Саахал туоратылынна, уот холбонно

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Өрүс уҥуордааҕы оройуоннары уотунан хааччыйыы  быстах кэмнээҕи схеманан чөлүгэр түһэрилиннэ.

Мэҥэ Хаҥалас уонна Хаҥалас улуустарын уотунан хааччыйыы быстах кэмнээҕи схеманан оҥоһулунна. Бу 220 Кв «Майя» ПС  («ФСК ЕЭС» ПАУо) толору оҥоһуллуор диэри үлэлиэ. Бу туһунан СӨ ОДьКХ уонна энергетика министиэристибэтин саайтыгар суруллар.
Олунньу 5 күнүгэр 00:24 чааска КВЛ 35 кВ «Майа – Аллараа Бэстээх» холбонно. 02:13 чааска хочуолунайдар ситимҥэ көһөрүлүннүлэр. Уус Алдан уонна Нам оройуоннара кииннэммит уот ситиминэн хааччыллаллар.
Санатан эттэххэ, 220 кВ «Майа» ПС саахал тахсан, уот бара сылдьыбыта.
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0