Саҥа сыл 12 күнэ

01.01.2021
Бөлөххө киир:

Үүммүт саҥа сыл бастакы 12 күнүн хайдах атаараҕын да, сылыҥ оннук ааһыа. Ол эбэтэр, биир күн биир ыйы бэлиэтиир. Онон аһыы-аһыы дьыбааҥҥа сыппакка, бастакы күннэри өйдөөн-төйдөөн атаарыахтаах эбиппит. Оччоҕо сылыҥ ситиһиилээх буолуоҕа.

Тохсунньу 1 күнэ – тугу баҕараргын иһиллэнэн, бэйэҕэр болҕомто ууруохтааххын. Бу сылга тугу ситиһиэххин баҕараргын былааннаа, суруй.

2 – үп-харчы, баай-дуол күнэ. Үбү хайдах элбэтэри толкуйдаа, аах-суоттаа, дьоҥҥо көмөлөс, иэс биэримэ, ылыма.

3 – бу күнү доҕоттору, чугас дьоҥҥун кытары атаар. Ыраах буоллахтарына, төлөпүөнүнэн да кэпсэт, суруй. Кими да кытта этиһимэ, иирсимэ.

4 – дьиэ кэргэн күнэ. Хас биирдиилэригэр сылаас тыллары анаа, бииргэ оонньооҥ, сынньаныҥ. Төрөппүттэргэр, аҕа саастаах аймахтаргар болҕомтоҕун уур.

5 – айар үлэ, аралдьыйыы күнэ. Уруккуттан оҥоруоххун баҕарбыккын оҥор, оҕо эрдэҕинээҕи баҕа санааҕын толор, оҕо буолан ыл.

6 – доруобуйа күнэ. Доруобуйаҕын хайдах бөҕөргөтөргүн былааннаа, баанньыкка сырыт, ыраастан, киэргэн. Айылҕаҕа тахсан, күүлэйдии барыаххын сөп.

7 – дьону кытары сыһыаны тупсарар күн. Ис санааҕыттан үтүө дьыаланы оҥор.

8 – ыарахаттары, кириисистэри тулуйуу. Санааҕын бөҕөргөт, дьону бырастыы гын.

9 – билии, үлэ-хамнас. Бу күн саҥаны билэргэ дьулус, үөрэн, сыалла-сорукта туруорун, саҥа дьону кытта билис.

10 – биллэр-көстөр буолуу, былаас, бочуот. Ситиһиилээх киһини кытары алтыс, бары учууталларгар махтан.

11 – инникини торумнуур күн. Саҥа бырайыактары саҕалаа.

12 – ыраастаныы, түмүгү таһаарыы. Ааспыттан, туһата суох буолбуттан аккаастан.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0