“Сааскы кэм” Микиитэтин оонньообут Алеша

26.01.2017
Бөлөххө киир:

Николай Мординов – Амма Аччыгыйа төрөөбүтэ 110 сылын көрсө “Сааскы кэм” арамаанынан киинэ уһуллулар. Киинэҕэ А.С.Пушкин аатынан Нуучча, П.А.Ойуунускай аатынан Саха уонна Үүнэр көлүөнэ тыйаатырдарын артыыстара, Таатта улууһун оскуолаларын үөрэнээччилэрэ оонньоотулар. Оттон сүрүн оруолү, Микиитэ Лэглээрини Таатта Ытык Күөл нэһилиэгин 1 №-дээх оскуолатын 6-с кылааһын үөрэнээччитэ Алексей Петров толордо. Кинилиин сиһилии кэпсэтэн edersaas.ru сайтпытыгар таһаардыбыт.

— Алеша, эн киинэҕэ бастакы уһуллууҥ дуо? Микиитэ оруолун төһө арыйдым дии санаатыҥ?

— Микиитэ Лэглээрин оруолугар ыытыллыбыт кастиҥҥа миигин, тас көстүүтүнэн ордук барсар диэн ылбыттара. Оруолбун сүүс бырыһыан арыйдым диэн этэр кыаҕым суох. Тоҕо диэтэххэ, Микиитэ уонна мин тус-туспа дьон (личность) буолабыт. Урут биирдэ даҕаны киинэҕэ оонньооботоҕум. Арай кылгас видеоларга, сыаҥкаҕа эрэ оонньуурум. Саамай арыллан оонньообут оруолбунан өссө уһуйааҥҥа сылдьан оонньообут Чебурашка оруолун ааттыам этэ. Уҥуоҕум кырата эҥин барыта сөп түбэспитэ. Оттон билигин бу киинэҕэ уһуллан баран, оскуолабын бүтэрэн артыыс буолуох баҕаланным. Кастинг кэнниттэн миэхэ сүрүн оруолу биэрэллэрин истэн баран толло санаабытым. Сатаан оонньуом, Микиитэ уобараһын толору арыйыам дуо диэн санааттан аккаастаныахпын баҕарталаабытым. Онтон киинэҕэ уһуллар хайдаҕын билиэн баҕарар санаам баһыйан, сөбүлэспитим.

— “Сааскы кэм” арамааны аахпытыҥ дуо?

— Толору кинигэтин аахпатаҕым. Арай оскуолаҕа «Төрөөбүт литератураҕа» баар  быһа тардыытын эрэ аахпыппыт. Сотору кэминэн  ааҕыам.

— Ханнык киинэлэри сөбүлээн көрөҕүн? Холобур оҥостор артыыстааххын дуо?

— Чуолаан бу киинэни сөбүлүүбүн диэн этэр кыаҕым суох. Арай жанрынан сэриилээх, охсуһуулаах, комедия киинэлэрин ордоробун.  Хас биирдии артыыс оруолун толороругар ураты суоллаах-иистээх буолар.

— Хоббилааххын дуо?

— Иллэҥ кэммэр уруһуйдуурбун сөбүлүүбүн. Уруһуйдарбын үксүгэр үтүгүннэрэн оҥоробун. Ийэм уруһуй, аҕам черчение учууталлара. Ол да иһин буолуо, ускуустубаҕа чугаспын. Бииргэ төрөөбүт үһүөбүт – икки эдьиийдээхпин. Кыра эдьиийим эмиэ уруһуйдуур. Кини сакааһынан мэтириэт уруһуйдаан атыылыыр.

— Киинэҕэ оонньуургар туох ыараханы көрүстүҥ?

— Саҥарарбын-иҥэрэрбин, киинэ саҥатын оҥорору (озвучка) ыарырҕаттым. Киинэбитин Таатта Харбалаах нэһилиэгэр күнү быһа сылдьан устарбыт. Олус сылайарым. Ону таһынан, үөрэхпэр элбэх көтүтүүлэммитим. Инньэ гынан, уруогум таһынан олус элбэх сорудаҕы ылан, ону толорбутум. Түгэнинэн туһанан бары учууталларбар миигин өйөөбүттэригэр махталбын биллэрэбин

— Инникитин туох былааннааххыный?

— Аны сахалыы кэмиэдьийэҕэ уһуллуохпун баҕарабын. Бэйэм да оннук киинэлэри көрөрбүн сөбүлүүбүн. Арааһа оннук киинэҕэ оруолбун толору арыйыам этэ.

Станислав ИОВЛЕВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0