Варвара Никифорова – идэтинэн математик, экэнэмиис. Нэһилиэнньэҕэ үпкэ-харчыга сыһыаннаах марафоннары, куурустары ыытар. Үүммүт сылы көрсө “Саха сирэ” хаһыат ааҕааччыларыгар харчыны мунньунууга тус сүбэлэриттэн үллэстэр, сүрүн ньымалары билиһиннэрэр.
“Үбү сөпкө туттуу” куурус
— Варвара, нэһилиэнньэни үөрэтиигит хайдах саҕаламмытай?
— Бастакы идэбинэн математикпын, иккис идэм – экэнэмиис. Салгыы үбү-харчыны сөпкө туттууга аналлаах кууруһу ааһан, дастабырыанньа ылан эрэ баран дьону үөрэтэргэ ылсыбытым. Марафоннары, куурустары онлайн (батсаап, инстаграм, ЗУУМ) көрүҥүнэн иллэрээ сылтан дьүөгэм Сардаана Заровняевалыын ыытабыт. Маҥнай марафонтан саҕалаабыппыт. Болдьоҕо кылгас – биэс күннээх. Биэс күн үөрэммит дьон салгыы үөрэниэхтэрин баҕаралларын биллэрбиттэрэ. Онтон сиэттэрэн биир, балтараа ыйдаах куурустары толкуйдаабыппыт. Кууруспутугар биһиги марафоммутугар сылдьан үп-харчы туһунан бастакы өйдөбүлү иҥэриммит эрэ дьону ылбыппыт. Сыл устата, уопсайа, икки сүүстэн тахса киһи. Дьон биһигини бэйэтэ булан, истэн кэлэр буолан, үөрэнэргэ баҕалаах, интэриэстээх.
Мунньунууга бастакы хардыылар
— Харчыны уурунууну туохтан саҕалыыр ирдэнэрий?
— Бастакытынан, хамнас, эбии дохуот кэллэ даҕаны “бастаан бэйэҕэр төлөө” диэн өйдөбүлүнэн тута уурунар ирдэнэр. Ол аата, харчы киирдэ даҕаны ханна даҕаны бычыгыраппакка, уурунан кэбиһиэхтээхпит.
Иккиһинэн, дохуоттан хас баҕар бырыһыанын уурунар ирдэнэр. Ол хас биирдии дьиэ кэргэн бүддьүөтүттэн тутулуктаах. Үгүстэр ыйдааҕы киирэр харчы 10 бырыһыаныттан саҕалыыллар. Кыаллыбат түгэнигэр, кыра бырыһыан да буолуон сөп. Саамай сүрүнэ – саҕалыахтаахпыт. Хамнаһым улааттаҕына, эбии дохуоттаннахпына харчы мунньунуом диэн уһата-кэҥэтэ сылдьыбакка, кыраттан саҕалыыр наада.
Үсүһүнэн, харчыны мунньунарга эмиэ дьиссипилиинэ ирдэнэр. Өскөтүн туох эрэ сыалга анаан харчы уурунабыт диэтэхпитинэ, санаабытын уларыппакка, мас-таас курдук ый аайы уурунан иһиэхтээхпит.
Төрдүһүнэн, харчы мунньунары үөрүйэх оҥостуохтаахпыт.
Бэсиһинэн, үбү-харчыны уурунуох иннинэ баҕа санаабытын быһаарыныахтаахпыт (туохха анаан мунньарбытын). Баҕа санааттан сыал таһаарыныахтаахпыт, сыалтан былаан оҥостуохтаахпыт, былаантан сиэттэрэн болдьоҕун аттарыахтаахпыт.
Саҥа мунньунар, толкуйданар дьоҥҥо бу курдук биэс сүрүн сүбэни этиэхпин сөп.
Бэйэ холобура
— Харчыны уурунуу хас даҕаны ньымата баар дииллэр. Тус бэйэҥ олортон ханнык ньымалары туһаммыккыный? Саамай көдьүүстээҕэ ханныгый?
— Эппитим курдук, харчыны мунньунуу арааһа элбэх. Миэхэ табыгастаах, бэйэм туһаммыт көрүҥмүн үллэстэр буоллахха, бастакытынан, маннык. Дьиэ кэргэн дохуота да, харчыны тутуулара (бииргэ, туспа) даҕаны уратылаһар. Биһиги ыал буолуохпутуттан уопсай хааһыналаахпыт, бу эмиэ оруоллаах быһыылаах. Биһиги уопсай сууматтан 10 бырыһыанын уурунарбыт. Сыыйа 50 бырыһыаҥҥа тиэрдибиппит.
Иккиһинэн, кэргэннииллэр иккиэн үлэлиир түгэннэригэр, кыаллар буоллаҕына, биир киһи хамнаһын тыыппакка лөкөччү ууран кэбиһиллэр, иккис киһи хамнаһынан олороллор. Бу ньыманы бэйэбит боруобалаан көрбүппүт, олус табыгастаах.
Үсүһүнэн, ороскуоту уонна дохуоту ааҕынар, сурунар, бэлиэтэнэр саамай көдьүүстээх. Суруннахпытына эрэ ыйга төһө харчыны ороскуоттаабыппыт уонна төһө суума улахан туһата суохха, халтайга барбыта көстөн тахсар. Ол иһин ороскуот, дохуот учуотун оҥостор булгуччу ирдэнэр. Салгыы ороскуоппутун “оптимизациялыыбыт”. Бу кэмчилээһин буолбатах, маны сөпкө өйдүүр ирдэнэр. Харчынан уҥа-хаҥас ыһыахтаммакка, сөптөөхтүк туһаныахтаахпыт. Ороскуоту чопчу ирдэнэр эрэ түгэннэргэ ыытыахтаахпыт. Ол аата, туһата суох ороскуоттары көҕүрэтиэхтээхпит.
Дохуоту, ороскуоту ааҕынар-суоттанар буоллахпытына, ыйга биһиги дьиэ кэргэҥҥэ төһө суума наадатын, туохха, төһө харчы барарын чопчу билэбит. Дьэ оччоҕо төһө сууманы уурунуохпутун сөбө көстөр. Дохуот кэлээтин кытта ол сууманы “бастаан бэйэҕэр төлөө” диэн бириинсибинэн аан маҥнай уурунууга ыытабыт. Маныаха дьиссипилиинэлээхтик, биир даҕаны ыйы көтүппэккэ, булгуччу уурунар наада. Бу харчыны чопчу, анаммыт сыалыгар эрэ туһаныахтаахпыт.
Онтон ордуга ыйдааҕы булгуччулаах ороскуокка барар. Ол эрээри, олох диэн олох, бу суума син биир халбаҥныыр. Өскөтүн ыйга ирдэнэринээҕэр аҕыйаҕы туттубут түгэммэр, ордубут харчыны матайдаабакка эмиэ уурунууга ыытабын. Оттон тиийбэккэ хаалар түгэнигэр, ууруммут харчыбыттан бэйэм-бэйэбиттэн иэс ылабын. Кэлэр ыйга хайаан даҕаны ылбыт суумабын төнүннэриэм диэн, кимтэн эрэ иэс ылбыт курдук толкуйдуубун. Кэлэр ыйга дохуот киирдэ даҕаны, бастатан туран “иэспин” төнүннэрэбин.
— Дьэ манна кытаанах буолар ирдэнэр эбит. Син биир бэйэм харчым диэн туттан кэбиһиэххэ эмиэ сөп буоллаҕа.
— Оннук. Ол иһин бэйэм-бэйэбэр мас-таас курдук быраабыла олохтуубун. Манна даҕатан эттэххэ, аныгы кэмҥэ хас биирдии ыал “финансовай подушкалаах” буолара ирдэнэр. Ол аата, бу ыал туох эмэ буолар түгэнигэр үс-алта ый туттар харчытын хааччыныахтаах. “Финансовай подушкалаах” киһи сарсыҥҥытыгар, инникитигэр эрэллээх. Оччотугар суһаллык харчыга наадыйдахтарына баантан бырыһыаҥҥа харчы ылбакка, кимтэн эрэ харчы көрдүү сүүрбэккэ, “финансовай подушкаларын” туһаналлар уонна харчыланнахтарына төнүннэрэллэр.
Дьиҥэр, уурунуу арааһа элбэх. Урут суруммут тэтэрээппин буллум. Онно уурунуу 25 ньыматын бэлиэтэммиппин. Олору барытын кэпсии барбакка, ордук табыгастаах диэбит биэс сүрүн ньымабын билиһиннэриэм.
“Классическай” ньыма
Бастакытынан, биһиги дьиэ кэргэн туһаммыт ньымабыт – классическай. Дохуоттан аччаабыта 10 бырыһыанын ый аайы уурунарбыт. Кыаллыбат түгэнигэр кыра бырыһыан даҕаны буолуон сөп. Саамай сүрүнэ — саҕалыахтаахпыт. Саҥа саҕалыыр дьоҥҥо, харчыны мунньунар дьиссипилиинэҕэ үөрэнэргэ бу ордук табыгастаах.
“50-30-20 быраабыла”
Бу ньыманан мунньунааччылар ыйдааҕы дохуоттарын 50 бырыһыанын булгуччу төлөнүөхтээх ороскуокка (хомунаалынай төлөбүр, кирэдьиит, аһылык…) угаллар. 30 бырыһыанын булгуччута суох сынньалаҥҥа (киинэҕэ, фитнескэ, тыйаатырга), таҥас-сап атыылаһалларыгар ыыталлар. Холобур, киинэтэ, фитнеһэ суох олоруохха сөп эрээри, манта суох олохпут эмиэ соччото суох курдук. Салгыы хаалбыт 20 бырыһыанын хайаан даҕаны уурунууга ыытыллар. “Классическай” ньыматтан саҕалаан баран сыыйа “50-30-20” көһүөххэ сөп. Ол эбэтэр маҥнай 10 бырыһыаны ууруммут буоллахтарына, 20 бырыһыаҥҥа тиэрдиэхтээхтэр.
Ол гынан баран, иэстээх дьон күүлэйдии, сынньана сылдьыбакка, бу 30 бырыһыаннарыттан ылан иэстэрин көҕүрэтиэхтэрин сөп. Ол эбэтэр бу пуормула этэринэн, биһиги иэстээх даҕаны түгэммитигэр 20 бырыһыаммытын уурунуохпутун сөп.
“1000 солкуобай быраабылата”
Үсүһүнэн, “1000 солкуобай быраабылата” (“Правила 1000 рублей”) буолар. Бу көрүҥүнэн харчы мунньунааччылар күннээҕи ороскуоттарыгар 1000 солкуобай лимиит туруораллар. Ол эбэтэр, күҥҥэ биир тыһыынчаттан ордук сууманы туттуо суохтаахтар. Манна аһылык, айан төлөбүрэ, күннээҕи бытархай ороскуот киирэр. Өскөтүн ороскуот кыра, тыһыынчаҕа тиийбэт түгэнигэр, ордубут харчыны эмиэ уурунууга ыытыллар. Оттон таһынан барар, холобур, оҕолор киинэҕэ сылдьар эҥин түгэннэригэр атын ороскуоттарыттан (аһылык, бытархай атыылаһыы) көрөн кыччатан биэриэхтэрин сөп.
“Байыы 52 нэдиэлэтэ”
Төрдүһүнэн, кэлин элбэхтик иһиллэр ньыма – “Байыы 52 нэдиэлэтэ” (“52 недели богатства”). Сылга 52 нэдиэлэ баар. Бу ньыманан харчы мунньарга, бастатан туран, ыйыллыбыт болдьоҕор эрэ уһулар счету аһабыт. Хаһан баҕарар счекка харчы угуохпутун сөп, ол гынан баран, харчыны ыйыллыбыт болдьоҕун иннинэ устар кыаллыбат. Иккиһинэн, 52 нэдиэлэлээх табылыысса оҥоһуллар эбэтэр интэриниэттэн бэлэми хачайдыахха сөп. “52 недели богатства” диэн көрдөөтөххө булан таһаарар. Бу быраабыланан 50 солкуобайтан уган саҕалыахха сөп. Ол курдук, бастакы нэдиэлэҕэ 50 солкуобайы, иккис нэдиэлэҕэ 100 солкуобайы, үһүс нэдиэлэҕэ 150 солкуобайы угуллар. Ол аата нэдиэлэ аайы 50-нуу солкуобайынан улаатыннарыллар уонна укпут сууманы табылыыссаҕа сотон иһиллэр. Сорохтор кэнниттэн саҕалыыллар. Угар суумабыт кыччаан иһэрэ судургу. Онон кэнниттэн эмиэ саҕалыахха сөп. Сыл бүтүүтэ мунньуллубут суума 68 тыһ. 900 солк. тэҥнэһэр. Оттон 100 солкуобайтан саҕалаан уурдахпытына икки бүк элбэх үп чөкөтүллэр. Дьиэ кэргэн бүддьүөтүттэн көрөн төһө баҕарар улаатыннарыахха сөп.
“Төгүрүк сууманы хаалларыы”
Бэсиһинэн, “Төгүрүк сууманы хаалларыы” (“Обнуление”) диэн ньыма буолар. Баан каартатынан туттар үөрүйэх олохпутугар ыкса киирдэ. Киэһэ аайы каартаҕа төһө харчы хаалбытын көрөбүт уонна сыалайтан ордук сууматын эмиэ болдьохтоох счекка көһөрөн иһэбит. Холобур, каартаҕа 15 тыһ. 100 солк. баар буоллаҕына, 100 солкуобайын мунньунар счекка ыытабыт. Эбэтэр 15 тыһ. 354 солк. баар буоллаҕына, 354 солкуобайы эмиэ счекка угабыт. Ити курдук хаалларар сууманы күн аайы, нууччалыы эттэххэ, “обнуляйдаан” иһиллэр. Манна интэриэһинэйэ диэн, копилкаҕа төһө харчыны угарбытын уонна сыл бүтүүтэ төһө суума мунньуллара биллибэт. Биллэн турар, биир, үс, алта ый, сыл даҕаны мунньуохха сөп.
Сэҥээрбит дьон үпкэ-харчыга сүбэһит Варвара Никифорова varvara_nikiforova9854 инстаграмҥа страницатыгар киирэн билсиэххитин сөп.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: сэһэргэһээччи тус архыыбыттан уонна credits.ru