Саахыматчыт миниистир Владимир Егоров

Ааптар: 
19.01.2017
Бөлөххө киир:

Ааспыт сыл ахсынньытыгар СӨ үөрэҕин уонна наукатын миниистиринэн математик идэлээх В.А.Егоров анаммыта. Саҥа миниистир кимтэн кииннээх, хантан хааннаах киһи буоларын, дьиэ кэргэнин уонна үөрэх систиэмэтигэр санаатын туһунан сиһилии хоруйдары бүгүҥҥү кэпсэтиибитигэр таһаарабыт.

Людмила Попова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/

Оҕо саас. Свердловскай уобалас

— Владимир Анатольевич, ханна олорбутуҥ, оҕо сааһыҥ ханна аспытын туһунан кэпсии түһүөҥ буолаарай.
— Биһикпин ыйаабыт сирим Сунтаар буолар. Түөрт сааспар диэри онно олорбутум. Аҕам Егоров Анатолий Иннокентьевич политехническай институкка үөрэнэр буолан, түөрт саастаахпар Томскайга барбыппыт. Балтым Настя онно күн сирин көрбүтэ. Аҕам үөрэҕин бүтэриэр диэри Томскайга олорбуппут. Уоппускатыгар сылдьар кэмигэр, ый курдук Сунтаар 1 №-дээх оскуолатыгар маҥнайгы кылааска үөрэнэ сылдьыбыттааҕым. Салгыы ахсынньыттан Свердловскай уобалас Заречнай бөһүөлэгэр бастакы кылааска үөрэнэ киирбитим. Ахсыс кылаас кэнниттэн, үс туурдаах эксээмэни ааһан, Москватааҕы Судаарыстыбаннай университет иһинэн, физика-математика хайысхалаах 18 №-дээх анал интернат-оскуолаҕа үөрэнэ киирбитим. Билигин ол үөрэммит оскуолам уларыйан, А.Н.Колмогоров аатынан анал үөрэтэр-научнай киин диэн ааттаммыта.
Сайын аайы балтым биһикки төрөппүттэрбитин кытта Сунтаарга аймахтарбытыгар кэлэрбит.

Саахыматчыт дьиэ кэргэн

— Саахымакка дьиэ кэргэнинэн оонньууллар диэн истибитим.
— Саахымакка уһуйуллуум остуоруйалаах диэххэ сөп. Алта саастаахпар, өссө Томскайга олорор эрдэхпитинэ, биирдэ ыалдьан балыыһаҕа киирдим. Син балачча кэм, икки нэдиэлэ эҥин сыттым быһыылааҕа. Онтон икки түгэни өйдөөн хаалбыппын. Бастатан туран, балыыһаҕа сытан саахыматтыырга үөрэммитим. Иккиһинэн, маҥнайгы педагогическай уопуппун ылбытым — нуучча оҕолорун саха тылыгар үөрэппитим. Биир букатын туйгун үөрэнээччилээх этим. Анаан-минээн тылбаас тэтэрээтэ оҥостон, барытын сурунан иһэрэ. Аны Заречнайга үөрэнэ сылдьан икки сүрүн дьарыктааҕым — доҕотторбун библиотекаҕа суруйтарарым уонна саахымакка үөрэтэр этим. Саахымакка уһуйуллуум ити курдук саҕаламмыта.
Оттон дьиэ кэргэним туһунан эттэххэ, кэргэним Айталина Григорьевна медицинскэй наука кандидата. Үс кыыс оҕолоохпут. Улахан кыыспыт Туйаара алта саастааҕар, оччолорго Десногорск куоракка (Смоленскай уобалас) олорор кэммитигэр бэйэм үөрэппитим. Ийэбит Санкт-Петербург куоракка аспирантураҕа үөрэнэрэ, элбэхтик кэлэрэ-барара. Иллэҥ кэммитин туһалаахтык атаара таарыйа саахыматтыыр этибит. Ол сылдьан түргэн баҕайытык үһүс разряды толорбута. Биир кэмҥэ ый курдук ийэтэ илдьэ барбыта. Пионердар дыбарыастарыгар тиийбиттэрэ, арай, Санкт-Петербург куорат чөмпүйэнээтэ буолаары турар үһү. Туйаара ол күрэхтэһиигэ кыттан бастыыр. Итинтэн кынат үүннэринэн, салгыы саахыматынан умсугуйан туран дьарыктаммыта. Саахыматынан оҕо эрдэхпиттэн оонньуурум да, улаханнык күрэхтэһиилэргэ кыттыбат этим, разряд эҥин толорботоҕум. Кыыспын кытта оонньуур сылларбар саахымакка бэйэм да ыллардым. Ол сылдьан иккиэн иккис разряды толордубут. Онтон ким бастакыны толорор эбит диэн, бэйэбит икки ардыбытыгар сакалааттастыбыт. Кини кыайбыта, өссө “Азия оҕолоро” норуоттар икки ардыларынааҕы I спортивнай оонньуулар чөмпүйүөнэ буолбута, Россия чөмпүйэнээтигэр үһүс-төрдүс миэстэлээх, Европа чөмпүйэнээтин кыттыылааҕа. Мин толорбокко хаалбытым, кыранан тиийбэтэҕэ. Орто кыыспытын Дайаананы эмиэ 6-7 саастааҕар үөрэппитим. Кинини дьарыктыыр кэммэр, Дайааналыын 1-кы разряды дьэ толорбуппут. Дайаана 12-гэр диэри саастаах оҕолорго Уһук Илин уокурукка чөмпүйүөннээбитэ. Кыра кыыспыт Айыына эдьиийдэрин кытта оонньуурбутун мэлдьи көрөр буолан, бэйэтэ үөрэммитэ. Сүбэлиир эҥин этэ. Ол сылдьан 5 саастааҕар (8 саастарыгар диэри оҕолорго) өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөнэ буолбута. Аны хайабыт маҥнай кандидат нуорматын толорор эбит диэн Айыынабын кытта сакалааттастым. Кини ФИДЕ (саахымат норуоттар икки ардыларынааҕы федерацията) маастарын нуорматын толорбута. Мин эмиэ кыранан тиийбэккэ хаалбытым. Айыына оҕолорго аан дойду икки төгүллээх чөмпүйүөнэ, Европаҕа түргэн оонньууга үрүҥ көмүс призер. Онон сиэннэрбин кытта ситиһиэм, маастарга кандидат нуорматын толоруом дии саныыбын. Ийэбит эмиэ оҕо сылдьан Хатас бөһүөлэгин аатыттан куоракка кэлэн, саахымат күрэхтэһиилэригэр кыттар эбит. Билигин дьиэ иһинээҕи дьону кытта кыралаан оонньуур.

Тиксии 2 №-дээх оскуолатын кыһалҕата

— Тыа сирин түгэх нэһи­лиэктэригэр, ордук хоту улуустарга, үөрэҕириигэ исписэ­лиис тиийбэт кыһалҕата баар.
— Араас хайысхалаах исписэлиистэртэн турар бөлөхтөрү тэрийэр былааннаахпыт. Уу сахалыы быһааран эттэххэ маннык. Ордук үөрэҕи саҥа бүтэрбит эдэр дьон, биирдиилээн тыа сиригэр бардахтарына, олохторун усулуобуйата уларыйан, хаһан да харахтаан көрбөтөх сирдэригэр соҕотох тиийэн, уһуннук үлэлээбэт. Онон араас идэлээх исписэлиистэри мунньан, бөлөх тэрийэн, чопчу биир оскуолаҕа ыытар санаалаахпыт. Бу билиҥҥитэ бырайыак быһыытынан толкуйдана сылдьар. “Арктика оскуолата” диэн бырагыраама эмиэ үлэлиир.
— Булуҥ оройуонун Тиксии 2-с №-дээх оскуолатын учууталлара, 2017 сылтан хамнас ааҕыыта саҥа систиэмэҕэ көстөҕүнэ, хамнаспыт кыччыыр диэн долгуйаллар. Ити боппуруос хайдах быһаарыллан эрэрий?
— Бу боппуруоска СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтин хамыыһыйата үлэлээбитэ. Булуҥ улууһун баһылыгын уонна үөрэҕин управлениетын начальнигын кытта көрсө сылдьыбыппыт. Тустаах боппуруоһу быһаарарга министиэристибэ бэйэтин өттүттэн сүбэлэри биэрбитэ, кэккэ миэрэлэр ылыныллыбыттара. Оскуоланы тэрийээччи — улуус. Ол эрээри, биир систиэмэттэн атын систиэмэҕэ көһүүнү оскуола кэлэктиибэ бэйэтэ быһаарар. Тустаах оскуола малокомплектнай оскуолалар кэккэлэригэр сылдьыбыт. Дьоҕус малокомплектнай оскуолаларга турар ирдэбиллэргэ эппиэттээбэт буолан, испииһэктэн таһаарбыттар. Бу биллэн турар, оскуолаҕа охсуулаах буолар. Састаап үлэлээбитин курдук үлэлии олорор, оттон урукку көрүллэр чэпчэтиилэр номнуо төлөммөттөр, үлэ төлөбүрүн пуондата аччыыр. Маныаха балаһыанньаттан тахсар суолу оскуола уонна улуустааҕы үөрэх управлениета бэйэлэрэ быһаарыахтаахтар. Онуоха хамыыһыйа бэйэтин сүбэтин биэрбитэ.

Бастакынан — хаачыстыбалаах үөрэх

— Саҥа анаммыт миниистир быһыытынан, инники күөҥҥэ туох сыалы-соругу туруорунаҕыный?
— Биллэн турар, сүрүн сыал — үөрэх хаачыстыбатын үрдэтии. Маныаха биһиги иннибитигэр хас даҕаны хайысха турар. Ол курдук, учуутал үлэтэ сөптөөхтүк сыаналарын хонтуруоллааһын. Иккиһинэн, материальнай-техническэй база үөрэх хаачыстыбатын үрдэтиигэ сөп түбэһэр буолуохтаах.
Аҕыйах хонуктааҕыта математика учууталларын кытта көрсүбүтүм. Онно учууталлар хамнас сөптөөхтүк төлөнөрүн ыйбыттара уонна учуутал аатын, учуутал идэтин таһымын үрдэтии курдук атын көстүүлэргэ болҕомтону уурар ордук этэ диэн санааларын биллэрбиттэрэ.
Ил Дархан Е.А.Борисов үөрэх уонна наука министиэристибэлэрэ силбэһиилэрин кыаҕын хайдах таба туһанары толкуйдуурга сорук туруорбута. Министиэристибэ туох үлэни-хамнаһы ыытара сырдатыллыахтаах, тугунан тыынан олорорун дьон-сэргэ билиэхтээх
диэн эппитэ.

2017 сыл улахан тэрээһиннэрэ

— Бу сылга үөрэх эйгэтигэр туох улахан тэрээһиннэр ыытыллыахтарай?
— Быйыл кэккэ улахан тэрээһиннэр былааннаналлар. Ол курдук, ССРС норуодунай учуутала төрөөбүтэ 100 сылыгар анаан, ыам ыйын 1-9 күннэригэр М.А.Алексеев аатынан Азия физическэй олимпиадата ыытыллыаҕа. Бу Азия дойдуларын үрдүкү олимпиадата буолар. Манна ортотунан 25 дойдуттан саамай күүстээх, чаҕылхай оҕолор кэлэн кытталлара күүтүллэр. Бүгүҥҥүтэ хамаандалар бэлэмнэнэ сылдьаллар. Россия 8 киһилээх туспа хамаанданы аҕалар. Ону таһынан Саха сирэ эмиэ аҕыстыы киһилээх икки хамаанданы туруоруоҕа.
Иккиһинэн, кулун тутар бүтүүтэ 16 компетенциянан Бүтүн Россиятааҕы “WorldSkills” сүүмэрдиир күрэхтэһиитэ ыытыллыаҕа. Манна Россия 71 субъегыттан 600-чэкэ кыттааччы кэлэрэ сабаҕаланар.
Үсүһүнэн, эһиил буолуохтаах норуоттар икки ардыларынааҕы “Интеллектуальнай оонньууларга” улахан болҕомтону уурабыт. Ол чэрчитинэн быйыл бэс, от ыйдарыгар норуоттар икки ардыларынааҕы чинчийэр оскуола үлэлиэҕэ. Бэйэбит оҕолорбутун сэргэ атын дойду үөрэнээччилэрэ хабыллыахтара. Научнай-чинчийэр тиэмэҕэ бииргэ үлэлээһин бырайыага олохто­нуоҕа. Маныаха оҕолору тас дойдулартан ааттаах-суоллаах преподавателлэр кэлэн бэлэмниэхтэрэ. Чинчийэр ­тиэмэҕэ бииргэ үлэлэһиигэ Гонкону, Индияны, Бразилияны кытта бы­лааннардаахпыт.
Итини таһынан, өрөспүүбүлүкэҕэ Технопарк систиэмэтин олохтуу сылдьабыт. Саха сирэ бу хайысханы өйүүр Федеральнай граны сүүйбүтэ. Онтон наука чааһыгар этэр буоллахха, улахан научнай-чинчийэр бырайыак үлэлиир. Балартан биһиги региоммут экэниэмикэтин сайдыытыгар сөптөөхтөрүн, тиэмэлэринэн бэлэмниир былааннаахпыт.

Людмила Попова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0