Сааһырбыт дьоҥҥо сүбэлэр-2

14.10.2021
Бөлөххө киир:

Үрдүк категориялаах норуот эмчитэ уонна иннэһитэ, 1973 сылтан терапевт-быраас, доруобуйа харыстабылын туйгуна Анна Васильевна Дохунаева “Сааһырбыт дьоҥҥо сүбэлэр” кинигэтиттэн быһа тардан бэчээттиибит.

Кырдьарга бэлэмнээх буол

Кырдьыы диэн ыарыы буолбатах, кэм-кэрдии кэллэҕинэ, хас биирдии киһини хабар. Киһи бытааннык кырдьара – ол сөп. Эмискэ түөһэйии диэн баар буолар, ону быраастарга көрдөрөн эмтэтэр хайаан да наада.

Кырдьарга иҥэмтиэлээх эттиктэр атастаһыылара бытаарар, уорганнар бары мөлтүүллэр. Киһи саҥа усулуобуйаҕа олоҕун оҥосторо уустугурар. Холобур, кырыйдым, бэлэм ууга-хаарга, куоракка баран оҕолорго олоруом диэччилэр элбэхтэр. Ол эрэн, онно тиийэн киһи түргэнник кырдьар, түөһэйэр да түгэннээх. Ити найыланыы түмүгэ. Саҥа сиргэ тиийэн киһи бэйэтин сүтэрэр, тугу да бас билбэт, үлэлээбэт буолан, алтыһар, кэпсэтэр-ипсэтэр, санаа атастаһар кыаҕын лаппа сүтэрэр, соҕотохсуйар.

Сааһырбыт киһи хаанын эргиирэ бытаарар, онон илиитэ-атаҕа тымныы буолар, түргэнник сылайар, сытан тахсар. “Сытар дүлүҥ анныгар уу киирбэт” диэбиккэ дылы, олус сытан “сынньаныы” киһини ордук улугурдар. Актыыбынайдык сынньанар быдан ордук.

Киһи 50 сааһын аастаҕына харах көрөрө, кулгаас истэрэ мөлтөөн барар. Киһи хараҕынан үөскүүр, хараҕынан кэхтэр диэн өйдөөн, быраас сүбэтин сыыспакка толорор наада. Саастаах киһи сарсыардааҥҥы сэрээккэни, уунан араастык сайҕанары күн аайы оҥоруохтаах, сиһин тоноҕоһун хамсатан-имсэтэн имигэһин тута сылдьара ордук.

Тирии кырдьан мырчыстара күн-түүн эбиллэр, ол эрээри киһи ис-иһиттэн сырдык буоллаҕына, сааһын биллэрбэт.

Онон кырдьар саас хайаан да кэлиэ диэн эрдэттэн бэлэм буолар наадалаах курдук. Дьиэҕэ-уокка үгэс буолбут үлэни толороро, оҕолорун, сиэннэрин кытта алтыһара, сүбэ-ама буолара, сэргэх сылдьара киһини олох оҥкулуттан туораппат. Дьиҥэ, киһи дьэ, соло-билэ буолан, иллэҥсийэн онно-манна, араас тэрээһиннэргэ сылдьара, кыттара, ааҕара, сайдара, мусуойдары кэрийэрэ, куруортарга сынньанара элбиир. Билии-көрүү хайа да сааска көмөлөөх.

Уһун үйэлэнии төрдө туохха сытарый?

Уһун үйэлэниэн баҕарар киһи доруобуйатын, майгытын-сигилитин көрүнүөхтээх, олоҕун-дьаһаҕын сөпкө тэринэн, көдьүүстээхтик үлэлээн-хамсаан олоруохтаах. Билиҥҥи олох тэтимин кытта тэҥҥэ хардыылыахтаах, ол аата олоҕун ырытан көрөн, толкуйдаан, бэйэтигэр сөп түбэһэринэн тэриниэхтээх. Үлэ, чуолаан илии үлэтэ өй үлэтин кытта сөпкө дьүөрэлэһэн уһун үйэлэниигэ олук буолар. Үлэни сатаан аттаран үлэлээһин, таһаарыылаах оҥоруу киһи сүргэтин көтөҕөр, үрдүк ситиһиигэ кынаттыыр. Оҕо эрдэҕиттэн илии үлэтин сатабылын баһылаабыт киһи кырдьыар диэри онтон туораабат.

Кырдьаҕас киһи хам-хаадьаа да буоллар, дьиэтиттэн тэскилии түһэрэ туһалаах. Холобур, сири-дойдуну көрө-истэ, туристыы, доруобуйаны тупсара санаторийга, куруорка, тыаҕа бултуу-балыктыы барара, о.д.а. Утуйуу 7-8 чаастан кылгыа суохтаах. Күҥҥэ кыра-кыралаан 4-5-тэ аһыахтаах. Дьону-сэргэни кытта алтыһа, кэпсэтэ-ипсэтэ сылдьара ордук. Кэргэнниилэр сексуальнай олоҕунан олоруулара уһун үйэни, дьолу-соргуну аҕалар. Ол кыаллыбат буоллаҕына, харахтарынан хайҕаһан, сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, үөрэ-көтө, өйдөһө-өйөнсө олороллоро үйэлэрин уһатар.

…Өйү дьарыктааһын – кырдьары утары үлэ буолар. Өй, ону сэргэ илии үлэтинэн хара кырдьыахха диэри күнтэн күн, тиһигин быспакка дьарыктаныахха наада. Олоххо дьону кэтээн көрдөххө, ким ыарахан олохтоох, сатабыллаах, үлэтигэр бэриниилээх – ол уһун үйэлэнэр, өйүн-төйүн ыһыктыбат. Оттон ким бэлэм соҕус олохтоох, илии үлэтиттэн тэйбит, ол өйө-төйө улам уостан, эрдэ түөһэйэн барар курдук.

Олох төрдө – хамсаныы

Тиэхиникэ олус сайдан, киһи олоҕор өтөн киирэн, дьону-сэргэни хамсаабат оҥордо: иһити, таҥаһы массыына сууйар, уу баһар, мас хайытан уот оттор ыал суоҕун кэриэтэ. Сатыы сылдьар да дьон аҕыйаата.

Хамсаммат былчыҥ сымныыр, тугу да кыайбат буолар. Дьон улам хамсаммат буолан иһэр. Уойумаары ойон туран сүүрэллэр, эбэтэр көлөһүн тахсыар диэри илии үлэтигэр төбөлөрүнэн түһэллэр, ырыахтааҕар сүрэхтэрин үлэтин күүрдэн, ыарыыга ылларыахтарын сөп.

Күн аайы систэмэлээхтик дьарыктанар киһи доруобуйата көнөр: сарсыардааҥҥы сэрээккэ, кэлэ-бара хаамыы, дьиэ таһыгар үлэ. Аныгы дьон хаалыктаах хаамыынан анаан-минээн дьарыктаналлара, бэйэлэригэр үчүгэйи оҥостоллоро хайҕаллаах суол.

Онон сааһырбыт да киһи бэйэтэ кыайарынан хаамара, сүүрэрэ, сөтүөлүүрэ, хайыһардыыра туһалаах. Хамсанар киһи хаана хамсаан, инфаркт, инсульт курдук ыарыылартан куотар.

Сатаан аһаабат киһи эрдэ кырдьар

Тугу аһыырыҥ, хайдах сиириҥ улахан суолталаах. Аһыырга аҥаардас ис-үөс, куртах эрэ буолбакка, баар уорганнар, систиэмэлэр бары кытталлар. Киһи куртаҕа аҥаардас аһы эрэ буһарар уорган буолбакка, “истэр кулгаахтаах” буолар. Ол да иһин буолуо, саха “кутум хаата куртаҕым” диир. Аһыы олорон тугу кэпсэтэри, үөрэри-көтөрү, кыыһырары эндэппэккэ билэр. Ити барыта киһи мэйиитин үлэтэ салайа-дьаһайа, гормоннары таһаара олороруттан.

Киһи ас буһарар “уоттаах” буолар. Бу уот күнүс эрэ үлэлиир, онон аһылык сөпкө буһарын туһугар күнүс эрэ аһыахха наада, ону да кэмиттэн кэмигэр. Аһыыр тэтими бутуйдахха: кырках үөскүүр, куртах быһыта тутан ыалдьар, хойуулук хатар, эбэтэр сыптарытар, аһыыр баҕа сүтэр, киһи ырар, эбэтэр уойар, гастрит, эрозия, язва буолуон сөп.

Куртах ыарытыйар буоллаҕына, нэдиэлэҕэ биир күн аччыктыыр үчүгэй. Аччыктыыр кэмҥэ суоктары, эбэтэр кылыгырас ууну иһиллэр. Онтон кэлэр 2-3 күнүгэр чэпчэкитик сөбүлүүр аһы сиэниллэр. Бүгүҥҥү түргэн тэтимнээх олоххо дьон куртаҕа “сүрэҕэлдьиир” эбит. Бары омуктар сүбэлэринэн, имбиир аһы буһарарга туһалаах дииллэр. Имбиири кыра гына кырбаан баран, үс тарбах кымааҕынан чааскы ууга быраҕан, бытаан уокка 1/4 хаалыар диэри оргутуллар, сойутан, сиидэлээн, аһыы олорон иһиллэр.

Имбиирдээх чэй: 1 ост. нь. имбиири 200 г ууга оргуйа турдаҕына уган кэбис, 5 мүнүүтэ сойут, сиидэлээ. 100-150 г күҥҥэ 1-2-тэ ис. Имбиири бороһуок оҥорон, араас аска (килиэпкэ, кекскэ, бэчиэнньэҕэ, оҕуруот аһыгар) кутан тумалыахха сөп.

Мээккэлэммит 4 ост. нь. имбиири, 4 ост.нь ыраастамматах саахары, 4 ост.нь. чөллөммүт ууллубут арыыны туой иһиккэ кутан булкуйан, сөрүүн сиргэ ууруллар уонна сарсыарда аайы аһыаҥ иннинэ, аччык искэ иһиллэр:

1-кы күн – чаайынай ньуоска аҥаара,

2-с күн – 1 ч.нь.,

3-с күн – 1,5 ч.нь.,

4-с күн – 2 ч.нь.,

5-с күн – 2,5 ч.нь.,

6-с күн – 2,5 ч.нь.,

7-с күн – 2 ч.нь.,

8-с күн – 1,5 ч.нь.,

9-с күн – 1 ч.нь.,

10-с күн – 0,5 ч.нь.

Бу уон күн кэннэ ас буһара тупсар, ааспатаҕына, хайаан да бырааска көрдөрүллэр.

Ууллубут арыы ас буһар “уотун” улаатыннарар. Арыыны уулларан, буһаран, күүгэнин баһан, уотун эбэн, 10 мүнүүтэ оргутан, уутун көтүтүллэр, ап-араҕас өҥнөнөр, эриэхэ сыттанар. Иһиккэ кутан, холодильникка хаһааныллар. Индияҕа маннык арыыны “гхи” диэн ааттыыллар.

Куртаҕа кыайан буһарбат киһи хара биэрэһи, кардамону, хартыыһаны, корицаны, кыһыл аһыы биэрэһи, гвоздиканы, кириэни (хрен) аһылыкка эбэрэ үчүгэй. Бу үөс үлэтин тупсарар.

Аһылык түргэнник буһумтуо уонна астыннарар буолуохтаах. Ол иһин сибиэһэй астан бэлэмнэниэхтээх, оргутар уу ыраас буолуохтаах, амтана, сыта-сымара киһини ымсыырдыахтаах. Олус элбэх аһылык киһи аппетитын баттыыр. Аһаабыт ас үчүгэйдик иҥэр буоллаҕына, ол сөптөөх диета дэнэр.

Холестериннара элбэх дьон үүтү испэттэр. Имбиир, эбэтэр куркума эбэн оргутуохха син. Хаһан да тото аһаама, куртах 1/3 кураанах буолуохтаах.

Уһун үйэлэнии кистэлэҥэ

Доруобуйаҕын кыһаллан туран систиэмэлээхтик көрүнэр буоллаххына, уон да сыл эбии олоруоххун сөп. Ону ситиһэргэ:

— табахтаама;

— арыгыны иһимэ;

— ыйааһыҥҥын көрүҥ, уойума;

— хамсана-имсэнэ сырыт;

— сарсыарда хайаан да үчүгэйдик аһаа;

— сэттэ чаастан итэҕэһэ суох утуй.

Манна французтар эбэллэр:

— дьиэҕэ бүгэн олорума;

— күнү быһа тэлэбиисэри көрүмэ;

— куһаҕан санааны кыйдаа;

— дьиэлээхтэргэр кыыһырыма;

— куһаҕаннык таҥныма;

— күлэ-үөрэ сырыт;

— эдэрдэри мөҕүттүмэ;

— саҥаттан куттаныма;

— олоҕу таптаа, тэҥҥэ хардыылаа.

(Салгыыта бэчээттэниэ).

Бэлэмнээтэ Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: zdorovie.ru

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0