Бэриниилээх доҕоттор
Бүгүн эмиэ түөрт бөлөрүүһүнэн тыаҕа мас соһо кэллилэр. Тимуру ыта Суолдьут батыһан кэлбит. Уол ытым туһахха эбэтэр хапкааҥҥа иҥниэ диэн куттанар. Ол да буоллар кинилэр ыттара бэрт өйдөөх. Мээнэ иҥнибэт ини диэн бэйэтин алы гынар. Бу ыттарын туһунан аҕата кэпсээччи. Киһини ыт тыатааҕыттан уонна да атын өлүүттэн быыһаабыта элбэх. Ол курдук кинилэр ыттара, аҕатын эмиэ өрүһүйэн турардаах. Аттара да онтон хаалсыбат. Тимур аҕатын Луханы ата эмиэ хаста даҕаны тоҥон өлүүттэн быыһаабыта. Итирдэ да сыарҕатыгар охтубут буолар. Ону ата барахсан чопчу дьиэтигэр аҕалар.
Урут улууһун киинигэр сыарҕалаах атынан киирбитэ. Үгэһинэн үрүссээгэр арыгы атыылаһан маҕаһыынтан тахсыбыта. Атын кимнээх эрэ илдьэ барбыттар. Атын кини баайбат идэлээх. Хаһаайыныттан арахпат сылгы. Бэйэтэ быраҕан барыа суохтаах. Дьоннор ылбыттар. Ыта, арааһа, атын кытта барсыбыт быһыылаах.
Луха сыарҕатын суолун көрөн баран испитэ. Сыарҕалаах ат суола талахтар быыстарыгар киирбит.
Талах ойуур быыһыттан атын суоллаан кэлэрин кэтэһэн турбут нуучча уолаттара тахсан кэллилэр.
Кинилэртэн атын ыйыппытын, итиннэ бааллан турар, баран ыл диэтилэр. Ааһа барыах курдук буолан эрдэҕинэ төбөтө чуҥкунуу, кулгааҕа куугунуу түстэ. Маһынан төбөҕө охсон түһэрэн баран үрүссээгин сулбу тардан ыллылар. Луха төһө өр дөйөн сыппытын өйдөөбөт. Тура сатыыр да, атаҕар уйуттубат.
«Оорлиик!» — диэн атын ыҥыра сатыыр. Ыта хантан эрэ кэлэн сирэйин салыыр. Луха манна дьон көрбөт сиригэр өлөрүм кэллэ дии санаата. Төбөтүттэн хаана сүүрэн өй-мэй барбыта. Бу кэмҥэ талах лабаатыгар тэһииниттэн бааллан турар Орлик кистээн дьырылатар, тыбыырбахтыыр. Бааллан турар быатын быһа түһээри тиэрэ түһэн чиччигиниир. Сотору тэһиин тирии быата быстыаҕынааҕар, бааллан турар талах мутуга тосту ыстанна. Өйдөөх ат тэһиини, атахпар кэтиэм диэн өрө көтөҕөн хаамта. Аны сыарҕа маска иҥниэҕин өйдөөн, ырааҕынан эргийэн, талах ойууртан таҕыста. Охто сытар хаһаайынын аттыгар кэлэн тохтоото. «Аны мин үлэм хаалла», диэбиттии Луха ыта Суолдьут өйө суох сытар иччитин сыарҕаҕа таһаараары, ытыран баран тардыалаата, соһуста.
Луха балыыһаҕа сытан өйдөннө. Кини аттаах ыта быыһаабыттарын үдүк-бадык өйдүүр. Биирдэ эмиэ аҕата дьону кытта бултуу сылдьан ким ыта үчүгэйин мөккүспүттэр. Биир киһи тоҥмут кииһи үүтээн иннигэр хаарга ууран кэбистэ. Уонна ытыгар тугу эрэ ботугураата. Атын ыттар тиийэн хаһан ылаары гыннахтарына чугаһаталаабат. Дьон эмиэ ыты үүрэн баран ыла сатаатылар. Ыт ырдьыгыныыр, чугаһаппат.
Аны Луха уочарата кэллэ.
— Ити киискитин ханна эмэ илдьэн кистээҥ. Мин ытым булан аҕалыаҕа, — диэтэ. Икки киһи кииһи илдьэн баран, балачча өр буолан кэллилэр.
— Хайа, доҕоттор, кииһи хайаҕа таһааран кистээтигит дуу, тугуй? — хаалбыт дьон көйгүөрэ тоһуйдулар.
Луха ытыгар кииһи булан аҕаларыгар ускайдаан ыытта. Суолдьут сытырҕалаабытынан дьон кэлбит суолун устун кутуруга хороҥолуу турда.
Ыт барбыта сүүрбэччэ мүнүүтэ ааһыыта сакалааттаспыт киһитэ эттэ:
— Луха, хоттордуҥ, ытыҥ кэлбэтэ. Арааһа, эйигин быраҕан дойдулаабыт. Аккын ыҥыырданан бөһүөлэккэ киирэн сүүйтэрбит буоккаларгын аҕал.
— Кэлиэҕэ, билигин, — Луха хата кыһаммат. Онтон чочумча буолаат, ыт ааны тарбыыра иһилиннэ. Үүтээн аанын арыйбыттара, Суолдьут кииһи ытыран аҕалбыт. Иччитигэр киллэрэн биэрдэ. Кииһи илдьэн кистээбит дьон харахтарын муҥунан көрөн кэбистилэр, сөрү диэн сөхтүлэр.
— Эс, ама хайаан ити ыт булуо суохтаах этэ.
— Ханна киистээбиккитий?
— Ээ суох, чэ кэбис, чахчы сүрдээх ыт эбит.
— Ханна кистээбиккитий? Этиҥ.
— Араҥас үрдүгэр. Лаабыска.
— Араҥас үрдүгэр даа?
— Ыт хайдах онно тахсар?
— Дьэ тахсар эбит дии.
— Ол иһин өр буолан баран кэлбиттэр эбит дии.
— Чэ тахсан аккын ыҥыырдаа, сүүйтэриигин аҕалан кэл, — ити курдук күө-дьаа кэпсэттилэр. Хотторбут киһи бараары атын ыҥыырдаата.
Луханы биирдэ ыта Суолдьут хойоммулламмыт тайахтан быыһаан турардаах. Муоһун төрдүгэр халты таптаран, дөйөн сыппыт тайахха Луха хабарҕатын быһаары чугаһаабытыгар, эмискэ ойон турбута.
Муҥ саатар, саатын кэннигэр сүгэн кэбиспит этэ. Тайах муоһунан түспүтүгэр салбахтарыттан хапсан ылбыта. Уонна өрө баһыллан, атаҕа адаарыс гына түспүтэ. Аарыма лөкөй ханнык маска илдьэн сыбыыра биллибэт этэ. Эмискэ Суолдьут тайах быттыгар иилистэ түспүтэ. Тайах киһини киэр силэйээт, ыкка түспүтэ.
Луха төбөтүнэн хойуостаат, туймааран сытта. Карабинын сиһинэн баттыы түспүт эбит. Нэһиилэ эргийэн ону сүөрэн ылла. Тураары өндөҥөлөөн эрдэҕинэ тайах муоһа адаарыйбытынан бу сүүрэн иһэр. Луха сытан эрэн ытыалаан куһуйда. Лөкөй сүүскэ табыллан умса хоруйда. Сүүрэн кэлбит уоҕар, оту маһы барчалаан оҕунна. Луха нэһиилэ туран тэбэннэ. Аҥаар саппыкытын, бэргэһэтин булан кэттэ.
Тимур аҕата кэпсээбитин санаан Суолдьутун төбөтүн имэрийдэ. Ыттара барахсан кырдьаахтаабыт.
4 чааһа
Ыра санаа ыллыга
Сааһыары Тимур хамнаһынан балтыгар бэлисипиэт атыыласта. Сардаанчык үөрэн убайын «чоп» гына сыллаан ылла. Тимур балтыныын дьоно арыгылаатахтарына эрэйи көрбүттэрин санаата. Арай биирдэ оонньоон кэлбитэ, дьоно итирэн охтубуттар. Кыра балта ытыы олорорун уоскутта. Ыскааптан маҥнай куруппа тобоҕо баарын булан ууга булаан хааһы буһарда. Пиалаҕа мас арыыта дэлби тохтубут, саахар тобоҕун хааһытыгар таҥнары тутан булкуйда. Балтыгар сойутан биэрдэ. Иккиэн сыа-сым курдук аһаан оронноругар сыттылар. Саатар тэлэбиисэрдэрэ да суох. Үнүр итирик дьон «тутуһалларыгар» үлтү түһэрбиттэрэ. Түөртээх балта: «Убаай, эн улааттаххына ким буолуоххунуй?”, — диэн ыйытар.
— Мин улааттахпына прокуруор буолуом. Уонна арыгы оҥорор нууччаны сууттуом.
— Бэрт дии. Убаай, оччоҕо мамалаах паапа арыгылыахтара суоҕа.
— Оттон эн ким буолаҕын, Сардаанчык?
— Мин быраас буолуом.
— Уонна хайыыгын?
— Дьонум арыгылыылларын эмтээн кэбиһиэм, — диэт тугу эрэ саныырдыы ыраас хараҕынан көрөр-истэр. Уонна иккиэн тэҥҥэ күлүстүлэр. Уоттаах утах умсулҕаныгар балыйтаран, итирэн илбиһирэн, түһээн түҥкэлийэн баллыгырыы сытар төрөппүттэрин энэлгэннэригэр доҕуһуоллатан оҕолор барахсаттар нухарыйан бардылар. Түүн үөһүн саҕана ааны дарбыйдылар. Түүҥҥү түлүрбэхтэр. Ол аата амырыын аһы аргыс оҥостубут арыгыһыттар эбит. Дьиэлээх киһи ааны арыйбытыгар икки киһи киирдэ. Хаһаайын мордьойуох курдук буолан иһэн хоннохторун анна хоппойорун көрөн: «Ок, уолаттар кэм өттүк харалаах сылдьаллар буоллаҕа, чэ, сыгынньахтаныҥ», — диэн үөрэ түстэ. Дьиэлээх хотун үөрүйэх муҥутаан үрүүмкэлэри кылыгыратан остуолга уурда. Сотору киирбит дьон итирэн ырыа-тойук бөҕө буоллулар. Буолумуна, бу дьиэҕэ кинилэри ким да боппотун биллэхтэрэ дии. Бэйэлэрин дьиэлэригэр истэхтэринэ «тыалынан киирбит холоругунан тахсарын» билэллэр. Тимур кулгааҕын бүөлэнэн утуйа сатаата. Балтын суорҕанынан сапта. Сардаанчык эмиэ уһуктан ытыы сытар эбит. Киирбит дьон ыал олоҕун аймыыбыт диэн төбөлөрүгэр оҕустарбат дьон буолан биэрдилэр. Тимур сарсыныгар оскуолаҕа утуктаан, учуутал кэпсиирин ээл-дээл истэ олордо. Дьиэҕэ үлэтин толорботох буолан икки сыананы ылла. Кини уонна биир эмиэ көмүскэтэр убайа суох уолу Бараах Бааһа матассыыкылга олордон илдьэ барда. Хламҥа аҕалтаата. Онно эмиэ оҕолор бааллар эбит. Ким сыаптаах, ким быалаах тураллар. Тимур туох буолуохтааҕын сэрэйдэ. Бааска бэҕэһээ көрбүт киинэтин үтүктэн иккиэннэригэр куулу кэтэрдэн баран бу оҕолорунан таһыйтарыахтаах эбит. Бааска сымыйанан нууччалыы саҥарбыта буолар. Ол быыһыгар «атаман не любит повторять» диир. Таһыйар уолаттар төһө да баҕарбатахтарын иһин куттанан толороллоругар тиийэллэр. Куулу кэтэрдээттэрин кытта Бааска хамаандата иһилиннэ, ону кытта икки уол эттэрэ уот аһыйа түстэ, иэннэрэ кэдэҥнээтэ. Тимур төһө өр туймааран сыппыта буолла, өйдөнөн кэлэн доҕор уолунуун ытаһан сыҥсыйа олордулар. Улааттахпытына иэстэһиэхпит диэн андаҕайдылар. Тимур кулгааҕа куугунуур, төбөтө ыалдьар. Дьиэтигэр кэлбитигэр аҕата үөхсэ тоһуйда.
— Эр киһи буолан баран сатаан охсуспакка эмиэ кырбанан кэллиҥ дуо? — диэн эҕэлээх саҥалаах буолла. Ийэтэ уолун сууйан бэрэбээскилээн дуомнаата. Балта Сардаанчык убайын аһынан ытаата.
Чөмпүйүөн
Тимуру эһиилигэр эдьиийэ Ньурбаҕа үөрэттэрэ аҕалла. Манна уол олоҕо арыый көннө. Күтүөтэ син биир иһэр эбит. Уол балтын аһынар. Барарыгар кыысчаан сайыһан хараҕа уу-хаар баһан хаалбыта. Убайа, баҕар, онно олоҕо көнүө диэн кыра да буоллар өйдүүр курдуга. Тимур манна кэлэн бокса сиэксийэтигэр дьарыктанна. Кинилэр нэһилиэктэригэр бокса, тустуу дьарыга суох этэ. Паараҕа туруортаан киирсиһиннэрбиттэригэр охсуһууга үөрүйэх уол утарылаһааччытын алҕас тэбэн кэбиһэн, тренериттэн мөҕүлүннэ. Мээнэ кулуппаайдаан охсон хас да уолу хото быһыытыйда. Тренер төһө да сөбүлүү көрдөр, уолу саҥарда.
— Тимур, эн олох бөтүүк курдук түһүтэлиигин. Көрбөккө мээнэ далайаҕын, — диэн бокса тактикатын, тиэхиньикэтин өйдөттө, үөрэттэ. Уол бокса охсуһууттан чыҥха атын эбитин биллэ. Биир сыл дьарыктанна. Улуустарыгар бокс күрэхтэһиитэ буолла. Тренердэрэ секцияны көтүппэккэ уонна үчүгэй дьоҕурдаах оҕолору талан кытыннара аҕалла. Тимур бастыҥнарга ааҕыллар буолан эмиэ кэллэ. Ыйааһыннаннылар, сэрэбиэйдэһии буолла. Финал аҥаарыгар биир улууска икки төгүл бастаабыт уолга түбэстэ. Тренерэ кэпсэтэн уларыта сатаабытын буолумматылар. Онон бу киирсээри рингаҕа киирээри аатын ааттаан ыҥыралларын кэтэһэн олорор. Уол чөмпүйүөнү кытта киирсэриттэн долгуйар. Саатар, биир оскуолаҕа үөрэнэр сөбүлүү көрбүт кыыһа бокса көрө кэлбит эбит. Инники эрээккэ олорор уол диэки кылап гына көрөр. Уол хоттордохпуна дьэ кыбыстыы буолсу диэн үөһэ тыынна.
Бастакы раунд саҕаланна. Тимур үгэһинэн ньүдү балай киирэр, утарылаһааччыта тэйэ сылдьан охсуолуур. Уол табыллан хараҕа ирим-дьирим баран ылла. Сынньалаҥ биллэрдилэр. Тренерэ сотторунан далбаатыырын быыһыгар уолга хайдах киирсэрин быһаарар.
— Охсор кэмигэр хараххын симимэ, кини контратакатыгар блоктан уонна канакка ыктаҕына туора ойон таҕыс. Чэ, кытаат!
Иккис рауҥҥа аны киһитэ атаакалыыр буолла. Кыайарын билэн сэрэҕэ суох буолбут. Аһаҕастык сылдьар. Тимур атаҕар чэпчэкитик ойуоккалыы сылдьан өмүтүннэрэн иккитэ сыҥаахха тапта. Анараа уол хараҕын симириҥнэтэр уонна канаакка ыга анньан тутан ыла сылдьар буолла. Апперкотка чугас дистанцияҕа охсон көрдө да мүнүүтэтэ бүтэн сынньалаҥ биллэрдилэр.
— Итиччэ үчүгэйдик көрсөн бараҥҥын тоҕо тэйэҕин?! Билигин бүтэһик раунд. Хаҥаскынан таптыҥ да тэйимэ, уҥа боковойга оҕус, — тренерэ далбаатанан сутуругунан дугдуруйан көрдөрөр. Тимур инники эрээккэ олорон Вера диэки көрөн ылла, кыыс киниэхэ «ыалдьарын” биллэрэн, илиитинэн сапсыйар. Үһүс рауҥҥа утарсааччыта сылайбытын Тимур сэрэйдэ. Тренерэ уһун тыыҥҥа эрчийэн элбэхтик сүүрдүбүтэ манна туһалаата. Тимур аҕылаан да көрбөккө атаҕар чэпчэкитик дугунан тэйиэккэлии сылдьан охсор. «Киирэн ис, биир мүнүүтэ хаалла», — диэн тренерин саҥата иһиллэр. Вера мэктиэтигэр тура эккирээн ылар. Тимур атаакалаан сиэрийэлээн субуйда, утарсааччыта үөрүйэх буолан дөбөҥнүк аһартыыр. Тимур муннукка ыга анньан биэртэлээн, киһитин тоҥхотто. Муннун хаанын таһаарда. Үһүс раунд бүтэн, судьуйалар ким кыайбытын өр быһаардылар. Тимур тренерэ уола төһө да очукуонан хоттор, баҕар, эмиэ биллэр-көстөр тренердээх боксерга биэриэхтэрэ диэн саарбахтыы олордо. Киирсибит боксердары судьуйа рингэ ортотугар таһаарда. Тимур кыайбытын биллэрэр саҥа киэҥ саалаҕа дуораһыйда. Судьуйа уол илиитин көтөхтө.
Урут Бараах Бааскалаах оскуолаҕа охсуһуннараллара эбилик буолан уонна тренерэ үчүгэйдик дьарыктаан, уол улуус чөмпүйүөнүн кыайда. Тренерэ уулуссаҕа эҥин далбаатанан охсуспат буолуҥ диэн такайара. Устуталыам диэн куттуура. Оскуолаҕа эмиэ кэлии уолу оҕолор апкаапкатын ыытан «үөрэтиэх» курдук туттан баран кэлин син убаастыыр буоллулар. Тимур сайыҥҥы сынньалаҥар дойдутугар кэллэ. Дьоно эмиэ бытыылка туттаран испиттэр. Балта Сардаанчык арыый улааппыт. Оскуола киһитэ буолбут. Тимур быйыл улахан кылааска тахсыбыта. Киэһэ кулуупка тиийбитэ танцы буола турар. Уолаттарын көрсөн күө-дьаа буола турдахтарына, Бараах Бааска кэллэ. Дорообо, дыраастый диэни билиммэт киһи буолла. Уоһун ханньаччы туттан арыгы сытынан аҥылыйан Тимуру өҥөйөн туран: «Хайа доо, бу бэдик улааппыт эбит. Бытархайгынан салҕаа эрэ. Кыһыл ылан иһиллиэ.
— Мин эйиэхэ банкир буола иликпин.
— Һок, туох диэтиҥ?!
— Урут да ылбытыҥ сөп буолуо.
— Тугуй дээ! Улааттым диэххин баҕараҕын дуо, кэл бара сылдьыах эрэ. Бааска котельнай кэннин диэки Тимуру илдьэ барда. Көрөн турбут уолаттар охсуһууну көрөөрү тоҕо сууллан барыстылар. Бааска иннигэр баран иһэн эмискэ эргиллэ түһээт оҕуста, Тимур аһаран биэрээт, охсубут ыйааһынынан умса нөрүйэр кэмигэр аллараттан өрө баһан оҕуста. Бааска баҕаны бырахпыттыы таралыс гынна. Көрөн турааччы атастара күлүстүлэр. Бааска тэмтээкэйдээн турда. Суоһурҕанан үөхсүбүтэ буолар да, өссө киирсэр санаата суоҕа билиннэ. Урукку бэйэтэ этэр тыллара, уолаттар ортолоруттан иһилиннэ.
— Пыа, Бааска кыыс курдук эбит, куттанар быһыылаах.
— Эс, ама нохо, тохтоо эрэ доо! — Бааска сыгынньахтанна, биир уолтан тирии бэрчээккэ уларыста. Уонна эмиэ далбаатанан киирбитин, Тимур кэннинэн тэйэн аһаран баран, блоктанан биэрээт, уҥатынан кууһуннарда. Сыҥаах тыаһа «тасс» гынна. Бааска чыпчылыйыах түгэнэ тура түһээт төрдө эмэҕирбит баҕананы түөрэ аспыттыы баран түстэ. Мэктиэтигэр быыл бурҕайда. Онтон-мантан «оо!» — эрэ диэн саҥа аллайдылар. Тимур урут атаҕастаммытын итинник иэстэспитэ. Бааска ол кэннэ Тимур баар сириттэн дьалты туттара.
Манна нэһилиэгэр син уларыйыы тахсыбыт эбит. Арыгыны нэдиэлэҕэ биирдэ, бээтинсэҕэ толуонунан атыылыыр буолбуттар. Бэһиэлэй бээтинсэ диэн буолбут. Сорох дьон синбиир одеколону, өстүөкүлэ сууйары булан иһэллэр. Тимур дьоно уоллара арыый улаатан, дьону мунньан испэт буоллулар. Кинилэр дьиэлэригэр арыгы кыбыныылаах «орох тэппит» дьону уол киирбит ааннарын төттөрү булларбыта. Балта убайа кэлэн уонна дьоно испэт буолан, үөрэн мичилийэн, киҥинэйэн ыллыы, дьиэрэҥкэй тэбэ сылдьар буолла. Баасканы кытта охсуспуттарын Бааска маамата билэн, дьиэлэригэр кэлбитэ. «Уолгут күлүгээн буолан кэлбит, соҕотох уолбун кырбаабыт», — диэн дэлби аҋдаарбыта, үҥсүөх буолбута. Дьоно мөҕүллэ үөрэммит буолан саҥарсан уолларын көмүскэһэ барбатахтара. Тимур урут кырбаммыта, атаҕастаммыта аахсыллыбатаҕа. Арай, балта билэр буолан мөтөллүбүт чүөчэҕэ тугу эрэ этиэх буолан иһэн, бөтө бэрдэрбитэ. Көмүскэтэрэ эрэ көмүскэтин уута, харыһыйтарара эрэ хараҕын уута буолан олорбута. Бааска ийэтэ ааннарын хайа быраҕан тахсан барбыта.
***
Нэһилиэккэ «видик» саҥа үөдүйэн эрэр кэмэ. Кулуупка киинэ иннинэ, эбэтэр кэнниттэн коммерсаннар дьоҥҥо көрдөрөр буоллулар. Биир киинэни биирдии солкуобайга көрдөрөллөр. Биир солкуобайга киһи остолобуойга тото-хана аһаан тахсар сыаната. Кулууп киномеханига хаппыайкаҕа көрдөрөр киинэтигэр дьон сылдьыбат буоллулар. Киномеханик килиэбэ суох хаалара буолла. Аныгы Америка, Франция уо.д.а. омук киинэлэрэ дьон биһирэмин ылла. Буолумуна, Арассыыйа олохтон хаала сыспыт эбит. Былыр үйэҕэ өлбүт Брюс Ли киинэтин дьон саҥа көрөн эрдэхтэрэ. Урут кулуупка көрөр Индийскэй киинэҕэ охсуһууга охсуллубут киһи сутуруга миэтэрэ аҥаара тиийэ илигинэ көтөр эбит буоллаҕына, каратист Брюс Ли куоскалыы ньааҕынаан дьиҥнээхтии охсуталыыр курдук көстөр. Коммерсант-киномеханик киэһэ эр дьону мунньан харчы киллэринээри аны эротика диэннэрин көрдөрдө. Урут киинэҕэ дьахтар ис таҥаһынан сылдьара көһүннэ да «до 16 не допускается» диэн бобуллар эбит буоллаҕына, омуктар сайдан ырааппыттар. Ийэттэн түспүттүү сыгынньах дьахталлар, эр дьоннор дьаабыланаллара манна көстөр эбит. Оператор холбуор диэри ньамалаһа олорбут эр дьон ону көрөн “ньим” бардылар. Сөҕөн үөһэ тыыналлара иһиллэр. Тимур ордук Ван Дамнаах, Брюс Лилаах киинэни сөбүлээтэ. Кистээн шпагат түһэн, атаҕынан тэбэн эҥин дьарыктаммыта буолар. Эһиилгэ диэри армияҕа барыа… онно дедовщина баарын сүрдээн кэпсииллэр. Дьонтон атаҕастаммыт буолан эрдэттэн бэлэмнэниэн баҕарар… Тимур ааспыт оҕо сааһын итинник санаан ааста. Бараах Бааһа урут атаҕастаабыт эбит буоллаҕына, билигин иккитэ охсуһан хотторон, Тимурга киэбирбэт. Эйэлээхтик сыһыаннаһа сатыыр буолбут.
Аармыйа олоҕо
Тимур сопхуоска биир сыл үлэлээн баран, Сэбиэскэй армияҕа иэһин төлүү, сулууспалыы кэллэ. Баттаҕын тараҕайдыы ылан кэбистилэр. Уһун баттах муода буолан саннын байаатыгар диэри үүннэрбит суһуоҕун киччэччи ылан кэбиспиттэрэ, мэктиэтигэр төбөтө чэпчээбит курдук буолла. Сарсыарда алта чааска «Подьем». «Внимание, рота!» — диэн хамаандаҕа сүүһүнэн саллаат бары тэбис-тэҥҥэ ороҥҥо олоро түһүөхтээхтэр. «Подьем!» диэҥҥэ бары тэҥҥэ 45 сөкүүндэ иһигэр таҥнан бэлэм туруохтаахтар. Дьэ тиргиллии бөҕө буолар. Үөһэ ороҥҥо сытааччы саллаат алларааҥҥыны ыксалга миинэ түһэрэ да баа буолбатах. Ким эрэ атын киһи ыстаанын, кольсонун кэтэн айманаллар. Онтон 45 сөкүүндэ иһигэр биир эмэ барытын таҥна охсон бүппэтэҕинэ, старшина «отбой!» диир. Эмиэ төттөрү сыгынньахтанан оронноругар сыталлар. Оннук хаста да хатыланар. Онтон дьэ стройдаан, суунан баран остолобуойга ырыалаах-тойуктаах аһыы бараллар.
Нэрээккэ түбэспиттэр нэдиэлэҕэ иккитэ казарма муостатын сууйаахтыыллар. Тимур алта ый учебкаҕа сулууспалаан баран, войскаҕа тиийдэ. Кини учебкаттан младшай сержант сыбаанньатын ылбыта. Артиллерийскай полк минометнай батареятыгар, зам.ком.взвод оҥордулар. Биир эрмээн, тылын истибэтэҕин иһин “ар-бур” дэстилэр. Атын эрмээннэр кэлэн биир бииргэ охсуһуннардылар. Мээнэ далбаатаан киирбитин, Тимур аһара сылдьан сирэйин “эттээтэ”. Онтон биир үчүгэй табыыга кууллаах хортуосканы түөрэ аспыттыы барда. Эрмээннэр бэйэлэрин тылларынан үөхсээт, Тимуру көмөлөөрү гыннылар. Уол умывальниктан көрүдүөргэ ыстанан тахсаат, тумбочкаҕа утуйа турар дневальнайтан штык быһаҕын сулбу таһыйан ылла. Биир илиитигэр штык, иккиһигэр курун тута сылдьан эрийдэ. Омуктар үөхсэ-үөхсэ тэйэ хааман бара турдулар. Тимур Брюс Лины үтүктэн нунчааканан эрийэ үөрэммитэ манна туһалаата. Тумбочкаҕа турар ыга куттаммыт дневальнайга штыгын төттөрү биэрдэ. Тимуру онтон ыла аанньа ахтар буоллулар.
Биирдэ Тимур взводун илдьэ караулга барда.
Гауптвахтаҕа буруйдаах байыаннайдары хаайан сыталлар. Взвод симиэнэнэн үллэстэн харабыллаата. Киэһэ Тимур саллааты утута ыытан баран бэйэтэ харабыллаан көрүдүөргэ хаамыталыы сырытта. Итирик лейтенаны аҕалан бырахпыттара, хаамыра аанын тэбиэлиир. Быдьар тылынан үөхсэр, маатыралыыр. Тимур аахайбакка хаамыталыы сырытта. Хаайыылаахтар аан чуолҕанынан тиис суунар щетка хаҕын быктаран уу кутарыгар көрдөһөллөр. Уол кыраантан куруускаҕа уу аҕалан ол кыра хардьаларыгар куттаҕына, иһиттэн ыймахтаан сыпсырыйаллар. Лейтенант арааһы соруйара элбээн барда. Чукчанан үөхсүбүтүгэр Тимур тулуйбата. Калашников стволун чуолҕаҥҥа уган: «Өссө биирдэ саҥарыаҥ да, суорат мэйиигин бырдаҥалатыам!», — диэн хаһыытаан бытарытта. Лейтенант дьэ айаҕа хам барда. Бары да утуйдулар быһыылаах. Арай, биир хаамыраттан хаайыылаах саллаат ыҥырда. Уол сөҕүөн иһин хаалла сытар киһи, аанын күлүүһэ бэйэтигэр баар буолан биэрдэ. Итэҕэйбэккэ аһан көрдө, сөп түбэһэр эбит. Саллаат дьоно кэлэн көрсүөхтээхтэр эбит. Чаас аҥаара тахса сылдьарыгар көрдөстө. Тимур итэҕэйбэккэ түөһүттэн үтүрүйээт, хатаан халыгыратта. Киһитэ ончу көрдөһөрө сүрдээх, ийэм эмиэ кэлиэхтээх диир. Өссө кининэн андаҕайабын төттөрү киириэм диир. Уол тулуйбата, ааны арыйаат, куотуоҥ да ытан кэбиһиэм диэт киһитин таһаарда. Таһырдьа сайыннары ыас хараҥа. Хаайыылаах забор нөҥүө элэс гынна. Тимур иһиллээтэ. Кырдьык, дьоно көрсө кэлбиттэр эбит. Тахсыһыан иһин поһун эмиэ быраҕымыан наада. Араас санаа киирэр. Өскөтүн бу хаайыылаах тылыгар турбакка күрээтэҕинэ, кини хаайыллара биллэр. Хас сыл дисцбаты биэрэллэрэ биллибэт. Тимур таһаарбытын кэмсинэ турда… Кэлиэ дуо… Тимур чаһытын көрбүтэ кинини солбуйа кэлэллэрэ чугаһаабыт. Саллаат тахсыбыта чаас курдук буолаат, забор нөҥүөттэн куоскалыы сыбдыйан кэллэ. Дьонун көрсөн үөрбүт көрүҥнээх. Тимурга махтанан дьаабылыка, грецкэй эриэхэ эҥин бэристэ.
Киллэрэн хаамыраҕа хатаан баран дьэ уоскуйда.
Аныгыс караулга кэлэ сылдьан Тимур биир дойдулааҕын көрүстэ. Губаҕа хаалла сытар эбит. Хабаровскайга сулууспалыы сылдьан биир нуучча уола кучуйбутугар кэлсибит. Владивостокка тимир суолунан пуойаска хатаастан барбыттар. Таансылаан, күүлэйдээн бараннар төннөн иһэн, пуойаска маннааҕы патрулларга түбэспиттэр. Дисбаты биэрэллэрэ буолуо диэн куттаммыттара, хата, аппысыардар бэйэлэрин истэригэр хаалларбыттара. Уолаттар сулууспалара да үчүгэй буолан онтулара абыраабыта. Учениеҕа сопкаҕа сылдьан саха уола туртас өлөрөн амсаталаабыт. Тимурга сержант, старшай сержант, онтон старшина солотун биэрдилэр. Уол старшина буолуоҕуттан киниттэн ирдииллэрэ үксээтэ. Ротатын саллааттарын таҥастара ыраас, өтүүктэммит буолуохтаахтар. Саппыкылара, курдара килэбэчийэн, саҕаларын подшиватын күн аайы уларытыахтаахтар. Политзанятиеҕа бары баар буолуохтаахтар. Армейскай учениеҕа бардылар. Күнүс авиация ытыалаата. Истребителлэр сурулаан ааһаллар. Бөртөлүөтүнэн сыаллары ытыалаан баһырҕаттылар. Түүн буолбутугар Тимур ротата сопкаҕа сытан минометунан осветительнайынан ыттылар. Ытыс таһынар ыас хараҥа эмискэ күнүскүлүү сырдаата. Ол кэмҥэ пехоталар «ураа!» хаһыы аргыстаах сүүрэкэлэһэллэр. Пехоталар тиистэригэр тиийэ сэбилэниилээх сүүрэкэлэһэн да биэрээхтииллэр.
Тимур икки сыл сулууспалаан, ытык иэһин толорон дембеллэнэрэ кэллэ. Дойдутугар айанныахтаах проезднойун суруйдулар.
— Из Якутска, наверно, на оленях поедешь, — майор суруйа туран дьээбэлиир.
— Я оленя даже в глазах не видел, товарищ майор, — уол хардарар. Саха сириттэн сылдьар буоллуҥ да аттыгар эһэ, бөрө илэ хаама сылдьар курдук саныыллар.
Диэмбэллэр
Биир атаһынаан дьэ байыаннай чаастан тахсан дуоһуйа тыыннылар. Көҥүлгэ тахсар үчүгэйиэн. Ким да этиитинэн сылдьыбаккын. Уолаттар үөрүүлэриттэн көтүөхтэрин кынаттара эрэ суох. Оптуобуһунан куорат устун айаннаан истилэр. Тууһаммыт балыктыы лыык курдук симиллибит оптуобус кэлин өттүгэр саха кыргыттарын саҥата иһилиннэ. Бүөккэ иһиттим-истибэтим диэбиттии дьону силэйэн ол диэки барда. Тимур икки сыл иһигэр саха кыыһын саҥатын истиэхтээҕэр, бэйэтин да көрө илик. Өр буоллахха үчүгэй да эбит. Уолаттар кыргыттарга тиийэн хаһааҥҥыттан эрэ билэрдии кэпсэтэн бардылар. Тимур урут кыыһы кытта кэпсэтэриттэн кыбыстар бэйэтэ, туох буолан чобуота киирбитин бэйэтэ да сөхтө. Эбиитин кырасаабысса кыргыттар буолан биэрдилэр. Владивостокка үөрэнэллэр эбит. Быйыл бүтэһик куурустарын бүтэрэллэр. Оптуобустан түһэн мээнэ хаамса түстүлэр. Бүөккэ икки үс кэппиэйкэлээҕи быраҕан, кыргыттарга гаастаах уу ылан биэрдэ. Остолобуойга киирэн түөрт солкуобайга тото-хана аһаатылар. Кыргыттары уопсайдарыгар атаардылар.
— Оттон эһиги ханна бараҕыт? — кыргыттар ыйыталлар.
— Билбэппит, вокзал диэки барарбыт дуу. Сарсын пуойаһынан дойдубут диэки хоҥнуохпут.
— Гостиница хайа диэки баара буолла? — Бүөккэ кыргыттарга хаалыан баҕардар да, ыйыппыта буолла. – Манна, эһиэхэ кыргыттар, вахтергут киллэриэ дуо?
— Саарбах, үнүр охсуһуу буолбута. Ол кэннэ кытааттылар. Арай, хараҥара түстэҕинэ ол балконунан, хайдах эрэ таҕыстаххытына.
— Сөп, оччоҕо хараҥарыыта кэлиэхпит, — уолаттар куорат кэрийэ бардылар. Киэһэ хараҥарыыта кыргыттар уопсайдарыгар кэлэн бытархай тааһынан иккис этээс түннүгүн сэрэнэн тамнаатылар. Онуоха кыргыттар балконунан штораны сүөрэн түһэрдилэр. Уолаттар түүҥҥү ниндзялар курдук хатаастан таҕыстылар. Уонна ботур-итир кэпсэтэн чэй иһэ олордулар. Кыратык “жигулевскай” пиибэ иһэн чэпчээтилэр. Тимур арыгы диэни боруобалыы илик. Кыыһы кытта иҥнибэккэ эрэ кэпсэтээри амсайда. Бэһиэлэйэ киирэн кэпсэтэн-ипсэтэн бэйэтиттэн сөхтө. Романтик магнитофоҥҥа бытаан үҥкүү холбообуттарыгар, Тимур Настяны вальска ыҥырда. Атаһа кинитээҕэр сытыы быһыылаах, иккис кыыһы быыс нөҥүө илдьэн ботур-итир кэпсэтэллэр. Бүөккэ обургу тугу эмэ «кучу-мачы» гынар санаалааҕа өтө көстөр. Буолумуна, кыыс диэни умнубуттара да ыраатта. Тимур кыыһы эпсэри кууһан үҥкүүлүү сырытта. Музыканы баһыйа сатаан, бытаан үҥкүүгэ нөрүйбүт уол кулгааҕар Настя тыынар, саҥарар. Тимурга имэҥнээх, итии сүүрээн дьырылаата. Эт-этэ барыта күүрэрдии быыппаһынна. Оо, музыка бүппэтэ буоллар! Тоҕо үчүгэйэй, көҥүл олох. Бу кыыс нарын таһаата, сыта дыргыйан эчи кэрэтин! Уол мэктиэтигэр кыыс кэпсиирин да өйдөөбөт. Онтон музыка бүтэн Бүөккэ: «Чэ, өссө кыратык иһэ түһэбит дуо?” — диэн Настялыын кыратык сыстан олоро түһүөхтэрин быһа түстэ. Кыргыттары кытта истиҥник күлэ-үөрэ кэпсэтэн, билсэн, үчүгэйдик түүнү атаардылар. Сарсыарда вокзалга бардылар. Эдэрдэр бириэмэ ааһарын билбэттэр дииллэрэ кырдьык эбит. Түүн ааспытын билбэккэ хааллылар. Тимур Настялыын билсиэҕиттэн мэктиэтигэр дойдутугар барыан ыксаабат курдук буолбут. Кыргыттар вокзалга атааран биэрдилэр. «Сотору тиийиэхпиит…» — диэн далбаатаһа хааллылар.
Родион Данилов-Ородьумаан
Хаартыска, уруһуй: интэриниэттэн