“СААС кэллэ!” телерадиомарафону ыытааччыларга

31.03.2017
Бөлөххө киир:

Муус устар 1 күнүгэр сарсыарда 7 чаастан Саха араадьыйатын “Сааскытыйыы” шоута саҕаланарынан,  Уус Алдан улууһун Түүлээх нэһилиэгиттэн биһиги ааҕааччыбыт,  ону таһынан араадьыйаны сөбүлээн истээччибит  Полина Находкина  Саха араадьыйатын үлэһиттэригэр анабыл-хоһоону суруйан ыыппытын бэчээттиибит.

   Полина Находкина

  Сахам араадьыйатыгар

Араадьыйам холбонно,

Араадьыйам саҥарда.

Сонун-нуомас кэпсэннэ,

Ырыа-тойук дьиэрэйдэ.

Дьүрүһүйдэ хомуспут,

Доллоһутта олоҥхом,

Сахам сирин дьонугар

Саха тыына илгийдэ.

Эдуарбыт куолаһа

Холкутуттан бэристэ,

Ольга, Валя лоп-бааччы,

Толкуйдатар күүстээхтэр.

Маайа кэпсиир дьылҕаны,

Дьоһун- мааны дьоннору,

Альбинабыт куолаһа

Үөртэ үйэ чиэппэрэ.

Маринаны эфиргэ

Өрүү сэргии истэбин,

Надеждабыт эрэллээх,

Учууталга маарыннаах.

Аймах, атас буоларын

Адьас билбэт эбиппин,

Гаврилбыт куолаһа

Эдуарга майгынныыр.

Күммүт-дьылбыт туругун

Кэпсиир өрүү Тускулбут.

Сахабыт тылын сыыһырдыбыт

Сэмэлэнэр Дапсыттан.

Эргимтэни сэргэхтик

Кэпсиир бэркэ Иванов,

Дьөрү таспар да иэдээн

Баарын умнуох курдукпун.

Хабаровпыт тыа сирин

Кыһалҕатын таарыйан,

Ыгылыйбыт дьоннортон

Боппуруоска ыктарар.

Бэһиэлискэй  Баһылай

Кэпсиир успуорт сонунун:

Киммит кими кыайбытын,

Киммит тугу сиппитин.

Санаайабыт сахалыы

Санаабытын сааһылыыр,

Олус-олус сэрэнэн

Омнуобутун буллартыыр.

Кыһыннары чараҥы

Суугунатар Сибиэтэ,

Хорсун буойун дьоннору

Үйэтитэр Сэмэнэп.

“Геван” кэпсиир күннэтэ

Хоту дойду сонунун,

Дьүкээбилгэ сууламмыт

Дьикти хоһуун дьоннору.

Юрий, Юрий, өссө Юрий

Майгылара маанытын,

Холку дьоһун дьоннорун

Куоластара туоһулуур.

Березиммыт баһылык

Араадьыйа тойоно,

Истиэҥ-көрүөҥ ыллыырын

Сүүйтэриэҕиҥ сүрэххин.

Ньургуйаана наҕыллык

Оҕолордуун быһаарсар,

Ырыа-хоһоон күрэҕин

Ыытар кини эфиргэ.

Индирабыт иһирэх

Кэрэ кэпсээн кэһиилээх,

Лена сэргэх өрүүтүн

Саҥарара бэртээхэй.

Айгылааммыт атамаан,

Андрейбыт биир оннук,

Ахтылҕаммыт бэһиэлэй —

Бээтинсэ күн киниэнэ.

Арай Гея дьиибэтик

Уон аҕыспын санатар,

Кыһалҕата суох эдэр

Күлбүт-үөрбүт кэмнэрбин.

Араадьыйам алыптаах,

Истээччитэ эриэккэс:

Уйбаан өрүү сөрү-сөп

Этиилэрин сөҕөбүн.

Хаҥаластан Ермолай

Боппуруоһа этириэс,

Итии-истиҥ эҕэрдэ

Этэр өрүү Сэргээйэп.

Хаппыырыммыт Хатастан

Учуутала чуо биллэр,

Боппуруоһа, этиитэ

Өрүү чиҥ-чаҥ бэрээдэк.

Чыычаахаппыт Майаттан

Чахчы дьиҥнээх хомуньуус,

Хата кини хомусчут,

Өссө кини хоһоонньут.

Мындаҕаайыттан Ыстапаан

Мөлүйүөнҥэ наадыйар —

Харчытынан көрдөөбөт,

Сибэккитин сакаастыыр.

Христофоров Бүлүүттэн,

Дойду уола Баһылай,

Сиэрэй маасса, Доропуун

Бары көхтөөх да дьоннор.

Валентина Муоматтан,

Евдокия Ньурбаттан,

Таатта кыыһа Татыйык

Хаалсыбаттар кимтэн да.

Араадьыйам долгуна

Араас улуус дьоннорун

Бииргэ түмтэ эфиргэ —

Бары билсэр курдукпут.

85 саастаммыт

Араадьыйам айхаллан!

Сахам сирин саргытын

Сарсыҥҥытын салайсыс!

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0