Сэллик ыарыыны сэрэтии дьаһаллара наадалаахтарын учуоттаан, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр сыл аайы кулун тутар 24 күнүттэн муус устар 24 күнүгэр диэри сэллиги утары охсуһуу дьаһаллара ыытыллаллар.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Сэллиги утары охсуһуу бүтүн аан дойдутааҕы күнүн чэрчитинэн буолар тэрээһиннэр Саха сиригэр «Биһиги доруобуйабыт – биһиги илиибитигэр» оскуолалар икки ардыларынааҕы научнай-практическай кэмпириэнсийэнэн аһыллыбыта. Кэмпириэнсийэ сыл аайы М.И.Кершенгольц аатынан куорат 9 №-дээх оскуолатыгар тэриллэр.
Өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы санитарнай-эпидемияны утары охсуһар, иммунология хамыыһыйаларын мунньахтара, медицинскэй сэбиэттэрэ тиэмэлэрэ сылтан сылтан аайы кэҥээн, таарыйар боппуруостара дириҥээн иһэр. Оскуолаларга, үлэ кэлэктииптэригэр, төрөппүттэргэ сэллиги эрдэттэн булуу, сэрэтии, чөл олох уо.д.а. боппуруостарга семинардар ыытылыннылар. Спорт күрэхтэригэр, аһымал ааксыйаларга уо.д.а. тэрээһиннэргэ кыттыбыт дьон чөл олох эрэ чэбдик доруобуйаны мэктиэлиирин итэҕэйдилэр.
Флюорографияҕа хайаан да түс
Сэллик тарҕаныытын утарсар саамай туһалаах миэрэнэн нэһилиэнньэ доруобуйатын маассабайдык көрүү буолар. Ол курдук,
2016 сылга:
- Нэһилиэнньэ 87,4% cэрэтэр дьаһалларга кытынна;
- 84,4% флюорографияҕа түстэ;
- Оҕолор уонна обургу оҕолор 98,6% Манту быһыы ылла;
- Саҥа төрөөбүт кырачааннар 97,9% cэллиги бопсор быһыы ылла.
Арамааска – доруобуйа илдьитэ
Манна даҕатан эттэххэ, биир ый устата поликлиникалардааҕы флюорография кэбиниэттэригэр «Аһаҕас аан күннэрэ» биллэриллибиттэрэ.
Доруобуйа харыстабылын исписэлиистэрэ ыарахан олохтоох-дьаһахтаах, сэлликкэ хаптарар кутталлаах, икки сылтан ордук кэмҥэ доруобуйатын бэрэбиэркэлэппэтэх дьону тиийэн көрдүлэр-иһиттилэр.
Муус устар 20 күнүгэр «Туймаада» ТРК-ҕа «Фтизиатрия» научнай киин үлэһиттэрэ «Мин сэллиги утарабын» ааксыйаны ыыттылар. Ааксыйаҕа кэлбит дьон арамааска сибэкки быһыылаах саарыктары атыылаһан, «Фтизиатрия» оҕо санаторийыгар эмтэнэр оҕолорго көмөлөстүлэр. Бу күн сүүстэн тахса киһи флюорографияҕа босхо түстэ.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru