(Дьиҥнээх олохтон)
Күөкэтэр Миитэрэй. Биир аата Саһыл ойуун. Бу мин аҕабынан хаан-уруу аймахпыт үһү.
Эһэм оҕонньор эдэр сылдьан кылгас кэмҥэ киниэхэ кутуруксуттаан сылдьыбыттаах үһү. Абаҕам Николай Николаевич Егоров-Кырдьаҕас Күөкэтэр Миитэрэйи «абаҕабыт» диир буолара. Ити абаҕам, аҕам бииргэ төрөөбүт убайа Ньукулай Ньукулаайабыс биир сайын биһиэхэ аҕыйах хонукка кэлэн оттоһон турардаах. Икки элбэх сэһэннээх дьон арааһы бары кэпсэтэллэрэ. Күһүн Эбэҕэ киирэн кус маныылларын быыһыгар сарсыардааҥҥы көтүүгэ диэри киирэн чэйдииллэр. Биһиги утуйа сытабыт. Ээ, мин кинилэр киирэр-тахсар тыастарыттан уһуктан, хата, тугу кэпсэтэллэрин анаан иһиллиир буоларым. Ити эбэттэн туохтан сэдиптээн арааһы бары ыатарбытынан киирэллэрэ буолла? Дьэ, арай биирдэ, олорор түөлбэбититтэн биир көс курдук эбэ уҥуорунан тахсан бардаххына тиийэр Моччой алааһа диэн сиргэ көмүллэ сытар ойуун туһунан кэпсэтэллэр.
Бу түөрт уончатын ааспыт, улахан уҥуохтаах, бааһынайдыы ыраас хааннаах, аҕыйах саҥалаах киһи эбит. Тоҥуулаахха Моччой алааһыгар олорбуттар, эмээхсининээн. Оҕолоро суох эбит. Биирдэ кыһын Күөкэтэр Өтөх ыалыгар Чамарыктаахха хаарты оонньуулларын көрө барбыт. Оччолорго да арыгы иһии ханна барыай, биир хаартыһыт (аатын умнубуппун) холуочуйан баран Күөкэтэри хаадьылаабыт. «Дьэ, ойуун дииллэр дии! Көрдөр эрэ, абааһыгын! Бары-барыта ойуун буолан», – дэтэлээбит. Ол түүн Күөкэтэр дьиэтигэр кыыһыран аҕай кэлбит. Кэлээт эмээхсинигэр: «Ааны олуй! Киһи кэлэн тоҥсуйдаҕына аһар буолаайаҕын! Астаххына бэйэҕиттэн хоргутаар!» – диэн буолбут. Эмээхсинэ хаҥас диэки оронноох эбит. Күөкэтэр уҥа диэки оронугар баран сыппыт уонна чабычах аҕалтарбыт. Дьэ уонна мэнэрийэн, кутуран үөһээ саҥата аллараа, аллараа саҥата үөһээ буола сыппыт. Инньэ гына-гына, эмээхсинэ иһиттэҕинэ, хотуолуур үһү. Онтон арай сотору буолан баран, киһи атаҕын тыаһа чигдигэ сүүрэн хоочугураан кэлэн ааны тарпыт уонна тоҥсуйан лиһигирэппит: «Ааҥҥытын аһыҥ! Быыһааҥ! Өрүһүйүҥ!» – диэн ыгылыйбыт киһи саҥата үөгүлээбит, ааны тардыалаабыт. Онуоха Күөкэтэр: «Хотуой, аһыма! Аһыаҥ да бэйэҕин сиэм!» – диэн хаһыытаабыт. Эмээхсинэ тоҕо аһыай, оронугар олорор үһү. Онтон атах тыаһа төттөрү сүүрэн хоочугуруу турбут. Миитэрэй саҥата син-биир намыраабатах. Өр-өтөр буолбатах, били атах тыаһа эмиэ сүүрэн кэлбит: «Дьон баар буоллаххытына өрүһүйүҥ!» – дии-дии ааны тоҥсуйан либигирэппит. Эмээхсин тоҕо аһыай! Атах тыаһа сарсыарданан өссө биирдэ кэлэ сылдьыбыт. Бу сырыыга олох мөлтөөбүт киһи саҥата нэһиилэ: «Өрүһүйүҥ, ааҥҥытын аһыҥ даа…» – диэбитэ үһү. Күөкэтэр кутура-кутура хотуолуура уурайан, дьэ утуйбут. Эмээхсин оронугар хоройон хоммут. Муус түннүк көҕөрөн көстүүтэ аргыый аҕай сылдьан оһоҕун оттубут. Ааҥҥа тиийэн арыйыан куттанан иһиллээн көрбүт. Санаатыгар, аан нөҥүө киһи өлө сытар буолуохтаах үһү. Сэрэнэн-сэрэнэн аанын олуурун ылан, сэгэтэн көртө, туох да суох үһү. Онтон дьэ били, оҕонньоро хотуолаабыт чабычаҕын ылан күрдьүккэ саба ыспыта бүтүннүү өһөх хаан уонна киһи баттаҕа үһү! Ол күн Миитэрэй тэбэн көрбөккө утуйбут. Күнүс Өтөхтөн Миикэ ойоҕо Дуунньа кэлэн, сибигинэйэ былаан: «Бөөлүүн Күөкэтэрдиин бочооттоспут киһи дьиэтигэр тиийэн иһинэн таарымталанан өлөн хаалбыт үһү», – диэн кэпсээбит.
Күөкэтэр бэрт хомуһуннаах ойуун эбитэ үһү. Дьон хаайан туохта эмэ көрдөр диэтэхтэринэ, төбөтүн туура соттон баран ылан сэбэргэнэҕэ уурара үһү. Биитэр ылан хонноҕун анныгар кыбынан кэбиспитэ харахтара эрилиҥнээн олороро үһү! Семенова Маарыйа Ефимовна диэн 87 сааһыгар орто дойдуттан барбыт Тоҥуулаах эмээхсинэ: «Күөкэтэри ийэбин батыһа сылдьар 3-4-тээх бэдик көрөр этим. Баһын ылан сэбэргэнэҕэ уурбутугар оҕолор сарылыы сарылыы үрүө-тараа ыһыллыбыппыт», – диэн кэпсиирэ. Дьон хараҕын баайар кыахтаах, атын айдарыылаах кырдьаҕас буоллаҕа.
Күөкэтэр кырдьыар диэри олорботох быһыылаах. Сорохтор ойууну кытта харсан хотторон өлбүт үһү дэһэллэрэ. Сорохтор, хайаларыгар эрэ «онно түөһүгэр үс күннээх хара саһыл баар» диэн ыйан ыытан бэйэтин ийэ кыылын өлөртөрбүтэ үһү дииллэрэ.
Миитэрэй өлөр охтуутугар сытан эһэбин Обуойу ыҥыртарбыт. Оччолорго эһэм эдэр. Хантан эрэ сааланан иһэн кырдьаҕаска таарыйаары баран испит. Арай иннигэр суолга биир хара улар түһэ-түһэ көтөр үһү. Обуой ытаары кыҥаан көрө-көрө тоҕо эрэ саараан ыппатах. Дьиибэргээн, ол курдук испит. Онтон улара Күөкэтэр олорор алааһын саҕатыгар киириилэригэр биир чаллах тииккэ аллара соҕус олорунан кэбиспит. Ону Обуой кыҥаабыта, биир мутук мэһэйдиир эбит. Обуой уларын көрбүтүнэн саатын уоһун мутуктан халбарыппыт. Ону кытары улара ханна да барбыта биллибэккэ, олорбутунан сүтэн хаалбыт! Дьиэҕэ киирбитигэр Миитэрэй: «Ол иһин да, уолум ыппата, хайыыр эбит диэн соруйан дьээбэлээтим», – дии тоһуйбута үһү.
Күөкэтэр өлөрүгэр дьонун-сэргэтин барытын ыҥыртаран кэриэһин эппитэ үһү. «Улаханнык наадыйдаххытына, туохха эрэ кыһарыйтардаххытына, бэрт тыллаах-өстөөх киһигитин үс салаалаах эриэннии кыһыллыбыт кыһыл талахтаах чардааппар ыытан кыһалҕаҕытын этитээриҥ. Баҕар, тугу эмэ туһалыам», – диэбитэ үһү. Өлбүтүн кэннэ хас эмэ сыллар ааспыттарын кэнниттэн тоҥуулаахтар Моччой алааһыгар, уҥуоҕар биирдэ бара сылдьыбыттаахтар эбит. Кини бэйэлээҕи өлбүтүн кэннэ аатын да ааттаабаттара, уҥуоҕун ырааҕынан тумналлара, көрө-көрө көрбөтөҕө буолан ааһаллара үһү. Дьэ ол барыылара кыһалҕаттан, улахан сут-кураан сыллар ааҥнааннар, хоргуйуу бөҕө, сүөһү-ас баранан да барбытыгар ыксааннар. Онон тоҥуулаахтар кырдьаҕастарыгар бара сылдьар санааны ылыммыттар.
Хаар өтөҕөр мустан сүбэлэспиттэр. Ыытар киһилэринэн Муҥутаах Уйбааны талбыттар. Бу сүрдээх уус, алта кырыылаах уостаах сааны оҥорор киһи эбит. Ону ааһан, туох да сүрдээх ырыалаах-тойуктаах киһи эбитэ үһү. Муҥутаахтара сөбүлэспит. Талахтанан-таймаланан барыы буолбут. Моччой алааһыгар кэлэннэр сорохторо аара хаалбыттар. Алааска киирэ түһээтин, кырдалга киһи уҥуохтарыгар кырдьаҕастарын уҥуоҕа субу багдаллан турар. Көрөн турдахтарына Муҥутаах тиийэн киһи уҥуоҕар ыттан тахсан миинэн олорунан кэбиспит уонна талаҕынан таһыйа-таһыйа далбаатыыра көстөр үһү. Арай эмискэ киһилэрин туох эрэ үөһэттэн ыраах эспит. Киһилэрэ сиргэ таралыйа түспүт! Ону көрөөт, били дьоммут куотан атахха биллэрбиттэр. Сүүрэн аҕылаһан Нотойо ыалыгар таарыйбакка, үргүлдьү өтөххө Саабыйдарга тиийэн киһилэрин кэтэспиттэр. Хомнуо-хойут киһилэрэ сыһыллан кэлбит. Дьэ бары Хаар өтөҕүн быспыттар. Ол баран истэхтэринэ, илинтэн хап-хара былыт этиҥэ лүһүгүрэйбитинэн, чаҕылҕана сатыылаабытынан бу тахсан кэлбит. Тыал-куус бөҕө түспүт. Ону кытта ардах ыаҕастаах уунан куппат дуо! Хаар өтөҕөр тиийиилэригэр сир-дойду бүтүннүү уунан килэрийэ түспүт. Ол ардах кэнниттэн дьэ от, бурдук үүнэн барбыта үһү. Тоҥуулаах эҥээр алаастар бары үүнүү бөҕө, арай Тэптэгиини, ол эҥэр Быйкылланы эҥин ардах ханан да таппатаҕа үһү. Ол Тэптэгииҥҥэ сэттэ уоллаах эмиэ биир ааттаах ойуун олорбут. Бу киһи Күөкэтэрдиин хатааннаахтара үһү. Ол иһин арыылаатаҕа буолуо дииллэр эбит. Муҥутаах кэлин кэпсээбитинэн, дьэ айаҕа аһыллан, куттанара аматыйан: «Кырдьаҕаспыт, быыһаа, абыраа. Алдьархай ааҥнаата, иэдээн иэнигийдэ, сут-кураан сатыылаата, көмөлөс, ааттаһан-көрдөһөн эрэбит!» – диэн эрдэҕинэ, туох эрэ сүр күүскэ түөскэ кэбилиннэрбит да, сиргэ биирдэ баар буола түспүт, ханна да барбытын билбэт буола дөйөн сыппыт эбит. Өйдөнөн кэлбитэ, ким да суох үһү. Нэһиилэ өтөҕү булбут. Ол кэнниттэн Муҥутаах уһун сайыны быһа баас буолан хараҕа эрэ кылайан, суорҕан-тэллэх киһитэ буолан сыппыт. Онуоха биир оҕонньор сүбэтинэн кырдьаҕастарын уҥуоҕар баран сүөһү өлөрөн ааттаһан-көрдөһөн алы гыммыттара үһү. Дьэ ол эрэ кэнниттэн Муҥутаах аматыйан өрүттүбүтэ үһү.
(Салгыыта бэчээттэниэ)
Светлана Копыленко,
Үөһээ Бүлүү, Харбалаах.