Үрдүк категориялаах норуот эмчитэ уонна иннэһитэ, терапевт-быраас, СӨ доруобуйа харыстабылын туйгуна, Сунтаар улууһун Бочуоттаах олохтооҕо Анна Васильевна Дохунаева “Сааһырбыт дьоҥҥо сүбэлэр” кинигэтиттэн быһа тардан бэчээттиибит.
Кырдьыыны утар
Кытай лимоннигын 20-30 таммаҕынан күҥҥэ үстэ ый устата ис.
Луугу уонна мүөтү (1:1) булкуй уонна 1 ч.нь. үстүү чаас буола-буола сии сырыт – холестериҥҥын түһэриэҕэ.
Редька суогун мүөккэ булкуйан ыстакаан аҥаарыттан саҕалаан, күҥҥэ 2 ыстакааҥҥа тириэрт – атеросклерозкун эмтиэҕэ, үөс тааһын суурйыаҕа.
Дьэдьэн отонун элбэхтик сиир үчүгэй, отун оргутан өр ис – сүһүөхтэргэр туус олоруута аҕыйыаҕа.
Ньээм-ньээм (одуванчик) сибэккилээн турдаҕына хомуйан (сибэккитин уонна үнүгэстэрин) саахары кутан хаһаан, саас оргутан ис, саахарыҥ түһүөҕэ.
Төбөҥ “итийэр” буоллаҕына, атаххын сылаас ууга (38-45 кыраадыс) уган угуттаа, тилэҕиҥ сылыйан, төбөҕөр мустубут хаан тилэххэр кэлиэҕэ. Тоҥноххуна, атаххын сылыт, тумуу киирбэккэ туоруоҕа.
Өйгүн мускат эриэхэтин, имбиири, корицаны, кардамону, шафраны аһылыккар туттан, “сытыылыыр” буол диэн Авиценна сүбэлиир.
1 ост.нь. отурбаны ыстакаан аһыйбыт үүккэ булкуйан, киэһээҥҥи аһылык 30 мүнүүтэ иннигэр сиэтэххэ, хойуулук хатарын (запор) бопсор.
Кытаанахтык утуйаары иилистэр оту (хмель), миэлиссэни, эбэтэр мээтэни мөһөөччүккэ суулаан, сыттык анныгар уктан утуйар үчүгэй.
Боҕуруоскай от (чабрец), долохоно (боярышник), өтөх ото (пустырник) уонна миэлиссэ (мелисса) оттору тэҥ-тэҥҥэ ууга оргутан, 20-30 хонук истэххэ, кырдьаҕас дьон сэргэхсийэ түһэллэр.
Аҕыйах арыыны-сыаны сиир уонна сыаҕа хооруллубут аһылыктартан аккаастанар ордук, искэннэр буулаабаттар.
Хатыҥ сэбирдэҕэ собо тылын саҕа буолан турдаҕына, хомуйан хаһаанар ордук – киһини сэниэлиир.
Күн аайы биир ый устата лимон чиэппэрин хахтары сиир кырдьыыны бытаардар. Эбэтэр сарсыарда сылаас ууга суурайан иһиэххэ сөп.
Соҕуону быһан ылан бырахпыт буоллахтарына, элбэхтик моркуобу сиэ.
Эриэппэ луук уонна чеснок тыҥа араагыттан быыһыыллар.
Хаппыыста суога араас консерваннары суох оҥорор.
Цитрусовайдар уонна көөнньүбүт (квашенай) хаппыыста эмиий уонна суон оһоҕос араактарыгар эмтээхтэр.
Суон оһоҕоско “полип” диэни буллахтарына, эти уонна сыаны сиэмэ.
Хаан баттааһына үрдүүр буоллаҕына, 200 гр. ууга 1 ч.нь. кырахымаалы суурайан оргут уонна 5-6 таммах дьуоту таммалат, булкуйан баран, аҥаарын ис уонна тута дабылыанньаҕын кээмэйдэн, түргэнник түһэрэр диэн хайгыыллар.
Харас (черника) харах көрөрүн тупсарар.
Кырдьан кулгааҕыҥ тыаһыыр буоллаҕына, эбиитин мэйииҥ эргийэригэр 5 ост.нь. харыйа иннэтин + 2 ост.нь. дөлүһүөн отонун + 2 ост.нь. луук хаҕын 2-3 мүнүүтэ устата киилэ аҥаара ууга оргутан, уутугар 3 чаас сойутан баран, ыстакаан аҥаарынан күҥҥэ үстэ иһиллэр.
Нэдиэлэ биир күнүгэр аччыктаа, бу иннинэ клизмалан.
Олорор сири сөпкө талыы
Киһи дьиэ туттар миэстэтин, үлэлиир остуола, утуйар ороно турар сирин үчүгэйдик талан туруоуруохтаах. “Үчүгэй” уонна “куһаҕан” сир баарын өйдөөн, олоҕун оҥостуохтаах.
Былыр сахалар дьиэ тутталларыгар ыраас, сырдык, күн үчүгэйдик көрөр, ынах-сүөһү таптаан сытар, таалалыыр, үөн-көйүүр да элбэх сирин талаллара. Киирэр ааннара илин диэки буолара.
Оттон дьиэ иһигэр хайдах буолабыт? Хоско киирээт, илин диэки хайыһан туран, уҥа илиини буукка сыһыары тутан, хаҥас илии ытыһын сир диэки туһаайан баран, илии иһинэн төгүрүччү эргитэ-эргитэ хаамыллар. Илии “итии”, “тымныы” сири булар. Дьэ, ити курдук дьиэ иһигэр бэйэ миэстэтин булуохха сөп. Сөптөөх миэстэни булан, айылҕа үтүө ситимигэр киирэн, киһи үйэтин уһатыан сөп.
Арыгыттан, табахтан аккаастан
Табах уонна арыгы дьаат буолалларын киһи барыта билэр. Ол эрээри дэбигис тэйэ охсубат. Табахсыт үйэтэ 10-15 сыл кылгыыр, никотин илии-атах тарбахтарын кыра тымырдарыгар хаан тиийэрин хааччахтыыр, төбө, сүрэх тымырдарыгар олоҕуран, инфаркт, инсульт төрүөтэ буолар. Табах иммунитеты мөлтөтөр, сотору-сотору бронха, тыҥа ыарыылара көбөллөр. Сорох дьон табаҕы быраҕыаҕын уойартан саллар, дьиҥэр, табах дьаата киһи сыатын чахчы уулларар, ол эрэн саҥа сыа үөскүүрүн утарсыбат.
Арыгы дьаата организмҥа киирэн, мэйии гормоннарын оҥорон таһаарар күүһүн улаатыннарар. Өскө киһи айылҕатынан ол оҥоһуллар гормоннара элбэх буоллаҕына, бу киһи буор арыгыһыт буолар кыахтаах. Онон арыгыга олус умсугуйар сэрэхтээх.
Арыгыһыт да, табахсыт да дьон эрдэ кырдьаллар, тыҥа, быар, куолай, куртах ыарыыларынан ордук элбэхтик ыалдьаллар. Ити уорганнар рак буолуулара үгүс.
Уйулҕаны харыстаа
Киһи уйулҕатын туругу кини өйүттэн-санаатыттан быһаччы тутулуктаах. Үөрэ-көтө сылдьар, үтүө ыра санаалаах, дьону өйдүүр-өйүүр баҕалаах, ордугурҕаабат, илин-кэлин түһүспэт, үтүө-мааны майгылаах киһи уһун үйэлэнэр. Оттон санаата-оноото өрө көппөт, дьону буруйдуур, киҥнэнэр, ордугургуур, кэччэгэй, о.д.а. куһаҕан майгылаах, туга да табыллыбат, туохха да ис буолбат киһи ордук түргэнник кырдьар, ыарытыйар.
Сааһырбыт киһи бэйэтигэр, оҕолоругар, аймах-билэ дьонугар күүс-көмө, сүбэ-ама буоллаҕына, “олохтон туораабыт” курдук санаммат, өссө да күүһэ кыайарынан туһалаах, көдьүүстээх киһи буола сатыырыттан үйэтэ уһуур. Киһи кырдьан истэҕин аайы оҕотугар түһэр. Ол курдук, киниэхэ сүргэтин көтөҕөр биир эмэ үтүө тыл, хайҕабыл, махтал тыллара хайаан да наадалар, хаһан эмит да буоллар, имэрийэн, сыллаан ааһалларыгар баҕараллар. Чуолаан кэргэнниилэр. Үтүө тыл, мичээр хайа да эмтээҕэр күүстээхтэр. Күө-дьаа, күлэ-үөрэ кэпсэтии кинилэри сэргэхситэр, кынаттыыр. “Күлүү – дууһа спорда” дииллэр, онон элбэхтик күлүҥ-үөрүҥ, уһун үйэлэниҥ!
Күннээҕи тэтимиҥ хайдаҕый?
Күн тахсарын көрсө тур. Уһуктаат, хойуулугуҥ уонна убаҕаһыҥ тахсарын хааччый.
Турукка киирэри сатаа. Үрдүк Айыыларга үҥк, сүгүрүй, махтан.
Сарсыарда 8 чаас иннинэ аһаа. Саҥарбакка аһаа, бытааннык ыстаан сиэ. Олус тото аһаама. Хас аһылык кэннэ тиискин суун. Айаҕыҥ иһин, миилэҕин тарбаххынан массаастаа. Аһаан, тотон баран, сытыма, 15 мүнүүтэ хайаан да хамсана сырыт.
Нэдиэлэҕэ биир күн олох аһаама, ууну эрэ ис. Организм ыраастаныа, токсиннара аҕыйыа.
Киэһэ 10 чаастан утуй.
Сөптөөх дьайыылары оҥор
Сарсыарда тахсар күн сардаҥатын 5 мүнүүтэ устата көрүү харах көрөрүн тупсарар. Утуйуоҥ иннинэ уонна уһуктаат, 5 мүнүүтэ устата аһаҕас уоту (чүмэчи уотун) көрүү харахха көмөлөөх. Сытан эрэ ааҕыы хараҕы мөлтөтөр.
Айылҕаҕын хаайыма: сыҥааҕырдаа, ытырт, хойуулаа, ис гааһын тутума, сөтөлүн.
Утуйаргар тилэххин оливка, эбэтэр кунжут арыытынан сотун – бэркэ утуйан туруоҥ. Төбөҕөр арыылаах кэмпириэс уурун, үчүгэйдик утутар.
Айах сыта холлоро куһаҕан истээххин этэр, чуолаан, суон оһоҕос. Этиҥ, көлөһүнүҥ куһаҕан сыттанара организм токсиннара элбииллэрин бэлиэтэ.
15 мүнүүтэ көхсүгэ сытыы киһини налытар.
Төбөнү суунаат, үчүгэйдик куурдуллар, таһырдьа тахсыллыбат, тыалга үрдэриллибэт. Оччоҕо синусит, гайморит, тонзиллит курдук ыарыылар көбөн кэлбэттэр. Олус күүскэ сыыҥтыыр кулгаахха, харахха, муруҥҥа куһаҕан дьайыылаах.
Сүһүөх тыаһыыра – сүһүөх уута аҕыйааһынын бэлиэтэ.
Өй-санаа туохтан киртийэрий?
— Кыыһырартан, куттанартан, хоргутартан, ымсыырартан, бэйэни буруйданартан;
— араас истириэстэн, дьиэҕэ-уокка ттийиммэт-түгэммэт олохтон, харчы тиийбэтиттэн, үлэ суоҕуттан, о.д.а.
— тугу да кыайан быһаарар кыаҕа суоҕуттан, бас билэрэ суоҕуттан (ментальная инерция);
— мөлтөх дьоннуун алтыһарыттан, дьиэҕэ-уокка арыгылыыр-табахтыыр дьону кытта олороруттан;
— өлөрсүүлээх-өһөрсүүлээх киинэлэри көрөрүттэн. Холобур, оннук киинэни көрөр киһиттэн “куһаҕан химия”, ол аата гормоннара тахсаллар уонна киниэхэ оннук дьайаллар, ол о нтон кини өйө-санаата киртийэр. Ити киртийииттэн хайаан да босхолоно, ыраастана охсуохха наада. Онон куһаҕан сонуннары күннэтэ көрүмэҥ, онтон долгуйумаҥ.
Сөпкө утуйуу уонна сатаан сынньаныы хайаан да наада.
Куттаныы уонна киҥ-наар буолуу киһи өйүн эниэргийэтин аймыыр. Атын киһи ыйыытынан сылдьыы, иҥсэ-обот буолуу киһи күүһүн-уоҕун өһүлэр.
Долгуйуу сүрэҕи ыарытыннарар. Абааһы көрүү, киҥ-татыа буолуу куһаҕан токсиннары үөскэтэр. Элбэхтик саҥарыы сэниэни эһэр.
(Салгыыта бэчээттэниэ).
Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: ria.ru