Ырыаһыт Саина карьератын хайдах саҕалаабытын, хотугу норуоттар ырыаларыгар хайдах ылларбытын, тоҕо бас билэр дьиэтэ суоҕун, тугу кэмсинэ саныырын, биисинэһин, өрүү эдэр буолуу кистэлэҥин, дьахтар дьолун, дьиэ кэргэнин туһунан аһаҕастык сэһэргээтэ.
Ырыа көтүппүтэ
— Саина диэн ааты ылыммытым 21 сыл буолла. Аан бастаан ити аатынан “Тапталы харыстааҥ” диэн ырыаҕа килиип устан таһаарбыппыт, ону тута СТВ ханаалга көрдөрөн барбыттара. Билэр дьонум: “Эйиэхэ маарынныыр ырыаһыт таҕыста”, — диэн кэпсииллэр. Оччолорго мин наһаа сэмэй этим, этэн да бэрт. Баҕар, табыллыа суоҕа диэн, барыта куттал, кыбыстыы… Урут артыыстар сылы-сыллаан гостуруоллаан, кэнсиэртээн биллэр-көстөр буоллахтарына, саха эстрадатыгар атын хайысханы арыйбытым – шоу-биисинэс быраабылатынан, бэйэбин биллэрбэккэ сылдьан, тэлэбиисэр нөҥүө түргэн баҕайытык тахсан хаалбытым.
Онтон “Якутск-1997” эдэр толорооччулар күрэстэригэр “Здравствуй, Якутск!” ырыанан кыайбытым. “Эдэр саас” хаһыакка интервью тахсыбытыгар, дьон, дьэ билэн, соһуйуу-өмүрүү бөҕө… Ол сыл Ленин болуоссатын үрдүгэр, кыраанынан үөһэ таһааран ыллаппыттара. Мин куттаннарбын да, дьонунан толору долгуйар болуоссат үрдүнэн көтө сылдьан, ыллаабытым. Оччотооҕуга суотабай диэн суох, зажигалкаларын таһааран, умаппыттара, онно үөһэттэн көрдөххө, болуоссат бүтүннүү күлүмүрдээн олороро. Онно өйдөөбүтүм, дьон бу ырыаны хайдахтаах сөбүлүүрүн…
Бу ырыа миигин, уопсайынан, аллара таһымҥа аны түспэт курдук, үөһэ көтүтэн таһаарбыта. Ырыа туспа эниэргийэлээх буолар эбит. Дьон наһаа ылынар, кытайдыы, английскайдыы ылланар. Куорат диджейдэрэ бэйэлэрэ күрэс оҥорбуттар, диискэ таһаарбыттар этэ. Сыл аайы куорат күнэ бэлиэтик ааһар. Бу ырыа тула элбэх идиэйэ киирэр. Айар үлэм 20 сылыгар 70 киһилээх хор, симфоническай оркестр доҕуһуолунан ыллаабыта. Быйыл эмиэ Куорат күнүгэр хор ыллаата.
“Хортан куттанар этим…”
— Эн бэйэҥ тэрийбит хоруҥ дуо?
— Оннук. Ийэм дирижер-хоровик, Күһүүргэ кийииттии тиийэн баран, 60 киһилээх хору – хачыгаардары, балыксыттары, булчуттары, табаһыттары мунньан, ыллатара. Ийэм илиитин күөрэччи тутан, сыанаҕа турар… Харахпар ол хартыына хатанан хаалбыт. Бэйэм педучилищеҕа үөрэнэ сылдьан, саамай хортан куттанарым. Бачча элбэх киһи эйигин утары көрөн турар, өссө эн кинилэри салайыахтааххын, наһаа ынырык! Оччолортон да мин наар кутталбын кыайар дьүккүөннээхпин. Оннооҕор кэлин да хор тэрийэрбэр, бастаан кыбыстар этим. Ол эрээри дьон ырыаҕа баҕата, таптала, убаастабыла көмөлөспүтэ.
Дьокуускайга католическай таҥара дьиэтигэр пастырь сөбүлэспитигэр, дьону мунньан дьарыктаан барбытым. Айар үлэм 20 сыллаах кэнсиэригэр ол хор ыллаабыта. Бу кэнсиэр кэнниттэн, ырыаһыт карьератын түмүктээбитим.
— Тоҕо?
— Ырыаһыт үлэтэ миэхэ айахпын ииттэр үлэм буолбатах. Дууһам тардыһыыта, сөбүлүүр дьарыгым. Бу дьарыкка мин харчы өлөрөн, ииттинэн олоруохпун баҕарбат эбиппин. Ол иһин атын хайысханы талбытым. Ыллыырым аҕыйаата, ол эрээри онтон мунчаарбаппын.
Эниэргийэбин хорга биэриэхпин сөп.
Урут дьонтон куттанар эбиппин. “Сулус” буолаары үлэлиигин аҕай, онтон биллэн-көстөн баран, дьон хараҕын ортотугар сылдьан, кыбыстаҕын, куотаҕын, туох эрэйэй? Кэлин дьону кытта алтыһары сөбүлээн, ис-иһигэр киирэн, бииргэ сылдьар наһаа үчүгэй эбит диэн биллим. Хор ырыатын иһиттэхпинэ, бэйэм сынньанабын, эмтэнэбин. Ол иһин дьону босхо дьарыктыыбын.
“Фольклор суолбун арыйбыта”
— Оттон фольклорга хайдах барбыккыный?
— Москваҕа 2009-2012 сс. олорбутум, онно Постпредство иһинэн “Дэгэрэҥ” диэн ансаамбылы тэрийбитим. “Этнорадиоҕа” үлэлээбитим, иккис үрдүк үөрэххэ туттарсан, стипендиат буолбутум. Ол үлэлии-үөрэнэ сылдьан, этнокултуура тиэмэтигэр киирэн хаалбытым. Бырайыак оҥорорго уопутурбутум. Фольклорга дьарыктанан баран, бэстибээллэргэ кыттан барбытым. Москваҕа олорор кэмнэрбэр, туох баарынан тахса сатаабытым.
Урут “Голоса-1999” Арассыыйатааҕы күрэс финалыгар ааспытым, 20 бастыҥ иһигэр киирбитим. Кобзон, Долина, Отиева дьүүллүүр сүбэҕэ бааллара. Онно үп-харчы булбакка, кыайан барбакка хаалбытым. Оо, онно кыттыбытым буоллар, мин өссө элбэҕи оҥоруохтаах этим! Ол ситтэрбэтэх баҕа санаам өйбөр иҥэн хаалбыт этэ. Онон Арассыыйа эстрадатыгар тахсыахтаахпын диэн, сыал туруорунан, ол кэмҥэ араас куонкурустарга кыттан барбытым.
Тойугу, хомуһу, оһуохайы баһылаабытым, Саха сиригэр олорор норуоттар тылларынан ыллыахтаахпын диэн сыал туруоруммутум. Дьоҥҥо тугу эрэ туһалыахтаахпын, эбэтэр үйэм тухары “тики-таки чок-чок” диэн ыллыы сылдьабын дуу? Култуура дьоно, биһиги, тугу эрэ дириҥник хасыһан үөрэтиэхтээхпит, ыччакка тиэрдиэхтээхпит. Оттон билигин тугуй? Сыанаҕа сыгынньах аҥардаах тахсан эриллэҥниир кэмнэригэр, мин эстрадаттан барбыппыттан кэмсиммэппин…
Онтон этническэй ырыаһыт быһыытынан биллэн, омук дойдуларыгар ыҥырыллар буолан бардым. Ити саҥа таһым этэ. Японияттан саҕалаан, Болгарияҕа тиийэ, хаһан да сылдьыбатах дойдуларбар тохтоло суох ыҥыран барбыттара. Сүүрбэ дойдуга сылдьыбытым. Итиннэ мин өбүгэлэрбэр махтана санаабытым, кинилэрдиин сибээһим күүһүрбүтэ, араас түүллэр киирэллэрэ. Былыргы таҥастаах дьон көстөр этилэр, түүлбэр. Ис уһуктуу бардаҕа дии. Фольклору дириҥник билэр дьону барыларын кэрийбитим, бары алҕаабыттара, сүбэлээбиттэрэ. Онон музыкальнай этнограф курдукпун.
“Сахаҕын дуу, тоҥускун дуу?”
— Эйиэхэ эбэҥки хаана баар дуо?
— Ийэм – Чурапчы Төлөйө. 11 буолан бииргэ төрөөбүттэр. Эбэм өттүттэн олоҥхоһуттар, ырыаһыттар бааллар. Ийэм бииргэ төрөөбүттэрэ бары ыллыыллар. Хос эһэм Ырыа Сэмэн диэн ааттаах, нуучча курдук дьүһүннээх эбит.
Аҕам – Булуҥ. Кини ийэтэ – олохтоох эбэҥки. Эбэм өттүнэн баайдар, аҕата кинээс Өндөрөй диэн. Сэбиэскэй кэмҥэ кулаактааннар, баайдарын барытын көмөн кэбиспиттэр. Оттон аҕам аҕата Ньурбачаантан төрүттээх, Булуҥҥа кэлэн, балык собуотугар сэрии кэмигэр начаалынньыктаабыт.
Мин айар үлэбэр ити эйгэм дьайбыта. Сайын аайы Чурапчыга сылдьар этибит. Онон икки атын-атын култуураҕа сыстан улааппытым. Холобур, хоту бороһуок үүтү иһэбит, сүөһү суох. Улахан балыкка үөрэнэн хаалан, собону кыайан сиэбэт этим: эчи, кыратын, уҥуоҕа элбэҕин…
Тиксии интернациональнай бөһүөлэк, араас омуктар олороллор: финнэр, эстонецтар, латыштар, белорустар… Учууталларбыт эмиэ омуктар этилэр. Музыкальнай оскуола биир саамай күүстээх этэ. Онно үөрэммитим инники идэбэр олук уурбута. Онон омугунан хайдыһыы суоҕа. Ол иһин кэлин да омуктардыын алтыһарым миэхэ чэпчэки. Саха уонна хотугу омуктар култуураларын кыра эрдэхпиттэн иҥэринэн улааппытым. “Эн сахаҕын дуу, тоҥускун дуу, быһаарын” дииллэр. Тоҕо мин быһаарыныахтаахпыный?
Мин элбэх өрүттээх киһибин, эстраданы, фольклору, джаһы, классиканы барытын ыллыыбын. Өссө тугу сатаабаппыный диэн, олохпор тугу эрэ үөрэтэргэ, саҥаны баһылыырга дьулуһабын. Сатаабатым элбэх.
Ол эрээри, ол сылдьан бэйэбин дьахтар быһыытынан умнубуппун. Дьиэ кэргэммин, дьахтар дьолун умнубуппун. Эдэр сылдьан, бастакы кэргэмминээн эр киһи-дьахтар сыһыаннарыгар туох быраабыла баарын билбэт буоллахпыт. Ол иһин арахсыбыппыт. Онтон гражданскай кэргэммэр, күүстээх иэйии баар курдуга да, эмиэ түмүгэ биир. Кэнники биирдэ өйдүүгүн, сыллар-күннэр ааһаллар, туох барыта ааһар эбит диэн.
Айар үлэнэн үлүһүйэн, дьиэтэ суох хааллым. Куортамныыбын. Үтүөлээх артыыска билиҥҥэ диэри дьиэтэ суох (күлэр). Чахчы, айар үлэҕэ аһара баран хаалбыппын. Дьиэлээхпин диэн, уонна эр киһиэхэ эрэнэн сырыттаҕым дии. Айар дьон элбэх харчы оҥорор, биисинэстиир дьоҕурдара суох. Билигин дьэ, өйдөнөн, дьиэҕэ харчы мунньабын.
Айдааннаах дьиэ
— Били дьиэҥ дьыалата хайдах быһаарылынна?
— Дьиэни көтүрбэтилэр. Ыкса тутуллубут дьиэттэн барыта ытыска уурбут курдук көстөн турар. Тутуу кэмигэр ынырык усулуобуйаҕа олорбуппут: быыл, тыас-уус, баһаар… Дьиэбитин көтүрэн баран, дьиэ биэрээри гыммыттара, барыта тылга эрэ. Ийэм көҥүллээбитэ буоллар, сууттаһан кыайыам этэ. Сокуону кэһиилэрэ элбэх. Дьонум сууттан куттаналлар. Онон саҥара сатаан баран, саҥарбат буоллум.
Биһиги бары дьахтар аймахпыт. Ити дьиэттэн тахсыбытым кэннэ, сиэн уол кэлбитэ, балтым эмиэ уол сиэннэммитэ. Уол оҕо төрөөтөҕүнэ, аймах холумтана ыраастанар дииллэр. Ол аата барыта үчүгэй буолуо!.. Кини наһаа минньигэс киһи, билигин 4-тээх. Иккитигэр алпаабыты барытын билэрэ, наһаа билэр-көрөр баҕалаах. Саҥа киһи кэллэҕинэ, эппиэтинэһиҥ улаатар, кини инникитин туһунан толкуйдуугун. “Эбээ Саина” диир киһи баара сүрэхпин манньытар.
— Кыыһыҥ тугу үлэлиирий?
— Кини наһаа талааннаах. Наһаа үчүгэйдик хаартыскаҕа түһэрэр, макияж оҥорор. Аҕата Амма киһитэ, худуоһунньук, онтон бэрилиннэҕэ. Кыыһым — мин көмөлөһөөччүм. Дьиҥэ, кыра эрдэҕинэ көрбөтөх да кэриэтэ этим, наар гостуруол, кэлии-барыы, онон сүрүннээн ийэм көрбүтэ. Бу билигин дьэ, дьүөгэлиилэр курдукпут.
Ыарахаттар киһи майгытын хатараллар
— Нью-Йорка хомус, чуораан, дүҥүр тыаһынан, хороводунан ыраастаныы, эмтээһин туһунан маастар-кылаас биэрбитим. Тыас наһаа улахан күүстээх. “Наһаа да сырдык, ыраас тыастааххыт, үчүгэй ырыалардааххыт, маны аан дойду барыта истиэн наада” диэн, ытыы-ытыы истэллэр. “Култуураҕыт олус ураты, сэдэх, сүтэн эрэри харыстаан хаалларыахха, быыһыахха наада” диэн этэллэр. Оттон биһиэхэ оннук сыһыан суох. Ону өйдөөбөппүн.
Бэрт аҕыйах киһи Саха сирин култууратын омук сиригэр көрдөрөр, кинилэри тоҕо өйөөбөттөрүй? Оттон омук дойдуларыгар тиийдэххэ, ытыс үрдүгэр илдьэ сылдьаллар, ыҥыраллар. Сотору кэминэн Америка биэс куоратыгар турне буолара былааннанар.
“Поле чудес” биэриигэ киирэрбэр тэтимнээх ырыаны көрдөөбүттэрэ. Таҥас-сап ыыттарар бириэмэ суох, онон бэлэм ырыабын биэрбитим, Чукотка ансаамбыла сөбүлэһэ охсубута. “Тоҕо сахалыы ыллаабатыҥ, Саха сирин түһэн биэрдиҥ?” диэн сирэй-харах аспыттара. Кинилэр өйдөөбөттөр, атын омуктар, култууралар баалларын. Онтон хомойон, түүннэри ытыыр этим, ол эрээри өссө тэптэн, күүскэ ыллаан барбытым.
Киһи тугу эрэ оҥорор, түмүгүн ылар буоллаҕына, ситиһиилээх. Сөбүлүүр үлэлээх буоллаҕына, тугу барытын кыайыан сөп. Ким эрэ дьаһалынан сылдьарым буоллар, ыарахан буолуо этэ. Бэйэҥ аналгын булбатаххына, олох олорботоҕуҥ тэҥэ. Ыарахаттар киһи майгытын хатараллар, ол онтон өссө саҥа тыыннанан, саҥаттан олоххун саҕалыыгын. Ыарахаттартан тэптэрэн, олоҕун уларытар буоллаххына, өлөн-охтон биэрбэккин.
Артыыстар тас дойдуларга Саха сирин, култуурабытын билэллэрин туһугар олус элбэҕи оҥоробут, ону сыаналаабаттар. Бразилияҕа Төрүт олохтоох омуктар спортивнай оонньууларыгар соҕотоҕун барбытым. Суруналыыстар сырса сылдьаллара. National geografhic суруналыыһа сюжет оҥорбута уонна эппитэ: “Аан дойдуга сулус буоллаххына, биһигини умнумаар”. Кинилэр ис кыаҕы көрөллөр. Канадаҕа продюсердаахпын. Онон аан дойдуга тахсар кыах эмиэ баар диэн ыраламмытым. Дьиҥинэн, мин миссиям – төрүт омуктар култуураларын аан дойдуга таһаарыы.
Ол эрээри мин сылайдым. Дьокуускайга кэлээт, аһыахха-таҥныахха наада, эмиэ гостуруол, эрэстэрээннэргэ ыллааһын саҕаланар, ол киһини сайыннарбат, онтон салҕан хаалаҕын. Ол иһин трениннэри тэрийэр буолбутум.
— Омук сиригэр баран, карьера оҥоруоххун баҕарбаккын дуо?
— Урут оннук ыраланарым. Барарга бэлэм этим. Билигин, били ырыаҕа этиллэринии, син биир төннө турабын. Биир ый онно, ый манна олоруохпун сөп.
“Здравствуй, Якутск!” диэн ырыам: “Где я была неважно, где побываю я неважно, все равно вернусь обратно” диэн тыллардаах. “Киһи тыла – ох” дииллэр дии, оттон ыллаатаххына, өссө ордук туолар эбит. Ол кэнниттэн мин ырыа тылларыгар сэрэхтээхтик сыһыаннаһабын.
Киһини сайыннарар “Saina” киин
— Бэйэҥ уларыйдаххына, эйгэҥ уларыйан барар эбит. Бастаан дьону ырыаҕа үөрэтэр этим. Онтон уруһуйдуурга, английскай тылга үөрэтэр киини арыйбытым. Бу киини мин бастаан адаҕа курдук саныыр этим. Сыһыаммын уларытааппын кытары, дьон сыһыана уларыйбыта. Улахан түмүктэр баар буолбуттара – ким эрэ хат буолбута, ким эрэ талаанын арыйбыта, олоҕун суолун булбута, дохуотун үрдэппитэ, сылы быһа кэпсэппэтэх дьон эйэлэспиттэрэ, о.д.а. Онон итинник трениннэр наадалар.
Миигин аан дойдуга маастар-кылаастары ыыттара ыҥыраллар, элбэх сиргэ айанныыбын. Оттон кииним үлэлии турар. Тоҕо диэтэр, киин туһугар ис сүрэхтэриттэн ыалдьар үлэһиттэр, хамаанда баар буолла. Ол эмиэ мин сыһыаным уларыйбытыттан. Дьокутаат Алена Атласовалыын бииргэ үлэлэһэбит. Ыалдьар оҕолору уруһуйдуурга, ыллыырга, английскай тылга үөрэтэбит. Туох эрэ оонньуур атыылаһан биэриэхтээҕэр, дьоҕурдарын сайыннарбыт ордук дии саныыбын.
Норуоттар икки ардыларынааҕы киһини сайыннарар киин “Saina” диэн ааттаммыта биир сыл буолла. Ол да инниттэн, 5000-тан тахса киһи дьарыктаммыта. Биһиэхэ кэлэн, кылгас кэмҥэ үчүгэй хаачыстыбалаах түмүгү ситиһэллэр. Өр сылларга бириэмэлэрин, харчыларын бараабаттар.
Бу киин дьоҥҥо атын кыаҕы биэрэр. Ыллыырга, уруһуйдуурга, английскай тылга, киһи быһыытынан сайдарга үөрэтэбит. Мин английскай тылы наһаа өр үөрэтэ сатаабытым. Бараталиев ньыматынан аҕыйах күн иһигэр үөрэтиэххэ сөп эбит. Оҕо оскуолаҕа 11 сыл үөрэнэн баран, олоххо бэлэмэ суох тахсыан сөп. Саамай сүрүнэ, олоххо туһалаах үөрүйэхтэри иҥэриэхтээхпит.
“Олоҕуҥ тухары бэйэҕин үөрэтэҕин”
— Олоххор өрө көтүү, түһүү, хом санаа да баара, ону хайдах аһарынаҕын?
— Саамай чугас дьоҥҥор хом санаа киһини наһаа кэбирэтэр. Истириэс, хоргутуу түмүгэр, иллэрээ сыл мэйиибэр киста баар диэн буолбута. Ити улахан охсуу этэ. Өлөртөн куттаммаппын, араас санаа үүйэ туппута – кэннибиттэн тугу хаалларабын? Тугу ситистим? диэн толкуйдар киирэллэрэ. Сыыһа олорор буоллаххына, бэлиэ кэлэр – уоруу, ыарыы… Ол бэлиэни өйдөөн көрөн, олоххун уларытыахтааххын. Дьылҕа бэлиэтин истибэтэххинэ, өссө ыарахан ыарыылар, сүтүктэр кэлэллэр. Олоҕуҥ тухары бэйэҕин үөрэтэҕин. Ис куоласкын истиэхтээххин, дьон саҥатын буолбакка. Бэйэҕин таптаатаххына, ытыктаатаххына, барыта кэлэр эбит. Ону өйдөөн, мин билигин атын киһибин. Олохпун уларытартан, саҥаттан саҕалыыртан куттаммаппын. Бу көрсүбүт ыарахаттарым миигин буһаран-хатаран, олохпун уларытарга сирдээтэхтэрэ дии. Онон кэмсиммэппин.
Ипотека ылан, учаастакка дьиэ туттан барбытым. Дьиэлэниэхпин баҕаран. Ол тутааччы харчыны ылан баран, ситэри туппатаҕа. Ол онтон санаам наһаа түспүтэ.
Учуутал бэйэтин кэмигэр кэлэр дииллэр. Казахстантан аан дойду таһымнаах тириэньэр Жанат Жусупов кэлэн, ыйан-кэрдэн биэрэн, барыта орун-оннугар түспүтэ. Дьиэни атыылаан баран, ипотеканы саппытым. Ол кэннэ кынат үүммүтүн курдук буолбута, олоҕум биир дьоллоох күнэ этэ. Балтараа сылы быһа бырыһыаҥҥа эрэ үлэлиир диэн наһаа ынырык, кынаккын сарбыйар. Жанат мин кииммэр кэлэн, бэйэни сайыннарар трениннэри ыытар.
— Эн букатын уларыйбаккын, бэйэҕин төһө көрүнэҕин?
— Кэнники эниэргийэни салайар эрчиллиилэри оҥоробун. Күүс-уох эбиллэр, кыратык утуйаҕын, элбэҕи ситиһэҕин. Билигин туох да “БАД” көмөтө суох үчүгэй көрүҥнээх буолар сыаллаахпын. Урут “БАД-тарынан” олорор этим. Аһыыр аспын уларыппытым, ол үөрүйэххэ кубулуйар, эрчиллиилэри сүрэҕэлдьээбэккэ оҥоруохха эрэ наада. Киһи этин-сиинин кэмигэр ыраастана, көрүнэ, эрчиллэ сылдьыан наада.
Мин билигин 47 саастаахпын, ол сааспыттан кыбыстыбаппын, уон сыллааҕыбыттан ордук доруобайбын, ол саҕана ыалдьар этим. Сайдарга хаһан да хойут буолбатах.
“Олоҕум барыта иннибэр”
— Орто сааскар олоххун ырытан көрөҕүн. Туох санаа киирэрий?
— Мин сааспын хаһан да билиммэппин, умнан кэбиһэбин. Эйгэбэр эдэр дьон элбэхтэр. 90 саастарыгар йоганан дьарыктанар эбээлэри көрдөхпүнэ, олоҕум барыта иннибэр дии саныыбын. Олох – эниэргийэ, онтуҥ бүттэ да, кырдьан бараҕын. Мин биэнсийэни букатын кэтэспэппин. Билбэтим-көрбөтүм, сатаабатым наһаа элбэх, барыта — иннибэр. Ону ситиһиэххэ эрэ наада.
Өрүү эдэр, элбэх эниэргийэлээх буоллахха – оччоҕо бэйэҕэр уонна дьоҥҥо элбэҕи оҥороҕун. Хас биирдии киһи сайдарыгар, бэйэтин суолун буларыгар баҕарабын. Сөбүлүүр дьыалалаах буоллаххына, ол баар, олоҕуҥ дьыалата. Таптыыр үлэҕэр өрөбүлэ да суох үлэлиэххэ сөп.
Эн үлэҕиттэн, көххүттэн дьон олоҕо уларыйар. Ол иһин дьылҕаҥ бэлэх биэрэр, тоҕо диэтэххэ, эн сөптөөх суолунан баран иһэҕин. Тугу да оҥоро иликкин оҥор, олоххор туһан диэн Конфуций этэн турар. Дьоҥҥо биэрдэххинэ, үтүө эргиллэн кэлэр. Онон бэйэм суолбун буллум дии саныыбын.
Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Олоҕун олуктара:
Саввинова Екатерина Аркадьевна
1971 сыл от ыйын 17 күнүгэр Дьокуускайга төрөөбүтэ.
Дьокуускайдааҕы педагогическай училище музыкальнай салаатыгар үөрэнэн, музыка учуутала идэни ылбыта. Ону тэҥэ Санкт-Петербурдааҕы профсоюзнай гуманитарнай университеты бүтэрэн, сынньалаҥ индустриятын менеджерэ идэлээх. 25 тылынан 200-тэн тахса ырыалаах.
2004 с. — «Хох монгол» бэстибээл лауреата (Улан-Батор, Монголия);
2006 с. — «Этигэн хомус» өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска “Сыл бастыҥ ырыаһыта” ааты ылбыта.
2010 с. “Поле чудес” биэриигэ кыайбыта.
2014 с. — Канада музыкальнай бириэмийэтигэр «Бастыҥ норуоттар икки ардыларынааҕы релиз (альбом)» ылбыта.
2015 с. Бразилияҕа Аан дойдутааҕы төрүт омуктар спортивнай оонньууларын култуурунай бырагырааматыгар кыттыыны ылбыта.
2018 с. – ХНТ (ООН) бастайааннай форумун аһыллыытыгар (АХШ) кыттыыны ылбыта.
СӨ үтүөлээх артыыһа.
Сэмсэ тыл:
Жанат Жусупов, норуоттар икки ардыларынааҕы мотивационнай тириэньэр, бизнесмен (Казахстан):
— Саина олус талааннаах киһи, артыыс эрэ өттүнэн буолбакка, бары өттүнэн. Биир сиргэ тохтоон турбат, үөрэнэргэ, сайдарга дьулуһуулаах. Үтүө санаалаах, дьоҥҥо көмөлөһөртөн аккаастаммат. Үөрэ-көтө сылдьар, олоххо тардыһыылаах. Кини саха норуотун биир чаҕылхай кыыһа, тас дойдуларга Саха сирин норуоттарын, кинилэр култуураларын олус үчүгэйдик көрдөрөр, билиһиннэрэр.