Саарбах дуруускаһыт (кэпсээн)

Ааптар:  Татьяна Куличкина-Дедюкина-Татыйаас
26.11.2024
Бөлөххө киир:
Хаартыска: PxHere

Киэҥ-нэлэмэн Саха сирин араас муннуктарыгар олорор, киинтэн ыраах сытар нэһилиэктэр олохтоохторо бэйэлэрин истэригэр буһан-хатан, үөрэн-хомойон, үлэлээн-хамсаан, ким хайдах сатыырынан дьаһанан, олох олордохторо. Маннык дэриэбинэлэргэ үлэһит бэрдэ уолаттар, ийэ буоларга аналлаах эдэркээн кыргыттар уһуйаантан, оскуолаттан ыла бары бииргэ улаатан, бэйэ-бэйэлэрин убай, балыс курдук санаһан, ыал буолбакка хаалаллара үгүс.

Харыйалаах дэриэбинэ биир бастыҥ ыалын аҕата, элбэхтик кэлэр-барар, сырыыны сылдьар Байгыйар Баһылай бэйэтин чугас аймахтарын хас да оҕолорун бэрт үчүгэйдик дуруускалаан, ыал оҥортоото.

— Ээ, били Дуруускаһыт Баһылай дуо? – диэн хата бэркэ сэргээн ааттыыллар.

— Мин оҕобун ыал буоларыгар көмөлөс, дуруускалаа, эрэйгин төлөһүөхпүт, — диэн сибис гынан көрдөһөөччүлэр элбээн иһэллэр.

Дуруускалыырга сөбүлэспит дьоннорун оҕолорун хаартыскаларын, кимнэрин-туохтарын сурунан илдьэ сылдьар. Кэлэ-бара сылдьан ыйыталаһан, кимиэхэ ким сөп түбэһиэн сыымайдыыр, бөлүһүөктүүр идэлээх.

Баһылай чугас ыалын уолларын, Уол Уйбааскыны дуруускалыырга эмиэ сөбүлэспитэ. Ыаллыы улууска олорор, ырааҕынан кэргэнин аймаҕа, үүт собуотугар лаборанынан үлэлиир, отуччалаах Кээчэ диэн кыыс хаартыскатын Уол Уйбааҥҥа көрдөрбүтэ, кимин-тугун кэпсээбитэ. Уол Уйбаан дуруускалыырга сөбүлэһэн, дьонноро күлүктэригэр имнэнэ сылдьаллар.

Баһылай от үлэтэ бүппүтүн кэннэ, Уйбаанныын тиийиэхпит диэн, Кээчэ дьонунуун сүбэлэһэн кэлбитин иһитиннэрдэ. Уйбаан дьоно уолларыгар аныгылыы көстүүм атыылаһан бэлэмнээбиттэрэ. Куораттан күндү арыгы ылларан, дьааһык түгэҕэр укпуттара.

Уол Уйбаан убайын дьиэ кэргэнин кытта уонча ыанар ынахтаах, биэс-алта биэлээх бааһынай хаһаайыстыбалаахтар. Уйбаан тыраахтары бэркэ билэр, көрөр-истэр буолан, саахала суох үлэлээн, атырдьах ыйын ортото, улахан ардахтар түһүөхтэрин иннинэ, үлэлэрин үмүрүппүттэрэ. Кини Баһылай хаһан барабыт диирин сэмээр кэтэһэ сылдьыбыта. Байгыйар Баһылай атырдьах ыйын бүтүүтэ аны ыраах таһаҕас аҕала барар буолбута. Инньэ гынан Уол Уйбааны дуруускалыырга кэпсэтиини, эмиэ айаҥҥа кэлэр-барар атаһыгар, Кэпсээннээх Киргиэлэйгэ ыпсарарыгар көрдөспүтэ.

40-ча саастаах Кэпсээннээх Киргиэлэй:

— Ас баар эрэ буоллар, ону ыпсарар туох улаханнаах буолуой? – диэн хоҥоруутугар хоҥнорбот гына эппитин, Уйбаан дьоно соччо сөбүлээбэтэллэр да, сөбүлэһэллэригэр эрэ тиийбиттэрэ.

Атырдьах ыйын бүтүүтэ Киргиэлэй куоракка барар дьону микро-оптуобуска ыга симэн, айаҥҥа туруммута. Төннөллөрүгэр КП маҕаһыыныгар куораттан толору ас, таҥас атыыласпыттара уонна тустаах дэриэбинэлэригэр куугуначчы айаннаабыттара. Баран иһэн Кэпсээннээх Киргиэлэй Уйбааскыны кытта үгэ-хоһоон соҕус тылынан кэпсэтэн барбыта:

— Дьэ, доҕоор, бачча сааскар диэри хас кыыһы кытта эрийсибиккиний?

— Ама, биир да кыыһы кытта эрийсибэтэх буоллаххыный?

— Оччоҕо кырыллыбытынан уол диибин дуо?

— Оттон кэпсэтиибит табылыннаҕына хоонньоһуоххут дии? Оччоҕо кыыһы кытта хайдах хоонньоһору сүбэлиибин дуо?

Кэнникинэн Уйбааскы кыыһыран барбытыгар, Киргиэлэй дьэ тохтоото. Киэһэлик дэриэбинэҕэ кэлэн ыйыталаһан, Кээчэ дьонугар Сэмээр Сэмэннээххэ чуо тиийдилэр.

Кэпсээннээх Киргиэлэй Сэмэннээххэ киирэн, дорҕоонноох соҕустук дорооболосто. Баһылай Махсыымабыс ыраах айаҥҥа барбытын, онон кини Уйбаанныын бүөм санааларын сорук оҥостон кэлбиттэрин кэпсээтэ.

Дьиэлээхтэр хоноһолор массыыналарын гарааска киллэрдилэр. Дьахталлар сып-сап туттан, остуолга ас арааһын тардыбытынан бардылар. Киргиэлэй хас да иһит күндү арыгыны киллэрэн остуолга уурда.

Кээчэ кыыс унаарыччы көрөн, кыбыстан, имэ тэтэрэн, күөх солко былааччыйаны кэппитэ, олус тупсан көһүннэ. Кэпсээннээх Киргиэлэй иһигэр:

— Бу кэрэ бэйэлээх Кээчэ Уйбааскыга сөбө суох үчүгэй көрүҥнээх кыыс эбит ээ, — дии санаата.

Дьиэлээхтэр от үүнүүтүн, үүт туттарыытын эҥин туһунан ыйыталастылар, чугастааҕы эргин сонуну күө-дьаа кэпсэттилэр. Остуолга олорон баран, Киргиэлэй тыа үлэтин-хамнаһын туһунан кэпсэтэ түһэн баран, арыгыларын үрүүмкэлэргэ кутуталаан, бастакы үрүүмкэни дьиэлээхтэр тустарыгар, иккиһи кэрэ кыыс Кээчэ туһугар тыл этээт, хантатан кэбистэ. Уолун туһунан кэпсиирин умнан, хата бэйэтин туһунан кэпсии олордо.

— Билиҥҥи бириэмэҕэ сатабыллаах киһи үчүгэйдик олорор кэмэ кэллэ. Мин КП биир тутаах салайааччытабын. КП маҕаһыынын табаарын мин эргитэбин. Нэһилиэккэ кэлэр харчыны сатаан эргитиэххэ наада. Харчыны маҕаһыыҥҥа дуу, бааҥҥа дуу биир да ый иһигэр эргиттэххинэ барыыс буола түһэр. Чэ, уонна кэрэ кыыс Кээчэ туһугар иһэн кэбиһиэҕиҥ, — дии олордо.

— Оттон, тукаам, Уйбаан, эн тугу үлэлиигин? – диэн Сэмэн ыйытта.

— Биһиги убайбынаан бааһынай хаһаайыстыбалаахпыт, онно тырахтарыыстыыбын.

— Ээ, бу киһи таах тырахтарыыс эрэ, — диэн, Киргиэлэй аанньа ахтыбатахтыы саҥарда.

— Оттон эн кэргэннээххин, оҕолооххун дуо? – диэн дьиэлээхтэр Киргиэлэйтэн ыйыттылар.

— Ээ, биир кэргэн, биир оҕо диэн чепуха буоллаҕа дии. Билигин кыахтаах саҥа сахалар хас да кэргэннэнэллэрэ көҥүл буолан турар. Куоракка эрэ буолбатах, дэриэбинэҕэ эмиэ саҥа сахалар баарбыт ээ. Хата, Кээчэ миэхэ кэргэн тахсара буоллар, оройуон киинигэр дуу, куоракка дуу кыбартыыра атыылаһан биэриэм, онно олорон, мааны чүөчэ буолуо этэ.

Дьиэлээхтэр ону истэн, соһуйан, сүөргүлээн сып-сап аһаан бүтэн турдулар.

Ийэлэрэ таһырдьа тахса сылдьан баран киирэн:

— Кээчээ, кыбыыга сүөһүлэр киирбиттэр, таһаарыҥ эрэ. Тукаам, Уйбаан, тахсан Кээчэҕэ көмөлөс эрэ, — диэтэ.

Уйбаан сулбу ойон тахсан, кыбыыга киирбит сүөһүлэри Кээчэлиин үүрэн таһааран, күрүөлэрин саптылар.

— Кээчээ, мин эн тускунан истэн, хаартыскаҕын көрөн баран, тута сөбүлээбитим, онон эн санааҕын билээри кэлбитим.

— Оттон ити куһаҕан баҕайы киһини кытта тоҕо кэлбиккиний? – диэн Кээчэ хомойбуттуу саҥарда.

— Оттон Баһылай ыраах айаҥҥа баран хаалан, ити киһилиин кэллим, — диэн Уйбаан буруйдаммыттыы эттэ.

— Мин антах тиийэн баран, суруйуом, эппиэттиэҥ дуо?

— Сөп, эппиэттиэҕим, суруйаар, — диэн Кээчэ күлэ-үөрэ, мичилийэ түһэр. Уйбаан сэрэнэн-сэрэнэн Кээчэни иэдэһиттэн сыллаан ылар.

— Уйбааскы, ханна сүтэн хааллыҥ? – диэн Киргиэлэй баргыытыыр саҥата иһиллибитигэр, Уйбаан киһитигэр барар.

Холуочуйан байааттаҥныы турар киһини дьиэҕэ киллэрэн сытыарбытыгар, хата, киһитэ ол-бу буолбакка сотору утуйан абырыыр.

Сарсыныгар Киргиэлэй өйдөнөн туран:

— Хайа, дьыалабытан ситэ быһаарбатыбыт дуу, тугуй? – диэбитигэр,

— Дьэ, саарбах дуруускаһыт эбиккин, чэ, чээйдээн баран барыахха, — диэн Уйбаан киһитин тиэтэтэр.

Сааһыары Уол Уйбаан ыаллыы улуустан кэргэн сүгүннэрэн аҕалан, улахан уруу тэрийбит үһү диэн сурах иһиллибитэ.

+1
30
+1
0
+1
2
+1
2
+1
1
+1
3
+1
0