Саһыл ойуун эбэтэр Күөкэтэр Миитэрэй (Салгыыта)

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Былыр Тоҥуулаахха Таай күөлүгэр Улар диэн киһи олорбут. Бу ыалга оҕо турбат эбит. Суос-соҕотох биир уол хаалан күннэрэ ол уолларыттан тахсара үһү.

Бу уол хороччу улаатан аҕатыгар көмөлөһөн от кээсиһэ сылдьан атырдьахха атыллан өлөн хаалбыт. Ону Улар Күөкэтэргэ баайсан, Моччой алааһыгар тиийэн, дьиэтигэр көтөн түһэр да, өйдөппөккө эрэ Күөкэтэри муннун тоҕо охсон кэбиһэр: «Уолбун эн сиэтиҥ!» — диэн буолар.
Сарсыныгар үҥсүһэбин диэн Бүлүүлээн истэҕинэ, Күөкэтэр Миитэрэй ааттаах аллаах маҥан атынан сырыһыннаран Чыбыыдаҕа сиппит: «Үҥсүһүмэ. Мин эһиэхэ оҕо кутун таттарыам», — диэн төнүннэрбитэ үһү. Инньэ гынан, үс күннээх-түүн кыыран баран Улар ойоҕор үс былахыны ытыһыгар уурбут: «Үс уол оҕо кутун баайдым. Урааҕытынан кыым бөҕө ыһылынна», — диэбитэ үһү диэн кэпсэлгэ сылдьар. Дьэ, ол кэнниттэн Улардарга Акыым, Сабыйаан, Бүөтүр диэн уолаттар төрөөн, ыал буолан Улар аймах дьэ чахчы тэнийбит. Ол Улар муҥнаах «уолбун ойуун сиэтэ» диэн баайсан да тугу булан ылыа этэй, оҕотуттан мэлийбит киһини Миитэрэй аһынан оҕо кута баайдаҕа дии. Тоҥуулаах кырдьаҕастара Улардар төрүүр оҕолорун сиэн иһэр абааһыны, Күөкэтэри көрдөһөн кыырдаран үтэйтэрбиттэрэ үһү дииллэрэ. Кырдьаҕас кыыран бүтэн баран: «Хотоҥҥут кэннигэр үүнэн турар чаллах тииккэ иэним иҥии­риттэн сыыйан ылан кэлгийдим. Мин өлөн сытыйбытым кэнниттэн биирдэ босхолонуоҕа», — диэбит. Таай күөлүн уҥуоргу кырдалы­нааҕы өтөххө туох да улахан тиит чөҥөчөгө билигин да кубарыйа хатан турар. Ол Саһыл ойуун – Күөкэтэр абааһыны баайбыт тиитин төрдө үһү.
Миитэрэй өссө Саатта өтөҕө диэн Тоҥуулаах эбэтин хоту өттүгэр баар өтөххө олорбут Саатта диэн киһиэхэ, эмиэ оҕо турбат ыалыгар, оҕо кутун таптарбыта биллэр. Ол ыалга эмиэ кыыран бүтэн баран, быыкаайык ынах түүтүнэн оҥоһуллубут үс сымыыттаах чыычаах уйатын оҥорон биэрбитэ үһү. Ол Сааттаттан хас оҕо төрөөбүтүн билигин ким билиэй. Арай Мөөһөй диэн уол баарын, ол уолтан Дьөгүөр диэн төрөөбүтүн ахтааччылар. Билигин Мөөһөйдөр сыдьаайдара баһаам. Ол оҕо кута иҥэриллибит уйаны билигин да хос-хос сиэннэрэ өбүгэлэрин ытыктаан ууруна сылдьаллар. Таарыйа кэпсээтэххэ, ол Саатта өтөҕөр сайын күнүстэри хотуур таптайар тыас баар буолааччы. Ону эдьиийим ааҕы кытта дьиэ үрдүгэр тахса-тахса халампааһынан көрө сатааччыбыт.
Күөкэтэр Миитэрэйи «Олох былыргы киһи. Остуоруйатааҕы киһи буоллаҕа дии. Биһиги төрүппүт Улар оҕонньор диэн баара үһү. Улар оҕонньор” диэн ахталлара. Кини биир уола Акыым 98 сааһыгар, быһыыта, 83 сыллаахха олохтон туораабыта. Ол аата, быһа холуйан Күөкэтэр икки сүүсчэкэ сыллааҕыта олорон ааспыт буолан тахсар», — диэн Улар оҕонньор хос сиэнэ, 80 саастаах Баһылай Улаарап ахтар.
Семенова Маарыйа Ефимовна диэн Тоҥуулаах эмээхсинэ ийэтэ оҕо сылдьан көрбүтүн кэпсээбитин мин бутуйан, Маарыйа бэйэтэ көрбүт курдук өйдөөн, бу кэп­сээним бастакы аҥаарыгар сыыһа суруйбут эбиппин.
Күөкэтэр Миитэрэй ойоҕо Кутуйах ойуун диэн киһини кытары көссүүлэспит. Миитэрэй ону билэн, ол Кутуйах ойуун Тоҥуулаахтан алта көс тэйиччи сытар Өргүөккэ баран истэҕинэ буурҕа буолан эккирэппит. Кыһын үһү. Хаар бөҕөнү ытыйан Кутуйах ойууну муннаран сорун сордоо­бута үһү диэн кэпсииллэрэ.
Күөкэтэр Миитэрэй биирдэ сарсыарда туран баран: «Дьэ дьикти түүлү түһээтим. Өлбүт эбиппин. Ийэ буорбуттан моойдоох баспын быктаран тула көрбүтүм, Тоҥуулаах барахсан уу-чуумпу! Биир иэгэйэр икки атахтаах хаампат, ынах маҥы­раабат, ыт үрбэт! Бэйи ити туох буолбут баҕайыный…» — диэбитэ үһү. Онтон биирдэ: «Мин суох буолбутум кэнниттэн бэрт уһун кэмҥэ Тоҥуулаахтан дьон-сэргэ көһөн иччитэхсийэн турууһу. Онтон антах харахтаахтар, бэттэх муруннаахтар сири сүргэ­йиэхтэрэ. Ол кэнниттэн Тоҥуулаах барахсаҥҥа дьэ киһи-сүөһү тоҕуо­руһан барыаҕа», — диэбитэ үһү.
Күөкэтэр аатырар ал­­лаах маҥан ата улахан сылгы эбит. Оҕонньор өлөөрү сытан: «Аны сарсыарданан анараа дойдуга аттанабын. Атым Силээҥҥэ сылдьар эбит. Аппын хоолдьуга гынаа­рыҥ», — диэн кэриэ­һин эппит. Уонна атын ыҥырбыт. Ол сарсыардатыгар оҕонньор быстар. Ата буоллаҕына сэргэтигэр кэлэн хаары табыйа турара үһү. Тоҥуулаах оҕонньотторо, ол ат хайдах итиччэ ыраахтан иччитэ ыҥырарын истэн дуу, билэн дуу тиийэн кэлбитин сөҕөн кэпсэтэллэрэ үһү. Сол эппитин курдук атын өлөрөн хоолдьуга гыммыттар.
Күөкэтэрдээх өтөхтөрүгэр ампаардара хойукка диэри турбута үһү. Аҕам: «Биһиги эдэрбитигэр тэптэрэн куттаммат этибит, киирэн көрөрбүт. Мала-сала толору этэ. Туга барыта уурбуттарынан-туппуттарынан, сибилигин дьаһайбыт курдук турара. Саһыл тириилэрэ ыйанан турар буолаллара. Киһи сөҕүөх, куту­йах да сиэбэт эбит этэ, сабыс-саҥа курдуктара», — диэн кэпсээбиттээх. Ол ампаары Нуучча сиригэр олохтоох Бэкэтэй Киргиэлэй диэн биригэдьиир киһи, дьахталлар Моччой алааһыгар от мунньалларыттан куттаналларын эппиттэригэр: «Сыбыс-сымыйанан куттаммыта буолаҕыт! Абааһы диэн суох! Ол ойуун ампаарын ­аайыттан куттанаҕыт дуо!» — диэн баран, тиийэн уоттаан кэбиспит үһү. Ол кэнниттэн уһаа­батаҕа дэһэллэрэ, тоҥуулаахтар.
Ити Күөкэтэрдээх олорбут Моччой алаастарыттан бэрт чугас сытар Нотойоҕо холкуос са­­йылыга баара. Бүччүм икки дьиэлээх, титииктээх, иннитигэр уолан хаалбат күөллээх, киһи кута-сүрэ тохтуур сайылыга этэ. Моччой алааһын кырдала күөл үрдүнэн сороҕо көстө сытара. Биир сайын ийэм онно подсуоска үлэлээбитэ. Ол аата, ньирэйдэр ийэлэрин эмэн бииргэ сайылыыллар. Биир ынах икки ньирэйи эмтэрэр. Биир хойутаан төрөөбүт тулаа­йах ньирэйи суосканан аһатабыт. Мин төрдүс кылааһы бүтэрбит сылым эбит. Нуучча сириттэн сатыы сылдьан ийэбит оннугар оҕолор баран ньирэйдэрбитин эмтэрэн кэлэрбит. Тоҥуулаах эбэтэ от бөҕө үүнэн долгулдьуйа турарын быһа ыллык тэбэн туораан кэлэрбит. Билигин да Эбэ барахсан хоп-хойуу ото ситэн тыалга долгулдьуйа турара харахпар көстөр. Сорох күн, Нотойо ыалын дьиэтин кэннигэр балаакка туруор­буппут, онтубутугар хоно хааларбыт. Обургу соҕус дьиэтигэр Силиптээх диэн, Өксүүн диэн ийэлээх, икки уоллаах, үс кыыстаах сүрдээх сэмэй ыал олорбуттара. Улахан уоллара Онтуон ханна эрэ үөрэнэр быһыылааҕа, суох буолааччы. Туола диэн уол уонна Паша диэн кыыс игирэ этилэр. Туолалара улахан мэнигэ, бырыкааһа суох, миигиттэн аҕа этилэр. Ааныкка диэн кыыстарынаан балтым тапсан бодоруһаллара. Оччугуй дьиэҕэ Дуунньа диэн биир кыыс­таах соҕотох дьахтар олороро. Уонна Томская Мотуруона диэн Чочуттан төрүттээх, хайҕалга сылдьар ыанньыксыт олороро. Кини кыыһа Аана үүт эри­йээччи этэ, кэргэнэ Киимкэ диэн дьүһүнүнэн олох нуучча, хаһаахтартан төрүттээх, Тоҥуулаах төрүт олохтооҕо киһи бостууктуура.
Арай биирдэ, биһиги балааккаҕа хоммут күммүт этэ, үүт эри­йиллэн бүттэҕинэ таптал­лаах тулаайах ньирэйбин аһатаа­ры кэтэһэ сырыттым. Эдьиийим Даша, Паша дьиэ күлүгэр олороллоро. Аана дьиэҕэ үүт эри­йэн сыймаарда турара. Арай, ойуур диэки мас барчаланар тыаһа бөҕө буолла. Мин тыас диэки көрө түстүм. Соторутааҕыта аҕай мэччийэ барбыт сүөһүлэрбит төттөрү сырсан иһэллэр эбит! Ким эрэ кыланар курдук сүөһүнү үүрэр саҥата дөрүн-дөрүн «Һуу! Һаай!» диирэ иһиллэр этэ, уонна сүөһү бөҕө оту-маһы барчалаабытынан күрүө эрэ, бүтэй эрэ, тоҕо солоон эбэ диэки түстүлэр! Баар дьон бары сүүрэн тахсан көрөн баран турдулар. Сотору соҕус буолан баран Киимкэ Моччой алаа­һыгар саҥардыы мэччитэ үүр­тэлээбит сүөһүлэрин кэннилэриттэн аттаах тиийэн кэлэн дьиэ­ҕэ киирдэ. Аана үүт эрийэ турара, Киимкэ сирэйэ-хараҕа уларыйан хаалбыт, киирэн чэй куттан ыймахтаан, тыын ылан баран: «Олох илэ үүртэлээтэ!» — диэбитэ. Онно биир тарбыйах маска атыллыбыт этэ. Ол Моччой алааһыгар хараллан сытар кырдьаҕаспыт Күөкэтэр Миитэрэй тугу эрэ сөбүлээбэккэ, сүөһүлэри төттөрү үүрдэҕэ. Кэлин туох да быһылаан буолбутун өйдөөбөппүн. Үөрэнэн хаалан куттаммакка суоскалаах үүппүн туппутунан сүүрэн тиийэн, кырдал үрдүгэр туран, көлүччэ уҥуор куучалаһан сытар ньирэйдэри көрөн үөгүлээн тулаайах ньирэйбин ыҥыран ылан аһатарым. Кырдьаҕас уҥуоҕа оччолорго туруга үчүгэй этэ, субу чугас багдаллан турааччы.
Сүүрбэччэ сыллааҕыта кырдьаҕас «баарын» биллэрбит сурахтааҕа. Нэһилиэк биир сис ыалын аҕата, эһээтэ, турар-олорор саастарыгар үлэһит бэрдэ, оройуоҥҥа биллэр механизатор, сааһыран баран сорсуннаах булчут, түүллээх-биттээх Уйбаан Акыымабыс диэн киһи баара. Кини Тоҥуулаахха Ампаардаах Күндэтигэр бо­­луок туруорунан бултууругар онно олороро. Ампаардаах Күөкэтэр сытар сириттэн, Моччой алааһыттан, ырааҕа суох, көһү кыайбата буолуо. Акыымабыс син табыллан бултаан-алтаан кэллэҕэ. Кэлин ыарытыйар буолан барбыт. Эрдэттэн көрдөрүнэр, эмтэнэр диэни санаатыгар да оҕустарбатах. Ыарыыта бэргээн, оҕонньор сытыганныыр буолбутун кэнниттэн куоракка олохтоох аймаҕа эмчиттэри аҕалан оҕонньору «көрдөрөр». Ол дьон «Кыра оҕо кэлээри сылдьар эбит» диэн, дьонуттан туспа олорор оччугуй уоллара соторунан оҕолонорун «көрбүтүнэн» киирбиттэр. Оҕонньор бултуу таҕыстаҕына сытар сирин дьиибэргээбиттэр, инньэ гынан хонордуу тэринэн Тоҥуулаахха илтэрбиттэр да, сол киэһэ төттөрү кэлбиттэр уонна Харбалаахха чэйдээт, куораттаабыттар үһү. Сылгы көрдөтөллөр диэн биир маҥан биэни өлөртөрбүттэр. Оҕонньору «сиргэ уһаа­йаҕын, тоҕус эрэ хоноор» диэбиттэр да, оҕонньор уһаан хаалбыт үһү. Сири-буору аннынан дьон: «Күөкэтэр сөбүлээбэтэх үһү». «Анараа кырдьаҕаһы билбиттэр» эҥин диэн кэпсэтэллэр этэ.

Светлана Копыленко,

Харбалаах, Үөһээ Бүлүү.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0