Сааһы таптыыр Сайа (ИНТЕРВЬЮ)

07.03.2018
Бөлөххө киир:

Сааскы бырааһынньыгы көрсө, поэтесса, «Сайа кэпсиэ» биэрии ыытааччыта Наталья Михалева-Сайалыын сайаҕас кэпсэтиибитин бэчээттиибит.

edersaas.ru

Наталья, төрөөбүт Түбэйгин, оҕо сааскын хоһооҥҥор хоһуйдуҥ ини, хоһуйбатыҥ ини. Ол хоһуйуулартан саамай күндү тыллар ханныктарый? Оҕо сааһыҥ ханнык түгэннэрэ олох умнуллубаттарый?

– Ытыспынан толору

Дьолу сомсон турарым,

Бу кэлиэхтээх туох эрэ

Дьикти кэмин күүтэрим…

Олох кэрэ диэн этэ,

Олох дьикти диэн этэ!

Сандал сааһым күлэрэ,

Самаан сайын кэлэрэ,

Көмүс күһүн күүтэрэ,

Кырыа кыһын бүтэрэ

Чэпчэкитэ бэрт этэ!

Бу поэзия хонуутугар саҥа үктэнэрим саҕана суруйбут хоһооммор барыта этиллибит эбит: оҕо сааһым олохтон дьиктини кэ­тэһии долгунугар ааспыт. Дьолунан толору, үөрүүнэн ситэри турукка оҕоҕо өссө туох эрэ тиийбэт курдук, кини кэтэһэр… Ол кэтэспит кэрэ кэмэ «мин улааттахпына…» диэн санааны кытта ситимнээх буолуо.

Оҕо саас умнуллубат өйдөбүллэрэ элбэх­тэр эрээри, ол кэммин киэргэппит биир аптаах түгэн баара: мин түннүк таһыгар турабын, ыйдаҥа сырдыгар остуоруйа атын курдук сыарҕалаах аттаах киһи кэлэн биһиги тиэргэммитигэр тохтуур. Онтон уһун баҕайы саҥыйахтаах үөрбүт да үөрбүт, дьиҥнээх Тымныы Оҕонньор киирэн кэлэр. Хонноҕун анныгар уһун-синньигэс хоруопканы кыбыммыт. Дьиэбит иһэ дьол туругунан туола түһэр. Ол хоруопканы аспыттара, мааны да мааны, оруосабай, тэрэйэ сылдьар тэллэхтээх солко былаачыйалаах, өссө түүппүлэлээх, уһун кыламаннарын сабан утуйа сытар, «соҕуруу, Москва» диэн үрдүк өйдөбүллэри кытта дьүөрэлээх куукула кыыс сытар. Өссө онно сурук баар. Ол сурукка «Бу Наташа диэн ааттаах куукуланы Наташа диэн кыыска ыытабыт» диэбиттэрин аахтылар. Мин сүрэх тэбэн кэлэрэ диэни онно маҥнай билбитим буолуо… Ол ыраах, туох барыта баар таас куораттаах, кыһыны билбэт соҕуруу дойдуга миигин билэллэр, миигин таптыыллар, миигин кэтэһэллэр диэн сырдыктан сырдык санаа үөскээн тахсыбыта. Оннук санаалаах улааппытым быһыылааҕа.

Бэйэҥ уруккугун төрөппүт кыргыттаргар төһө көрөҕүн? Аныгы оҕолор төһө атыттарый? Оттон сиэн минньигэһэ?

— Тулалыыр эйгэ, кэм-кэрдии оҕо өйүн-санаатын, олоҕу көрүүтүн хайа эрэ өрүтүн оҥорор. Онон атын кэмҥэ, атын олоххо улаатар оҕо син-биир атыннаах буолар. Мин оҕо сылдьан санаабыппын толорон уонна толорторон тэйэр киһи быһыылааҕым. «Муҥхааллар мунньахтара» диэн муҥхаал, куһаҕан оҕолор мустан өссө туох куһаҕаны оҥорорго сүбэлэспиттэрин туһунан поэма бэчээттэммит чараас кинигэтин доргуччу ааҕа сырыттахпына, аҕам дэлби күлбүтэ уонна: «Эн муҥхааллар мунньахтарын бэрэссэдээтэлэҕин», – диэбитэ. Онуоха өһүргэнэн: «Миигин куһаҕан оҕо диэтиҥ», – диэн чорбойуу бөҕө этим. Ийэ буоларбар бэйэм уустук майгылаах оҕо эбиппин өйдөөн-санаан сылдьар буоллаҕым. Ол иһин, кыргыттарбын атаахтаппакка, кытаанах соҕустук иитэлээбитим, онон миигиттэн атыннар. Сиэннэрбэр дьэ, бэйэм майгым уйанын даҕаны, өсөһүн даҕаны булан көрөбүн. Кинилэргэ да балачча кытаанах киһибин эрээри, эбээ сүрэҕин уулларары сатыыр дьон үүнэн эрэллэр быһыылаах.

Ийэҕэр таптыыргын төһө этэр этигиний?

— Төттөрүтүн, кини миигин таптыырын этиттэрэн тахсар киһи этим. Бэйэм билиниэхтээх кэммэр кини суох буолбута. Онон хоһооммунан билинэргэ тиийбитим.

* * *

Бэйиэт, тэлэбиидэнньэ үлэһитэ, уопсастыбанньык, ыал ийэтэ, эбээтэ. Бириэмэҕин хайдах аттараҕын?

— Сөбүлүүр уонна сатыыр үлэҕин эрэй курдук ылыммаккын. Үлэм инники күөҥҥэ турар, онтубун үөрэ-көтө бүтэрдэхпинэ, үчүгэй ыал ийэтэ, эбээтэ, уопсастыбанньык да буолабын. Оттон айымньыны бу сааспар диэри, киирэрэ киирдэҕинэ эрэ суруйан кэллим. Анаан-минээн дьарыктанар хайдаҕа ­буолла? Хатанан олорон айарга-суруйарга холонон көрүөхпүн баҕарар буоллум.

— “Сайа кинигэтин сыттыктанан уту­йабыт уонна уһуктабыт», – диэн истиҥник билинэр билбэт дьонуҥ баар буолаллар. Оччоҕо туох иэйиилэр киирэллэрий?

— Кырдьык, оннук билиниини элбэхтэ истэбин. Кыбыста саныыбын.

Аныгы олоххо суруйааччы диэн кимий?

— Суруйааччы, ордук бэйиэт, аан бастаан тус бэйэтин сүрэҕин мучумааныттан айымньыны үөскэтэр киһи. Оттон тыл илбиһэ кини өйүн-санаатын иирдэн-имитэн, дьалкытан-сайыннаран Кырдьык, Көҥүл, Олох, Таптал ис дьиҥнэрин этитэ сатыыр. Ол аата Айааччыны тус бэйэтин олоҕун иитит­тэн таһааран кэбиһэр. Мээнэ барбыт планета курдук ханна эрэ харсыһар, ханна эрэ өйдөммөт көстүү буолар, ханна эрэ мэһэй, ханна эрэ көмө буолар, ханна эрэ күлүгү, ханна эрэ сырдыгы түһэрэр. Үрүҥ да, хара да күүс илиитигэр киириэн сөп. Тыл илбиһин, сэтин-сэлээнин, абын-хомуһунун үүннээбит-тэһииннээбит суруйааччы эрэ дьонун-сэргэтин, омугун өйүн-санаатын илдьэ сылдьааччы, кини аатыттан этээччи-тыынааччы таһымыгар тахсар. Суруйааччы оннук таһымҥа тахсыбытын норуот киниэхэ таптала, кини эрэлин-итэҕэлин таба эттэрэн, сүгүрүйүүтэ көрдөрөр. Оннук суруйааччы хаһан да олорон ааспытын иһин, бүгүҥҥү курдук сүрэхтэри өрүкүтэр. Холобур, Өксөкүлээх, Алампа, Ойуунускай айымньылара саха тыллаах баарын тухары сирдьит сулус буолуохтара. Пушкин нууччалыы өйдүүр ким баҕарар өйүн-сүрэҕин үйэлэргэ салайыа. Биһиги бүгүҥҥү олохпутугар норуотун кыһалҕатын кыһалҕа гынар таһымҥа тахсыбыт, кини эрэлин, эрэйин Этээччитэ буолбут суру­йааччыбыт курдук.

Билииҥ-көрүүҥ элбэҕин сөҕө көрөбүн. Дойдуҥ историятын анаан үөрэтэҕин дуо?

— Таһыччы билиилээх дьону элбэҕи билэбин. Мин ол дьон кэккэтигэр киириэм ыраах да буоллар, саҥаны арыйар саҕа умсулҕаннаах баарын билбэппин. Бэйэбин умнан туран билбэтэхпин билэр айаҥҥа турунуохпун сөп. Оттон история – мин умсулҕаным.

* * *

Ким барыта олорон ааспыт кэрдиис кэмин ордороро буолуо. Арыый хойут эбэтэр эрдэ төрөөбүтүм буоллар диэн санаалар киирээччилэр дуо? Холобур, тоҕо?

— Оонньоон эттэхпинэ, Дьокуускай буор уулуссатын устун Алампа бэлисипиэтинэн элээрдэн иһэрин көрөөрү арыый эрдэ төрүөхпүн баҕарыам этэ… Ол эрээри, дьылҕаҥ эйигин субу кэмҥэ, субу сиргэ, субу омукка төрөппүт. Онон иллэһэргэ тиийэҕин уонна бу кэмҥин хайдах баарынан ылынаҕын.

Ыраас таптал өйдөбүлэ төһө уларыйда дии саныыгын?

— Кыыс уонна уол икки ардыгар таайтарыылаах тардыһыы, сүрэххэ харыстыы тутар нарын кэрэ иэйии – киһи олоҕун киэргэлэ, дьол туһунан өйдөбүлүн доҕуһуола буоллаҕа. Киһи айылҕатын быһыытынан тапталы билэргэ дьулуһар. Былыргы да, быйылгы да киһиэхэ тапталы билбит сүрэх биир тэҥник нүөлүйэрэ, ытыыра-ыллыыра буолуо. Манна таптал ырааһа дуу, кирдээҕэ дуу буолбакка — дьиҥнээҕэ быһаарар суолталаах дии саныыбын.

Сааскылыы тыллар кэрэ аҥаардар тупсар кэмнэрэ кэлэн эрэр. Кэрэ аҥаардарга тугу баҕарыаҥ этэй?

— Санныга – кынаттаах, санааҕа – эрэллээх, сүрэххэ – тапталлаах бу сааһы көрсүөххэ!

Марк Иванов, ааҕааччы:

Сайа айар талааныгар эдэриттэн-эмэниттэн тутулуга суох үксүлэрэ сүгүрүйэллэригэр итэҕэйэбин. Кэнники сылларга кинини өссө уопсастыбанньык быһыытынан билэбин. Ханнык да үйэҕэ суруйааччы сырдатааччы, норуоту сирдээччи буолуохтаах. Онон, олох хайа да түгэнигэр Сайа этэрин-тыынарын улаханнык суолталыыбын.

Михалева Наталья Владимировна-Сайа

Сунтаар улууһун Сиэйэ орто оскуолатын бүтэрбитэ.

1985 с. Култуура Хабаровскайдааҕы судаарыстыбаннай институтун бүтэрбитэ;

1987 с. «Эдэр коммунист» хаһыат айар күрэҕэр кыттыаҕыттан, бэйиэт уонна прозаик быһыытынан биллэн барбыта.

1994 сылтан СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ;

Өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарын сэргэ, “Звезда”, “Невский альманах”, “Молодой Петербург” сурунаалларга бэчээттэнэр.

«Саха» НКИХ тэлэбиидэнньэ дириэксийэтин эрэдээктэрэ, Федерация Сэбиэтин чилиэнэ А.К.Акимов көмөлөһөөччүтэ.

Икки кыыстаах, сиэннэрдээх.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0