Саҥа сылга — саҥа тутуулар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Ааспыт 2018 сылга өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар үтүө дьыала хамсааһын чэрчитинэн, барыта нэһилиэктэргэ 9  оҕо уһуйаана, икки спортзал, биэс элбэх хайысхалаах эбийиэк , эдэр үлэһиттэргэ  аналлаах икки уонна түөрт кыбартыыралаах 8 дьиэ тутулунна.

Ахсынньы ый бүтүүтэ СӨ  тутууга министиэристибэтэ үүммүт 2019  сылга  тутуллуохтаах эбийиэктэри бигэргэттэ. Бу тутуулар «Мин Сахам сирэ 21 үйэҕэ» диэн үтүө дьыала хамсааһынын чэрчитинэн үбүлэниэхтэрэ. Ол курдук испииһэккэ барыта хапытаалынай тутуулаах 82 эбийиэк киирдэ. 2019 сылга 22  улууска 18 үөрэх кыһата, 16 култуура, 7 спорт эбийиэктэрэ, 13 элбэх хайысхалаах киин уонна эдэр үлэһиттэргэ аналлаах 28 дьиэ тутуллуоҕа.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0