«Хаарбах туруктаах олорор дьиэлэртэн көһөрүү» аадырыстаах бырагыраама чэрчитинэн, 2013 сылтан саҕалаан Дьокуускай куоракка саахалланар туруктаах 138 дьиэ көтүрүллүбүтэ. Анивера АКИМОВА, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru
2016 сылга саахалланар туруктаах дьиэлэргэ олорооччулар Дзержинскэй уулуссатын 47-гэр, Лермонтов уул. 26-гар, Билибин уул. 17/1, 17/2, 17/3, Челюскин уул., 2/1, Яков Потапов уул. 27/1, Ново-Карьернай уул. 22/9, Герман Титов пер. 2/2 уонна 203 микро-оройуоҥҥа көһөн, саҥа кыбартыыраҕа киирэн, малааһын остуолун тэрийбиттэрэ.
Маны таһынан, 53 эдэр ыал, бүддьүөт тэрилтэлэрин 84 үлэһитэ уонна тулаайах хаалбыт 335 оҕо дьиэнэн-уотунан хааччыллыбыттара.
Ол эрээри… Эмиэ ол эрээри диирбитигэр тиийэбит. Хомойуох иһин, сорох саҥа дьиэлэр хаачыстыбалара быста мөлтөҕүн таһынан, олус тымныытын этэллэр.
«Товары Саха Якутместпрома» ХЭУо Билибин аатынан уулуссаҕа үс дьиэни тутан,үлэҕэ киллэрбитэ. Бастакы блок 5 мэндиэмэннээх, 101 кыбартыыралаах, иккис блок — үс мэндиэмэннээх, 60 кыбартыыралаах, үһүс блок — 5 мэндиэмэннээх, 92 кыбартыыралаах.
Бу туһунан салгыы сиһилии суруйуохпут.
Хаартыска: интернеттэн.
Анивера АКИМОВА, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru