Саҥата суох үөрэх

Ааптар: 
04.11.2021
Бөлөххө киир:

Өрөбүл күннэргэ сынньана таарыйа Сэгэлдьийэ Чээлэй сэргэх кэпсээнин ааҕыҥ.

Куому диэн сүрдээх киэҥ алаас.  Кини киэҥ, көнө аларын киһи эрэ таптыы көрөр алааһа. Бааса уол аҕатын кытта хас да көһүнэн эргимтэлээх хааччаҕы көрөр-бэрийэр үлэлээхтэр. Куому эмиэ ол хааччах иһигэр баар алаас. Наһаар –бостуук. Кини уолун бэйэтин кытта илдьэ сылдьыбыта үһүс сайыныгар барда. Кинилэр бу хас да алааһы, хас эмит дьүөдьэни эргийэн икки сүүс субан сүөһүнү көрөллөр-истэллэр.  Аҕата уолун атыгар мэҥэстэн тэҥинэн илдьэ сылдьар. Бааса уол тугу барытын  дэбигис ылынан иһэринэн дьонун үөрдэр. Соҕотох оҕо диэбэттэр, букатын кыратыттан улахан киһилии кэпсэтэллэр-ипсэтэллэр. Хааччахтара алдьаммытын атынан күн аайы кэрийэ сылдьан абырахтыыллар. Сорох сиринэн боотулу, сорох сиринэн тоһоҕо күрүөнү саҥардан биэрэллэр. Дьэ, Бааса уол күрүө тоһоҕотун анньарга ийэ-хара көлөһүнэ тохтор, олус ыарырҕатар үлэтэ. Аҕата инчэҕэй титириги быһан уһуктууругар илии-атах буолар, сири дьөлө үүттүүргэ аҕатыттан хаалбат буола сатаан тиритэр, көлөһүнэ муннун төбөтүгэр бытыгырыырын ырбаахытын сиэҕинэн соттон ньуххайданар. Аны үөһэттэн сүүрэр көлөһүн хараҕын аһытар уонна барыта силбэһэн этэ биир кэлим уу буолар. Аҕата уолун көрө-көрө, күлэрин биллэримээри:

—Чэ эрэ, доҕоор, хайдах буолуохтааҕый, уол оҕото—бөтөс бэрдэ?

Киэһэ аайы арыылаах лэппиэскэни мэтийэ олорон  күрүөлэрин хааччаҕа ханан алдьаммытын, ханан тоҕо көтүү баарын, Маҥааччыйа дуу, Ураанай дуу тахсыбыттарын төттөрү киллэрбиттэрин эбэтэр олус уһуннук ханнык сүөһүнү көрдөөбүттэрин ийэтигэр кэпсиирэ. Уутугар-хаарыгар киирэн хааллаҕына лэппиэскэтин да туһунан умна быһыытыйара.

Арай биирдэ Бааса уол таһырдьаттан киирэн:

—Ийээ, тоҕо ити элбэх балаҕан кураанах турарый?

—Ээ, тоойуом, урут, НЭП саҕана күннээн олорбут дьоннор кэмтэн хаалбыт. Урут манна ыанар ынах да элбэҕэ, дьон да элбэҕэ. Билигин биһиги эрэ бу субан сүөһүнү көрөбүт. Улааттаххына барытын билиэҥ. Чэ, олоруоҥ дуо, абырҕаллаа. Күһүн наада буолуо, —ийэтэ түргэнник дьаһайар. Ол аата Бааса уол аны бу боппуруоһу ыйытыа суохтааҕын биллэ.

Бааса уол аҕатын кытта оттуу барарыттан олус үөрэр, долгулдьуйар от кини хаамтаҕына, хайдах эрэ, тугу эрэ этэр курдук. Оттон аҕата от охсон куһуйдаҕына, «Эн, эн, оҕус. Эн,эн, хомуй,»—диирдии хотуура күүскэ сур-сур тыаһыыр. Бааса уол кырачаан хотуурун илиитигэр ыллаҕына эмиэ улахан киһилии сананар. Бааса уол бугул быыһыгар төкүнүйэ оонньуу сылдьан эмискэ уһукта биэрдэ, күн уотуттан хараҕа саатта. Балаҕан иһэ ып-ыраас, атырдьах ыйын ортото сайыҥҥылыы сандаарбыт. Аҕата кинини уһугуннарбакка эрэ отугар барбытыттан хомойдо.

—Аҕаҥ эйигин сынньаннын диэн хаалларда. Үчүгэйдик аһаа уонна абырҕалла хомуйаар,- ийэтэ күөрчэхтээх лэппиэскэни иннигэр уурда.

Бааса уол абырҕалы хомуйар диэн үлэ үһү дуо, окко даҕаны мэниктии, оонньуу таарыйа курдук да сылдьыам этэ, күрүө тутардааҕар  бэтэрээнэн ээ диэн саныы-саныы оргууй аһыы олордо. Ол эрэн уһуннук утуйбута эмиэ да бэрт эбит. Хайдах эрэ улааппыкка, өссө эбии сэниэлэммиккэ дылы буолбут. Аһаан бүтэн таһырдьа таҕыста, олбуору быыһынан сүр сымсатык нөҥүө түстэ, атаҕын тилэҕэ дьүөдьэ диэки хараара турда. Отучча миэтэрэни киһилиэ дуо, кыра дьүөдьэтигэр тиийэн тула өттүн көрүннэ, дьоно аах бу дьүөдьэҕэ ыыппат этилэр. Ол да иһин төбөтүгэр бастаан манна сүүрэн кэлэр санаа киирбитэ! Арай көрбүтүн бэйэтэ итэҕэйбэтэ. Онно чыккымай кус оҕолорун киллэрбит эбит. Ол аата манна сайылаабыттар. Уолбут отунан-маһынан тамныа, аймаан кэбиһиэ диэн ийэтэ аах кистээн кэбиспиттэрин сэрэйдэ. Кус оҕолоро күөх дабыдал буолан  көппүттэр. Бааса уол кус оҕолорун маннык бииргэ, оргууй наскылдьыһа устан, ууга кынаттарын саратан умса тоҥхоҥноон дьикти хамсаныылары оҥороллорун саҥа көрдө. Дьүөдьэ кытыытынан эргийэ сылдьан маһынан тамнаан көтүтэтэлээн көрдө. Ийэлэрэ Бааса уолтан биэс-алта хаамыылаах сиргэ ууну таһыйа-таһыйа даллаҥныы дайа сылдьар. Бааса уол кус оҕолорун көмүскүүрүн төһө да биллэр, эр хаана уһуктан ис-иһиттэн бултуох санаата киирдэ. Өр толкуйдуу барбата, балаҕанын диэки ыстанна. Дьиэҕэ киирээт аҕатын уон алталаах саатыгар хараҕа хатанна.  Өрө күүрбүтэ ааспакка, аҕылаабытыттан бөтүөхтэс буолбут куолаһынан ийэтиттэн сааны көрдөөтө. Ийэтэ ылан биэрдэ:

—Ээ, бу барахсаны. Кыайыаҥ суоҕа, ыарахана да бэрт. Аны хайдах ытаҕын бу манан?—ийэтэ төһө да итинник эттэр, тоҕо эрэ уолугар сааны туттаран кэбистэ.

Бааса уол саатын нэһиилэ икки илиитинэн көтөҕөн дьүөдьэтигэр киирдэ.  Долгуйууттан сүрэҕэ эппэҥнэс, тарбаҕым салыбырыа диэн уоскуйа сатыыр.  Саатын дулҕа үрдүгэр ууран, умса түһэ сытан кыҥыыр. Куһа төттөрү-таары даллаахтыы сылдьар. Бааса уол сыалыгар кыайан киллэрбэт. Аҕатын үтүктэн кыҥнайар. Уҥа хараҕын эрэ быһа симэр, хаҥаһын  төрүт симпэт. Иҥнэри түһэ-түһэ сыалын аҥар хараҕар буллара сатыыр.

Муннун сыыгынас тыаһа улам аччаан, этэ-сиинэ тыҥыырга дылы буолла, санаатыгар тулатынааҕы от-мас барыта кини хамсаныытын кэтиир курдук. Ол аайы Бааса уол куһу табар баҕата эбии күүһүрэр. Онтон, аны хайдах эрэ хаҥас хараҕын симээт, туһаайбыта буолаат, саатын чыыбыһын тардан кэбистэ!  Кус Бааса уол иннигэр тиэрэ  таһылла түстэ.

Уол ийэтигэр куһун илибирэтэн таһаарда. Үөрүүтэ диэн олус, сөп буола-буола ойуоккалаан, ыстаҥалаан ылар. Арай, саатын дьүөдьэ кытыытыгар умнан кэбиспитин ийэтигэр кэпсии туран өйдөөн кэллэ уонна эмиэ төттөрү сүүрэ турда!

Бу күн Бааса уол ийэтэ сыллаабытын олус уратытык  ылынна. Киэһэ дьиэлээхтэр сандалы тула Бааса уол маҥнайгы булдун минин истилэр.

—Оҕом бастакы  булдугар лапсам да табылынна, — диэн ийэтэ чугуунтан мини баһа туран аҕаларыгар кэпсээтэ.

Биирдэ Наһаар куска уолун илдьэ барда. Бэйэтэ былыргы кэтириинискэй доруоптаах, уолугар анаан уон алталаах саатын атыгар төргүүлэнэн илдьэ сылдьар. Биир дьүөдьэҕэ кус бөҕө олорор. Наһаар куска үөмэн баран төттөрү таҕыста. Уолугар саатын туттарда, Бааса уол анал саалаах киһи быһыытынан сэрэнэ-сэрэнэ үөмэн киирдэ. Арай дьүөдьэ кытыытыгар охтубут маска биир кус төбөтүн кынатын анныгар уган баран утуйа олорор эбит. Уол хайдах эрэ ууну чалымнатан тыаһатан ылбытыгар кус өрө чөрбөҥнүү түстэ. Уол онно көрдөҕүнэ күһүҥҥү бороҥ кустартан атын, тэллэҕэр тумустаах, кыһыллыҥы-кугас түөһэ аллара түһэн истэҕин аайы сырдаан, маҥхайан иһэр, аны атаҕа кыһыл кус эбит. Бааса бу кэрэ куһу ис-иһиттэн аһынна, барыта көрүөх бэтэрээ өттүгэр буолла да, кус «сырк» гына көтөн хаалла. Бааса уол ыппатаҕыттан хомойбут быһыыта көстүбэт, аҕатыгар сирэйдиин-харахтыын уларыйан таҕыста.

—Аҕаа, мин билбэт куһум. Үчүгэй баҕайы дьүһүннээх.

—Халба диэн, кырдьык, күһүҥҥү кустартан көстүүтэ уратылаах.

Наһаар уола аҥар кырыытыттан ытар санаата суоҕун биһирээтэ: оҕо оҕо курдук кыраттан да үөрэр, саҥаны сэргиир уйан сүрэҕэ айылҕа кэрэтиниин алтыһар бу кэмин уһатыан баҕарда.

Бааса уол аны, а5атын сүбэтинэн, ытын быалаан баран сиэтэ сылдьан кус оҕотун туттарар буолла. Мохсоҕол да иччитин тылын сүрдээҕин истэр. Дьүөдьэ кытыла хайыта түһэн, дьөллөн түһэн биир тэҥэ суох. Сыыра бүтүннүү хайаҕас бөҕө,  онно саспыттары муннунан илдьи анньар, ону Бааса хомуйар. Ытын букатын ыыппат.  Итини барытын кини Георгий диэн ыарыһах абаҕатын эмтээри бултаһар. Георгий куораттан сөтөл буолан кэлбитин билэр. Айылҕаттан күүс-сэниэ ылаары кэлбит абаҕатыгар аҕыс саастаах уолчаан көмөлөһөр санаата бокуой биэрбэт. Кини бу кус оҕолорун бултаһан абаҕатын үтүөрдүөн баҕарар. Онно ийэтин кымыһа, быырпаҕа, суората барыта көмө буолуохтара. Ол иһин Бааса уол Мохсоҕолун илдьэ айылҕаҕа соҕотоҕун сылдьара элбээтэ.

Сэгэлдьийэ Чээлэй.

Хаартыскалар: classPic.ru, sakhaparlament.ru ылылыннылар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0