Саамай үрдүк хамнастаах эрэгийиэн

04.12.2019
Бөлөххө киир:

Арассыыйаҕа саамай үрдүк хамнастаах эрэгийиэннэр рейтиннэрин оҥордулар. «РИА Новости» иһитиннэрэринэн, 11 эрэгийиэҥҥэ хас биирдии онус киһи ыйга 100 000 солкуобайтан үрдүк хамнаһы ылар.

edersaas.ru

Саамай улахан хамнастаах дьон испииһэгин бастакынан Чукотка арыйда, манна нэһилиэнньэ 32% сүүс тыһыынча хамнаһы аахсар. Иккис миэстэни Ямало-Ненецкэй автономнай уокурук ылла, олохтоохтор 31,7% эмиэ сүүстүү тыһыынча хамнастаахтар.

Дойду тэбэр сүрэҕэ, Москва үһүс миэстэни үллэһиннэ, улахан мегаполис нэһилиэнньэтин 27,4 % 100 тыһыынча хамнаһы ылаллар.

Сахабыт сиригэр 2019 сылга орто хамнас 70 000 солкуобайга чугаһаата (69 904 солкуобай), өрөспүүбүлүкэ Уһук Илин орто хамнас кээмэйинэн бэһис миэстэни ылар.

Оттон 25 эрэгийиэҥҥэ нэһилиэнньэ чиэппэрэ баара-суоҕа 15 000 солкуобай хамнастаахтар диэн «МК.RU» суруйаллар  www.mk.ru/economics/2019/12/02/sostavlen-reyting-rossiyskikh-regionov-s-samymi-vysoki-zarplatami.html

«Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0