6 чааһа
Тимур иллэҥ кэмигэр бултуурун сөбүлүүр. Күһүн дуогабардаһан булчуттары кытта саарбаҕа сылдьыһар.
От кэнниттэн эриэхэлии таарыйа бултуур сирдэригэр үүтээн туттубуттара. Быйыл эмиэ бастакы хаары даҕаһа, кыттыгастарын кытта сыарҕалаах атынан айаннаан кэллилэр. Аара үс кииһи туттулар. Үүтээннэригэр кэлэн аттарын сыбыдахтаан, сойута баайдылар. Тимир оһохторун тигинэччи отуннулар. Чэй өрүнэн истилэр. Ким эрэ ыкка хааһы буһарда, ким эрэ киистэри сүлэттээн тиирдэ. Дьэ уонна киэһэ ирэ-хоро кэпсэтии буолар. Ким хайдах бултуйбута, эбэтэр мэлийбитэ. Кэпсээнтэн кэпсээн саҕаланар. Булчут Бүөтүккэ үгэһинэн бэйэтин сырыытын кэпсээччи. Кини кэпсээтэҕинэ кинигэни ааҕар курдук хараххар көстөн кэлээччи. Бу сырыыга атын дьон сиэрин-туомун, бултуйарын туһунан саҕалаата. Күндү ааҕааччым, аны Булчут Бүөтүккэ кэпсээнигэр киирэбит. Ол дьэ маннык этэ.
* * *
Тула өттө харыйа, бэс маһынан иилии эргийбит алаас сир көстөр. Манна былыр дьон ыраах нэһилиэктэн, от үүммэтэх дьылыгар кэлэн тирбэҕэлииллэр этэ. Былыр нэлэһийэн көстөр оттуур ходуһа эбит буоллаҕына, билигин дьон ырааҕырҕатан манна кэлэн оттообот буолбуттар. Ол иһин хахыйах, титирик, бэрдьигинэ бөҕө үүммүт. Билигин урукку колхуос, сопхуос саҕанааҕы курдук дьон үлүһүйэн оттообот буолбут. Сүөһүлэрин да аҕыйаттылар. Ол оннугар дөбөҥнүк кыстыыр, хаһан аһыыр сылгыны туталлар. Тэйиччи алааска биир үүтээн самналлан көстөр. Үрдүгэр араас кыыл, кулааһай тайах муостарын бырахпыттар. Сороҕун эркинигэр саайбыттар. Бу алаас уһук хоту өттүгэр мотуордаах оҥочонон, сорох нэһилиэктэн кыыл маныы кэлэллэр. Атын нэһилиэктэр мииниилээх атынан кэлэллэр. Үгэс быһыытынан, ханнык баҕарар нэһилиэк киһитэ кыылы бултаатаҕына бары тэҥҥэ үллэстиэхтээхтэр. Уонна бултаммыттан быраҕыллар иһин, тириитин үрэххэ ыытан дуу, эбэтэр көмөн кэбиһиэхтээххин. Оннук гымматахха аныгыс булчуттар кэллэхтэринэ, кыыл сыты ыллаҕына киирбэккэ дьаадьыйан биэрэр. Бу алааска кыыл киирэр, маныыр кудута элбэх. Былыр былыргыттан саха үтүө үгэһин тутуһан кэлбиттэрэ. Ол эрээри, аныгы олоххо, ол сиэри кэһэр дьон бааллар эбит.
Алаас баһын саҕатыгар икки киһи кыыл маныы кэллилэр. Үрүйэ ааһар сиринэн туустаах бадарааны салаан кудулаары киирэ сылдьыбыт кулааһай бэҕэһээҥи суола баар. Муннун анныгар тор курдук бытыктаах киһи, кулааһай суолун тарбаҕынан бигээн көрөр.
— Бу, арааһа, иллэрээ күн киирэ сылдьыбыт.
— Тугуй ол, кулааһай, эйиэхэ итинник диэн сурук хаалларбыт дуо? — эдэрэ хаадьылыыр.
— Чэ, эн манна хаалан манаар. Мин үрэх уҥуор Араҥастаахха тахсыам, — Тор Бытык киһитин саҥатыгар кыһаммат, — бу туртас киирэ турар эбит. Киирдэҕинэ ытаайаҕын!
— Тоҕо?! Ол туртас булт буолбатах дуо? Икки киһиэхэ үгүөрү эт буоллаҕа дии.
— Тыаһаайаҕын, мин мааҕын кэлэн иһэн, үрэх уҥуор лөкөй суолун көрбүтүм, — Тор Бытык этэн баран үрэх уҥуор барда. Тиийэн көрбүтэ лөкөй өрдөөҕү суола баар эбит. Эрэммэтэр даҕаны, бачча кэлэн баран манаан олороругар тиийдэ. Ханна эрэ мотуор тыаһын истэн чөрбөҥөлөөтө. Саатар, кинилэр тыас таһаардахтарына, онно барыллыа, дии саныыр. Бырдаҕа диэн сүрдээх. Бырдах эмин дьиэтигэр умнан кэлбит. Хата үүтээҥҥэ дьон хаалларбыт эмин булан уктан кэлбитинэн сотунна. Халлаан боруҥуйан эрдэҕинэ, алаас хоту өттүгэр саа тыаһа сатараата. Ой дуораана буолан сис тыаларынан эҥсилиннэ. Дөрүн буолаат, өссө хатылаан иһилиннэ.
Тор Бытык атын тэйиччи өттөөбүтүн баран ыҥыырдаата. Тус хоту дьоруолатта. Тыас таһаарбыт дьоҥҥо тиийбитэ, үс атын нэһилиэк дьоно эбит. Биир лөкөйү охторон, астыы сылдьаллар. Үөрэ-көтө кэпсэтэ тоһуйдулар. Эт үлэстиитэ буолла. «Эһиги хаскытый» диэн ыйытыыга Тор Бытык «аҕыспыт» диэн хоруйдуур киһи буолла. Айах атан билсибэтэх дьоно, аҕыс киһи өлүүтүн эттээн биэрдилэр. Бэйэлэрэ үһүөйэх буолан, үс киһи өлүүтүн илдьэ хааллылар. Тор Бытык аргыһыгар тиийэн кэпсээбитигэр, биирэ үөрэн саннын таптайбахтыыр. Ууран турбут буоккаларын истилэр.
— Бэрт эбит, өттүк хараланныбыт, бөһүөлэккэ, киирэн сороҕун туочукаҕа арыгы иһин “хаптарыахпыт”, — эдэрэ астыммыттыы чыпчырынар. Тэптэрэн тиийбэппит, хата, кырдьык туочукаҕа киирэ сылдьаар. Мин онно иэстээхпин.
— Тыл уҥуоҕа суох, киирэн атыылыам. Быс да сыаа! Бас даҕаны хоргуоон! — эдэр булчута бэлэһин муҥунан саҥарар.
— Бүт эрэ чэ! Тыаҕа мээнэ үөгүлээмэ!
Сайыҥҥы түүн боруҥуйа түһэн баран сарсыарданан, холуочуйбучча сыал ытыалаан баһырҕаттылар.
Утуйа түспэккэ үргүлдьү дойдуларыгар төннөр буоллулар. Эттэрин куулларга уган, эр биир икки аҥыы аттарыгар ыырдан айаннаатылар. Баран истэхтэринэ ыттара иннилэригэр үрэн баргыйда. Эмиэ даҕаны ыйылаабытынан кулгааҕын ньыкыччы туттан төттөрү сүүрэн кэллэ. Ат аннынан сылдьар буолла.
— Бай доҕор, бу ыппыт туох айылаах куттанна.
— Тыатааҕы буолуо, — диэн сэрэхэдийэн сааларын бэлэм тутан истилэр. Аара суолга үстэ-хаста итинник көстүү буолла. Суор үрдүлэринэн көтөн күпсүйэн кэлэн иччилээхтик таҥалайын таҥсынар. Онтон эмискэ Тор Бытык ата туохтан эрэ сиргэнэн туора ойдо. Иэһэрдэри үрдүнэн ойон баран, бүдүрүйэн умса хоруйда. Төттөрү ойон турарыгар Тор Бытык ыҥыырын иҥэһэтиттэн соһуллан иһэн саппыкыта уһуллан ньылбырыйан хаалла. Ат ыҥыыра эргийбитин сөбүлээбэккэ өрүтэ тэбиэлиир. Иккис аргыс атынан күөйдэрдэ. Ат тэһииниттэн лабааҕа иҥнэн тохтоото. Тор Бытык содьороҥноон тиийэн атын араарда. Ыҥыырын көннөрөөрү холунун сүөрдэ, ата тоһоҕоҕо атыллыбытын көрдө. Сиргэнэн туора-маары ойуоккалыырыгар утары хоройон турар тоһоҕоҕо атыллыбыт. Онто тостон баран өрөҕөтүгэр батары киирэн чоройо сылдьар эбит. Тор Бытык хайыан да билбэккэ алааран турдаҕына, аргыһа тоһоҕону сулбу тардан ороон ылла. Ат тэбиэлэннэ, ону кытта очоҕоһо субуллан кэллэ. Баарыан эрэ үөрэн өрүкүнэспит булчуттар саҥаларыттан матан соҥуоран олордулар.
— Хайыыбыт?
— Билигин биллэн турар ат буолбат.
— Өлөрөн астаан, этин лаабыстаан хаалларар буоллахпыт.
— Хайыахпытый, оннук гынан эрдэхпит.
— Этин туттаран, атын сылгы атыылаһыаҥ буоллаҕа.
— Чэ эн ыт. Буолары-буолбаты ытыалыы сатыырыҥ бэрт.
Булчуттар аттарын астаан баран, лаабыс оҥорон этин онно таһааран уурдулар. Ыттара хата үөрбүттүү эмис сылгы быраҕыллыбыт иһин сиэн бахсырыйар. Иккис аттара атыҥыраабыттыы хаһыҥырыыр.
Таһаҕастарын биир акка ыырдан баран иккиэн, арбы-сарбы туттан айаннаан иһэллэр. Тор Бытык сатыы саллаҥнаабыт.
Бөһүөлэктэригэр чугаһаан эрдэхтэринэ, биир аттаах киһи утары кэллэ.
— Үтүө күнүнэн.
— Дорообо.
— Бу дьон өттүк харалаах төннөн иһэҕит дуу, быһыыта?
— Хантаан, суох. Сатамматыбыт.
— Аппытын атылыннардыбыт. Астаан хааллардыбыт. Хата, аккын уларсаар эрэ, бүгүн төннүөхпүт.
— Чэ биллэ сылдьаар. Мин сылгыларбын көрө бардым. Сотору төннүөм. Тор Бытыктаах лаабыстарыгар киэһэ төннүбэтилэр. Сылаа таһаараннар итирэн ньамаччы көрбүттэрэ. Сарсыарда сирэйдэрэ -харахтара дарбайан туран иккиэн биирдии атынан айаннаатылар. Ыттара эмиэ бултуу баран эрэбит диэн үөрэн төттөрү-таары сүүрэкэлиир. Айаннаан тиийбиттэрэ лаабыстара үрэллэн сытар. Тыатааҕы түөкүн үөһэ ыттан тахсан эттэрин сиэбит. Ый-күн ыһыаҕа оҥорбут. Сороҕун ханна эрэ соспут суола баар.
Тор Бытык атыттан ытыһын соттон хааллаҕа ити. Дьэ итинник хобдох кэпсээнин Булчут Бүөтүккэ түмүктээтэ. Ити, арааһа, тыаҕа сиэри-туому тутустуннар диэн такайан, үөрэтэ, сэрэтэ таарыйа кэпсээтэ. Онон булчуттар туох баар сиэри-туому тутуһан, байанайдара «дук» гынан өлүүлээн этэҥҥэ өлгөмнүк, өттүк харалаах, илии тутуурдаах эргиллибиттэрэ.
7 чааһа
Тимур быйыл сүөһүлэрэ элбээн, хотонун улаатыннарда. Туруорбах хотон буолан, тутарга арыый чэпчэки. Маһын бэйэтэ тыраахтарынан тиэммитэ. Бэйэ тыраахтардаах үчүгэйэ бэрт. Дьиэтин туттарыгар дьону кытта кыттыһан мас бэлэмнээбитэ. Бэйэлэрин мастара киирдэ да, дьон ыксаабат буолан барар. Сылгылаталлара үксүүр.
Тимур аҕата өлбүтэ, ийэтин бэйэтигэр көһөрөн ылбыта. Балта Сардаана үрдүк үөрэххэ үөрэнэ сылдьар. Тимур балтыгар кыралаан харчы ыытар.
Эбээлэрэ сиэннэрин көрөр. Дьиэ үлэтин үмүрүтэр. Уоллара эбээтигэр остуоруйа кэпсэттэрэрин сөбүлүүр.
Арай биирдэ күүстээх дьахтар туһунан үһүйээн кэпсээтэ. Иллэҥ буоллаҕына кыралаан кэпсиир. Күүстээх Лыбыара туһунан үһүйээни истээри ыалларын оҕолоро эмиэ киирэллэр.
Күндү ааҕааччым аны, Тимур ийэтэ сиэннэригэр үһүйээн кэпсииригэр киирэбит.
Лыбыара
Былыр сахаҕа күүстээх эр дьон үөскээн ааспыт эбит буоллахтарына, күүстээҕинэн аатырбыт биир дьахтар олорон ааспыта үһү. Лыбыара диэн ааттаах, үрдүк уҥуохтаах, кэтит сарыннаах хара бараан дьүһүннээх дьахтар эбит. Эрэ саннынан эрэ сылдьар эбит. Эрэ ынах ыыр, бэйэтэ биэ ыыр. Ханнык да хаҥыл биэни атыырыттан арааран тутан ылан хамсаппакка ыыр.
Биирдэ кинээс Лыбыара суоҕар кэлэн түһээҥҥитин төлөөбөккүт диэн биир биэлэрин тутан баран испит. Лыбыара эрэ куттанан саҥарбакка, мөккүспэккэ хаалбыт. Кинээс атыгар биэни көтөллөнөн истэҕинэ Лыбыара утары кэлбит. Туох да кэпсэтиитэ суох кинээс атын көнтөһүттэн сиэтэн төттөрү дэллэриппит. Кинээс үөхсэ-үөхсэ атын тэһиинин салайан тардыалыыр да, модьу дьахтар биир биэс тыла суох аты дэллэритэн иһэр. Биэтэ акка холбонон кэлэн иһэр. Лыбыара оннук аҕалан, биэтин сүөрэн сэргэтигэр аҕалан баайан кэбистэ. Кинээс саҥарарын бырдах дыыгыныырыгар баардылаабакка балаҕаныгар киирдэ. Кинээс сарсыныгар икки эр бэрдин илдьэ кэллэ. Эрэттэр дьахтары икки өттүттэн тутаары хачыппардастылар.
Хотун икки эр бэрдин тэлэкэчитэлии түһээт, төбөлөрүнэн харсыһыннарда. Туймааран харахтарын мэндээриччи көрбүттэрин эр биир кэтэххэ биэртэлээт, күн кыһалҕата суох биэтин ыан киирэн барда. Эрэ куттанан кыбыы быыһыттан өҥөҥнүүр. Онтон көрөн кимиэхэ да биллибэттии эрбэҕин көрдөрөн мичик гынар. Кинээс аны куораттан үрээнньиги таһаарыам диэн куттаан барда. Ол да буоллар бэйэлэрин истэригэр хаалларалларыгар тиийдилэр. Үс буолан биир дьахтары кыайбакка күөрт ыт күлүүтүгэр, эриэн ыт элэгэр киириэхтэрин баҕарбатылар.
Арай биирдэ Лыбыара кэргэнэ бултуу сырыттаҕына эмиэ чиэппэр күүстээх Көөһөй Бөҕө сылдьан ааспыт. Саха сиэринэн дьахтар ыалдьытын аһаппыт-сиэппит. Көөһөй өрө баран хонноруҥ диэн тылламмыт.
Дьахтар сөбүлэһэн ыалдьытыгар эбии олгуйга эт буһараары сүөһү ириэнэх холун киллэрэн уурбут.
— Сүгэҕин аҕал эрэ, мин эттээн биэриэм, — Көөһөй Бөҕө өрө сүгүллэн турда. Дьахтарга көмөлөһөөрү чугаһаата. Дьахтара киһи саҥарар диэн ымыттыбакка эти быһаҕынан элийэр. Уҥуоҕун кус уҥуоҕунуу тоһуталыыр. Көөһөй көрө салынна. Көхсүн этиппитэ буолаат, төттөрү баран олордо. Онтон таһырдьа тахсан биир обургу уолларыгар тиийэн.
— Нохоо, ийэҕит дьэ сүүнэ киһи эбит. Аҕаҕыт өссө улахан буолуо. Оннук дуо?
— Суох, аҕам кыра, ээ орто.
— Бу балаҕаҥҥыт да үрдүгэ бэрт эбит.
— Бу балаҕан мастарын ийэм тыаттан аҕалбыта.
— Оттон аҕаҥ тугу гыммытай?
— Аҕам сулуйар, суорар.
— Атынан тастаххыт буолуо.
— Сороҕун ийэм сүгэн аҕалтаабыта.
— Аҕаҥ бүгүн кэлэр дуо?
— Өйүүн кэлиэм диэбитэ, — ити курдук кэпсэтэ турдахтарына биир уол оҕо кэллэ.
— Эдьиэй, оҕуспут бадарааҥҥа түстэ. Атынан таттара сатаатыбыт. Эһээм эйигин ыҥыртарар, — уол кэпсиир.
— Хайа диэки? — Лыбыара ыйытта.
— Оол, алаас саҕатыгар.
— Бэйи тохтооҥ, мин барсыам. Эн аскын буһарыаҥ этэ, — ыалдьыт оҕону кытта дьахтар оннугар барыста.
Тиийэн сосуһа сатаатылар да кыайбатылар. Аттарыгар холбонон таттардылар да, туһа тахсыбата. Оҕус төбөтө эрэ көстөр. Онтон өссө эбии дьон аҕала баран истэхтэринэ Лыбыара кэллэ. Оҕус муоһугар өтүү баайан ат кутуругар холбоотулар. Ат өрө тураат кичэспитигэр өтүү быа быһа ыстанна. Аны бэйэлэрэ тартылар. Көөһөй бөҕө дьахтар күүһүн билээри соруйан тардыбата. Лыбыара оҕуһу икки муоһуттан ылаат, бүгүллэ түһэн баран тиэрэ түһэ-түһэ состо. Оҕус моонньо быкта. Онтон маардары, дулҕалары тоҕута тирэнэн ньылбы соһон таһаарда. Көөһөй Бөҕө сөхтө, оҕонньору көрдөҕүнэ, үөрэнэн кыһамматтыы туттар.
Киэһэ ыалдьыттарыгар кэтэҕэриин наараҕа орон оҥорон биэрдилэр. Көөһөй дьахтарга үөмээри уоллара утуйарын маныы сытта. Онтон утуйбуттарын кэннэ түүн туран дьэ үөмэн истэ. Модьу дьахтар муннун тыаһа арҕахтаах эһэ курдьугуруурун санатар. Көөһөй итии хаана оонньоон, имэҥинэн илгистиэн баҕарар. Эмиэ да баҕар эр киһи буолуо дии саныыр.
Үөмэн тиийэн дьахтар үрдүгэр таҕыста. Тутан-хабан көрбүтэ, эмиийдээх дьиҥнээх дьахтар эбит. Көөһөй дьэ көҕүйэн дьахтар кыабакатын симэҕин төлөрүтэн эрдэҕинэ, сүүнэ дьахтар уһукта биэрдэ. Үрдүгэр баттаан сытар Көөһөй бөҕөнү эпсэри тардан ылла. Аллара сытан сүнньүттэн киһини ыга тарта. Көөһөй сирэйэ дьахтар түөһүгэр сыһыары анньыллан тыына хаайтарда. Төлө мөхсө сатыыр да хам хараҕаланан сытта. Хаһыытыы сатыыр да «ыык» эрэ диэн бобуллаҥныыр.
Лыбыара дьэ сөп буолуо диэбиттии киһитин илгэн кэбистэ. Көөһөй эһиллэн баран, холумтаҥҥа кэтэҕинэн түһээт, төттөрү тэйэн умса баран түстэ.
Лыбыара күүһүлээри гынныҥ диэн кыһаммакка, таптаары гынныҥ ээ диэн манньыйбакка, түҥнэри хайыһаат утуйан муннун тыаһа ыраатта. Көөһөй Боотур дьахтартан баҕа курдук бахчас гына быраҕыллан, холумтан буорун уобан туймааран олордо. Дьэ дьахтар тэгил тэҥнээҕэ буолбатах эбиппин диэн иһигэр муҥун ытанна. Үүтүн тохпут оҕолуу туттан, оронугар баран сытта.
Сарсыарда хотун дьиэлээх ыалдьытын туох да буолбатаҕыныы чэйдэттэ. Көөһөй дьахтар сирэйин таба көрбөт.
— Бэҕэһээ утуйа сытан түлээгирэ сырыттым бадахтаах, — диэн Көөһөй куомдьаарбыта буолла.
— Баҕар буолуо. Өссө хоноҕун дуо, ааһаҕын дуу? — дьахтар өтөрү көрөр.
— Дьиэлиир инибин, суолбун тутуом, — чиэппэр күүстээх Көөһөй Бөҕө дьахтартан улаханнык саллан тахсан хааман бара турда. Күүстээх дьахтар Лыбыара биир нэһилиэккэ балтыгар хоно-өрүү, ыалдьыттыы барда.
Ол кэмҥэ биир ыалга икки күүстээх бөҕө дьон холоһон көрүөхтээхтэр эбит диэн күтүөтэ киһи кэпсиир. «Бачча кэлбиччэ биһигини кытта барсаҥҥын көрө сырыт», — эдьиийдэрин кучуйдулар. Эдьиийдэрэ улаханнык сэҥээрбэтэр даҕаны эр дьон бачча кыһын туохха холоһон көрөллөрүн билээри сөбүлэстэ.
Күтүөтэ тахсан атын көлүҋдэ. Балта, күтүөтэ буолан айаннаан, үһүөн биир сэниэ ыалга тиийдилэр. Көрөөччүлэр кэҥэс балаҕаҥҥа мустубуттар эбит.
Сүүнэ дьахтар түөһүллэн балаҕан өһүөтүн төбөтүнэн таарыйыахча киирбитигэр дьон сөхпүттүү көрдүлэр. Маннык күүстээх дьахтар баарын бу нэһилиэк билэр эбит. Арай, икки ханнык эрэ толуу эр дьон бааллара, дьахтары сонургуу көрдүлэр. Киирбит дьону ыаллар олоппос тиийбэт буолан кэтэҕириин ороҥҥо олортулар.
Көмүлүөк оһох умайан күүдэпчилэнэр. Дьон оһох айаҕын икки кытыытыгар холумтаҥҥа тиийэ олорбуттар. Биир мөлтөх таҥастаах дьадаҥы уол тымтык уматан тутан турар.
Дьиэлээх киһи былас кэтиттээх, харыс халыҥнаах дөйө тоҥмут тоҥ чохоону таһырдьаттан ыадаччы көтөҕөн киллэрэн сандалыга лиһигир гына уурда.
Күүстээх дьахтар дьон тоҕо мустубутун сэрэйдэ. Ити икки бөҕө киһи ити чохоону ортотунан, кыһыл илиилэринэн хайа охсуохтаахтар эбит. Эр-биир бөлтөрүспүт эр бэртэриттэн биирдэстэрэ:
— Аһара халыҥ гына тоҥорбуккут. Арыый чараас соҕус суох дуо? — дьиэлээхтэн ыйытар.
— Суох. Охсубат буоллаххына аккаастан. Биир иһит арыгыга, атах эккэ уксубуппут этэ дии.
— Чэ буоллун. Бастаан кини оҕустун, — Чиэппэрдээх эппитигэр дьиэлээх биир кыра чай тааһы ылан илиитин кэннигэр тутта. Онтон икки илиитин сутуруктуу тутан утары уунна.
— Мэ, ханнык илиибэр таас баарын таллаххына, бастаан охсоҕун, — дьиэлээх Чиэппэрдээх Бөҕөҕө эттэ.
Чиэппэрдээх кураанаҕы талбытыгар иккис бөҕө охсор буолла.
Харытын ньыппарынна. Сутурҕаан ыла-ыла илиитинэн далбаатанар. Уонна маҕыйа түһээт, охсон кууһуннарда. Охсубут уоҕар тоҥ чохоон өрө тэйиэккэлии түстэ да, алдьаммата. Аны Чиэппэрдээх охсоору оҥоһунна. Курданарыгар диэри сыгынньахтанан, дьоҥҥо былчыҥын көрдөрөөрү араастаан дьүһүлэнэр. Ол быыһыгар Лыбыара диэки көрөн ылар. Эмиэ бу сүүрээри гыммыт, киһилии тоҥхоҥнуур. Үнүр кэлэ сылдьан, бу ыалы кытта сакалааттаһан эмиэ чохооннорун үлтү охсон харчыларын сүүйбүтэ. Көрөөччүлэр сорохторо бу киһиэхэ уксан, табах эҥин сүүйбүттэрэ. Чиэппэрдээх эмиэ да ох саанан ытан эрэрдии, кыҥаамахтаан баран өрө тэйэ түһээт сырбатта. Тоҥ чохоон алдьаныаҕынааҕар хата сандалы сирэйэ хотоһунна.
Чиэппэрдээх чохоону өҥөйөн көрөн баран, баһын быһа илгистэр.
— Алдьамматаа! — дьиэлээх үөрэн саҥа аллайда.
— Бэйи, истиҥ эрэ, бу Лыбыараҕа оҕустаран көрүҥ. Баҕар кини алдьатыаҕа, — дьон быыһыттан биир саастаах киһи саҥарда.
— Ити үлүгэр бөтөстөр алдьаппатахтарын дьахтар хайдах алдьатыай?
— Холонон көрдүн. Кини даҕаны кыахтаах кыыс, — дьон саҥата иһилиннэ.
— Тохтооҥ! Мин бу дьону кытта кэпсэппитим. Иккиэн сүүйтэрдигит, — дьиэлээх төлөбүрдэрин эрэйдэ. Охсубут дьон, устугас сылдьар буолан эт оннугар харчыларын ааҕан биэрдилэр. Күтүөтэ Лыбыараны хаайан туран охсоругар көрдөстө. Дьон бары кини диэки көрөллөрүттэн симиттэн сөбүлэстэ. Икки эр бэрдин курдук эҥин араастаан ойууламмакка, ойон тураат, сандалыга сулбу хааман тиийдэ. Лыбыара далайан эрэрэ баара да, бүтэй тыас өрө хабылла түстэ. Чохоон ортотунан хайа ыстанна, ойо барбыт тоорохойдор ыраах бырдаҥалаан ыһылыннылар. Ат сиэлин кыллара сыыйыллан таҕыстылар. Сандалы эмиэ ортотунан хайа ыстанан атахтара ахчас гынна.
— Оо, оо! — диэн дьон биир тыынынан саҥа аллайда. Чиэппэрдээх чохоон хайа барбытыттан, сыһыары тоҥоруллубут кылы көрө оҕуста. Тымтык тутан турар уолу илиититтэн харбаан чугаһата тарта:
— Көрүҥ эрэ бу! Соруйан алдьамматын курдук чохооҥҥо кылы тоҥорбут! — Чиэппэрдээх дьиэлээҕи уолугуттан тутан өрө ыйаата. Киһитэ атаҕа салгыҥҥа тэйгэс гынна.
— Оччоҕуна аҕал төттөрү харчыбытын! — иккис бөҕө дьиэлээхтэн саппыйатын куругар иилиммитин быһа тардан ылла. Иккиэн биэрбит харчыларын төттөрү ыллылар. Уонна дьахтарга баһыйтарбыттарыттан кыбыстыбыттыы тахсан бардылар.
— Кыллааҕы даҕаны, бу, Лыбыара алдьатта дии, — дьиэлээх дьэ өй ылан кэннилэриттэн саҥаран хаалла.
Балаҕан иһигэр баар дьон суугунаһа түстүлэр. Көрө сөхпүттэрин күө-дьаа кэпсэтэллэр. Уолаттар, кыргыттар күлэллэрин кыатана сатаан кыччыгынаһаллар. Лыбыара чохоону охсон бириис сүүйдүм диэн үөрбүтэ көстүбэт, бөҕө дьону баһыйан хомотон ыыттым диэн кыһаммат.
Таҥнан балыһынаан таҕыстылар. Күтүөт дьиэлээҕи кытта ампаарга тахсыһан Лыбыара сүүйбүт атах этин ылла.
— Кэпсэтиигэ били биир иһит арыгы баара дии, — күтүөт билбэтэҕэ буолан турар дьиэлээххэ санатта. Кэнниттэн батыһан дьиэҕэ киирэн биир култаҕар иһит арыгы биэрбитин ылла.
***
Чиэппэрдээх Бөҕө атаһынаан ханнык эрэ дьахтарга баһыйтарбыттарыттан абатыйдылар. Сарсыныгар Лыбыара түспүт ыалыгар тиийэн кэтээтилэр.
Дьахтар сыалдьатын сулбу баттаан, толору хаары симэн күлүүгэ киллэриэхтэрин баҕардылар. Дьон көрбөт сиригэр манаан олороллор. Бэйэтин нэһилиэгэр манан барыахтаах диэн дьонтон ыйыталаһан билбиттэрэ. Көһүппэхтии түспүттэрин кэннэ, сыарҕалаах аттаах дьон кэлэн иһэллэрэ көһүннэ. Лыбыара соҕотох буолбатах эбит. Күтүөтэ атынан илдьэн иһэр.
— Трр, трр, трр!! — Чиэппэрдээх аты тохтотон тэһииниттэн харбаан ылла.
— Кэпсээҥҥит, хайа диэки бардыгыт? — иккис бөҕө ыйыппыта буолла.
— Суох. Эһиэхэ туох кэпсээн? Бу Лыбыараны дьиэтигэр илдьэн иһэбин, — күтүөт уол саҥарда.
— Бэҕэһээҥи сүүйүүгүтүттэн кыратык күндүлүөххүт буолаарай?
— Ту..туоҕунан?
— Иһит арыгынан…
— Ону бу Лыбыара аҕатыгар илдьэн иһэр.
— Эн бүт эрэ чабыгыраан! Эйигиттэн ыйыппатыбыт! — Чиэппэрдээх күтүөтү ытыһынан кэтэххэ охсубутугар бэргэһэтэ көттө. Иккиһэ сыарҕаттан ботуоҥканы хасыһан эрдэҕинэ Лыбыара күүстээх илиитэ харытыттан харбаата. Илиитин эһэ охсон ылаары гыммыта, дьахтар ытарчылыы ылбытын ыһыктыбата.
Чиэппэрдээх дьахтары кэнниттэн кууһа түстэ. Онуоха күтүөт кэлэн тардыаласта. Чиэппэрдээх эргиллэн баран, илиитин таһынан садьыйбытыгар күтүөт атаҕа күөрэс гынан тас иэнинэн хаарҕа бурҕайа түстэ. Лыбыара кэнниттэн куустарбытынан биирдэһин илиитин эрийэн хачыгыратта. Чиэппэрдээҕи самаҕын икки ардыттан харбаан ылла. Икки бөтөстөр тэҥҥэ өлөр саҥалара таҕыста.
— Айыкаа, ыыт!
— Айаа!! Ыыт хатыаай, абытаай!
Лыбыара соннук олорбутунан иккиэннэрин эһэн кэбиспитэ хаарга күөлэһийдилэр. Күтүөт сыарҕатыгар олорсо охсон атын быһа биэрдэ. Кэннин хайыһан көрөр уонна күлэн мүчүйэн хараҕа көстүбэт.
— Тоҕо бэрдэй, эдьиэй, һии-һи-һиих. Эн, саатар, сыарҕаттан турбатыҥ даҕаны дии. Һуу, айа, хата, дэлби күллүм. Эдьиэй, мин ити, ити куоппатаҕым ээ. Мас көрдүү сырыттым. Үчүгэй аҕайдык курбуулаталыахтаах этим, — күтүөт куттамматаҕын быһаара сатыыр. Лыбыара хата кыһаммат. Сыҥааҕырдаан, дьааһыйан ылар.
Ыһыахха ыҥырыы
Лыбыара сарсыныгар биэлэрин сылгылаан аҕалан кыбыыга хаайталаата. Дьиэтигэр киирбитэ били кини чохоон охсон сүүйбүт арыгытын эрэ иһэн итирбит.
Ойоҕун иннигэр олоппос аҕалан салҕанан баран сирэйин таһыйар. Лыбыара турбахтыы түһээт, эрэ салҕаммыт олоппоһун хаһыйа тэптэ. Эрэ атаҕа адаарыйан, төбөтүн оройунан баран эрдэҕинэ сүр чэпчэкитик хабан ылла. Уонна көтөхпүтүнэн оронугар илдьэн хам баттаата. Киһитэ арааһы баллыгыраан үлүгүнэйэр. Кими эрэ үөхсэр.
— Сыакаардар! Эһиги мин ойохпун хантан кыайыаххытый! Мин ойоҕум күүстээх! Ким холоһор баарый? Кэлиҥ!
Лыбыара эрин таптайбахтыы олордо. Эмиэ да дьахтардыы истиҥник мичээрдээтэ.
Нэһилиэк сис баайа Урдаах Уоһук быйылгы ыһыахха илии, атах оонньуутугар быһый уолаттардаах эрээри, күһэҥэ ыарахан тааһы көтөҕөргө күүстээх киһитэ суох. Хапсаҕайга хатыһыах, тустууга туруулаһыах бөҕөһө суоҕуттан мунчаарар. Эмиэ атын нэһилиэктэр кыайан-хотон хаардыы хааман барыахтара турдаҕа. Күөрт ыт күлүүтүгэр, эриэн ыт элэгэр киириэҕиттэн ыһыах ыһыан да баҕарбат буолла. Тойоно санаарҕаабытын сэрэйэн, Чыыбый Көөстө тыл көтөхтө:
— Тойонуом, биһиги, арай, били, күүстээх дьахтары, Лыбыараны, көрдөстөхпүтүнэ? — чаҕара эппитигэр кинээс балачча саҥарбакка олорбохтуу түһээт:
— Дьахтар аата дьахтар ини. Ити үлүгэр оҕуһу туруору туппут курдук бөҕөстөрү кытта тулуһуо дуо?
— Кини күөн көрсүөн сөптөөх, мин биирдэ көрөн турабын. Түөрт киһи нэһиилэ кыайар бэрэбинэлэрин тыаттан сүгэн таһар этэ.
— Ол хотууска үчүгэйинэн сөбүлэһиэ дуо? Хаһан эрэ үс боломуочунай тута кэлэн баран кураанах төннүбүттэрэ дии.
— Үчүгэйдик ньымааттаан көрдөстөххүнэ, сөбүлэниэ буоллаҕа.
Урдаах Уоһук Лыбыараҕа аат ааттаан барда. Тиийбитэ эрэ ынах ыы, аарыма дьахтар биэ ыы олорор. Эрэ кинээһи көрөн көх-нэм буолан дорооболосто. Лыбыара хата кинээс эрэ кэллиҥ диэн хайыһан да көрбөт. Онтон кинээс иһигэр олус абарда. Дьон киниэхэ хаптаҥныы үөрэммит буолан кыыһырара да баа буолуо дуо.
— Ыаллар кэпсээҥҥит? Мин Лыбыара, эйиэхэ көрдө… наадалаах кэллим, — кинээс дьадаҥы дьахтартан «көрдөһүүлээх» диэҕин баҕарбакка, тылын төттөрү эҕирийдэ. Лыбыара үүтүн сиидэлээн дьиэтигэр киирдэ. Кинээс нэһиилэ уунан тиийиэх курдук аанын, модьу дьахтар төҥкөйөн киирдэ. «Бу дьиикэй дьахтар арааһа татаар хааннаах бадахтаах», — кинээс дьиэҕэ киирэн олорон сыана быста. Эр киһи үөрүйэх үлүгэрдик остуол тарда охсон кинээскэ чэй кутта. Урдаах Уоһук дьэ көхсө көймөстө кыынньыбыта дьайҕарда. Лыбыараҕа улахан чорооҥҥо эрэ кымыс кутан биэрбитин иһэн киллиргэтэн көхсүн тыаһа тиҥиргээтэ. Уоһун, тииһин салбанан баран дьэ, кинээс диэки киһи баар эбиккин дуу диэбиттии өтөрү көрдө.
— Кинээс диэтэх киһи туохха кэллиҥ, омолуй?
— Сотору ыһыахпыт буолар. Бөҕө бөҕөстөрбүт суох буолан, бөтө бэрдэрдибит. Хапсаҕайга хатыһан мэлдьи хотторобут, тустууга туруулаһан туһа суох буолла. Мас тардыһыах мадьыныбыт баһыйтарбыта быданнаата. Ону эйигин холонон көрөөрөй дуу диэн кэллим.
— Кинээс, ол ханна истибиккиний, дьахтар эр киһилиин тустууга туруулаһарын, хапсаҕайга хатыһарын?
— Көрө-истэ иликпин эрээри, холонон көрөргө туох буолуой? Былырыын аатырбыт бөҕө дьону баҕа курдук хаарга батары быраҕаттаабыккын истибитим. Хайа уонна эр киһилии таҥыннаран киллэриэ этибит буоллаҕа, — кинээс тылын ылыннарардыы этэр. — Кыайар-хотор түгэҥҥэр, тарбыйахтаах ынаҕы дук гыныаҕым.
— Чэ сэгээр, сөбүлэс. Тойон киһи тылын тыалга ыспат ини, — эрэ манньа сураҕын истэн сэк кына түстэ.
— Ийээ, сөбүлэс. Биһиги баран көрүө этибит буоллаҕа, — хороччу улаатан эрэр уоллара аҕатыгар көх-нэм буолла.
— Күнүн болдьостоххутуна кэлэн этээриҥ, тиийэ сылдьыам, — Лыбыара лоп бааччы эттэ.
Кинээс үөрэ иһиттэ. Атын миинэн дьиэлээтэ. Ол истэҕинэ биир кулун кутуругун хороппутунан сүүрэн ааста. Ону кытта Лыбыара уола кэнниттэн сүүрэн ситэн ылан күөйэ көттө. Ийэтигэр төттөрү үүрэн аҕалла. Кинээс төннөн кэлэн: «Уолгун илдьэ кэлээр, быһый уол буолсу», — Лыбыараҕа эттэ.
Быһый уол
Ыһыах чугаһыгар кинээстээх Лыбыаралаах уолларын ыҥыран сүүрүүгэ дьарыктаатылар. Уол уон икки саастаах диэтэххэ, уҥуоҕунан орто уҥуохтаах киһи саҕа буолбут. Кэннигэр уһун өтүүнү баайан сүүрдүбүттэрэ өтүү сиргэ тиийбэккэ сыыйылла субуллар.
Аны былырыыҥҥы ыһыах сүүрүүтүгэр бастаабыт быһыйдарын кытта сүүрдэн көрдүлэр. Уол иннилэригэр сүүрэн иһэн, оҕо мэнигэ өтөн, төттөрү сүүрэн кэлэн иккиһин түһэр. Уонна эмиэ ситэ баттаан ылаттыыр.
Дьон көрө бэркиһээтилэр. «Сааһын ситтэҕинэ кус быһый, ат бөҕө киһи буолсу», — диэн сабаҕалаатылар.
Кинээс күлүгэр имнэннэ. Сырсыбыт дьон уол сааһын истэн баран сиргэ силлээтилэр. Буурга, ыстаҥаҕа эмиэ Лыбыара уола атахтаах оҥортообото. Ол гынан баран уол үөрүйэҕэ суох буолан этиллибиттэн аҕыйах ойууну ыстанар эбит. Ону үөрэттилэр, такайдылар. Уол эрчиллэн бүтэн дьиэлээн иһэн көрбүтэ, арай түөрт киһи нэһиилэ ачарыһан улахан сымара тааһы оҕус сыарҕатыгар тиэйэн аҕалбыттарын көрдө. Уол бу били күүстээх дьон күрэскэ көтөҕүөхтээхтэрин сэрэйдэ. Дьиэтигэр тиийэн ийэтигэр кэпсээтэ.
— Ийээ, эһиги көтөҕүөхтээх тааскытын улахан оҕуһунан нэһиилэ состорон аҕаллылар. Ыарахана сүрдээх быһыылаах. Сүөкээбиттэригэр сиргэ батары киирдэ, — уола кэпсээбитигэр Лыбыара истибэтэхтии тутунна.
Киэһэ бороҥуйуута Лыбыара дьонугар эппэккэ, били, ыһыах буолуохтаах сиригэр тиийдэ. Сымара тааһы көтөҕөн ылан кыбынан кэбистэ. Төһө ыраах илдьэрин билэ таарыйа аҕалан олбуорун таһыгар бырахта.
Ыһыах
Сарсыныгар ыһыахтыыр сирдэригэр түөрт эр бэрдэ нэһиилэ мадьалытан сүүнэ оҕуска тиэйэн аҕалбыт сымара таастара сүппүт. Сирдээн тимирбитэ, халлааннаан көппүтэ биллибэт. «Күүстээх дьахтар Лыбыара дьээбэлэммитэ буолуо», — диэн сэрэйдилэр. Тиийэн дьиэлэригэр киирэ да сылдьыбакка төттөрү оҕус сыарҕатыгар тиэйэн аҕаллылар.
Болдьохтоох кэмнэригэр ыһыах буола турар. Атын нэһилиэктэртэн эмиэ дьон бөҕө кэлбит. Баайдар байым түһүлгэлэригэр кинээстэр, кулубалар, атыыһыттар төбүрүөннээн олороллор. Эмис этинэн эмсэхтэнэллэр, саамал кымыһы сыпсырыйаллар, саламаат сиэн салбаналлар.
Дьадаҥы, кулут, чаҕар өттүлэрэ туспа түһүлгэҕэ олорон хобдох да буоллар сыа-сым курдук аһыы-сии, күлэ-үөрэ олороохтууллар. Ким сирэ өлгөмнүк үүммүтүн, үлэ-хамнас, сүөһү-ас туһунан сэлэһэллэр.
Хамначчыт дьон кэпсэтиитэ ыарахан үлэ, окко киирэн күөх былдьаһан оттооһун, кыһалҕа туһунан эбит буоллаҕына, баай дьон кэпсэтиитэ чыҥха атын. Бэрт былдьаһыы, ким элбэх хамначчыты тутара, сылгыны, сүөһүнү сыһыы муҥунан сыбыытатара, атыы-эргиэн туһунан.
Арыылаах алаас нэһилиэгин баайа Боруллуо кулуба түһүлгэҕэ түөһүллэн олорон бэйэтин кэпсэнэр, арбанар.
Былырыыҥҥы ыһыахха кини тустуук, мадьыны бөҕөстөрө кыайан-хотон, аҥардастыы аатыран, соҕотохтуу сураҕыран сылдьар. Быйыл даҕаны кыайарыгар, бирииһи барытын ыларыгар эрэнэр.
Урдаах Уоһук кулуба арбанарын истэн иһэ буһан сирэйэ дьэс кытарда. Сирэйигэр баар урун туппахтыыра, имэриммэхтиирэ элбээтэ.
Сайыҥҥы умайар уот куйаас сатыылаабыт. Мэктиэтигэр салгын даҕаны суох курдук итиитэ. Күн уотун сыралҕана салгыҥҥа дьирибинээн, толбоннуран көстөр.
Ыһыах аата ыһыах, итиигэ-буһууга атах оонньуута буолла. Лыбыара уола ойууга олус сабырыйда, кылыыга кыайталаата. Кулун бирииһи ылла. Көп эттээх мүһэ бөҕөнү көтөх муҥунан куустардылар. Уол ону дьадаҥылар түһүлгэлэригэр илдьэн биэрдэ. Урдаах Уоһук үөрэн уоһа дэлби ыттайбыт. Боруллуо кулуба онтон абаран, боотурҕуура элбээбит. Солуута суохтан чаҕардарын үөҕэн ордоотуур. Тойоннорун күлүк сиргэ олордон, таҥаһынан сапсынан сөрүүкэтэллэр. Кулуба, муҥ саатар, тустууктарыгар, мадьыныларыгар эрэнэр.
Мас тардыһыытыгар Лыбыара утарылаһааччыларын холлоро тахсыан бэтэрээ өттүнэн сулбурута тардыталаан, бэйэтин нөҥүө эстэлээтэ. Сымара тааһы барыларыттан тэйиччи көтөҕөн илдьэн бырахта.
Арай хапсаҕайга үөрүйэҕэ суох буолан, мүлтү-халты харбаталыы сырытта. Онтон холурдук дүлүҥ курдук көтөҕөн, быраҕаттыыр даҕаны бөҕөстөрө тура түһэллэр.
Күүстээх дьахтар баартаах баара өтөн, хапсаҕайга хара буору уоптартаата, кырыска кырыыларынан түһэртээтэ. Уонна мин наадам бүттэ диэбиттии дьон аймалҕаныгар кыһаммакка дьиэтин диэки хааман баадалдьыйа турда. Кини оннугар эрэ хаалан, Урдаах Уоһуктуун бэйэтэ кыайбыт саҕа буолан арыгы иһистэ. Урдаах сотору-сотору урун туппахтанара ааһан, түөһүн мөтөтөн хаамар буолбут.
Баайдартан элбэх бириис харчыны сүүйдэ. Боруллуо кулуба баарыан арбанан чабыланара суох буолбут. Ууну омурдубуттуу бобуллаҥныы олорор.
Урдаах Уоһук кэпсэтии быһыытынан Лыбыараҕа тарбыйахтаах ынаҕы холбонон илдьэн биэрбитэ.
Күүстээх дьахтартан үтүөкэн оҕо төрөөн, хоһуун эр бэрдэ үөскээн эрэриттэн күлүгэр имнэммитэ.
8 чааһа
Сайын. Умайар уот куйаас. Күн сыралҕаныттан мэктиэтигэр салгын дьиримнии оонньуур. Оттуур ходуһаҕа бугуллар бачыгыраһан көстөллөр. Тимур тыраахтыр сыарҕатыгар кэргэнин быраата Мичиллиин уонна Баанньа буоланнар от кэбиһэллэр. Тимур уола Өлүөсүк ат соһор кыраабылынан мустарар. Быйыл алтыс кылааска таҕыста, бэлиэр көмө киһитэ буолбут. Тимур доҕоро Баанньа эмиэ көмөлөһөр. Ол оннугар киниэхэ хасыылканан ходуһатын оҕустаран биэриэхтээхтэр.
Тимур дьонун кэбиһиигэ хааллартаан баран күнүскү астарын буһара барда. Хочулуогун ылан хара сыырынан өрүскэ уу баһа киирдэ. Таарыйа уһун сиилкэлээх, дьаакырдаах күөгүлэрин быраҕан өттөөн сытарын көрдө. Обургу сыалыһары кытта тиистээх уола балыктар хаппыттар. Тимур таһааран кырбастаан баран хочулуогар буһара уурда. Иккис иһитигэр көлөҕө чэй өрө ыйаата. Аһын буһаран ыскаатары хостоон тэлгээн бэлэмнээтэ. Дьонун үөгүлээн ыҥырбытыгар, кэлээт үргүлдьү өрүскэ аастылар. Киирэн сөтүөлээн таҕыстылар.
Эр киһи, тыа киһитэ кыһын самаҕар дылы хаары кэһэн, маһы кытта өрө тустар буоллаҕына, аны билигин умайар уот куйаас сыралҕаныгар от оттуур. Сүөһүлэрин, сылгыларын сыл таһааран кыстатаары өрө мөхсөр.
Отчуттар күнүскү чэй кэннэ иккис кэбиһиилэрин туруордулар. Өссө биир оту түбэхтээн саҕалаатылар. Арҕаа диэкиттэн этиҥнээх, өгөрөҥ ардах иһэрэ көстөр. Отчуттар ардах халыйдар ханнык диэн санаалаахтар. Отторун ардахха былдьатымаары күүскэ үлэлииллэр. Үнүр биир сирдэрин кэбиһэллэригэр отторун мунньан биэрэннэр, ардахха сытыппыттара. Күүстээх ардах курулаччы кутан баран, туох да буолбатаҕыныы мэлдьэспиттии күн чэмэличчи тыкпыта. Сарсыныгар кэлэн отторун төттөрү тарҕата ыһан сараҕыппыттара. Онтон мустаран, кэбиспиттэрэ. Билигин эмиэ оннук былдьатымаары мөхсөллөр. Бу сырыыга өгөрөҥ ардах этиҥэ лүһүгүрээбитинэн арҕаа саҕаҕынан ааспыта. Тимурдаах үһүс отторун кэбиһэн бүтэрэн, түһэрээри кэллиллэр. Бөлөрүүс тыраахтар хара буруонан уһууран, сыарҕаны соһон аҕалла. От түһүөхтээх миэстэтигэр кэллилэр. Үлэһиттэр от сыарҕатын кэннинээҕи тирэх бэрэбинэтин сүөрэн туора тартылар. Тыраахтар кэннинэн бара түһээт, эмискэ иннигэр дьүккүйэр. Оччоҕуна от улахан адарайдардаах сыарҕаттан сыыйа сыыллан хаалан иһэр. Хаһыс эмэ дьүккүйээһинигэр дьэ хаалар. Инники кэбиспит икки отторугар үһүстэрин тэҥнии түһэрдилэр.
Бугуллара сир-саарбах ордон хаалбытын бирисиэпкэ тиэйэн дьиэлэригэр илдьэ бардылар. Сарсын аны Баанньа сирин тыраахтарынан оҕустара барыахтаахтар. Тимур доҕоро Баанньа урут арыгылыы сылдьан массыынатын былдьаппыта. Ыстарааптаммыта. Бу кэнники эмтэнэн, чөл олохтоммута. Баанньа туһунан кэпсээтэххэ маннык.
Куонаанаптар уолларыгар араас үлэни булан үлэлэтэ сатаатылар. Барыта киниэнэ ыарахан үлэ буолан иһэр. Киниэхэ аҕыйах үлэлээх, элбэх хамнастаах үлэ наада.
«Дьоннор курдук таксилаан харчы оҥоруохха, миэхэ массыына наада», — уоллара дьонун сулуйар. Ыаллар биир сыл харчы мунньан, уолларыгар массыына ылан биэрбиттэрэ. Пырабааны да билигин уора-көстө килиэп курдук атыылыыллар. Билигин харчылаах буоллуҥ да, барыны атыылаһан ылыаххын сөп курдук. Ол курдук дьэ, уол саҥа массыына ылан икки үс күн доҕотторунуун сууйар ааттаан арыгылаатылар. Ол содулугар оптуобус массыынаны ойоҕоһунан хаарга сытыара түһэн ыллылар. Уол дьэ аҥнан-бохтон таксилыы барда, бастакы күнүгэр таксистартан кырбана сыһан кэллэ. «Убайдар» пассажирдарын илдьитэлии барбыт аатырда. Онон дьону куоракка дьиэлэриттэн кэрийэн ылаттыыр буолла. Уоллара нэдиэлэ курдук үлэлээн, син харчы киллэрдэ. Дьоно үөрэн сэмээр күлүктэригэр имнэннилэр.
— Дьэ бэрт, итинник күн аайы харчы аҕала турдаххына массыынабыт кирэдьиитин төлүөх этибит. Уонна массыына саппаас чааһын бэйэтинэн оҥотторор куолута, — аҕата астыммыттыы чыпчырынар.
— Күн аайы айаката бэрт буолсу, — уоллара миин иһэрин быыһыгар арыылаах килиэби мотуйар.
— Туох диэн эттэххиний, нохоо?
— Араас пассажирдар бааллар, хал гыналлар.
— Туох гыналлар даа?
— Кинилэри уһун күнү быһа күүтэн, хомуйталаан дьэ бараары олордуталыыгын. Онтон биир киһи «тохтоо эрэ, мин ити маҕаһыыҥҥа киирэн тахсыам», — диэн баран сүтэн хаалар, ону иккис киһи туох ааттаах өрөй, мин ыҥыран кэлиэм диир. Үһүс киһи чэ, ыҥырыаххар диэри мин биир сиргэ баран кэлиэм диэн эмиэ баран, ханна эрэ дьөлө түһэн хаалар. Онтон абына-табына атыттар ыһыллан хаалаллар. Ону бэйэм күүтэ сатаан баран, борооннору курдук эмиэ көрдөөн аҕалтыыбын.
— Эдэр киһи кэтэспэккэҕин! Манна кэлэн тугу саба тутаары… күүтэр ойоҕуҥ, ытыыр оҕоҥ суох. Үлэ барыта ыарахан, сылаалаах.
— Бырайыаһы оҕолоохтор аҥаарын төлүүллэр, онтулара сорох оҕолоро миигиннээҕэр улахаттар, — уол аҕата этэрин истибэтэхтии туттар.
— Уонна тугу үлэлээри гынаҕын! Сиэпкэр уктан баран «шарик катайдыы» сылдьаары гынаҕын дуо? Эмиэ иһээччи уолаттардыын булсан суксуруһаары! — аҕата кыыһырда.
Куонаанаптар уоллара Баанньа таксилыырын бунтууйдаан иһэн, син үөрэннэ. Ол төрүөтэ куоракка биир кыыһы кытта билсибитэ буолар. Аны пассажирдара бэйэтин күүтэн киҥир-хаҥыр субуоннуур буоллулар.
Кыыһа аптекаҕа үлэлиир. Уол онно киирэн олорор. Күнэ бүппүтүн билбэккэ хаалар. Кыыс уолу эмиэ сөбүлүүр быһыылааҕын Баанньа сэрэйэр. Төлөпүөнүнэн кэпсэтэллэр. Уол аны төттөрүтүн, куораттыырын кэтэһэр буолла.
— Мама, сарсын хас пассажир суруттарда? — уол ыйытар.
— Сарсын өрөбүл дии, тоҕойуом.
— Ээ, арба, оннук этэ дуу.
— Сарсын аҕаҕын кытта от тиэйсэ барыаҥ этэ.
— Массыынабын оҥосто, көрүнэ түһүөм, күтүөт барыстын ээ, тугу гына сытарый! — Баанньа күтүөтүгэр көлбөрүттэ.
Биирдэ Баанньа куоракка сылдьан аптекаттан таҕыста. Массыынатыгар киирдэ, сорох пассажирдара массыынаҕа киирэн олорбуттар.
— Баанньа эн аптекаҕа тиэстэр курдуккун да, эмп ылбытыҥ көстүбэт дии, — биир уол үөнүгэр ыйытар.
— Эрэһиинэ ыллаҕым дии. Туох диэн көөчүктээн көрдөрө сылдьыахпыный?
— Ити аптекаҕа биир кэрэчээнэ кыыс баар, уол онно иҥээҥниирэ буолуо, — кэннигэр олорор киһи күлэн кыччыгыныыр.
— Ол миэхэ дьахтар көҥүллэммэт буолбута дуо? — суоппардара сөбүлээбэтэхтии кэннин хайыспытыгар ах бардылар. Баанньа биир пассажира хойут бүтэрин субуоннаан эттэ.
— Чэ, маҕаһыыннары кэрийэ түһүҥ, Павел Степанович мунньахха сылдьар эбит. Кэтэһэр буоллахпыт, — Баанньа дьонун наадалаах сирдэригэр түһэртээн баран бэлэм сылтах аптекатыгар кэлэн киирдэ. Кыыһын Ньургуунаны бүгүн дьонугар билиһиннэрэ илдьиэхтээх.
Кыыс үлэтин чааһа бүтэн, иккиэн массынаҕа тахсан олордулар. Павел Степановичтарын баран ыллылар, атын пассажирдарын хомуйталаан айаннарыгар туруннулар.
Трасса устун сыыйылыннаран истилэр. Массыына иһигэр сахалыы ырыа дьиэрэйэр. Биир холуочук пассажир пиибэ иһэн «күөллэтэн» иһэр. Айанын устатыгар, иккитэ тохтотон чэпчэтиннэ. «Доо памперстаах сылдьыаххын, бүгүн дьиэбитигэр тиэрдиэҥ суох», — биир киһи дьээбэрэн этэр. Пиибэ иһээччи холуочуйан барда. «Нэҥсиэтэ суохтук айаннаа эрэ доҕор! Чууккалары тиэйэн иһэр буолбатаххын ээ, кэнниннээҕи оһоххун араар эрэ, абытай итиитэ бэрт», — холуочук пассажир эгэлгэтэ элбээн барда. Баанньа кэннин диэки хаҕыстык көрөн ылар. Аттыгар Ньургууната олорор буолан саҥарбата. «Иэс айаннаан иһэн, өссө чыбыгыраан иһэр, проеһын пиибэ гынан иһэн баран, төлүүрэ биллибэт», — уол киҥэ-наара холлон иһэр. Онно эбиитин суол кытыытыгар массыыналаах уолаттар тураллар эбит. Тохтоттулар. Баанньа түннүгүнэн өҥөс гынна.
— Тахса сылдьыый, кэпсэтии баар.
— Туох наада? Этиий.
— Таҕыс, этиэм, — уолаттар ыххайбыттарыгар Баанньа таҕыста.
— Бензиҥҥинэ бэрис эрэ.
— Эһигини хантан билэн ол бэрсэбин? Бензиҥҥит бүттэ дуо? Ханыаха диэри айанныыгыт? Биийэри бэрсиэм этэ, — Баанньа эйэ дэмнээхтик эттэ.
— Отучча лиитэрэтэ аҕал!
— Кэбис, мин бүгүн заправкаламматым, сарсын куораттыырбар бэйэбэр наада.
— Тоҕо да токоолоһо тураҕытый! Куттан ылыахха! — иккис холуочук уол шлангалаах, канистрдаах тахсан куттаары массыынаҕа чугаһаата. Баанньа харытыттан харбаата:
— Тохтоо эрэ доо! Киһи үчүгэйинэн бэрсээри гыннаҕына тоҕо өрө бараҕыт?! — Баанньа туора садьыйда. Ол кэмҥэ холуочук пассажир тахсан, тылбай-өспөй буолла:
— Уолаттар, тохтооҥ! Бүтүҥ… то…тоҕо сахалар, бэйэ-бэйэбитин сиэһэн тахсабытый? Кэлии омуктар сирбитигэр ол иһин элбии тураллар. Биһиги иннибитигэр омуктар аастылар дии. Тоҕо тохтоппотугут?! Куттанаҕыт дуо?!
— Туох диигин! Кэл эрэ манна! — массыынаттан тахсыбыт үһүс уол түҥнэри охсон түһэрдэ. Пиибэһит бытыылката, бэргэһэтэ, бэйэтэ туспа баран түстүлэр.
Баанньа уолуктаан турар киһини, эпсэри тардаат төбөтүнэн «халганнаан» түһэрдэ. Иккис уолга түспүтүгэр, үһүс уол кэнниттэн түстэ. Массыына иһиттэн пассажирдар дьэ ыҥырыа уйатын тоҕо тардыбыттыы айманан тоҕо сууллан таҕыстылар. Уолаттарга саба түһэн буойталаатылар. Пиибэһит туймааран баһын буккуйан олорорун туруоран, өйөөн-убаан киллэрдилэр.
— Чэ, бара охсуоҕуҥ! — массыыналарыгар киирэн салгыы айаннаатылар.
— Бэйэҥ даҕаны тоҕо аллааҕымсыйан тохтуугун?
— Ааһа туруоҥ этэ буо! — дьон сөбүлээбэтэх саҥалара иһиллэр.
— Суолга быстарбыт дьон курдук тураллар этэ дии, — Баанньа кырдьыгын этэр.
— Ити аата, ту…туох буоллубутуй? — пиибэһит өндөйөн, өйдөөбөтөхтүү өҥөҥнүүр. Сыҥааҕын имэринэр.
— Суох. Туох да буолбатыбыт… утуй! — буойбуттарыгар эмиэ нухарыйан барда.
— Оо дьэ, бар! Миэхэ өйөнүмэ!
— Бу бүгүн айаннаан тиийэбит дуу, суох дуу?
— Оһоххун холбоо эрэ, сойон барда.
— Музыкаҕын эмиэ холбоо, — дьон эгэлгэ саҥата иһиллэр.
— Чэ уолу мээнэ үөҕүмэҥ. Үөрэнэн иһиэ буоллаҕа. Таксилыыр эмиэ эрэй ини. Суолга араас буолар. Кырбана сыста дии.
— Харчы туһугар үлэлиир ини. Биһиги ыйдааҕы хамнаспытын аҕыйах күн иһигэр оҥороро буолуо.
— Массыына алдьанара элбэх, саппаас чааһа да ыарахан.
— Чэ бүтүҥ эрэ, киһини ырытан, — биир айаннааччы буойталаата.
Баанньа музыкатын улаатыннаран биэрдэ.
Ньургууна үрдүк үөрэҕи бүтэрэн аптекаҕа фармацептыыр. Баанньа ийэтигэр эмп ылаары аптекаҕа кэлбитигэр көрсөн соһуйуу-өмүрүү бөҕө буолбуттара.
Ньургуунаны үс сыллааҕыта икки уол күүһүлүү сатаабыттарын быыһаабыта. Ол Баанньа кыра аптека чуолҕанынан өҥөйөн турара. Ньургууна үөрэнэ сылдьан сыыһа-халты да туттубута ханна барыай. Уопсайга олорор дьүөгэлэрин кытта биир кыыс төрөөбүт күнүн ылбыттара. Эдьиийэ итинник түгэннэргэ арыгыны, пиибэни амсайбат буол диэн сүбэлээбититтэн тардынан испэккэ олорбута. Кыргыттар хампаанньа туһугар кыратык ис диэн сыҥалаабыттара. Кыыс кыратык амсайан, дьүөгэлэрин кытта тэҥҥэ «бэһиэлэй» буолбутун билбитэ. Эдьиийэ маннык түгэнтэн сылтаан төһөлөөх кыыс олоҕо алдьаммытын сүбэлии сатаабыта кыыс өйүттэн көппүтэ. Туохтан күлэрин бэйэтэ да билбэккэ, сыһыгырыырын өйдүүр. Кыргыттар ханнык эрэ уолаттары ыҥыраллар быһыылааҕа уонна икки уол ханна эрэ илдьэ бараары массыынаҕа киллэрээри соскойдуулларын өйдүүр. Кыыс бэйэтин хатан часкыырыттан өйө арыый дьэҥкэрбитэ. Биир ааһан иһэр уол көрөн, уолаттары буойталаабыта. Аны ол уолга түһэн көмөлөөн барбыттара, кыыс умса-төннө түһэн куотан иһэн кэннин көрбүтэ, көмүскэспит уол күлүгээттэри бэйэлэрин төкүнүтэлээбит этэ. Уонна кыыһы ситэн кэлбитэ. Бэйэтин харчытынан таксига олордон атааран биэрбитэ.
Ньургууна өйүттэн ол уол арахпат буолбута. Саатар ааттарын билсибэтэхтэр, төлөпүөннэрин нүөмэрин бэрсибэтэхтэр. Кыыс, баҕар, ханна эмэ көрсүөм диэн оптуобуһунан эҥин айанныыр. Көрсүбүт сирдэрин аттынааҕы дьиэлэринэн ааһар. Уол көстүбэтэҕэ. Кыыс түүлүгэр этэргэ дылы, уол маҥан аттаах принц буолан көстөрө. Оннук эрэйдэнэн арыый санаата саймаарыыта биир үтүө күн көрсө түспүттэрэ. Кыыс бэйэтин бэйэтэ сөҕүөн иһин, үлэлии олорорун, аттынааҕы дьонун умнан ылбыта. Кэпсэтэрин быыһыгар уолга ырысыабынан эмтэри биэрбитэ.
«Девушка, мне пожалуйста…», — диэн атын атыылаһааччы кэпсэтэллэрин ситимин быспыта. Кыыс дьэ өйдөнөн кыбыстан сирэйэ кытарбыта. Атыылыырын быыһыгар булбуппун эмиэ сүтэриэм диэбиттии, аптека быыс түннүгүнэн уолу көрөн ылара. Уол туохха эрэ тахсыан саараан турара.
Онтон кэлэн дьону нөҥүөлээн ыйыппыта:
— Төһөҕө үлэлээн бүтүөххүнүй? Мин кэлэ сылдьыам.
— Биэскэ бүтүөм, кэлээр, — кыыс чобуота киирбититтэн бэйэтэ сөхпүтэ. Онтон ыла истиҥник сыһыаннаһан, бу Баанньата дьонугар билиһиннэрэ илдьэн иһэр. Ити күлүгээттэр уолга түспүттэригэр кыыс уолга эрэммитэ оччо эбитэ дуу, доҕорун тахсан көмүскэспэтэҕиттэн кэмсинэ олордо. Пассажирдара да киһини «айахтаах оҥоруо» суохтарыттан эбитэ дуу.
Субуота күн Куонаанаптар дьиэлэригэр дьон бөҕө мустубут. Бу Баанньа Ньургуунатынаан ыал буолан ыллыктаах тылы истээри, уруу тэринэн уһун уоту оттоору, кэскил тэринэр кэрэ-бэлиэ күннэрэ буолаары турар.
Араас лиэнтэнэн, шаарынан киэргэтиллибит омук массыыната кэлэн тохтоото. Массыынаттан кубалыы нуоҕайан, маҥан солко таҥастаах Ньургууна таҕыста. Баанньа саҥа көстүүм кэппит. Икки өттүгэр табаарыс уоллаах кыыс арыалдьыттаах дьиэҕэ киирдилэр. Таптаһар эдэр сүрэхтэр холбоһон ыал буолбуттара.
***
Саас. Тымныы дьыбар билигин да баар, киһи тыына хойуутук бурҕайар. Тымныы иккис муоһа тостуохтаах. Тимур бөлөрүүс тыраахтарынан кэбиһиилээх отторун таһар. Отун күрүөтүн биир эҥэлэйин көтүрэн арыйар. Улахан от тиэйэр сыарҕатын бииккэтинэн астарар. Уонна уһун туруоһун оту иилии бохсон, эргитэн ылар. Тыраахтыр кэлин күөлэһэтигэр оҥоһуллубут лебедкатынан эриттэрэр. Оччоҕо кэбиһиилээх от хоҥнон, сыарҕа үрдүгэр дэгдэс гынан тахсар. Тимурдаах үлэһитин кытта отторун сүөкээн кэлиэхтэригэр диэри, ардыгар сылгы бөҕө туолбут буолар.
Киэһэ сылайан кэлэн аны сылгыларын, ынахтарын бэрийэр түбүгэ. Дьыл-хонук биллибэккэ элэҥниир. Тимур бэлиэр саас ортолоох киһи. Оҕолоро улаатан үрдүк үөрэххэ үөрэнэ сылдьаллар. Билигин арыый хаһаайыстыбалара улаатан, дьону хамнаска наймылаһан үлэлэтэр. Оҕолорун үөрэхтииллэригэр эмиэ харчы ыыта тураллар. Үлэ хаһан да бүппэт. Быар куустан олордоххо үп-харчы бүтэн барар. Быйыл пилорама атыыласпыта, онон тутуу матырыйаала эрбэтиэхтээхтэр. Ол үбүнэн нолуогун төлүөҕэ, икки үлэһиттээҕэр кинилэри хамнастыаҕа. Сопхуос ыһыллан үлэ көрдөһөөччү да дьон элбэх. Ииттиниэххэ наада буоллаҕа дии.
Сайын кэбиспит отторун сороҕун эрдэ бастакы хаарга таспыта. Билигин ордугун тасталаан кыбыытыгар-хаһаатыгар аҕалан таттартаата. Сарсыарда Тимур эрдэ туран дьиэтин уонна гарааһын оһоҕун отунна. Сүөһүлэрин бэрийдэ, кэргэнэ тахсан ынах ыата. Тимур үүт тутар собуокка үүтүн туттаран кэллэ. Ардыгар үүккүтүн үчүгэйдик сиидэлээбэккэ аҕалбыккыт диэн туппакка төттөрү ыыталыыллар. Ол иһин хас да маарыланан түһэрэн сиидэлииллэр. Бииринэн ырааһы-чэбэри ирдииллэрэ сөп буоллаҕа.
Үүтүн туттаран кэлээт, дьэ уоскуйан аһыы түстэ. Уонна бөлөрүүһүн собуоттаан тыаҕа маска барда. Наймыласпыт үлэһитин дьиэтиттэн ылан ааста. Күн аайы итинник бараммат үлэ. Тыа сиригэр үлэлээн-хамсаан эрэ олороҕун. Тимур ол быыһыгар кустуур, балыктыыр, тыаҕа хаамар. Аны билигин сотору оҕолоругар дьиэ тутарыгар үлэлээн мөхсүөҕэ. Үлэ киһини киэргэтэр.
Родион Данилов-Ородьумаан
Хаартыска, уруһуй: интэриниэттэн