Сааскы халааны көрсө дьаһаллар ыраахтан тэриллэллэр

Ааптар: 
01.04.2020
Бөлөххө киир:

Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ хаһаайыстыбалар сааскы халаан уутун сүтүгэ суох аһардалларын туһугар эрдэттэн бэлэмнэнэр дьаһаллары сыллата тэрийэр.

edersaas.ru.


Өрөспүүбүлүкэҕэ коронавирус дьаҥын кутталыттан муҥутуур бэлэмнээх буолуу биллэриллибитинэн, миниистири солбуйааччы Николай Афанасьев салайааччылаах суһал штаб төһө да ыраахтан үлэлиир эрэсиимҥэ көһөрүлүннэр, тустаах аналын толорор. Ол курдук, тыа хаһаайыстыбатын улуустардааҕы управлениеларын салайааччыларын, нэһилиэктэр дьаһалталарын тыа хаһаайыстыбатыгар исписэлиистэрин кытары халаан уута хоромньута суох ааһарын туһугар ирдэнэр үлэлэри тэрийэллэр. Өрүстэр сүнньүлэригэр сытар 14 улуус 51 нэһилиэгэр баар сааскы халаан кэлэн ааһар кэмигэр сүөһүнү-сылгыны таһааран, быстах хаайар 93 пуун туругун көрөллөр-истэллэр. Бүтэйдэри өрөмүөннүүргэ итиэннэ оту, комбикорманы, сылгы бурдугун хааччыйарга туох наада буоларын быһаараллар. Билиҥҥи туругунан нэһилиэктэр пааспардара, ууга барар кутталлаах эбийиэктэр испииһэктэрэ, сүөһүнү-сылгыны үөһэ таһаарыы былаана итиэннэ быстах хаайар пууннары көрүү-истии кыраапыга оҥоһулунна. Муус устар 25 күнүгэр диэри пууннары аһылыгынан хааччыйар сорук туруорулунна.
Министиэристибэ мобилизационнай бэлэмнэниигэ бөлөҕүн салайааччы Виталий Никитин иһитиннэрбитинэн, Томпо, Кэбээйи, Дьааҥы уонна уус Маайа улуустарын уон нэһилиэгэр 18 пуун бэрэбиэркэлэммит. Сүөһүнү-сылгыны пууннарга таһаарар эрчиллиилэр Кэскилгэ (Томпо), Хайыһардаахха (Дьааҥы), Эдьээҥҥэ, Күпкэ (Уус Маайа), Батамайга, Сииттэҕэ, Кальвицаҕа (Кэбээйи) ыытыллыбыттар. Барыта 159 киһи (ТХУ-лар үлэһиттэрэ, дьаһалталар исписэлиистэрэ) халааны утары дьаһаллары тэрийиигэ үөрэммиттэр.
“Сири мелиорациялааһын уонна тыа хаһаайыстыбатын уунан хааччыйыы управлениета” судаарыстыба бүддьүөтүн тэрилтэтин исписэлиистэрэ кулун тутар 12 күнүттэн тоҕус улуус дьаһалталарын уонна ыксаллаах быһыыга-майгыга хамыыһыйалар үлэһиттэрин кытары гидротехническэй тутуулар итиэннэ ууну халытан нүөлсүтэр ситимнэр халааны аһардарга төһө бэлэмнээхтэрин көрө-истэ, буору уонна куулу хаһааныыны тэрийэ сылдьаллар.
Онон, бары улуустарга халаан ылар кутталлаах сирдэриттэн сүөһүнү-сылгыны быстах хаайар пууннарга таһаарыы былаанын оҥорууга көмө оҥоһуллар, нэһилиэнньэҕэ өйдөтөр үлэ ыытыллар, сүөһүнү-сылгыны уонна тыа хаһаайыстыбатын эбийиэктэрин страховкалыырга тустаах хампаанньалары кытары дуогабар түһэрсэр үлэ ыытыллар, халаан хоромньутун докумуоннарын оҥорууга методическай сүбэлэр бэриллэллэр.

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0