курдук уруһуйдаан дьону сөхтөрөрө. Бастакы кылаастан “Түһүлгэ” театральнай кулуупка дьарыктанар. Кулууп салайааччыта Валерия Георгиевна Малышева Алеша туһунан маннык этэр:
– Алеша театральнай искусствоҕа сыһыаннааҕын көрөн, монологка, үгэни ааҕыыга дьарыктаабытынан барбыппыт. Сыыйа инсценировкаларга кытыннаран, 3-4-с кылаастарга сүрүн оруолларга оонньоппуппут. Тимофей Сметанин «Куоска” олоҥхотугар сүрүн оруолу оонньоон, өрөспүүбүлүкэтээҕи “Күн бытархайа” фестивалга “Бастыҥ оруол” номинацияҕа тиксибитэ. 4-с кылааска “Ооонньоммотох оҕо саас” туруорууга саллаат оҕото Чооруонаны оонньоон, улууска лауреат үрдүк аатын ылбыта. Араас таһымнаах хоһоон ааҕыытын күрэхтэригэр бастыҥ ааҕааччы буолара.
Уолчаан саамай чугас киһитэ, ийэтэ Ньургуяна Денисовна:
– Алеша артыыстыыр талаанын аан бастаан уһугуннарбыт дьонунан Ытык Күөл “Чуораанчык” оҕо саадын иитээччилэрэ буолаллар. Чуолаан, иитээччитэ Ирина Михайловна Билюкина оҕом талаанын таба көрөн, бастакы акылааты уурбута. Утренниктарга «Чебурашка», «Кащей Бессмертный» оруолларын чаҕылхайдык толортообута. Үс сааһыгар нэһилиэк иһинэн ыытыллар “Аман өс” күрэх кыайыылааҕа буолбута. Оскуола алын сүһүөҕэр үөрэнэр кэмнэригэр «Түһүлгэ” диэн театральнай түмсүүгэ дьарыктаммыта.
Алёша сахалыы киинэлэртэн «ДетСАТ» бөлөх киинэлэрин наһаа сөбүлүүр. Ордук «Көҥүл Боотурдары». Кыратыттан киинэҕэ уһуллар ыра санаалаах. Чөркөөх народнай тыйаатырын салайааччыта Матрена Петровна Яковлева Алешаны бэлиэтии көрөн, режиссёр А.С. Романов кастинг ыытарын туһунан сураҕы тута биһиэхэ биллэрбитэ. Онон суһаллык «Эһэ уонна бөрө» остуоруйаттан монолог быһыытынан кэпсээбит видеотын Алексей Семеновичка тиксэрбиппит. Режиссёр Алешаны аан бастаан «Сосновый бор» лааҕырга сырыттаҕына, оператор Михаил Кардашевскайдыын баран көрсүбүттэр этэ. Уһуллуу кэмигэр улахан артыыстары кытта оонньуубун диэн долгуйбат этэ.
Оҕо буолан аахайбатаҕа буолуо. Улааттаҕына биирдэ соһуйара буолуо дии саныыбыт, – диэн кэпсиир.
Анна Яковлева, Таатта.