Саҥа төлөбүрү 22 мөлүйүөн оҕо ылыаҕа

13.05.2020
Бөлөххө киир:

Ыам ыйын 11 күнүгэр дьиэҕэ хааччахтанан олоруу эрэсиимиттэн сыыйа тахсыы миэрэлэрэ киирэллэринэн, 3-15 саастаах хас биирдии оҕоҕо 10 тыһыынча солкуобай төлөнөр буолла. Холобур, ыал үс оҕото саастарынан хапсар буоллахтарына, 30 тыһыынча солкуобайы ылаллар.

Бу маннык көмөнү дойду үрдүнэн 22 мөлүйүөн оҕо ылыан сөп диэн Үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтэ барыллаан аахпыт. Биирдэ бэриллэр көмө харчыны бэс ыйын 1 күнүттэн төлөөн саҕалыахтара.

Миниистир Антон Котяков этэринэн, үбүлээһиҥҥэ 200 миллиард солкуобай кэриҥэ ирдэнэр эбит. Сайабылыанньаны gosuslugi.ru порталга тус кэбиниэт нөҥүө, эбэтэр Биэнсийэ пуондатын саайтыгар алтынньы 1 күнүгэр диэри биэриэххэ сөп. Атын туох да ыспыраапка ирдэммэт. Төлөбүртэн нолуок тутуллубат уонна атын социальнай көмөнү ылар буоллахха, дохуот быһыытынан учуоттаммат, биирдэ ылан биэрэн эрэ кэбиһэллэр.

Ону тэҥэ, дьиэ кэргэн биир оҕоҕо хас да төлөбүрү ылыан сөп. Холобур, 5 саастаах оҕоҕо биирдэ бэриллэр 10 тыһыынча солкуобайы уонна 7 сааһыгар диэри ый аайы 8,6 тыһыынча солкуобайы. Төрөппүтэ үлэтэ суох хаалбыт буоллаҕына, атын төлөбүрдэр эмиэ бааллар.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0