1970 сыл. Сэтинньи. Тымныы түүн хараҥаҕа биир киһи уулусса устун баран иһэр. Киҥинэйэн тугу эрэ ыллыыр. Хараҥаҕа туохтан эмэ иҥниэм диэн сэрэнэн хаамар. Онтон тэмтээкэйдээн ылла. Быһыыта, биллэ холуочук киһи эбит.
Суол арахсыытыгар кэлэн тохтоото. Тэлигириэйкэтин сиэҕиттэн кыһыл арыгыны таһааран хантатта. Нэһиилэ кыламныыр ый диэки тутан көрдө. Төһө хаалбытын одуулуур быһыыта. Түгэҕэр хаалбытын билэн, ситэри куолайыгар таҥнары кутта. Кураанах бытыылканы илиитин таһынан илгэн кэбистэ уонна дьэ, улахан дьыаланы бүтэрбиттии, уоһун харытынан туора сотто. Үтүлүгүн кэтэн салгыы хаамта.
Нэһилиэк дизельнэй станцията үлэлээн биллигириир тыаһа эрэ иһиллэр. Уон иккигэ уоту арааралларын билэр буолан, Баһылай дьиэтигэр сырдыкка тиийдэрбин ханнык диэн хаамыытын эбэн биэрдэ. Санаатыгар түргэн курдук даҕаны, атаҕа адаҕалыы ыарахан. Испит “абыраҕа” төбөтүгэр тахсан, мааҕын киҥинэйэн ыллыыра ханна да суох буолбут. Эмискэ төлө баран ыллаан дьиэрэттэ. «Сыһыылар сырдыктар, чараҥнар наҕыллар… аан дойду сүктэр кыыс таҥаһын таҥынна…» ол быыһыгар урукку тапталын санаан, бөтөн ылла. Ыллыыра, ытыыра биллибэт энэлгэн буолла. Уоскуйан тура түһэн ылбыта, ханна эрэ оҕо ытыыр. Көрбүтэ, дьааһыла аттыгар кэлбит. Дьиэҕэ ытыыр ини диэн кыһаммата. Онтон аны аттыгар оҕо ытаата. Баһылай соһуйда. «Гэрээскэлиирим» чугаһаабыт, иһэрбин тохтотууһубун…» — дии санаата. Арай, иннигэр чараас таҥастаах иккитигэр эрэ чугаһаабыт оҕо уулуссаҕа хаама сылдьар эбит. «Кэбис-кэбис, көстүмэ», — Баһылай сапсыйан ааһа барыах курдук гынан иһэн тохтоото. Оҕо хомурахха киирэн туран ханна да барыан булбакка ытыыр. Баһылай дьэ өйдөнөн, хааман тиийдэ да оҕону көтөҕөн ылла. Тэлигириэйкэтин нэлэкэйдэнэн, оҕону суулуу кууста. Уонна соруктаах аҕайдык дьааһыла диэки хаамта. Дьааһыла куукуната туспа кыра дьиэҕэ баар. Уоттааҕын көрөн, онно барда. Баһылай оҕону көтөҕөн киирбитэ, түүҥҥү баспытааталлар куукунаҕа күлэ-үөрэ чэйдии олороллор эбит.
— Ту…тугу көрө олороҕутуй, сирэҕэстэр! Оҕоҕут сыгынньах уулуссаҕа сылдьар дии! — оҕо кыбыныылаах холуочук киһи саҥатыттан, баспытааталлар ходьох гынан ыллылар.
Түүн уолчаан туран, ааны арыйан тахсан баран хаалбыт эбит.
***
Баһылай кыһыҥҥы түүн уулуссаттан булан киллэрбит оҕото билигин улааппыт. Уолчаан октябренокка киирээри сылдьар.
— Ийээ, сарсын октябренокка киирэбит, — Тимур үөрүүлээх сонунун ийэтигэр кэпсиир. Уол Ленин ойуулаах значогу түөһүгэр иилиниэн баҕарар. Кыһыл сулус ортотугар Володя Ульянов оҕо эрдэҕинээҕи мэтириэтэ көстөр. Төгүрүк харахтаах, будьурхай баттахтаах оҕо олорор. Тимур түһээтэҕинэ, арай октябренокка киирээри турар. Кинилэр оскуолаларыгар Ленин илэ бэйэтинэн кэлбит. Тугу эрэ элбэҕи кэпсиир. Онтон дьон күүгүнэһэр саҥалара иһиллэр. Устунан охсуһан бардылар. Уол уһуктан кэлбитэ, дьиэтигэр кимнээх эрэ түүн кэлэн арыгылыы олороллор эбит. Аҕатын саҥата эмиэ иһиллэр. Уол кулгааҕын саба туттан утуйа сатаата. Уот барбытын да кэннэ, салгыы кыраһыын лаампанан олорон арыгылаатылар. Киирбит дьон сарсыарданан дьэ тарҕаспыттарыгар, Тимур кытаанах баҕайытык утуйан хаалла. Уһуктан кэлбитэ, бириэмэ ырааппыт. Уолчаан ыксаан таҥнан хачыгырайда. Сиирэ-халты таҥнаат, оскуола диэки сүүрэн туорахтана турда. Оскуолаҕа кэлбитэ, кылааһын оҕолоро бары түөстэригэр кыһыл сулуһу иилиммиттэр.
— Октябренокка киирдигит дуо?
— Эн тоҕо хойутаатыҥ?
— Утуйан хаалбыппын.
— Утуйбутуҥ да, маттыҥ. Значок бүттэ, — оҕолор күлсүбүттэригэр уол туох эрэ күндү малтан маппыттыы харахтара ууланна. Кини санаатыгар, Ленин эһээ дьыалатыгар чыычаах тумсун да саҕа кыттыгастаах курдук буолуохтаах этэ. Билигин улахан буруйдаах курдук сананна. Сонун кэтэн оскуолаттан тахсан, дьиэтин диэки сүүрэн эрдэҕинэ учуутала ыҥыран ылла.
— Тимур, ханна бардыҥ?
— Дьиэлээтим.
— Октябренокка киирбэккин дуо?
— Хойутаан хааллым.
— Аныгыскыга хойутаабат буолаар, — учуутала уолга түөһүгэр сулус иилэн биэрдэ. Тимур үөрэн хараҕа тырымнаата. Ленин эһээ дьыалатыгар кыра даҕаны кыттыгастаах курдук сананна.
Тимур уолчаан сөбүлээбэтэ диэн — дьоно арыгыны иһэллэрэ. Ол туһуттан дьиэлэригэр — айдаан, ытаһыы-соҥоһуу. Биирдэ эмиэ куолуларынан бытыылка сууйан туттардылар. Тимур эмиэ онтон-мантан бытыылка хомуйан аҕалбыта. Оҕо кэлээскэтинэн оҥоһуллубут тэлиэскэтигэр тиэйэн, лааппы диэки бардылар. Вермут, портвейн, водка бытыылкаларын кылбаччы сууйбуттарын туттардылар. Агдам, Ром Негра, Медвежья кровь диэн арыгы бытыылкаларын туппаттар эбит. Дьоно аһылык уонна арыгы, аҕаларыгар “Казбек”, “Прибой” диэн табах ыллылар. Уолга ийэтэ лимонад ылан биэрдэ, эбиитин биир солкуобайы туттарда. Дьиэлээн иһэн доҕорун Гуосаны көрүстэ. Уолаттар ылтаһын хаппахтаах бытыылканы, күрүө сиэрдийэтин хатыытын сэлээппэтигэр кэтэрдээт, төлө тартылар. Кыынньан тахсыбыт лимонады ыймахтаатылар. Иһэн бүтэрээт, били биир солкуобайдарынан лааппыттан баран сгущенка үүт, батон сакалаат уонна хоччорхой кумааҕыга сууламмыт лампысыай кэмпиэт атыыластылар. Сиэккэлэригэр син биллэр минньигэс астаннылар. Сгущенкаларын бааҥкатын чоройон турар тоһоҕоҕо дьөлө оҕустулар. Эмиэ эр-биир эмэн соппойоллор. Уонна хомоҕо баран сөтүөлээтилэр.
Тимур дьиэтигэр кэлбитэ ыһыы-хаһыы бөҕө. Ийэтэ холуочугун иһин эдьиийэ үүрэн таһаарда. Ийэтэ өрүс диэки барбытыгар, уол кэнниттэн батыста.
Ийэтэ өрүскэ киирэн түһээри гыммытын уол ытыы-ытыы ааттаста. Араас элэ-была тылын этэн, көрдөһөн уоскутта. Онтон дьэ өйдөнөн ааһар дьонтон кыбыһынна. Иккиэн кытылга куустуһан олордулар. Талахтаах сир диэки баран, кулуһун оттон таҥастарын кууртулар.
Киэһэлик дьиэлэригэр уку-суку туттан киирдилэр. Аҕалара хантан эрэ итирик кэлэн охтубут. Муннун тыаһа хаһыҥырыыр.
***
Тимур оҕолору кытта биирдэ ходуһаҕа барыста. Киниттэн обургу уолаттары кытта сайылыкка бара сырыттылар. Онтон төттөрү кэлэн иһэн иччитэх өтөххө аараатылар. Сасыһа оонньуубут диэн ааттаатылар. Тимур хантан билээхтиэй, обургу уолаттар кинини куттаары киллэрбиттэрин. Кинини көрдүүр диэн ааттаан муннукка олортулар. Тимур сүүрбэҕэ диэри ааҕан баран, иччитэх хаһааҥҥы эрэ үүт-арыы собуотун дьиэтигэр саспыт дьону көрдүү сырытта. Көрдөөмөхтүү түһээт, алдьаммыт түннүгүнэн көрбүтэ, уолаттара бөһүөлэк диэки сүүрбүттэрэ ырааппыт. Оччолооҕу көрөөт, уолчаан иччитэх дьиэҕэ соҕотох хаалбытын билэн куттанан сүрэҕэ толугуруу мөҕүстэ. Хаһыытаабытынан таһырдьа сүүрэн таҕыста. Суолга тахсаат, уолаттар кэннилэриттэн түһүнэн кэбистэ. Сүүрэн истэҕинэ хараҕын уута бүөлүүр. Эмиэ даҕаны кэнниттэн ким эрэ эккирэппитинии кэннин хайыһан ылар. Дьиэтигэр халлаан боруҥуйбутун кэннэ тиийдэ.
2 чааһа
Уол сайын отчуттар звеноларыгар үлэлии киирдэ. Ат сиэтээччинэн сылдьар. Ол аата босторуоҥкалаах сыарҕаҕа көлүллүбүт аты миинэ сылдьан, оттоох бугулларга эбэтэр эппээлэргэ таттарар. Ону тиэйбиттэрин кэннэ кэбиһиилээх окко илдьэр. Оннук алта атынан кэбиһэллэр. Умайар уот кураан сатыылыыр. Оҕолор куйааһырҕаан тамахтара хатан, ууга киирэн сөтүөлүөхтэрин эрэ баҕараллар. Өлүөнэ эбэ дьиримнии мэндээрэр уутун ыраахтан ымсыырбыттыы көрөллөр. Өрүллүбүт сойбут чэйи от тиэйээччилэр, кыдамаһыттар эрэ иһэллэр. Оҕолор өрүскэ киирэн уу иһэллэрин да көҥүллээбэттэр. Биир бэйэтин биэтин көлүнэ сылдьар уол айаҕалыы сатаан кулунчугун үүрэн баран, биэтин ыан иһэр. Анныгар тоҥхойон баран биэ эмиийин тардыалыыр, үүтэ кэлбитин айаҕар тоһуйан сыпсырыйар. Тимур атын аһынан саба түһэр күлүмэннэри ытыһынан лабырҕаталыыр. Ат холугар, өттүгэр быыһа суох кэлэн түһэллэр. Сорох оҕолор ардаҕы аҕалаары баҕалары тутан таһыйаллар. Сороҕор киэһэтин оҕолор бэйэлэрэ хаалаллар. Харас үргээн сииллэр. Отунан туруупка оҥостон уҥуоҕунан тибиирсэ оонньууллар. Тимир миискэлэргэ саахар-кэмпиэт оҥостоору дэлби хоруордан, мөҕүллэн турардаахтар.
Биир өрөбүл күн бөһүөлэккэ дьиэлэригэр тахсар буоллулар. Улахан дьон мииниилээх атынан, матасыыкылынан, ким «Москвич» массыынанан бардылар. Кыра уолаттарга биир аты тэлиэгэҕэ көлүнэн баралларыгар эттилэр. Кинилэр хаһан көлүнүөхтэригэр диэри улахаттар бары бурҕатан хааллылар. Дьэ кыра бэдиктэр көлүнэн баран ырыа-тойук аргыстаах, туос бөтөрөҥүнэн ойуттулар. Аттара мөлтөппүтүгэр тохтоон талах быстан ылан, онон куһуйан, салгыы айаннаатылар. Киинэҕэ көрөр тачанкалары санаан, кэннилэригэр сырсан иһэр үрүҥ сэриилэри ытыалаабыта буолаллар. Тот ат көлөһүн бөҕө алынна. Мөлтөтүөх буоллаҕына уһун талаҕынан кымньыылаан биэрэллэр. Ат тылын былас түһэрбитин көрөн Тимур: «Уолаттар, тохтооҥ, аты сынньата, хаамтара түһүөххэ!» — диэбитин истибэттэр. Эбиитин кэннилэриттэн атын звено уолаттара көтүтэн иһэллэр. Быыл өрө бурҕайан олорор.
«Аккын таһыйан биэр! Ол бандьыыттар эккирэтэн иһэллэр!» — диэт, ытыалаан куһуйбута буолаллар. Иннигэр олорооччу уол таһыйан куһурҕатар. Ат сөбүлээбэккэ кутуругун эрийэр. Төһө да мыылалаах күүгэн алыннар, иннин диэки дьүккүйэр. Мииниилээх аттаах уолаттар, бу өрө көтүтэн кэлэн ойоҕолоон ууннаран аастылар. Онуоха кыра бэдиктэр сарыласпытынан аттарын соруйан биэрдилэр. Оннук, аттара тэппит атаҕын кубулуппакка бөһүөлэккэ диэри тибилиннэрэн кэллэ.
Дьиэлэригэр кэлэн хонон баран сарсыарда эмиэ аттарын көлүнэн, ходуһаларыгар бардылар. Аттара нэһиилэ үнүөхтүүр курдук буолбут. Оттуур ходуһаларыгар чугаһаан иһэн, аттара турунан кэбистэ. Аччаччы тэбинэн ииктии сатыыр. Тот аты аһара сүүрдэн, иһин эргиппиттэр, адаарыппыттар. Биригэдьиир кэлэн дэлби мөҕөттөөтө. Бэтэринээри ыҥырдылар. Акт оҥорон баран сылгыны астаан кэбистилэр. Оҕолор аһыммыттарын иһин хайыыр даҕаны кыахтара суох буолла.
Биирдэ Тимур ураһаҕа түүн утуйа сыттаҕына, атаҕа уот аһыйа түстэ. Атаҕын тарбаҕар кумааҕыны кыбытан умаппыттар. Ойон туран сабыта биэрэн умулларда. Сайыҥҥы үрүҥ түүн сырдыгар көрө сатаата. Бары утуйбута буола сыталлар. Ким эрэ суорҕан быыһыгар күлэн кыччыгыныыр. Уол атаҕа ыалдьан утуйбата. Сарсыарда көрбүтэ хабах курдук үллэн тахсыбыт.
Биир доҕор уола ханнык уол «биэлик тэптэрбитин» көрбүтүн кэпсээтэ. Киэһэ «бэйэтигэр биэлиги тэптэрээр» диэн кыра уолаттар сүбэлииллэр. Киэһэ утуйаары сыттылар. Тимур сүгүн утуйбатаҕа таайан, утуйан хаалла. Арай утуйа сыттаҕына ойоҕоһо «ньир» гынна. Быара доргуйан тыынын нэһиилэ ылла. Кыраһыын лампа сырдыгар көрбүтэ, били кини атаҕын умаппыт улахан кылаас уола турар. Кинини бэйэтин «биэлик тэптэрбиттэр», ону баайсан кэлэн тэбиэлии турар эбит. Тимуру атаҕыттан соһон эрдэҕинэ буойдулар.
Ходуһаҕа улахан уолаттар, боксерскай бэрчээкки аҕаллылар уонна ат сиэтээччилэри киирсиһиннэрэллэр. Дьэ мээнэ кулуппайдаһыы. Арыый үчүгэй соҕустарын талан, акка мэҥэһиннэрэн атын эвеноларга илдьэ бараллар. Үксүн Тимуру киирсиһиннэрэллэр. Онто да суох оскуолаҕа улахан уолаттар көмүскэһэр убайа суох диэн сэнээн, кинини мэлдьи охсуһуннарааччылар. Сирэйэ мэлдьи көҕөрбүт буолара. Охсуспаппын диэтэҕинэ: «Пыа, кыыс курдук куттанар эбиккин», — дииллэр. Кыыс курдук буолумаары киирсэригэр тиийэрэ. Сороҕор кыайан эрдэҕинэ убайдара Тимуру кэдэрги тутан биэрэн оҕустараллара. Эбэтэр туораттан бэйэлэрэ охсоллоро. Онон кини мэлдьи охсуһуук аатыран учууталлартан мөҕүллэрэ. Оскуолаҕа хойутаан тиийэн муннукка турара. Билигин манна звенотун улахан уолаттара баар буоланнар, утарсааччыларын барыларын кыайталаата.
Тимуру үксүн Бараах Бааса диэн улахан кылаас уола атаҕастыыр. Остолобуойга аһылыгын да былдьаан сиир. Сороҕор уолу куттаан туран, сарсын харчы аҕалыаҥ суоҕа да сэрэн диир. Уол кырбанымаары дьонуттан киинэҕэ сылдьарыгар эбэтэр буфекка аһыам диэн көрдөөн ылан биэрэр. Уонна аһаабат даҕаны, кулуупка киинэни билиэт атыылааччы барбытын кэннэ кэлэн көрөр. Кини кырбанарыттан куттамматар даҕаны, хараҕа көҕөрүө диэн саллар. Онто да суох охсуһуннарар буоланнар сирэйэ-хараҕа мэлдьи күөх сылдьар. Оҕолор күлүү гыналларыттан кыбыстар. Ардыгар эдьиийин тональнай креминэн соттор, онто килэбэчийэн биллэ сылдьар. Тимур бэйэтинээҕэр, Бараах Бааса ахсыс кылааска үөрэнэр эдьиийин тыыппытыттан кыһыйар. Эдьиийэ көмүскэспитин, баттаҕыттан тардыалаабыта. Ону Тимур Бааһаны сыбаабыранан охсон эрдэҕинэ учуутал тахсан көрбүтэ. «Дьэ түөкүн сэрэн, дириэктэр быһаарыа. Мэлдьи эн баппат айдааныҥ!», — диэн Тимуру үөхсүбүтэ, эдьиийэ этэн көрбүтүн истибэтэх буолан бара турбута. Бараах Бааһа аҕата Сэбиэккэ үлэлиир буолан, кинини сэмэҕэ да тарда сатаабаттар. Тимур көмүскэһэр убайдаах оҕолору ордугургуу саныыр.
Биирдэ доҕорунуун бытыылка туттараары хомуйдулар. Чугастааҕыны бүтэрбит буолан, ыраах ходуһаттан, сайылыктан тиийэ хомуйан, нэһиилэ биир куул оҥордулар. Өрүскэ киирэн кылбаччы сууйдулар. Тэлиэскэҕэ тиэйэн маҕаһыыҥҥа илтилэр. Маҕаһыын аттыгар Бараах Бааса биир уоллуун турар. Уолаттары көрөөт, үгүс кэпсэтиитэ суох кууллаах бытыылкаларын харбаан ылан лааппы диэки барда. Тимур биэримээри тардыалаһан көрбүтүн, киирсэбэй саппыкыннан быарга тэптэ. Уол тоҥхойбутунан кырыска тобуктаата. Абаккаран хаан оҕуолуор диэри сымыһаҕын быһа ытырда. Санаатыгар өс саас кыыма саҕылынна. «Улааттахпына ситиһиэм!» хараҕын уутун харытынан ньыппарынна. Тарбахтара лачыгырыар диэри сутуругун оҕотун ыга тутта.
Сыл хонук курдук элэҥниир. Тимур бэлиэр оскуолатын бүтэрэн, быйыл сопхуоска үлэлии киирдэ. Күн аайы араас үлэни биэрэллэр. Отгулга барбыт дьону солбуйар. Атынан балбаах таһаарар. Сиилэс тиэйэн аҕалар. Сороҕор тыаҕа маска, тырахтарыыска куруусчутунан үлэлиир. Быйыл уон сэттэ сааһын туолла. Кини субуота диэн нэдиэлэ биир бүтэһик күнүн күүтэр. Кулуупка таансыны көтүппэт. Тоҕо дьиэтэххэ, онно кини сөбүлүүр кыыһа — Күннэйэ баар.
Тимур бүгүн субуота күн буолан, эбиэккэ диэри үлэлээтэ. Баанньыгын оттон суунан-тараанан киэһэ доҕорунуун Дэниистиин кулуупка бардылар. Ыччаттар сорохторо киирээти кытта саалаҕа тураллар. Атыттара киинэ көрөр саалаҕа үҥкүүлүү сылдьаллар. Ыскамыайкалары тула өттүгэр сыҕарыппыттар. «Земляне» ансамбыл ырыата дьүрүскэн доҕуһуоллаах дьиэрэйэн иһиллэр. Тимурдаах таҥас ыйыыр хос аттыгар турдахтарына, арай кокардалаах күөх бэргэһэни кэтэҕэр иилиммит диэмбэл уол киирдэ. Киирээтин кытта билэр уолаттара уруйдуу көрүстүлэр. Бу оскуоланы соһон-сыһан бүтэрэн баран, хойутаан да буоллар аармыйаҕа сулууспалаан кэлбит Бараах Бааһа.
Дьэ кырдьык эһэ барааҕын курдук сахсараҥнаан уол оҕото. «Сууйуохха, бэлиэтиэххэ» диэн аймалҕаны кытта таһырдьа тахсан бардылар. Тимурдаах киирэн Күннэйдээх аттыларыгар үҥкүүлээтилэр. Сотору хантан эрэ Бааһалаах кэллилэр. Үҥкүү-битии буоллулар. Холуочук уолаттар салгыны хайыта охсуохтуу туттан, араастаан «бараллар». Тимур бытаан ырыаҕа Күннэйин үҥкүүгэ ыҥыраары күүтэн олорор. «Такого снегопада, такого снегопада, давно не помнят здешние места»…вальс ырыата саҕаланна. Тимур долгуйан барыахча барбакка олордоҕуна, Күннэйи Бааһа кэлэн ыҥырда. Иккиэн үҥкүүлүү сылдьаллар. Бааһа кыыһы синньигэс биилиттэн хардары кууспут. Тугу эрэ кэпсээн кыыһы күллэрэр. Тимур үүтүн тохпут оҕолуу туттан олордо. Атаһа ону билэн аралдьытаары тугу эрэ кэпсиир даҕаны, ээл-дээл истэр. Атын ырыаҕа, үҥкүүгэ Күннэйи ыҥырда. Туох да истиҥ кэпсэтии тахсыбата.
Таансы бүтэн эрдэҕинэ Тимурдаах биэсэлкэҕэ бардылар. Бааһа икки уолу кытта кэпсэтэ турар.
— Ити Күннэй диэн кыысчаан дэлби улаатан, тупсубут дии, —Бааһа чыпчырынар. — Ээ доо, кэл эрэ манна, — Тимуру ыҥырда. «Ити кыыһы эн тута сылдьаҕын дуо?».
— Мин, — Тимур өтөрү көрдө.
— Бүгүн мин илдьэ барыам. Уларсаҕын дуо миэхэ? Ха-ха-ха.
— Өйдөөбөтүм. Кыыһы хайдах мал курдук уларсаары гынаҕын?
— Оо, ба-наа! Бу бэдик хадьардаһаары гынар дуу?! Улааттым диэххин баҕараҕын дуо?!, — Бааһа Тимуру уолуктаабытын, уолаттар буойан тохтоттулар.
Тимурга оҕо сааһа ыараханнык, ол эбэтэр атаҕастабыллаахтык ааспыт буолан, салгыы итинник буолбатын курдук дьиэтигэр дьарыктанар. ДТ тыраахтар тиһиликтэрин көлүөһэтиттэн оҥоһуллубут штангалаах. Куулга опилкалаах кумаҕы кутан ыйаабыта. Ону охсон, тэбэн биллиргэтэр. Уонна урут мээнэ охсуһан син үөрэннэҕэ эбээт.
Биирдэ Дэниистиин маҕаһыҥҥа киирэн истэхтэринэ Бааһа собуор кэнниттэн тахсан, үөгүлээн ыҥыран ылла. Уолаттар онно тиийдилэр. Бааһалаах иккиэлэр.
— Бырааттар, хайыы сылдьаҕыт?
— Бэкээринэҕэ килиэп ыла таарыйа кэллибит.
— Үс солкуобайда аҕалыҥ эрэ. Кыһыл ылан иһиллиэ этэ, — Бааһа атыгыраан көстөр тииһин быыһынан «чыырк» гына силлиир. Сэнээбиттии атахтарын төбөтүттэн көрөн таһаарар.
— Харчыбыт суох, ордубат.
— Ээ, доо! Иккиэн саатар биирдии солкуобайда аҕалыҥ. Бэйэбитигэр биир баар, — Бааһа Ленин ойуулаах улахан тимир солкуобайы өрө быраҕан хабар.
— Ордубат диибин дии, — Тимур өтөрү-батары көрдө.
— Биир күн килиэбэ суох аһыаххыт буо! — Бааһа сиэбиттэн лампысыай кэмпиэти ороон айаҕар уган ыстаан ньоймоҥнотор. Тимурга ыган кэллэ.
Бааһа доҕоро «атаһым бэркэ эттэ» диэбиттии күлэн алларастыыр.
— Төттөрүтүн, эн миэхэ биэрэриҥ элбэх, — Тимур синигэр түһэр.
— Эн улааттым диэххин баҕараҕын дуо? Охсуһаҕын дуо, биир-бииргэ!
— Охсуһан буо!, — Тимур этээтин кытта Бааһа эмискэ оҕуста. Ону аһаран биэрээт, хотуурдуу аҕалан сыҥаахха сырбатта. Бааһа умса нукус гынан иһэн, туоратынан тэмтэрийэн олоро түстэ. Баһын булкуйаат турда.
— Оо, ба-наа, тоҕо бэрдэй. Оччотугар көрүлээтэхпит! — Бааһа утары хааман кэллэ. Армияттан кэлбит сааһын ситэн эрэр уол ыйааһына улахана биллэр. Тимур ол иһин тэйэ сылдьан охсор. Хомурах хаары кэһэ сылдьан Бааһа охсо сатаан аҕылаан барда. Тимур ону билэр буолан киниэхэ бу эрэ наада. Өрө тэйэн баран утары ыстанан быарга тэптэ уонна аллараттан өрө баһан оҕуста. Бааһа олоро түстэ, тэмтэриҥнээн турда. Хараҕын симириҥнэтэр. Тимур киһи табылыннаҕына итинник буоларын билэр, туймааран хараҕа ирим-дьирим буолан барар. Ону туһанан өссө киирэн истэҕинэ Бааһа:
— Тохтоо эрэ доо, — илиитин көтөҕөөт, умса тутунна – өйдөөхпөр быһаарсыахпыт. Итирикпэр ити…
— Быһаарсыахпыт! — Тимур санныга «тап» гына ытыһынан оҕуста уонна маҕаһыын диэки бардылар. Бааһа итирбитэ буолбутуттан уолаттар күлсэллэр.
3 чааһа
Сис тыа хаарынан бүрүллүбүт. Халлаан тымныйан куобах орохтообут. Киис атаҕын сэргэ үктээн ойон ааспыт суола көстөр. Тииҥ чэрэгэр кулгаах суола Х буукубаны хаарга бачымах курдук суруйбуттуу бэс төрдүгэр чээккэлии ойуолаабыт. Харыйалар үрдүлэринэн тыал иһиирэр, лабаалар көмнөхтөрүн бурҕатар. Көтөр бииһиттэн ордон хаалбыт кукаакы мастан маска дайар. Ханна эрэ суор таҥалайын таҥсынар. Киргил куруҥах маһы тоҥсуйан кэтэҕэ илигириир.
Суолунан түөрт бөлөрүүс тыраахтар буруолара бургучуйан аастылар. Манна биир тыраахтарга Тимур чэкиир холбооччунан, куруусчутунан үлэлиир. Тыраахтырдаахтар үүтээн аттыгар кэлэн тохтоотулар. Ким дружба эрбиини хаһар, ким үүтээн тимир оһоҕун оттон тигинэтэр. Үлэлии үөрүйэх дьон, соруйтарыыта суох барытын толороллор. Арыый хойутуу ДТ-75 Казахстан тыраахтар тимир тиһиликтэрин тыаһа тилигирээн айаннаан кэллэ. Тырахтарыыс түһэн хойутаабыт киһи сиэринэн сиирэ-халты чэй иһээт, дэлээнэҕэ таҕыста. Тиһиликтээх тыраахтар буолан ыркый, иэһэр быыһынан тааҥка курдук сылдьар. Таһааран түрүлүөпкэлээн биэрэр. Үлэһиттэр сороҕун чууркалаан эрбээн “Урал”, лайба массыынаҕа тиэйэн биэрэллэр. Сороҕун бөлөрүүстэр холбонон соһон бараллар. Сопхуос үлэтэ күөстүү оргуйар. Тимур эдэр уол самаҕар диэри хаары ойо сылдьан үлэлиир. Ол сылдьан маска баттата сыста. Нэһиилэ туора ыстанан өрүһүннэ. Тыаҕа үлэлиир да сэрэхтээх. Дружбанан мас төрдүн эрбии турдахха, аҥаара, быһыллыбыт кэннэ, өкөгөр өттө баһыйан, тостубатаҕына ортотунан ыыра барар. Оччоҕуна охтон иһэн төрдө киһиэхэ кэлэн кэтиллиэн сөп. Ардыгар аарыма тиит охторугар иэһэр маска быардыы түһэн тэптиргэлэнэн өрө кыырайар. Куруҥах маһы эрбии турдахха, ардыгар эмиэ төбөтө булгу баран тостон аллараа кыырайар. Эрбии тыаһыгар балыйтаран, кыайан истибэккэ, көрбөккө эчэйбит да дьон бааллар.
Тыраахтардар уончалыы кылыһы состороллор. Тэлгэтэн баран мутугун, эбии тылбыйан ыпсараллар. Чэкиирин кылгастык холбоон көтөхтөрөллөр. Төһөнөн кылгас да соччонон үөһэ көтөҕөр. Оччоҕуна тимир көлө соһоругар аһара ыарырҕаппат. Мөлтөхтүк ииллэххэ үрдүк сыыры түһэргэ, туруос күрүчүөгэ төлө баран мастарыҥ бэйэҕин ситэн ааһыахтарын сөп. Сороҕо ыркый ойуур диэки лаһыйа туруоҕа. Оччоҕуна ону төттөрү хостуур сыанан аҕаабат.
(Салгыыта бэчээттэниэ)
Родион Данилов-Ородьумаан
Хаартыска, уруһуй: интэриниэттэн