Үс мөлүйүөннээх «Сааскы кэм» киинэ

30.01.2017
Бөлөххө киир:

Николай Мординов – Амма Аччыгыйа төрөөбүтэ 110 сылын көрсө “Сааскы кэм” арамаанынан киинэ уһулунна. Сүрүн дьоруой Микиитэ Лэглээрини Таатта Ытык-Күөлүн 1-гы №-дээх оскуолатын алтыс кылааһын үөрэнээччитэ Алеша Петров толордо. Киинэни Алексей Романов режиссердаата.

Станислав ИОВЛЕВ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru

— Киинэ хаһан тахсарый? Сураҕа, «Сааскы кэм» диэн аатынан тахсыбат үһү дии.

— Киинэ хартыыналарын уһулан бүтэрдибит. Аны киинэ тыаһын-ууһун, мантааһын таҥыы үлэтэ бара турар. Бүтүө өссө даҕаны ыраах. Ол иһин чуолкай күнүн ыйар кыаллыбата буолуо. Үлэ кэмигэр араас буолуон сөп. Аны цветокоррекцията Санкт-Петербурга оҥоһуллуохтаах. Киинэ сүрэхтэнэр даататын үлэни сүүс бырыһыан оҥорон бүтэрэрбит саҕана эрэ биллэриэхпит. Билигин быһа холоон муус устар саҥата көстүө диэн былаанныыбыт.

Киинэ аатын “Сааскы кэм” диэн бэйэтинэн ыытаары гыммыппыт. Аҕыйах хонуктааҕыта толкуйдаан баран “Биһиги билбэтэх оҕо сааспыт” диэн аатынан  таһаарар буоллубут. «Тоҕо итинник ааттаатылар?» диэн элбэх киһи соһуйуоҕа. Биһиги өбүгэлэрбит оҕо саастарын, олорон ааспыт олохторун толору билбэппит. Үһүйээнтэн, номохтон, кэпсээнтэн эрэ истэн удумаҕалатабыт, оҥорон көрөн билэбит. Ол иһин итинник санаа кэлэн, киинэбин маннык ааттаатым. Баҕар, киинэбин арамаанынан толору устубутум буоллар “Сааскы кэм” диэн ааттыам этэ.

— Былааннаабыккыт төһө туолла?

— “Сааскы кэм” арамааҥҥа 1917 сыллаах революция кэмэ ойууланар. Көрөөччү киинэҕэ олорон санаатынан ол кэмҥэ тиийэрин курдук тиэрдэргэ кыһалынныбыт. Киинэҕэ көстөр хас биирдии тээбирин, туттар сэп-сэбиргэл, иһит-хомуос, таҥас-сап барыта ол саҕанааҕы. Дьон таҥаһын тыйаатырдартан уларсыбыппыт. Оҕолор таҥастарын анаан тиктэрбиппит. Сорох малы-салы көрдүүргэ ыарахаттары көрсүбүппүт. Балаҕан, өтөх көрдүүргэ эмиэ бириэмэ бараабыппыт. Онон, сүрүн ыарахаттарынан урукку олоҕу тэрийии буолла. Киинэбитин сүрүннээн Тааттаҕа уһулбуппут. Сорох хартыыналары Дьокуускайга уонна Хаҥаласка устубуппут. Сыалбытын ситистибит. Оонньообут артыыстарбыт бука бары оруолларын толору арыйдылар. Сүрүн оруолларга А.С.Пушкин аатынан нуучча, П.А.Ойуунускай аатынан Саха уонна Үүнэр көлүөнэ тыйаатырдарын артыыстара уһулуннулар: Федот Львов – Дьөгүөр, Сардаана Вырдылина – Сөдүөччүйэ, Степанида Борисова – Даарыйа эмээхсин, Айаал Аммосов – учуутал уо.д.а. Микиитэ Лэглээрини Ытык-Күөл 1-кы №-дээх оскуолатын үөрэнээччитэ Алеша Петров бэрт итэҕэтиилээхтик оонньоото.

— Киинэ кинигэтээҕэр ис хоһоонунан баһыйтарар буолар диэн санаа баар. Эн манна төһө сөпсөһөҕүн? Эһиги киинэҕитин “Сааскы кэм” арамааны аахпатах киһи кинигэҕэ кэпсэнэрин курдук өйдүө дуо?

— Биһиги киинэ устарбытыгар арамаан сүрүн тутулун эрэ ылабыт. Ону бэйэбит режиссер, сценарист көрүүтүнэн уларытан, эбэн-сабан биэрэбит. Ол да буоллар, арамааҥҥа баар саамай биллэр-көстөр түгэннэр киирдилэр. Киинэ устуу — ураты ускуустуба. Режиссер киинэ устуон иннинэ санаата, баҕата үстэ уларыйар. Бастаан сценарийын ааҕан баран хараҕар ойуулаан көрөр. Онтон киинэ устар полигоҥҥа тиийэн көрүүтэ эмиэ уларыйар. Аны уста сылдьан эбии тугу эрэ киллэрэр, эбэтэр сценарийтан көҕүрэтиэн сөп.

— Киинэ бүддьүөтэ төһөнүй?

— «Сахафильм» уонна «Таатта улууһа» муниципальнай оройуон дьаһалтатын кыттыгас үбүлээһиннэрэ буолан бүддьүөтэ кыра. Өссө даҕаны киинэбит ситэ оҥоһулла илик. Ол барыта тэбэн таҕыстаҕына биллиэҕэ. Арай билигин 3 мөлүйүөн курдук барда.

— Очооҕуна киинэ Таатта улууһун анал сакааһынан уһулунна дуо?

Дмитрий Шадрин «Сахафильм» хампаанньа дириэктэринэн ананарын саҕана, Саха сирин кинематографистарын сойуустара уонна “Сахафильм” хампаанньа буолан сөбүлэҥ түһэрсибиппит. Онно саха классикатын, литературатын киинэҕэ тустуу диэн сурулла сылдьар. Ону сэргэ, Амма Аччыгыйа төрөөбүтэ 110 сылыгар ананар.

 — Саха литературатыттан өссө ханнык айымньыларынан киинэ устары былаанныыгытый?

— Чуолкайын билбэтим. Баҕар атын режиссердар араас айымньыга олоҕуран киинэ устуохтара. Оттон мин сахалыы остуоруйа устуохпун баҕарабын. Төрүт үгэспитин, саха өйүн-санаатын, менталитетын хоһуйан, үгэргээн (ирониялаан) устуохпун саныыбын. Атын омуктарга оннук киинэлэр олус элбэхтэр. Сахаларга эмиэ оннук хабааннаах остуоруйа-киинэлэр баар буолуохтарын наада. Уруккуттан биэс саха остуоруйатын холбоон киинэ оҥоруохпун баҕарабын. Ол былааммын олоххо киллэриэм этэ. Мин бу иннинэ уус-уран киинэни уста илигим, үксүгэр документальнай киинэҕэ эрэ үлэлэһэрим. Арай кылгас метрдээх (короткометражнай) “Мааппа” диэн киинэни устубутум. Онон «Сааскы кэм» улахан, толору уус-уран киинэҕэ маҥнайгы холонуум буолар.

Станислав ИОВЛЕВ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0