Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үүнэр көлүөнэтин судаарыстыбаннай тыйаатырын быйылгы сезона Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар уонна Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра тэриллибитэ 30 сылыгар ананар.
edersaas.ru
Тыйаатыр айар-тутар, үлэлиир дьиэтэ хаарбах туруктанан, быйыл куорат тыйаатырдарыгар сыҕарыйа сылдьан үлэлээтэ. Төһө да бас билэр сыаната суох көһө сылдьан үлэлээтэр, айар кэлэктиип көрөөччүлэрин сүтэрбэтэ, ол эбэтэр куорат тыйаатырдарыгар саҥаттан-саҥа туруоруулары көрдөрдө.
Кэмниэ-кэнэҕэс тапталлаах тыйаатырбыт бэйэтин бэйэлээх дьиэтин өрөмүөнэ бүтэн, тута үс саҥа испэктээги көрөөччүлэригэр бэлэмнээтэ.
Ол курдук, көрөөччүлэр Александр Островскай «Дохуоттаах», Корней Чуковскай «Мойдодыр уонна Федора Саҥа дьыллааҕы быһылааннара» остуоруйатын уонна кырачааннар «Сказочный мирок» интерактивнай тыйаатыр Ганс Христиан Андерсен «Хоруол саҥа былаачыйата» туруоруутун көрө, Үүнэр көлүөнэ тыйаатырыгар кэлиэхтэрэ.
ххх
Тыйаатыр ахсынньы 9 күнүгэр нуучча суруйааччыта Александр Островскай «Дохуоттаах» (»Дохуоттаах миэстэ») пьесатын СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ Александр Титигиров туруоруутугар көрдөрдө.
Саҥардыллыбыт сыанаҕа саҥа үлэни сүрэхтиэх иннинэ, саха үгэһинэн, артыыстар сиэр-туом толорон, алгыс ылан баран оонньоотулар.
Тыйаатыр уус-уран салайааччыта, Арассыыйа култууратын үтүөлээх үлэhитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыhа Алексей Павлов:
«Биһиги тыйаатырбыт дьиэтэ өрөмүөҥҥэ баран, куорат араас былаһааккаларыгар, бэл диэтэр, тыйаатырбыт фойетыгар үлэлээн кэллибит. Ол эрэн, бүгүн биһиги алаһа дьиэбитинэн буолбут тыйаатырбыт сыанатыгар оонньуур дьолбут тосхойдо! Бу биһиги кэлэктииппитигэр улуукан бырааһынньык. Онон улаханнык үөрэн-көтөн, сүргэбит көтөҕүллэн туран саҥа үлэбитин көрөөччүлэрбитигэр бэлэх уунабыт. Бу испэктээги сүрэхтээһин күнүн Хоруупсуйаны утары охсуһуу аан дойдутааҕы күнүгэр сөп түбэһиннэрдибит», -– диэн саҥа испэктээк саҥа сыанаҕа туруоруутунан көрөөччүлэри ис сүрэҕиттэн эҕэрдэлээтэ.
«Дохуоттаах» кэмиэдьийэҕэ суруйааччы саҥаны барытын утарсар хаалынньаҥ дьон уопсастыбатыгар эдэр дьон киһи дуу, кии дуу буоларыгар өйө-санаа буккуллуутун, утарсыытын, онуоха дьоруойдар майгыларын-сигилилэрин, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр сыһыаннарын, чиэһинэй буолуу төһө сыаналанарын уо.д.а. өрүттэри көрдөрөр. Үптээх-астаах дуоһунаска тиксэр туһугар сирэй-көрбөх буолуу арылхайдык көрдөрүллэр.
Инники олоҕор улахан эрэллээх эдэр киһи Жадов (артыыс Ньургун Черов) дьонҥо илэ-сала түһүөн, үчүгэй үлэ булар туһугар ньылаҥныан, бэрик биэриэн-ылыан, бэл, аймах өйөбүлүнэн туһаныан баҕарбат. Кини чиэһинэйдик, ол оннугар дьадьаҥытык да олорорго бэлэм. Ол гынан баран, испэктээх былаһын тухары Жадов олох тас дуйун, хаһыытыыр харчы тугу баҕарар быһаарар суолталааҕын итэҕэтэ сатыыр дьон тула өрө мөхсөр. Кинини кэргэнэ, дьадаҥы төрүттээх Полина (арт. Елизавета Далбараева) да өйдөөбөт. Испэктээк бүтүүтэ дьоруойбут кэргэнин көрдөһүүтүн ылынан, баай таайыгар дохуоттаах миэстэни көрдөһө барарга күһэллэр. Онуоха кинини «мөлтөх көлүөнэ кэлбиккит» диэн күлүү-элэк оҥостоллор. Ол гынан баран, эдэр киһи бэриниэн баҕарбат. Баҕар, кини тус бэйэтэ төһө да мөлтөөн биэрбитин иһин, ханнык баҕарар көлүөнэҕэ чиэһинэй дьон баарын уонна хаһан да тутуспут көнө суолуттан туораабатын туһунан этэр, кэргэнин көҥүлгэ ыытар. Ол эрэн, Полина кэргэнинээн хаалар. Жадов уобараһынан олох омсолоох өрүттэрин эдэр дьон эрэ кыайар кыахтааҕын, олоҕу кинилэр тутуһуохтаахтарын, тапталтан ордук күүстээх иэйии суоҕун тыктаран көрдөрөр пьесаны талан, режиссер Александр Титигиров Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын эдэр көрөөччүлэригэр кинилэри толкуйдатар испэктээги туруорда.
«Дохуоттаах миэстэ», төһө да нуучча классигын пьесата буоллар, режиссер сахалыы тыыны биэрэн, көрөөччүгэ ордук тиийимтиэ буолла. Дьоруойдарбыт бары сахалыы таҥастаахтар, ханна эрэ бэйэбитигэр буола турар түгэн, хаһан эрэ алтыһан ааспыт дьонуҥ курдук ылынаҕын. Ону сэргэ, баяннаах киһи сыана кэтэҕэр олорон, нууччалыы тэтимнээх ырыалар муусукаларын оонньоон, көрөөччү сүрэҕинэн ылынарыгар далаһа оҥорон биэрэр.
Испэктээк жанра төһө да кэмиэдьийэ дэммитин иһин, көрөөччү пьеса этэр санаатын, артыыстар оонньуулларын кырдьыктаахтык ылынар, кыһыйа-абара, хомойо-хоргута олорор.
Сүрүн оруолларга тыйаатыр сүрүн артыыстара, сыана маастардара Марина Корнилова, Федот Львов, Анна Флегонтова, Георгий Бессонов, Юрий Афанасьев, ону сэргэ эдэр артыыстар Спартак Ларионов, Ньургун Черов, Евгений Шамаев, Елизавета Далбараева, Екатерина Хоютанова уонна Татьяна Хомподоева оонньоотулар.
Манна даҕатан эттэххэ, кэнники кэмнэргэ «Саха» НКиК сериалларыгар Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын артыыстара элбэхтик оонньууллар. Онон, кинилэри сериалга уонна тыйаатыр сыанатыгар көрөр эмиэ ураты дьиктилээх. Маныаха артыыс талаана төһө кырыылааҕын, кини амплуата уларыйарыгар төһө бэлэмин, бииртэн биир уратылаах оруолу хайдах арыйарын көрөөччү быһаарарыгар кыах бэриллэр. Кэмиэдьийэҕэ сорох артыыстары куоластарыттан, быһыыларыттан-таһааларыттан эрэ сэрэйэр түгэннэр эмиэ баар буоллулар. Ол артыыстар гириимнээх оонньуулларыттан диир сыыһа буолуо, ол оннугар имигэс хамсаныы-имсэнии (пластика), сирэй-харах уларыйыыта улахан оруолланна. Холобур, пьеса дьоруойа Алистарх Вышневскай уобараһыгар СӨ үтүөлээх артыыһа Федот Львову омос билбэтэх көрөөччү баара буолуо.
Артыыс оруолга уларыйыытын кистэлэҥэ, арааһа, ити буоллаҕа.
Туруорааччы режиссер — Саха Өрөспүүбүлүкэтин ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ Александр Титигиров,
сыана худуоһунньуга — СӨ култууратын туйгуна Марьяна Оконешникова,
көстүүм худуоһунньуга — Егор Аммосов.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru
Тыйаатыр пресс-сулууспатын хаартыскалара