Саҥа тыаһы көрдүүр Руслан Габышев

Ааптар: 
07.04.2020
Бөлөххө киир:

 Бу күннэргэ интэриниэт ситимигэр Майа сэлиэнньэтин талааннаах мусукаана Руслан Габышев саҥа айбыт үнүстүрүмүөнүнэн доҕуһуоллаан ыллаабыт ролига күүскэ тарҕанна.


Дьиҥэр эттэххэ, Руслан Прокопьевич бэйэтин эйгэтигэр киэҥник биллэр киһи. Кини туһунан өрөспүүбүлүкэ таһыгар даҕаны муусукаҕа сыһыаннаах дьон олус биһирээн бэлиэтииллэр. Видеоҕа көстөр гитараҕа майгынныыр тэрилин бэйэтэ “саадьаҕай оҕус” диэн ааттыыр. Кылын тардыыта, аккордара, кырдьык, алта кыллаах гитараҕа майгынныыр олоруулаахтар. Ол эрээри, тыаһатар ньымата киэҥ соҕус — бу тэрил устурууналаах да, смычковай даҕаны тэрил курдук тыаһыан сөп. Үстүрүмүөн сирэйэ чараастык таҥастаммыт убаһа тириитинэн бүрүллүбүт, кэннэ оҕус уонна сылгы түүлээх тириитинэн тардыллыбыт.

Бу тэрили ааптар сэттэ сыл анараа өттүгэр оҥорон таһаарбытым диэн этэр. Ол эрээри, дьон ол кэмҥэ сэҥээрбэтэҕэ, онон бөх курдук быраҕылла сылдьан сүппүт үһү. Оттон соторутааҕыта, төттөрү сөргүппүтүн мусукаан дьон эмискэ интириэһиргээн, тыаһын-ууһун хайҕаабыттар. Онтон санаата көтөҕүллэн, саҥаттаан тыаһатан барбыт.

Маны таһынан Руслан Габышев айбыт тыаһыыр тэрилэ элбэх, олор тустарынан бу ыстатыйаҕа ааҕын.

Кырыымпаттан саҕаламмыта

Кыра эрдэхпиттэн муусуканы сөбүлээн истэр этим. Бастаан, дьону үтүктэн гитараҕа оонньуурга үөрэммитим, кэнники хормуосканы даҕаны тыаһатарга үөрэммитим. Бу санаатахха, ол да кэмҥэ бултуу эҥин сылдьан, тыас таһаарар тэриллэри сэҥээрэр эбиппин. Куобаҕы айанан бултуур этибит, онно сылдьан айа кылын аалан, тыас таһааран, кэрэхсээн, сэҥээрэн истэрим. Биллэн туран, “бу муусука таһаарар үстүрүмүөн буолууһу” диэн санаа ол кэмҥэ өйбөр суох буоллаҕа. Таах мээнэ кэтээн көрүү.

Кырыымпа сөргүтүллэн, саҥа үөдүйүүтүн кэмигэр, кырдьыгынан эттэххэ, улаханнык испэр киллэрбэтэҕим. Били, нууччалар скрипкаларын үтүктэн оҥоһуллубут тэрил, кыыкынаан-хаахынаан тыаһыыр диэх курдук саныырым. Онтон, аармыйаҕа сылдьан, монгуол омук моринхуур диэн тэрилин олус сэргээбитим. Дьэ, онно “сахалар кырыымпалара эмиэ бэйэ үстүрүмүөнэ буолар эбит” диэн өйдөөбүтүм. Кэлэн баран кырыымпаны тыаһатар, өссө кэлин бэйэм оҥорор буолбутум.

Аиза Петровна кучуйбута

Оннук оонньоон, дьону кытта билсэн, ити эйгэҕэ киирбитим. Ол иннинэ муусукаҕа улахан сыһыана суох киһи этим. Тэлэбиисэр өрөмүөннүүр маастар этим. Өр сылларга суоппар­даан, таксистаан айахпын ииттибитим. Ол да буоллар, улам сайдан, кырыымпаны тыаһатарга үөрэнэн барбытым. Онно-манна оонньуур, ардыгар күрэстэргэ кыттар буолбутум. Биирдэ, Тааттаҕа Александр Иванович Чахов бирииһигэр Ытык Күөлгэ кырыымпаҕа оонньоон, маҥнайгы миэстэни ылбытым. Онно Аиза Петровна Решетниковалыын билсибитим. Үрдүк үөрэхтээх, улахан мусукаан саха үстүрүмүөнүн туһунан билиитэ-көрүүтэ олох киэҥ буоллаҕа. Элбэҕи ырытан баран, түҥ былыргы муусука тэрилин сөргүтүү туһунан кэпсэ­тиигэ тиий­биппит. Онон тыаһыыр ох туһунан маҥнайгы этии киниэнэ буолар. Ити кэнниттэн икки сылы быһа умуннарбакка этэн, оҥорторбута. Кини «Ох — киһи-аймах аан бастаан айбыт үстүрүмүөнэ буолуохтаах. Булчут бултуйан, тотон олорон, аттыгар баар тэрилин тыаһатан көрбүт буолуохтаах» диир. Ол курдук, “музыкальный лук” диэн ааттаан оҥорбут тэрилбит үөскээбитэ. Сахалыы “доҕуһуоллуур ох” дэнэрэ эбитэ буолуо дуу… Сахалыы “муусука” диэн тыл “доҕуһуол” дэнэрэ буолуо?

Тойон-кырыымпа, дьүкээгир арфата уонна да атыттар

Чаахап кырдьаҕастыын ыкса син өр бииргэ үлэлээбиппит. Кырыымпа арааһын оҥорбуппут. Кырыымпаҥ бэйэтэ араас көрүҥнэрдээх. Тойук-кырыымпа, хоппо-кырыымпа, сэргэ-кырыымпа, о.д.а. араас көрүҥнэрэ бааллар. Тус-туһунан тыастаах, оҥоһуулаах буолаллар. Арыый аллараа тембры ылаары, «тойон-кырыымпа” диэн, контрабас курдук улахан үстүрүмүөнү айан, оҥорон таһаарбыппыт. Боруобалаан, балай да элбэх муусука тэрилин оҥорбуппут. Аиза Петровна ыйыытынан, “урут баар үһү” диэн, дьүкээгирдэр арфаҕа майгынныыр үстүрүмүөннэрин чочуйбутум. Онтукабытын билигин “Колымчанка” диэн ансаамбылга тыаһатар буолуохтаахтар. Биирдэ таба муоһун туһанан кырыымпа оҥорон турардаахпын. Ол тэрил билигин даҕаны баар. Оонньуохха сөп эрээри, Саха сирин таһыгар илдьэ барар уустуктардаах. Кээмэйэ улахан буолбатах, син дьоҕус тэрил. Ол гынан баран, таба муоһун тиэйэргэ туһунан көҥүл ылыахтаах эбиккин. Онон дьиэбэр сытар.

Доҕуһуоллуур охпун оҥорон баран, ытык кырдьаҕаспытыгар Чаахапка иһитиннэрбиппэр: “Алта уон сыл көрдөөбүт тыаспыт бу кэллэ! Дьэ, истэр күннээх эбиппин!” – диэбитэ. Анал бирииһин туттарбыта.

Казахстаҥҥа

Сахалар төрүт  муускаҕытын күүскэ сайыннарбыккыт!”

Омук дьоно ох тыаһын олус сөхтүлэр. Сыанаҕа усилитель нөҥүө улаатыннаран оонньообутум дьону улаханнык соһутта быһыылаах. Икки ньыманан оонньуубун, судургутук чаачарынан тардан уонна айахпынан дуоратан, илигирэтэн, хомус курдук тыаһатан. Бары кэриэтэ “урут иһиллибэтэх, саҥа тыас” диэн билиннилэр. Онтукалара саҥа тыас буолуо дуо, төттөрүтүн түҥ былыргы, умнуллубут тыас буоллаҕа дии.

Кэнники, бүөм олорон аппаратуранан улаатыннарбакка эрэ оонньообуппун истэн, Голландия композитора Эд ван Донген диэн киһи: ”Билиҥҥи улахан тыастаах үстүрүмүөннэр үйэ­лэригэр, ох чуумпу тыаһын истэ олорон, бэйэҥ ис дууһаҕын иһиллиир курдуккун”, — диэбитэ. Кырдьык, доҕу­һуоллуур ох аан дойду омуктарын үгүстэригэр аан маҥнайгы айыллыбыт үстүрүмүөннэртэн биирдэстэрэ буолуохтаа. Кырыымпа, гитара курдук резонатора суох (айылла илик буоллаҕа дии), оонньуур ки­һиэхэ бэйэтигэр эрэ иһиллэр, чуумпу тэрил.

Ааатырбыт мусукаан Рашит Калимуллинныын

Казахтар көннөрдүлэр

Биир кэмҥэ оҕум тыаһын күүһүрдээри, тимир струнаны тардан, боруобалаан көрө сылдьыбытым. Ол туһунан кэпсээбиппэр, казахтар Курмангазы аатынан консерваторияларын бырапыассара Бейбит Дальденбай: “Сахалар биһиги курдук сылгынан олорор омуккут. Онон эһиги муусукаҕыт тыаһа биһиэхэ чугас. Кыл тыаһа тимир устуруунатааҕар чыҥха атын, сымнаҕас, киһи куолаһыгар дьүөрэлэһэр. Тимириҥ өстүөкүлэ курдук чаҥкынас тыаһы биэрэр, биһиги омукка барсыбат. Онон хайаан даҕаны кыл тыаһын харыстааҥ”, — диэбитэ. Кэллиэгэтэ, Артык Токсунбаев: “Кыл тардыылаах муусука тэриллэрэ тыыннаах тыас биэрэллэр, былыр өбү­гэлэрбит кыл тыаһынан эмтэнэллэр этэ”, – диэн бигэргэппитэ.

Казахтар, татаардар, “сахалар төрүт үстүрүмүөннэргитин олус кичэллээхтик харайан аҕалбыккыт!” диэн сөҕөллөр-махтайаллар. Ол иннинэ саха хомуһун уонна муусука атын үстүрүмүөннэрин ис­тиэхтэриттэн, улаханнык сэргии сылдьыбыттар эбит. Дьиҥэр, бу доҕуһуоллуур оҕу сахалартан ах­сааннаах киһи билэр буоллаҕа. Кэлин сайдан иһэрэ эбитэ буоллар.

Кыл Саха” ансаамбыл

Эппитим курдук, “Кыл Саха” диэн сахалыы тыыннаах муусуканы оонньуур ансаамбылга оонньуубун. Салайааччыбыт – Анна Ивановна Томская. Быйыл кыһын ансаамбылбыт биэс сыллаах үбүлүөйэ буолар. Билигин араас ыһыахтарга, тэрээһиннэргэ элбэхтэ ыҥыраллар. Онон биһиги элбэх сиргэ доҕуһуоллуубут. Өссө тыйаатырга улахан айымньылары тыаһынан-ууһунан киэргэтэбит. Спонсордар эҥин көмөлөрө суох эрээри, үлэбит быстыбат. Сорохтор “биһиги уолбут, биһиги өйүүбүт” диэбиттэрин истэбит эрээри, дьиҥнээхтик көмөлөспүт, үбүлээн ханна эрэ ыыппыт киһи суох.

Бэйэм тикпит таҥаһым абырыыр

Сыанаҕа тахсар, айаҥҥа кэтэр таҥаспын бэйэм тиктэбин. Ити өттүгэр эмиэ өбүгэлэрбит би­лиилэрин туһанан таҥныахха баар эбит. Холобур, бөрө тириитинэн ыс­таан тигэн турардаахпын. Тымныыга түүтүн ис өтүгэр кэтиэххэ сөп. Халлаан сылыйдаҕына, тас өттө да гыныахха сөп. Аны дьиэҕэ киирдэххэ, этэр­бэс устубакка эрэ түргэнник уһулуохха сөп, итииргии олорбокко. Ону дьон бэйэтэ айбыт таҥаһа дииллэр эрээри, өбүгэлэрбит кэтэн кэлбит таҥастара буоллаҕа. Үйэлэр тухары мунньуллубут билии күүһүнэн маннык тымныы дойдуга киһи-хара буолан олордохторо. Мин ыраах сиринэн элбэҕи хаа­мабын, өрүһү туоруубун, онон сылаас, үрдэрбэт оҥоһуулаах таҥас тиктэн кэтэбин. Кэргэммэр эмиэ таҥаһын тигээччибин.

Уопсайынан, билигин биир сүрүн дьарыгым – илиинэн уһаныы. Муусука үстүрүмүөнүн таһынан, араас тэрили оҥоробун, таҥаспын тиктэбин. Бэйэ оҥорбута хаһан баҕарар ордук буолааччы.

«Саадьаҕай оҕус» үстүрүмүөн

Егор Карпов, хаартыскалар Руслан Габышев архыыбыттан 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0