Сыллата А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр Саҥа сыл тиэмэтигэр ретро быыстапка туруораллар. Быйыл урукку сыллардааҕы харыйа оонньуурдар уонна Саҥа сыллааҕы (дьыллааҕы) аккырыыккалар үгүс дьон болҕомтотун тардыахтара.
Алексей Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин мэтэдииһэ Айна Павлова, Норуот түмэлин дириэктэрэ Майя Аркадьевна Мордовскаяны, СӨ кэллэксэнньиэрдэрин түмсүүтүн салайааччытын Никифор Кимович Ивановы кытта ыкса үлэлэһэллэрин ыйар. Хас бырааһынньык, бэлиэ тэрээһин аайы эрдэттэн былааннаан тиэмэлэринэн ретро быыстапкалары туруораллар эбит. Холобур, Учуутал күнүн көрсө үөрэххэ сыһыаннаах былыргы малы-салы, үөрэх былыргы кинигэлэрин (букубаардары) көрдөрүүгэ уурбуттар.
— Биһиэхэ быйыл икки быыстапка турда. Бастакытынан, Саҥа сыллааҕы (дьыллааҕы) аккырыыккалары таһаардыбыт. СӨ филокартистарын аккырыыккалара. Барыта 13 киһи кытынна. 500-чэкэ аккырыыкканы аҕалбыттарыттан чүмэчи, тииҥ, куобах, Тымныы Моруос ойуулаахтары, хотугу тиэмэҕэ аналлаахтары сүүмэрдээтибит. Саамай уруккулартан 1908-1918 сс. Германия уонна ЭХШ оҥорбут дьэрэкээн өҥнөөх аккырыыккалара буолаллар. Онтон атыттар даҕаны элбэхтэр.
Маны таһынан, М.А. Мордовская кэллиэксийэтиттэн сэрии кэнниттэн тахсыбыт хаартыска-аккырыыккалара ураты миэстэни ылаллар. Аныгылартан худуоһунньук Мира Аргунова ааптарыскай аккырыыккалара турдулар.
Иккис улахан быыстапкабыт – “Старый, старый Новый год” диэн сэбиэскэй кэмнээҕи харыйа оонньуурдара, гирляндалара, мишуралара. Тустаах быыстапка эмиэ Майя Аркадьевна Мордовская тус кэллиэксийэтэ, — диэн кэпсиир.
Саҥа сыл бырааһынньыгар анаммыт ураты, ретро быыстапкаҕа И.Я. Дергилев, А.Ю. Исаков, В.И. Зарубин, о.д.а. оччолорго айан кэбиспит сүрэхтэн сүппэт аккырыыккалара хас биирдии Норуот доҕордоһуутун дьиэтигэр кэлбит ыалдьыкка урукку кэмнэри санатан ааһаллар.
Манна былыргы хартыыналарга, аккырыыккаларга эрэ көрөр таастан үрүллэн оҥоһуллубут, быыстарын бытархай шариктарынан киэргэтиллибит гирляндалары көрүөххэ сөп.
Маны таһынан, баататтан хатарыллан илиинэн уонна собуокка оҥоһуллубут фрукталар, оҕуруот астара бааллар. Итиэннэ хортуонтан кырыллыбыт араас кыыл-сүөл эгэлгэтэ.
Быыстапкаҕа Кириэмил харыйатыгар анаан оҥоһуллубут таас оонньуурдар көрөөччүнү сэҥээрдимиэхтэрин табыллыбат. “Урут өрөбөлүүссүйэ кэнниттэн Саҥа сыл тэрээһинин ыытары бобо сылдьыбыттар. Онтон Иосиф Сталин оҕолорго анаан Кириэмилгэ Саҥа сыл бырааһынньыгын тэрийиэххэ диэн дьаһал ылар. Ол кэмтэн ыла харыйа оонньуурдарын маассабайдык таһааран барбыттар. Оччолорго харыйалара улахаттар, ол иһин онно сөптөөх гына улахан оонньуурдары оҥороллор эбит. Көстөрүн курдук, сэбиэскэй кэмнээҕи оонньуурдартан кээмэйдэринэн улахаттар”, — диэн мэтэдиис бэлиэтиир. Итиэннэ Кириэмилгэ Саҥа дьыллыылларын саҕана оҕолорго тимир шкатулкаҕа бэлэх биэрэллэрин, олортон биир экспонат баарыгар болҕомтобун туһаайар. Көрдөрүүгэ туруорбут саамай былыргы оонньуурдарынан 1935-с сыллардааҕы кыбытан иилиллэр (прищепка) оонньуурдар буолаллар. Манна сүрүннээн кыыл-сүөл, дьон-сэргэ бааллар.
Ити курдук былыргы аккырыыккалары, ураты харыйа оонньуурдарын быыстапкатын ким баҕарар босхо киирэн көрөр, хаартыскаҕа түһэрэр кыахтаах. Ахсынньы 15 күнүттэн номнуо 5 тыһыынчаттан тахса киһи сырытта диэн иһитиннэрэллэр.
Быыстапкаҕа сылдьа таарыйа эмиэ бу дьиэҕэ үлэлиир ретро лавкаттан харыйа былыргы оонньуурдарын атыылаһыаххытын, кэллиэксийэҕитин хаҥатыаххытын, саҥа саҕалыыр дьон бастакы оонньуурдаргытын ылыаххытын сөп. Тэрээһин тохсунньу 15 күнүгэр диэри үлэлиир.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru