Саҥа технологиянан тутуллубут дьиэлэр Өймөкөөн тымныытын тулуйдулар

Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү бырагырааматын чэрчитинэн сөптөөх үлэ ыытыллар. Хоту улуустартан Өймөкөөн улууһугар бу бырагырааманы олоххо киллэрии үчүгэйдик барар. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр-көстөр «Стройкон” ХЭУо Уус Ньара бөһүөлэгэр 2014-2015 сылларга тимир тулааһынннаах саҥа ньыманан 24-түү кыбартыыралаах 7 дьиэни тутан үлэҕэ киллэрбитэ. Быйыл олунньуга тимир тулааһыннаах 6 дьиэ тутуутун саҕалаан, төрдүс кыбаартал бүтүөр диэри үлэҕэ киллэрээри туруулаһа сылдьар. Мантан иккитэ сэтинньи 29 күнүгэр үлэҕэ киирбитэ.

Тыйыс тымныыга сөп түбэһэллэрин көрдөрдүлэр

РФ бырайыактааччыларын уонна изыскателлэрин национальнай холбоһуктарын билиниитин ылбыт “МОНО-строй» ХЭУо дириэктэрэ Еремей Баин техническай быһаарыытынан тимир тулааһыннаах тутууга бырайыагынан тутуллубут дьиэлэр хотугу сир тымныытын тулуйдулар.

Ону “МОНО-строй” ХЭУо икки бырайыактара 2015 с. Россия үрдүнэн ыытыллыбыт тутуу бырайыагын идэлээхтэригэр “Бастыҥ инновационнай бырайыак” куонкуруска “Эконом-кылаастаах олорор дьиэ бастыҥ бырайыага” номинацияҕа бастакы миэстэ, “Үөрэх эйгэтигэр бастыҥ бырайыак” номинацияҕа үһүс миэстэ ылбыттара да элбэҕи туоһулуур.

Маны өрөспүүбүлүкэ салайааччылара өйөөн, “МОНО-строй” ХЭУо бу бастыҥ буолары ситиспит уонна атын бэлэм бырайыактарынан оскуолалар, уһуйаан дьиэлэрэ, кулууптар, спортивнай саалалар тутуллаллара буоллар кылгас кэм иһигэр, атын биллэр тимир тулааһыннаах тутуулартан, чэпчэкитик уонна түргэнник социальнай объектар саҥардыллыа уонна эбии тутуллуо этилэр. Маннык бырайыагынан тутуу кириисис кэмигэр нэһилиэнньэни саҥа дьиэнэн хааччыйыыга көдьүүһэ улахан буолуо этэ.

Уус Ньараҕа

МОНО-строй” ХЭУо бырайыагынан тутулла турар дьиэлэри соторутааҕыта баран көрөн кэллим. Саҥа тутуллубут үстүү этээстээх 13 дьиэлэр бөһүөлэк сиэрэй эркиннэрдээх эргэ дьиэлэрин ортолоругар уратытык көстөн дьэндэһэн тураллар. Тутулла турар алта дьиэҕэ сырыттыбыт. Этэргэ дылы, туох баар силигэ бүтэн, итиитэ бэриллибит. Арай, дьиэлэр лаампаларын ыйыы, тэлгэһэҕэ хаалбыт тутуу матырыйаалларын ыраастыы сылдьаллара. Саамай сүрүнэ, дьиэлэр хас биирдии кыбартыыралара сып-сылаастар, сып-сырдыктар. Киһи эрэ астына-дуоһуйа олоруох курдук.

Бу дьиэлэр бырайыактара бэрт судургу. Тимир тулааһыннар 3-6 м арыттаах туруоруллубуттарын кэнниттэн итиини тутар сэндвич-панелинэн дьиэ эркинэ уонна үрүтэ бүрүйүллэр. Ол эбэтэр, дьиэ тимир тулааһына барыта умайбат сылаас саҕынньах иһигэр киирэн хаалар. Ити түмүгэр, сылаас ханан да тахсыбат, тымныы ханан да киирбэт буолан, биһиги Сахабыт сирин усулуобуйатыгар сөп түбэһэр техническай быһаарыы тахсар. Быйыл бырайыагы уонна дьиэни туппут тэрилтэлэр салайааччылара дьиэлэр туруктарын кэтээн көрөн баран, сылааһы тутар матырыйаал халыҥа 20 см да буолуон сөп эбит диэн быһаардылар.

Онон “МОНО-строй” ХЭУо техническай быһаарыыта ордук суола-ииһэ мөлтөх тыа улууһун бөһүөлэктэригэр, нэһилиэктэригэр, хоту улуустарга барсарын толору итэҕэттэ диир кыахтаахпыт.

1970-1980-с сс. тутуллубут 139-с сериялаах 12-лии кыбартыыралаах дьиэлэр билигин адьас эргэрэн тураллар. Бу – мэлдьэх буолбатах. Бэрт сотору кэминэн бу дьиэлэри саҥаларынан солбуйуу кириисис кэмигэр уустук буолар туруктаах. Ол эрээри, социальнай боппуруос буоларын быһыытынан уһуннук уталытыллыбакка, быһаарыллыан наадата тирээн иһэр. 139-с сериялаах дьиэлэр оннуларыгар бу тимир тулааһыннаах дьиэлэри тутуу саамай сөптөөх быһаарыы буолуо этэ диэн СӨ Уопсастыбаннай палаататын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, СӨ бочуоттаах тутааччыта Иван Горохов диирэ оруннаах.

     Бу техническай ньыма тутууга кэскиллээҕин, өссө тупсар хайысхалааҕын уонна дьиэни түргэнник тутууга көдьүүстээх буолуоҕун туһунан «НОПРИЗ» президенэ, Академик Михаил Посохин Еремей Баиҥҥа наҕараада туттара туран эппитин «Саха НКИК» сонуннарыгар кэпсээбиттэрэ.

Тимир тулааһыны уонна дьиэ эркиннэрин бүөлүүр сэндвич-панеллары оҥорон таһаарар собуоттар саҥа ньыманан тутуллубут дьиэлэр үйэлэрэ 50 сылтан элбэҕин туһунан мэктиэлииллэр.

Бырайыак салайааччыта бу техническай быһаарыыга олоҕуран, билинҥи тутууга бэлэмнэниллэ сылдьар нуормаларынан саҥа конструкциялары, үрдүк таһымнаах саҥа матырыйааллары туһанан саҥа ньыманы өссө сайыннарыахха сөбүн этэр. Еремей Баин: «Сайдыы тосхоло – 2030» стратегияҕа бу саҥа ньыма тутуу салаатыгар киллэриллэрэ буоллар. Ол курдук, бу саҥа ньыманы туһаныыга энергияны кэмчилээһин өттүнэн саҥаны киллэрии хайысхата баар уонна бу хоту улуустарга улахан көдьүүстээх буолуо этэ», – диэн этии быһыытынан киллэрэр.

Олохтоохтор санаалара

       Уус Ньара бөһүөлэгэр тиийэ сылдьан, саҥа ньыманан тутуллубут дьиэлэр кыбартыыларын хаһаайыннарын кытта көрсөн, кинилэр санааларын иһиттим. Кинилэр бу дьиэлэргэ сылтан ордук кэмҥэ олордулар. Онон дьиэ хайдаҕын эттэринэн-хааннарынан үчүгэйдик билэллэригэр саарбахтааһын суох.

Кыбартыырабыт сылаас

Борис Скрыбыкин, Коммунистическай уулусса 30 №-дээх дьиэтин олохтооҕо, кыбартыырата үһүс мэндиэмэҥҥэ баар:

Былырыын ахсынньыга Уус Ньараҕа «Стройкон» ХЭУо туппут саҥа дьиэтигэр киирбиппит. Кыбартыырабыт олус сылаас, сырдык. Аһара сылаас буолан, куухунабыт батереятын арааран туруорабыт. Утуйар хоспут эрэ киэнэ итиини биэрэр. Түннүгүнэн иҥин тымныы салгын киирбэт. Кэргэннээхпин, уоллаах кыыс оҕолордоохпут.

Эргэ дьиэлэри кытары тэҥнээтэххэ, быдан үчүгэй

Алексей Григорьев, коммунистическай уулусса 30 №дээх дьиэтин олохтооҕо, кыбартыырата иккис мэндиэмэҥҥэ баар:

— Кыбартыырабыт олус сылаас, тымныы усулуобуйалаах улууска ити эрэ наада. Канализация та этэҥҥэ үлэлии турар. Бу иннинэ 50-с, 60-с сылларга тутуллубут тыбыс-тымныы дьиэҕэ олорбуппут. Бу дьиэни уруккулары кытта тэҥнээтэххэ, быдан үчүгэй, нууччалыы эттэххэ, «небо и земля» буоллаҕа. Эркин хайыта барыыта суох. Уопсайынан, хаачыстыбалаахтык тутуллубут дьиэ диэн көрөбүн.

Билигин оҕолорум шортигынан, футболканан эрэ сылдьаллар

Анатолий Захаров, Коммунистическай уулусса 30 №-дээх дьиэтин олохтооҕо, 1-гы этээскэ олорор:

Дьиэ маҥнайгы мэндиэмэнигэр баар кыбартыыралар тымныы буолар диэччилэр эрээри, ону билэ иликпин. Ол курдук, олус сылаас. Бу иннинээҕи дьиэбит кыбартыыратыгар оҕолорбут истээх ыстаан уонна хаатыҥка кэтээччилэрэ. Билигин шортигынан, футболканан эрэ сылдьаллар. Аһара сылааһыттан сылтаан, куухунабыт батареятын букатын арааран кэбиспиппит.

Кыбартыырабыт олус үчүгэй

Николай Слепухин, Ленин уулусса 3 №-дээх дьиэтин олохтооҕо:

Саҥа кыбартыырабытыттан олус астына сылдьабыт. Субу көмүс артыалыттан үлэлээн кэлэн олоробун. Кыбартыырам сылааһыттан, ырааһыттан сүргэм көтөҕүлүннэ аҕай. Бу иннинэ олорбут дьиэбит наһаа бэрдэ суох этэ. Саамай сүрүнэ, сылаас. Хоту улууска онтон атын наада суох курдук көрөбүн.

Үҥсэргиирим туох даҕаны суох

Елена Осадчук, Ленин уулусса 3 №-дээх дьиэтин олохтооҕо:

Дьиэ сылаас, сырдык диир эрэ кыахтаахпын. Хайдах үрүҥү хара дии туруохпунуй? Үҥсэргиирим туох даҕаны суох. Чэ, ситигирдик.

Салайааччылар этиилэрэ  

Михаил Захаров, Өймөкөөн улууһун баһылыга:

Маннык “МОНО-строй” ХЭУо бырайыагынан тимир тулааһыннаах дьиэлэри кириисис кэмигэр хоту улуустарга тутары саамай табыгастааҕынан ааҕабын. Инники тутуллан үлэҕэ киирбит дьиэлэр Өймөкөөн тоһуттар тымныытын тулуйдулар. Сылаастарын толору итэҕэттилэр. Саамай сүрүнэ, хоту улуустарга олорор дьоҥҥо дьиэ сылаас уонна сырдык буолуохтаах. 

Иван Полушкин, «Стройкон» ХЭУо генеральнай дириэктэрэ:

Өймөкөөн улууһун Уус Ньара бөһүөлэгэр эргэ дьиэттэн дьону көһөрүү бырагырааматын чэрчитинэн, ити дьиэлэри туттубут. Харахпын быһа симэн баран, ити “МОНО-строй” ХЭУо саҥа быһаарыылаах бырайыагынан дьиэни тутууга ылсыбыппыт барыта этэҥҥэ түмүктэнэн эрэр. Былырыын туппут дьиэлэрбитигэр олохтоохтор этэҥҥэ кыстаатылар. Онон хоту улуустарга саамай сөптөөх бырайыак оҥоһуллубут.

Александр ТАРАСОВ, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0