“НКИХ” ханаалыгар тэлэбиисэргэ 2004 сыллаахха “Саҥа ырыа” интерактивнай куонкуруһа аан бастаан көстүбүтэ. Саха сирин олохтоохторо урукку өттүгэр маннык сэргэх биэриини көрбөтөх буолан, бэркэ биһирээбиттэрэ. Сөбүлээбит ырыаһыттарбытыгар “СМС” нөҥүө куоластыырбыт. Онтон 2014 сыллаахха үбүлүөйдээх кэнсиэри оҥорон баран, эмискэ бырайыак “ууга тааһы бырахпыттыы” сүппүтэ, “күөх экраҥҥа” көстүбэт буолбута. Маҥнай “тоҕо көстүбэт буолла” диэн суохтуурбут. Бүгүн “Саҥа ырыа” музыкальнай куонкурус айар аҕата Петр Пестряковтуун кэпсэтиибитин ааҕыҥ.
Сүтэн баран күөрэйии
— “Саҥа ырыа” “күөх экраҥҥа” көстүбэт буолбутуттан үгүс көрөөччү соһуйбут да хомойбут да буолуохтаах. Бу икки сыл устата тоҕо дьон дьүүлүгэр тахсыбата?
— Мин билигин саҥа ананан Саха эстрадатын судаарыстыбаннай тыйаатырыгар продюсерынан үлэлээн эрэбин. Икки сыллааҕыта НКИХ-тан уурайан барбытым. Ол иһин буолуо, бырайыагы салгыы ыытар, анаан үлэлэһэр киһи көстүбэтэҕэ. Икки сыл устата чааһынай араас үлэҕэ үлэлээн баран быйыл оннубун дьэ буллум. НКИХ уонна Саха эстрадатын судаарыстыбаннай тыйаатыра буоламмыт музыкальнай интерактивнай “Саҥа ырыа” куонкуруһу тэрийэр туһунан дуогабар түһэристибит, куонкурус дириэксийэтин тэрийдибит. Сайаапканы алтынньы 17-21 күннэригэр туттубут. Сүүмэрдиир түһүмэхпит алтынньы 22-23 күннэригэр буолла. Маҥнайгы “Саҥа ырыа” куонкуруска кыттыбыт ырыаһыттары барыларын кэриэтэ бэйэбит ыҥыран ыллаппыппыт. Онтон эһиилигэр иккис сезоммутугар 80-тан тахса сайаапка киирбитэ. Инньэ гынан, бу куонкурус ырыаһыттар болҕомтолорун улаханнык тардыбыта.
Кыайыылаах Шаляпин куонкуруһугар
— Быйылгы куонкурус сүрүн уратыта тугуй? Көрөөччүлэри тугунан соһутаҕыт?
— “Сүрүн ураты” диир арыый сыыһа буолуо. Эбии саҥаны киллэрэн биэрии диэххэ сөп. Бырайыакпыт сүрүн балаһыанньата уларыйбата. Урукку хабаанынан барыаҕа. Сүүмэрдиир түһүмэҕи видеоҕа устан тэлэбиисэргэ алтынньы ыйтан көрдөрөн эрэбит. Маҥнайгы түһүмэҕи ааспыт дьону кэлэр сыл тохсунньу, олунньу ыйдарыгар эфиргэ таһаарыахпыт. Ол кэнниттэн кулун тутарга улахан гала кэнсиэрбитин көрдөрүөхпүт. Гала кэнсиэргэ «НКИХ анал бирииһэ” оннугар “Бырайыак анал бирииһэ” диэн уларытан наҕарааданы олохтоотубут. Бу куонкуруска кыайбыт ырыаһыты норуоттар икки ардыларынааҕы Шаляпин аатынан музыкальнай куонкуруска ыытар былааннаахпыт. Бу иннинэ ахсыс бырайыак анал бирииһин хаһаайына Июлина Ялтаҕа баран Федор Шаляпин аатынан норуоттар икки ардыларынааҕы вокальнай куонкуруска кыайан Гран-при буолан кэлбитэ. Куоластааһын эмиэ СМС нөҥүө барыаҕа.
“Сулустар” ханна тиийэллэр?
— Урукку “Саҥа ырыа” куонкурустан куорсун анньынан “сулус” буолбут ырыаһыт элбэх. Ол эрээри сорохтор биир-икки сыл буолаат сүтэн, симэлийэн хаалаллар. Кинилэр билигин ханна тиийдилэр?
— Дьон олоҕо араас буоллаҕа. Ким эрэ ыал буолар, ким эрэ ыллыырын тохтотор. Холобур, учуутал идэтин үөрэнэн бүтэрбит киһи үлэ булбакка, эбэтэр үрдүк хамнастанаары тутууга барыан сөп. Ырыаһыт киһи эмиэ оннук. Бу куонкуруска кыттыбыт дьону хайаан даҕаны ырыаһыт буолаҕыт диэн ким даҕаны ыкпат. Билигин: “эстрада ырыаһыта ааттаах үбүлүөйгэ кэлэн ыллыы сылдьар” диэн ис хоһоонноох тыллары дьонтон үгүстэ истэбин. Эһиги санааҥ көрүҥ ээ, үөрүүлээх-көтүүлээх үбүлүөйгүтүгэр “куһаҕан” ырыаһыты ыҥыран ыллатыа этигит дуо? Биллэн турар суох. Үгүспүт харчы төлөөн, биллэр-көстөр ырыаһыты ыҥыра сатыыр. Ол аата, эстрада ырыаһыта хайаан да сыанаҕа, кэнсиэргэ эрэ ыллыыр аналлаах буолбатах. Кини ханнык баҕарар бырааһынньыгы киэргэтиэн сөп.
Хит буолбут ырыалар
— “Саҥа ырыа” куонкуруска ааттыын саҥа, “буруолуу” сылдьар ырыалар күрэхтэһиилэрэ буоллаҕа. Онтон тэлэбиисэргэ көрдөххө үксэ араадьыйаҕа сайын устата хит буолбут, номнуо дьон нойосуус билэр ырыалара тыаһыыр. Тоҕо?
— Итинник ыйытыыны дьонтон эмиэ үгүстэ истибитим. Биһиги куонкуруспутугар биир сыл иһигэр суруллубут, айыллыбыт ырыа киирэрэ көҥүллэнэр. Быйыл кыттар ырыалар “буруолуу сылдьар” буолуохтарын сөп. Тоҕо диэтэр, куонкурус икки сыл сүтэн баран эмискэ күөрэйэн кэлбит буолан, саҥа айылла сылдьар, киэҥ араҥаҕа тахсыбатах ырыалар киириэхтэрэ. Холобур, “Саҥа ырыа” куонкуруска киирбэккэ хаалбыт ырыаһыт эһиил кыттыам диэн бэлэмнээн хоһоон бөҕөтүн айбыт. Билигин ол бэлэм хоһооннорун ырыа гына охсон, сайаапка ыытыан сөп.
Станислав ИОВЛЕВ.
Хаартыскалары http://sakhaday.ru сайтан уонна http://dnevniki.ykt.ru/song/360683 (Song дневнигыттан) ыллыбыт.
Саха НКИК сонунун көр: