СААМАЙ БААЙ УОННА СААМАЙ КИСТЭЛЭҤ

Ааптар: 
14.06.2017
Бөлөххө киир:

Киһи аймах сайдан кэлбит суолун тухары мунньубут үтүмэн билиитин-көрүүтүн тааска оҥо быһан хаалларбыта, свитоктарга, манускриптарга суруйан үйэтиппитэ, кэлин кинигэҕэ киллэрэн харайбыта. Онтон сэдиптээн бибилэтиэкэлэр үөскээбиттэрэ.

edersaas.ru  


Аҕыс аҥаар көстөөх кинигэ!

Түҥ былыргы Александрия уонна «Тоҕус биллибэт сойуус» кистэлэҥ уопсастыба бибилэтиэкэлэрин уо.д.а. тустарынан биһиги билигин историяттан эрэ билэбит. Кинилэри кытары биир кэмҥэ сыһа үөскээбит эрээри, күн бүгүнүгэр диэри үүнэ-сайда, эбиллэ, байа-хаҥыы турар биир бибилэтиэкэ баар. Ол — Ватикан бибилэтиэкэтэ. Официальнай чахчынан, Ватикан апостольскай бибилэтиэкэтигэр 2 мөл. бэчээттэммит, 150 тыһ. илиинэн суруллубут кинигэ, 8300 аан бастаан бэчээттэммит кинигэ, 1 мөлүйүөн кэлин бэчээттэммит кинигэ, 100 тыһ. гравюра, 200 тыһ. хаарта уонна докумуон, ону таһынан үлүгэрдээх элбэх ускуустуба айымньылара, 300 тыһ. мэтээл, манньыат о.д.а. хараллан сытар. Барыта 650 салаалаах бибилэтиэкэ кинигэлэрин ойоҕосторунан туруорар буоллар, аҕыс аҥаар көс устатын тухары субуллуо этилэр.

Официальнайа суох чахчынан, букатын аҕыйах эрэ киһи билэр сир аннынааҕы хранилищелар кистэлэҥ хосторугар эмиэ онтон итэҕэһэ суох матырыйааллаах архыып баар. Дьэ чуолаан, бу кистэлэҥ хосторго Сир айыллыытыттан, киһи аймах үөскээһиниттэн саҕалаан үйэ-саас тухары мөккүөр бөҕөтүн мөҥүрэтэр араас эгэлгэлээх ыйытыыларга сөптөөх хоруйу биэрэр илиинэн суруллубут кинигэлэр ууруллан сыталлар эбит. Манна түҥ былыргы бибилэтиэкэлэр, ол иһигэр улахан баһаарга умайбыт, сэрии кэмигэр урусхалламмыт эбэтэр төрүт сүппүт Фива, Карфаген уонна Александрия бибилэтиэкэлэрин кинигэлэрин көрүөххэ сөп.

Александрия бибилэтиэкэтэ

Биллэрин курдук, Александрия бибилэтиэкэтэ биһиги эрабыт иннинэ Птолемей Сотер фараон саҕана тэриллибитэ. Оччотооҕу ирдэбил быһыытынан, Египеккэ кэлэр араас омук хараабыллара бэйэлэрин тылларынан тахсар пергаменнары, свитоктары хайаан даҕаны биэрэр эбээһинэстэрэ олохтонон, бибилэтиэкэ пуондата түргэн тэтиминэн хаҥатыллыбыт. Биһиги эрабыт саҕаланыыта аан дойду саамай баай кинигэни харайар сиринэн биллибит. Бибилэтиэкэҕэ эппиэттээх үлэһиттэри таһынан, свитоктары куоппуйалыырга уонна суортуурга хас эмит сүүһүнэн кулуту тутар эбиттэр.

Тутулуга суох чинчийээччилэр этэллэринэн, Александрия бибилэтиэкэтэ төрүт даҕаны уокка былдьамматах, киһи аймах үөскүөҕүттэн көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн испит дьиҥнээх чахчыны бар дьонтон кистээри, Ватикаҥҥа көһөрбүттэр. Ватиканы Амон храмын жрецтэрэ тэрийбиттэр, онон кини дьиҥнээх резиденцията Италияҕа буолбакка, Египеккэ, Фива храмыгар баар, оттон Италиятааҕы Ватикан киһи аймах кистэлэҥ билиитин харабыла эрэ эбит. Бу дьон өссө билиҥҥи цивилизация Ватикан дьиҥнээх хаһаайыттарын санааларыгар сөп түбэһиннэрэн сайдар итиэннэ эмиэ кинилэр эрэ көҥүллээбит билиилэрэ-көрүүлэрэ, чахчылара тарҕанар, наука ситиһиитэ аатырар дииллэр.

Күҥҥэ 150 эрэ киһи

Историяттан биллэринэн, Ватикан бибилэтиэкэтэ официальнайдык 1475 сыллаахха бэс ыйын 15 күнүгэр Сикст IV дьаһалынан тэриллибитэ эрээри, ити кэмҥэ Папа бибилэтиэкэтэ араас омук дойдуларыттан хомуллубут үс тыһыынчаттан тахса рукопистааҕа. Бу теологияҕа уонна итэҕэлгэ сыһыаннаах үлэлэри таһынан, латыын, грек, былыргы еврей, копт, арааб уо.д.а. тылларынан суруллубут классическай айымньылар, философскай трактаттар, историяҕа, юриспруденцияҕа, архитектураҕа, муусукаҕа уонна искусствоҕа үлэлэр эбиттэр. Ити кэмтэн ыла пуонданы хаҥатыы үлэ утумнаахтык ыытыллан, аан дойду норуоттарын суругунан өйдөбүнньүктэрэ барыта түмүллүбүт.

Билиэн-көрүөн баҕалаах дьон интэриэһин Ватикан бибилэтиэкэтэ күүскэ тардар. Манна кинигэ көрөр эбэтэр архыыпка үлэлиир учуонайдар, чинчийээччилэр хас эмэ ый инниттэн сыалларын-соруктарын чуолкай быһааран, ыйытык ыытан, сөбүлэҥ ылаллар. Оннук дьолго киһи барыта түбэспэт, күҥҥэ 150 эрэ киһи көҥүл ылан киирэр. Биһиги Национальнай бибилэтиэкэбит күннээҕи ааҕааччыта итинтэн, бука, элбэх буолуохтаах.

Манабыл кытаанах да буоллар…

Ватикан бибилэтиэкэтэ аан дойдуга саамай харабылланар эбийиэк. Швейцария аата-ахса биллибэт үгүс гвардеецтарын таһынан, хас да таһымнаах аныгы автоматическай систиэмэлэр маныыллар.

Бобуулаах ордук абылаҥнаах. Киһи аймах бүттүүнүн баайа буолар былыргы манускриптары уорарга холонуу түбэлтэлэрэ син тахсыталыыр эбит. Ол курдук, сүүрбэччэ сыллааҕыта, чуолкайдаан эттэххэ, 1996 сыллаахха ускуустуба историятын үөрэтэр Америка биир профессора XIV үйэтээҕи Франческо Петрарка манускрибыттан хас да илииһи быһа тардан сууттанан турар.

Харахтаах көрбөт, тыҥырахтаах тыыппат

Бибилэтиэкэҕэ хараллан сытар үгүс матырыйаал күн бүгүнүгэр диэри үөрэтиллэ-чинчийиллэ илик. Холобур, Улуу Леонардо да Винчи кэккэ үлэлэрэ киэҥ эйгэҕэ төрүт көрдөрүллүбэттэр. Тоҕо? Тутулуга суох чинчийээччилэр итини Леонардо үлэлэрэ сиэркэп суолтатын намтатар ис хоһоонноохторун сүтэрэ иликтэринэн быһаараллар.

Тольтек-индеецтэр былыргы кинигэлэрэ көрүүгэ эмиэ бэриллибэттэр. Ити барыта араас үһүйээни үөскэтэр. Холобур, сорохтор бу кинигэлэргэ инкалар сүппүт көмүстэрин туһунан суруллубут, атын планетаттан кэлээччилэр тустарынан чахчылар итиэннэ Паасха арыытын таас “дьонун” кистэлэҥнэрэ бааллар дииллэр.

Аатырар Калиостро биир үлэтин куоппуйата баар эбит. Онно киһини эдэригэр түһэрэр, былыргы Индия жрецтэрэ оҥорбут “Кайя Каппа” диэн ньымаларыгар майгынныыр эликсир туһунан суруллубут үһү. Даҕатан эттэххэ, Тапасвиджи диэн индус киһитэ “Кайя Каппаны” туһанан 185 сааһыгар диэри олорбута.

Хараҥаҕа сырдык тыгар

2012 сыллаахха Ватикан бибилэтиэкэтэ сорох докумуоннары (ол иһигэр 1200 сыллаах манускриптары) ытык судаарыстыба иһиттэн таһааран, Римҥэ, Капитолий мусуойугар “Хараҥаҕа тыкпыт сырдык” быыстапкаҕа туруорбута.

— Ватикан бибилэтиэкэтин туһунан араас сымыйа дойҕоҕу үрэйэр туһугар бу быыстапканы тэрийдибит, — диэбит быыстапка аһыллыытыгар тэрийээччилэртэн биирдэстэрэ, архивист Джанни Вендитти.

Быыстапка интэриэһинэй экспонаттарынан Галилео Галилей процеһын боротокуола, Рим биир сиэркэбин тутуу хаамыытын туһунан Микеланджело суруга буолбуттар. Маннык докумуоннар бааллара уруккуттан биллэр, онон кинилэри көрүүгэ таһаарыы кимиэхэ да туох да кутталы оҥорбот. Оттон сабыылаах пуондаҕа сытар архыып матырыйааллара бар дьон билиитигэр тахсыахтара өссө да ыраах быһыылаах. Ол тэҥинэн “үһүлэр” сиэллэрэ-кутуруктара уһуур.

Түмүк оннугар

Аан дойду кинигэтэ барыта хараллан сытар сиригэр биһиги, сахалар, туспутунан кинигэлэр бааллара чахчы. Азебайджанецтар бэйэлэрин тустарынан 1,5 тыһыынча сыллааҕы рукопистары булбуттарынан сылыктаатахха, сахалар эбэтэр былыргы түүрдэр да тустарынан туох эмит чахчыны булуохха сөп эбитэ буолуо.

Раиса СИБИРЯКОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru  

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0