Сааскы биир сарсыарда…

Ааптар:  Елена Прокопьева
16.04.2024
Бөлөххө киир:
Хаартыска: edersaas.ru

Сааскы биир сарсыарда мин скандинавскай хаалыктарбын ыламмын, таһырдьа таҕыстым. Чаҕылыйан дьэ күн да күн буолбут! Били 40 хонуктаах хатааһын буола турар диэн, балай да халыҥнык таҥныбыт эбиппин. Хайдах эрэ итииргии быһыытыйдым. Этэргэ дылы, хамсыы сылдьар киһи тоҥмот.

В. Губин уулуссатынан аргыый аҕай баран иһэбин. Ол иһэммин көрдөхпүнэ, хаарбыт барахсан ууллан, дьэ бу күһүҥҥүттэн мунньуллубут бөхпүт ханна барыай: ыдьырыйан аҕай сытаахтыыр эбит!
Туналы маҥан хаарбыт элбэҕи да саба бүрүйэн, кистээн сытыарбыт! Хардыы аайы пластиковай иһит, бакыат, хордуон дьааһык, ол-бу суута, табах төрдүгэһэ о.д.а. Куораппыт бэйэтэ даҕаны аҕыйах көҕөрдүүлээҕин билэ-көрө сылдьабыт. Алдьаммыт-кээһэммит мас элбэҕин көрөн харааһынным: ити айылаах тыал суулларара дуу, эбэтэр күүспүтүн холонон тоһутарбыт дуу?! Мин ону кыайан өйдөөбөтүм. Мас бөҕөтө охтон барчаланан сытар. Ону дьэ нэһиилэ атыллыы-атыллыы айаннааһын буолла.
Уопсайынан даҕаны, куораппыт ыраас, сэргэх көстүүлээх буоларын туһугар олох күүстээх үлэ барыан наада! Бу дьыаланы мэрия иилээн-саҕалаан ыытыахтаах дии саныыбын. Онно эбии хас биирдии куорат олохтооҕо бэйэ бодотун тардынан, дьоллоох Дьокуускай куораппыт чэлгийэ сайдарын туһугар кыһаллыахтаах, сүрэҕинэн-быарынан ыалдьыахтаах!
Мин биир Европа дойдуларынан туристаан кэлбит киһи кэпсээнин куруук умнубаппын. Онно маннык дьикти түбэлтэ буолбут: саха дьоно Чехословакия киин куоратын Прага устун күүлэйдии сылдьаллар үһү. Арай көрдөхтөрүнэ, биир ол дойду киһитэ маҕаһыынтан тахсыбыт. Сиэбиттэн паачыкалаах табаҕын орообута бүппүт эбит, ону үчүгэй баҕайытык бүк тутан суулаабыт уонна уурунаҕа бырахпыт. Оттон биһиги туриспыт табаҕа бүппүтүгэр, эргим-ургум көрбүт, кум-хам туппут уонна сонно уулуссаҕа бырахпыт. Дьэ ол кэпсээбит киһи соруйан тэҥнээн көрбүт эбит уонна култуурабыт таһыма намыһах да эбит диэн сыаналаабыт. Ити дьиҥинэн, элементарнай култуура буоллаҕа дии, ону ким барыта тутуһуохтаах.
Дьокуускай куоракка 500-тэн тахса уулусса баар дииллэр. Олорго төһөлөөх элбэх дьиэ баара буолуой, ол дьиэлэргэ төһөлөөх киһи олороро буолуой? Үгүс дьиэлэр иннилэригэр оҕо былаһаакката баар.
Дьэ бу былаһааккаларбыт туруктара хайдаҕый? Саҥа дьиэлэр гиэнэ, биллэн турар, үчүгэй бөҕө, ыраас да курдук. Оттон эргэ дьиэлэр иннинээҕи былаһааккалар көстүүлэрэ олох куһаҕан: кир-хох, алдьаныы-кээһэнии! Онно ким эппиэттээҕэ буолла? Сорох аттракционнар сууллаары гыммыттар, итиннэ оҕо эчэйиэн сөп. Аны ол былаһааккаларга оонньуур оҕолорбут бэрээдэктэрэ, тыллара-өстөрө эмиэ мөкү: кимтэн да толлубаттар, маатыра-куутура бөҕөтө! Киэҥнээх киһи онно оҕотун, сиэнин таһаарыан да баҕарбат.
Урут сэбиэскэй кэмҥэ туох баар тэрилтэлэр, биирдиилээн да дьон баччаларга «Ырааһырдыы ыйа» диэҥҥэ кыттар буоларбыт. Ким да онтон туора турбат этэ: оҕолуун-уруулуун, улахан дьоннуун. Ол барыта ханна барда, тоҕо мэлийдэ?! Аһары сайынныбыт дуу, ким да туохха да наадыйбат кэмэ кэллэ дуу? Былыргы өс хоһооно баар: «Буор хара да бурдук үүнэр!».  Тоҕо сатамматый, хас биирдиибит илиибитигэр күрдьэх, кыраабыл, куул тутаммыт ыраастаныыга турунарбыт?! Онтон биһиги туохпут да көҕүрээбэт, достоинствобыт түспэт! Улуу классик суруйааччы Антон Павлович Чехов тылларын санатабын: «Без труда не может быть чистой и радостной жизни!»
Түмүкпэр этиэм этэ: «Күндү доҕоттор, бука бары биир киһи курдук тапталлаах куораппыт Дьокуускай сырдык, ыраас буоларын туһугар турунуоҕуҥ!»

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
+1
0