Саамай эдэр Дьоруой ийэ

30.11.2018
Бөлөххө киир:

Айталина Максимова Сунтаар улууһун Тэҥкэ бөһүөлэгэр олорор. Кини 35 саастаах, 11 оҕолоох. Онон өрөспүүбүлүкэҕэ саамай эдэр Дьоруой ийэ буолар диэтэхпитинэ, сыыспаппыт.


Айталина Васильевна соторутааҕыта бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Владимир Солодов илиититтэн “Дьоруой ийэ” бэлиэни уонна 1 мөлүйүөнү мэктиэлиир сертификаты туппута. Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн судаарыстыбаттан ылбыт көмөтө манан эрэ бүппэт. 10 оҕолоохторго бэриллэр бырааптарынан туһанан, Дьокуускайга 2 хостоох кыбартыыраны уонна «УАЗ» массыынаны босхо ылбыттара. Өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна федеральнай Ийэ хапытаалын туһанан, улуус киинигэр эмиэ дьиэ атыыласпыттара. Бэйэлэрэ Тэҥкэҕэ төрөппүттэрин дьиэлэригэр олороллор, хаһаайыстыбалаахтар. Аҕалара социальнай хантараах быһыытынан 100 тыһ. солкуобайы ылан, уһанар тэрил атыылаһан, дьиэтигэр олорон миэбэли, ол-бу тэрили оҥорор.

Манна эбэн эттэххэ, элбэх оҕолоох эдэр ийэлэр элбээбиттэрэ харахха быраҕыллар. Бу судаарыстыба элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэри өйүүр миэрэлэрин түмүгэ буолара саарбаҕа суох. 

Оҕолор улаатан, үөрэнэр, үлэлиир кэмнэригэр олорор дьиэ наадата биллэр. Тэҥкэҕэ сүүстэн эрэ тахса киһи олорор, начаалынай оскуолалаах. Онон оҕолор 4-с кылаас кэнниттэн интэринээттээх атын оскуолаҕа баран үөрэнэргэ күһэллэллэр. Максимовтар үс улахан уолаттара Майатааҕы спортивнай оскуолаҕа үөрэнэллэр. Улахан уол 8-с кылаас үөрэнээччитэ, мас тардыһан улууска бастаабыта. Улахан кыыс 19 саастаах, кэргэннээх, Сунтаардааҕы технологическай колледжка ювелир идэтигэр  үөрэнэр. Кэргэнэ бу колледжка программист идэтигэр үөрэнэр. Ону тэҥэ оҕолор Тэҥкэ, Сунтаар оскуолаларыгар үөрэнэллэр, икки оҕо дьыссаакка сылдьар, кыралара 6 ыйдаах.

Иллээх дьиэ кэргэн

Айталина оҕо көрөн олорорун таһынан, уопсастыбаннай үлэҕэ эмиэ көхтөөх. Илин түөлбэ салайааччыта буолан, араас тэрээһиннэри ыытыһар. Тэҥкэлэр аҕыйахпыт диэбэттэр, ырыа-үҥкүү, олоҥхо буоллун, субуотунньук буоллун, бииргэ тутуһан, уопсастыбаннай үлэ оргуйан олорор. Холобур, эбэлэр мустан иистэнэллэр. Айталина кыралаан иистэнэр, оҕуруонан тиһэр, баайар, быысыбайдыыр, кыргыттарын иискэ үөрэтэр. Өссө торт астыырга, билэ, үтүлүк, бэргэһэ, сахалыы таҥас тигэргэ үөрэниэн баҕарар. Оччотугар улахан дьиэ кэргэнигэр эбии харчылаһыах этэ.

Максимовтар оҕолорун бэйэ холобурунан үлэҕэ үөрэтэллэр. Уолаттар бары астыыллар, кыыс-уол үлэтэ диэн араарбаттар. Ийэлэрэ этэринэн, уолаттар ордук минньигэстик астыыллар. Дьиэтээҕи үлэни бары графигы тутуһан, дьуһуурустубанан толороллор. Сайынын окко, сир аһыгар, оҕуруокка күргүөмүнэн сылдьаллар, кыһынын хотон үлэтигэр көмөлөһөллөр. Уолаттар аҕаларын кытта балыктыыллар.

Ый аайы төрөөбүт күннэри ылаллар, дэриэбинэ оҕолоро бары кэриэтэ кэлэллэр. Сайынын оҕолор былаһааккаҕа оонньоон, футболлаан, сололоро суох буолар. Дьиэ кэргэнинэн айылҕаҕа тахсан сынньаналларын сөбүлүүллэр. Тэҥкэҕэ Абааһы балаҕана диэн ураты кэрэ айылҕалаах сир баар. Онно похуоттуу барар үгэстээхтэр. Саҥа дьылга харыйа анныгар бука барыларыгар бэлэх күүтэн сытар буолар, ол иһин оҕолор 12 чаас буоларын наһаа кэтэһэллэр.

“Киһи баайа – оҕолоро”

— Айталина Васильевна, үрдүк наҕараадаҕынан эҕэрдэлиибин! Кистэл буолбатах буоллаҕына, мөлүйүөҥҥүтүн туохха туттаары сылдьаҕыт?

— Махтал. Дьокуускайга саҥа тутуллар дьиэбит өрөмүөнүгэр ыытыахпыт. Оҕолор үөрэнэллэригэр куоракка дьиэ наада. Ону тэҥэ үһүс кыыһым төрүөҕүттэн глаукомалаах, ону 6 ый буола-буола куоракка кэлэн көрдөрөн барабыт. Онон судаарыстыбаҕа махталбыт улахан, оҕолору атахтарыгар туруорарга көмөлөөх.

— Сорох кыргыттар, дьахталлар элбэх оҕолоноллоруттан куттаналлар. Доруобуйабыт тулуйбат дииллэр уонна, хас биирдиилэрин атаҕар туруорартан, иитэртэн, хааччыйартан саллаллар…

— Эдэр сылдьан, 4 оҕо сөп дии саныыр этим. Бэйэм элбэх оҕолоох ыалга улааппытым. Ону тэҥэ, оҕо түһэртэрэри аньыыргыыбын. Таҥара бэлэҕин киэр анньыы курдук буолар. Киһиэхэ баар-суох баайа – оҕолоро буоллаҕа дии.

— Арай, Таҥара өссө биэрдин, төрүөҥ этэ дуу?

— Төрөөн буоллаҕа. Доруобуйам үчүгэй. Төрүүр дьиэҕэ миигин тута билэллэр (күлэр). Элбэх оҕоҕо киһи үөрэнэн хаалар эбит. Ханна эрэ бардахтарына, аҕыйах буолан хааллахха, чуҥкуйан киирэн бараҕын. Дьиэ иһин толору оҕо-аймах күлэ-үөрэ, мэниктии, оонньуу сылдьара саныахха астык. Эбэлээх эһэлэрэ көрөргө көмөлөһөллөр. Хайа уонна элбэх оҕо бэйэ-бэйэлэрин көрсөллөр, туһалара да баһаам.

— Оттон барыларын таҥаһынан, оонньуурунан хааччыйар уустуга буолуо дии…

— Маскарааттарын бэйэм тигэбин. Биир эмит оҕоҕо саҥа таҥаһы, оонньууру ыллахха, биллэн турар, атыттар хомойоллор. Ол иһин тэҥҥэ ыла сатыыбыт, эбэтэр, уочаратынан. Элбэх таҥас мунньуллар, онон нэдиэлэҕэ иккитэ сууйабын. Уолаттар бэйэлэрэ сууналлар.

Тумууга сыстыһан, бары ыалдьаллар. Ол эрээри, эмкэ наһаа үөрэтэ сатаабаппын. Иммунитеттарын бөҕөргөтөргө атах сыгынньах сырытыннарабын, сөтүөлэтэбин. Кыра эрдэхтэринэ, кыра дэриэбинэҕэ көҥүл-босхо улааталлара үчүгэй. Кэлин киэҥ сиргэ үөрэнэллэрэ ордук. Наһаа кытаанахтык туппакка, күүскэ мөхпөккө, баҕарбыттарын ылан биэрэргэ кыһаллабыт. Дьоллоох оҕо сааһы бэлэхтиири таһынан, дьоҕурун сайыннарыы, бэйэтин суолун солонорго үөрэтии саамай наадалаах.

Ангелина ВАСИЛЬЕВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0