Бу күннэргэ Саҥа сылынан, сорохтор Саҥа дьылынан эҕэрдэлэһэбит. Биология билимин дуоктара, ХИФУ бэрэпиэссэрэ Гавриил Спиридонович Угаров-Эһээ Дьыл кэпсэтиигэ санаатын итинтэн саҕалаата.
— Саҥа 2022 сыл үүнэр, төгүрүк сыл. Саҥа дьыл буолбатах. Дьыл диэн сахаларга эрэ баар Сыл саамай тымныы, сүөһү хотоҥҥо турар кэмин ааттыыллар. Алтынньы 14 күнүттэн, кыһын саҕаланыаҕыттан сааскы кэми кытта хабан ыам ыйын 22 күнүгэр тиийэн бүтэр. Дьыл уһуна 220 хонук. Дьыл сүөһү баайдаах саха омукка тыын суолталаах кэм. Бу бэлиэ кэми малааһыннаан көрсүөххэ баар этэ диэн санааны быктарыллыбыта ыраатта. Өскөтүн кыһын кэлэрин, дьыл саҕаланарын бэлиэтиир бырааһынньык олохтонноҕуна, дьэ оччоҕо бэйэ-бэйэбитин Саҥа дьылынан диэн эҕэрдэлэһиэхпитин сөп.
Онон күндү ааҕааччылар, бука бары Саҥа 2022 сылынан истиҥ эҕэрдэтэ тутуҥ!
2022 СЫЛЫ САЛАЙАР АЙЫЫЛАР
— Үүнэр сылы ханнык Айыылар салайалларый?
— Таҥарианство итэҕэлинэн сыллары уонна ыйдары Үөһээҥҥи Айыылары кытта Сирдээҕи Иччилэр — Таҥара Орто дойдуга олохтообут үлэһиттэрэ кыттыһан салайаллар.
2022 сыл Одун Хаан (Үөһээҥҥи Айыы) уонна Ытык Чыыбыстаан (Сирдээҕи Айыы эбэтэр Тыл иччитэ) дьаһайар сыллара.
Онон Ытык Чыыбыстаан туруорсуутунан, быһаччы салалтатынан, Саҥа сылга Тылга уонна Итэҕэлгэ улахан болҕомто ууруллуоҕа. Дьон кэрэхсэбилин Саха итэҕэлин биир кэскиллээх хайысхата — Таҥарианство ылыаҕа.
САҤА СЫЛ УРАТЫЛАРА
Саҥа сыл уратытынан туох ханнык иннинэ хамсык ыарыы намырыйыа, онон дьэ көҥүл олохпут саҕаланан өрө тыыныахпыт диир Эһээ Дьыл.
— Хамсык буулаабыт сылларыгар дьон онно-манна быкпакка, аралдьыйбакка хаайтаран олорон уонна дьиэтигэр үлэлээн, балачча сололонон элбэҕи толкуйдаата, дьиэтин-уотун көрүннэ, айымньылаах толкуйу тобулла. Онон саҥа сылга үгүс киһи ол толкуйун олоххо киллэрэргэ үлэлэһиэҕэ.
Дьон-сэргэ санаата көтөҕүллэн утаппыттыы саҥалыы олоруоҕа, күүрүүлээхтик үлэлиэҕэ, үөрэниэҕэ.
2022 сыл сайыныгар уот барыыта, ойуур умайыыта букатын аҕыйыаҕа, онон ыраас салгынынан тыыныахпыт, дуоһуйа сынньаныахпыт. От-мас үүнүүтэ үчүгэй буолуо. Сир аһын үүнэр иэнэ уот сиэн арыый аҕыйаатаҕа. Ол гынан баран, 2-3 сылынан араас сир аһа өрө үтэн тахсыаҕа. Быйыл уот сиэбит сиригэр Куруҥ ото эбэтэр Кучу (Иван чай) хойуутук үүнүөҕэ. Уот сиэбит сирэ уоҕурдуллан, онно үүммүт от олус иҥэмтиэлээх, битэмиининэн, минералларынан баай буолуоҕа. Ону сиэбит кыыл, холобур, куобах, көтөр арааһа төрөлкөй төрүөхтэниэхтэрэ, сотору кэминэн булт-ас элбиэҕэ.
Мас-от хаххата суох хаалбыт ойуур оннун чэҥэ ууллан күөллэр, үрэхтэр ууланар туруктаах курдуктар. Оттон халлаан сайын син куйаарбахтыыра буолуо гынан баран, былырыыҥҥытааҕар ама курдук.
УЛАХАН ТЫМНЫЫ ТОХСУННЬУГА ТҮҺЭР
— Дьыл оҕуһун муоһа үүннэ да, халлаан тымныйбытынан барар диэн этэллэр. Итини быһааран биэрэриҥ буоллар.
— Дьыл оҕуһун бастакы муоһа сэтинньи 8 күнүгэр үүнэр, итинтэн ыла кыһыҥҥы тымныы түһүүтэ саҕаланар, бу муос сэтинньи 20 күнүгэр ситэр. Иккис муос ахсынны 21 күнүгэр тахсар, тымныы эрээри, муос уһуктана илигинэн, ахсынньы тымныыта тохсунньутааҕар арыый мөлтөх буолар.
Тохсунньу 8 күнүгэр Дьыл оҕуһун муостарын төбөтө уһуктанар, улахан тымныы түһэр, тымныыбыт өрөгөйө буолар.
Онтон тохсунньу 31 күнүгэр муостар кылааннара кыларыйар, ол эбэтэр уһуктара тостор, бытарҕан тымныы кэм аҕырымныыр. Олунньу 12 уонна 24 күннэригэр бу муостар утуу-субуу түһэллэр, онон олунньу ортотугар, бүтүөр да диэри тымныы син биир турар. Кулун тутарга тиийэн дьэ дьиҥнээхтик тымныыттан босхолонуохпут.
ДЬЫЛ ОҔУҺУН
ТУҺУНАН НОМОХ
21 үйэ саҕаланыытыгар Эһээ Дьыл баар буолбут. Онтон ыла Дьыл оҕуһа Эһээ Дьыл оҕуһа диэн ааттанар.
— Былыр Сэлиини Уу оҕуһа дииллэр, оттон аһыытын муоһа дииллэр эбит.
Сэлии муоһун сыыр сирэйэ сууллан түспүт хаһан да ирбэт тоҥ буортан булаллара. Ол иһин Уу оҕуһун муоһа тымныыны түһэрэр эбит диэн өйдөбүл үөскээбитэ. Онтон дьыл-күн ааһан истэҕин аайы Уу оҕуһун муоһа үүнэрин-түһэрин быһаччы Оҕус муоһа үүммүт-түспүт диир буолбуттара.
Тымныы кыһын түһэр. Саас эмиэ тымныы буолар. Онон Сыл Тымныы, сүөһү хотоҥҥо туран аһыыр кэмин Дьыл дэнэр. Дьыл хаһаайына Дьыл оҕонньор. Онон тымныыны түһэрэр Муостаах оҕуһу Дьыл оҕуһа диэн ааттыыллар.
Онтон ыла Дьыл оҕуһун муоһа үүммүт-түспүт (туллубат, тостубат) диэн өйдөбүл үөскээбит.
ТЫМНЫЫ ИЧЧИТИН САҤА МӨССҮӨНЭ
Дьыл оҕуһун дьон сүүнэ муостаах дьиэ сөҕүмэр оҕуһун курдук саныыллар.
— Биһиги санаабытыгар, олоҥхо курдук сүдү эпоһы айбыт баай фантазиялаах омук, тымныы курдук олоҕун кыһалҕалаах аргыһа буолбут улахан Иччини — Дьыл оҕуһун сүрдээн-киэптээн букатын атыннык өйдүүр буолуохтаах. Ол иһин Дьыл оҕуһун былыргы бастакы өйдөбүлүгэр тирэҕирэн уонна сорох ситэ өйдөммөт түгэннэри быһаарар гына Эһээ Дьыл оҕуһун — Тымныы Иччитин саҥа дьүһүнүн-бодотун оҥордубут. Оҕус үс кыыл — Сэлии, дьиэ оҕуһа уонна тайах холбоспут сиэнчэр төрүөх.
Сэлииттэн оҕус илин өттө — төбөтө, уһун тумса (хобота) уонна атаҕа баар. Атахтара 5-тии тарбахтаах. Оттон оҕустан төбөтүгэр муруна баар, агдатыттан кэлин өттө барыта — иһэ-үөһэ, халаабыһа, туйахтаах икки кэлиҥҥи атахтара, кутуруга, барыта оҕус киэнэ. Дьон хараҕа тута оҕус халаабыһа улаханыгар иҥнэ түһэр. Ити омуннаан уобарастаан оҥоһуу. Атыыр халаабыһа төһө улаханый да соччонон атыттар куттарын-сүрдэрин баттатар күүстээх-уохтаах, суостаах-суодаллаах, баһылык буолар.
ТОҔО ЭБИЛИК МУОСТАННА?
— Тымныы иччитэ тоҕо эбии тайах муостанна?
— Уу оҕуһа эбэтэр сэлии өбүгэлэрбит бастакы, онтон дьиэ оҕуһа — кэлиҥҥи көлүөнэлэр өйдөбүллэрэ холбоспутун курдук дьон балачча судургутук ылынар буоллаҕына, тайах муоһа оҕус муоһун кытта холбуу үүммүтүн тута кэбэҕэстик өйдүү охсоро уустук. Ити кырдьык ханнык да үһүйээҥҥэ ахтыллыбатах эбилик муос.
Тайах муоһа Эһээ Дьыл оҕуһун муоһа үүнэрин уонна түһэрин кытары сибээстээх.
Биллэрин курдук дьиэ оҕуһун муоһа бэйэтэ туллан түспэт. Оттон Орто дойдуга тымныы түһүүтэ уонна тымныы кэм бүтүүтэ Эһээ Дьыл оҕуһун муоһа үүнүүтүнэн уонна түһүүтүнэн быһаарыллар.
Сахалар түҥ былыргыттан бултуур аарыма тайахтарын, бу тайах муоһа саас түһэрин, күһүнүн үүнэрин киһи барыта билэр.
Эһээ Дьыл оҕуһун муоһа тайах муоһун кытары бииргэ үүммүтэ кыһын оҕус муоһа үүнэрин, саас тулларын судургутук быһаарар. Эһээ Дьыл оҕуһа киһини дьиктиргэтэр сонун дьүһүнэ дьону, ордук оҕо аймаҕы, туристары кэрэхсэтиэҕэ.
Билигин Арктика, күн-дьыл туруга сымнааһына, ирбэт тоҥ кыһалҕата сытыытык турбут кэмигэр сонун бэлиэ салалта да өттүттэн өйөбүлү ылыа диэн эрэниллэр.
ЭҺЭЭ ДЬЫЛ ЫМЫЫТА
Эһээ Дьылтан дьон саҥа сылга дьиктини, аптааҕы күүтэр. Саҥа сылтан урукку итэҕэстэри хатылаабакка, саҥалыы олоруоҕу ким барыта баҕарар.
Дьэ ол иһин Эһээ Дьыл Ымыыта киһиэхэ сыал-сорук туруорунарыгар көмөлөһөр уонна Саҥа үүммүт сылга 3 баҕа санааҕын толорор.
— Бастакы Бэрэсидьиэммитигэр М.Е.Николаевка 2001 сыллаахха Ымыы бэлэхтээбитим. Кини Ымыы суолтатын тута өйдөөбүтэ. «Дьэ бэркэ толкуйдаан оҥорбуккун. Дьоммут-сэргэбит сыала-соруга суох олорор. Бу Ымыыны Саха дьоно бары ылан толороро буоллар, сотору кэминэн элбэх киһи сыал-сорук туруорунан, үлэлээн-хамнаан, ситиһиилээх, баай-талым олохтоноругар көмөлөһүө этэ. Кытаат, дэлэйдик оҥорон киэҥник тарҕат”, — диэбитэ уонна 2 сыл бэйэтэ үбүлээн Москваҕа бэчээттэппитэ. Мин махталым бэлиэтигэр Ымыыга киниэхэ маарынныыр киһини оҥорторбутум.
Ымыыны куорат уонна киин улуустар олохтоохторо улаханнык биһирииллэр. Атын улуустарга атыылыыр кыах суох буолан, соччо билбэттэр.
Ымыыга суруллубут 3 баҕа санааттан 2-тэ 100%, 1-рэ 50-70% туолар. Ол кистэлэҥэ маннык быһаарыллар. Бастатан туран, Эһээ Дьыл аптаах, онон кини оҥорбут, алҕаабыт Ымыыта эмиэ аптаах диэн дьон өйдүүр, ол иһин баҕа санаата туолар. Иккис быһаарыыта научнай – киһи Ымыыга баҕатын суруйдаҕына ол баҕа санаата кэтэх өйүгэр (подсознаниетыгар) суруллан хаалар. Оттон кэтэх өй киһи тугу гынарын ыйа, хамаандалыы сылдьар айылгылаах. Дьэ ол иһин дьон Ымыыга баҕа санаатын суруйан тапталын көрсөр, ыал буолар, сөбүлүүр идэтин булар, массыына атыылаһар, даача туттар, о.д.а. дьиктилэр буолаллар. Сүүрбэ сыл устатыгар ити ырылхайдык көһүннэ.
Быйылгы Ымыы уруккулартан уратыта диэн саха Таҥаратын итэҕэлин Кириэһин сэргэ Эһээ Дьыл оҕуһун — Тымныы Иччитэ ойууламмыта буолар.
Ымыы биир дьикти уратыта, баҕа санааны саҥа сыл саҕана эрэ буолбакка, сылы быһа хайа баҕарар кэмҥэ суруйуохха сөп.
Ымыыны сэргэ, Тымныы Иччитин — Эһээ Дьыл оҕуһа холодильникка сыһыарыллар маҕаньыыт эмиэ таҕыста. Бу оҥоһук дьиэни-уоту араҥаччылыыр.
— Эһээ Дьыл дьонугар-сэргэтигэр баҕа санаата.
— Таптыыр, ытыктыыр сахам дьоно! Эһигини Саҥа 2022 сылынан итиитик-истиҥник ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин уонна бу үүнэр сылга тапталгытын көрсүҥ, таптааҥ, таптатыҥ, чэгиэн туруктаах, элбэх ситиһиилээх толору дьоллоох буолуҥ диэн Алгыыбын! Тускуо!!!
Биһиги корр.
Хаартыскалар Г.С.Угаров тиксэриилэрэ.