Сүрүн гаас ситимиттэн уһаайбаҕа диэри гаас босхо киирэрин туһунан сокуоҥҥа РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин илии баттаабытын үгүс дьиэ туттар киһи сэргии иһиттэ.
Бу дьыл бэс ыйын 1 күнүгэр Судаарыстыбаннай Дуума уһаайбаҕа диэри гаас босхо кииирэрин туһунан сокуону ылыммыта. Тустаах сокуону өйөөн, бэрэсидьиэн Владимир Путин бэс ыйын 11 күнүгэр илии баттаабыта.
Гаас ситимэ — кэлим дуогабарынан
Гаас ситимин киллэрии бастакы түһүмэҕэ 2023 сылга диэри ыытыллыаҕа, иккис түһүмэх — 2030 сылга диэри. Гаас ситимин уһаайбаларга диэри киллэриини “Газпром” хампаанньа Арассыыйа 67 субъегар оҥоруоҕа. 12 эрэгийиэҥҥэ бу үлэни гаас хаһаайыстыбатынан дьарыктанар тэрилтэлэр сүрүннүөхтэрэ. Бэрисидьиэн Владимир Путин бэлиэтээбитинэн, уһаайба иһигэр дьиэҕэ диэри гаас ситимин киллэрии биир кэлим дуогабарынан (биир цифровой дуогабар) барыахтаах. Бу нэһилиэнньэҕэ гааһы киллэриигэ төһүү чэпчэтиинэн буолар балаһыанньалар сэтинньигэ диэри бэлэм буолуохтара.
Сокуон нормативнай докумуоннарынан бигэргэтиллэ илик эрээри, 2022 сылтан толору үлэлиэҕэ. Ол эрээри үгүс эрийиэннэргэ босхо гаас ситимин киллэриигэ сайаапкалары ылан эрэллэр.
Табаарыстыбалар абыраналлар
Сокуон ааптардара бэлиэтииллэринэн, саҥа сокуонунан сибээстээн, саад уонна оҕуруот аһын олордор табаарыстыбалар сүүйүүлээх буолуохтара — тыа сирин олохтоохторун статуһун ылаллар уонна уһаайбаларыгар диэри босхо гааһы киллэттэрэр кыахтаналлар.
Саха сирин улуустарыгар саҥа сокуону хайдах ылыннылар уонна туох үлэ ыытыллан эрэрий?
Мэҥэ Хаҥаласка хамыыһыйа үлэлээтэ
Куораттан чугас буолан, биллэн турар, Мэҥэ Хаҥалас улууһугар боппуруос түргэнник оннуттан хамсыыра чахчы. “Сахатранснефтегаз” АУо Гаас ситимин араарар-тарҕатар управлениетын Мэҥэ-Хаҥаластааҕы эксплуатационнай газовай учаастак начальнига Анастасия Федорова санаатын бу курдук үллэһиннэ:
— Улууска 15 нэһилиэк гааһынан хааччыллан олорор. Бу күннэргэ улууска баар бары гаастаах нэһилиэктэргэ хамыыһыйалар тэриллэннэр, хас биирдии дьиэлээх уһаайбалары гаастыырга үлэлээн, олохтоохтор гаас ситимигэр холбонорго сайабылыанньаларын биэрдилэр. Ыытыллыбыт үлэ түмүгүнэн гаас ситимигэр холбоммокко олорор 175 уһаайба хаһаайыннара испииһэктэннэ. Маны таһынан, Бырамыысаланнас министиэристибэтигэр гаастааһын схематын улуус баһылыга Николай Старостин бигэргэтэн, «Сахатранснефтегаз» АУо генеральнай дириэктэригэр Алексей Колодезниковка ыыппытын, салайааччыбыт эмиэ бигэргэтэн, докумуон исписэлиистэр үөрэтиилэригэр киирдэ. Ол курдук, бу күннэргэ тустаах исписэлиистэр үбүлээһин суумматын ааҕа-суоттуу сылдьаллар. Үлэ түмүктэннэҕинэ, атырдьах ыйын 1-кы күнүттэн уһаайбаларга диэри гаас ситимин киллэриини саҕалыахпыт. Биллэн турар, 175 ыалы барытын бу сылга хаппаппыт буолуо.
Онон РФ Бэрисидьиэнэ Владимир Путин хас биирдии уһаайбаҕа гаас босхо киирэрин туһунан илии баттаабыт сокуона Мэҥэ Хаҥалас улууһугар тэтимнээхтик олоххо киирэн эрэр.
Суолаҕа гаас ситимин киллэрии тэтимириэҕэ
Мэҥэ Хаҥалас улууһун Моорук нэһилиэгин Суолатыгар докумуоҥҥа олоҕуран 426 киһи олорор, онтон 300-тэн тахса эрэ киһи кыстыыр.
Нэһилиэк баһылыга Айисен Игнатьев бэлиэтииринэн, нэһилиэккэ 10-тан ыалга тахса уһаайба тутуугар сир бэриллибититтэн, 5 ыалга гаас ситимэ холбоно илик.
— Былырыын икки, быйыл биир ыал гааска холбоммута. Онон РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин илии баттаабыт сокуонун кэнниттэн баҕалаах киһи элбиирэ чахчы. Гаас ситимигэр холбонуон баҕалаах ыал үгүс да, нууччалыы эттэххэ, “правоустонавливающай” докумуоннара суох буолан биэрдэ. Онно төрүөтэ үгүс: ким саҥа өрөмүөн оҥорон, ким дьиэтин учаастагын атын миэстэҕэ көһөрөн, ким нэһилиэстибэтин болдьоҕун куоттаран. Сорохтор регистрацияланан эрэллэр, сорохтор суут нөҥүө быһаарысыахтарын наада. Онон дьон гаас ситимигэр кыайан холбоммот төрүөттэрэ – тустаах докумуоннара ситэтэ суоҕа уонна гааһы киллэриигэ аналлаах матырыйаал сыаната ыарахана. Биллэн турар, гаас узела тиийбэтэх ыалларыгар ситими босхо киллэрии олус бэрт. Бу иннинэ дьон чугас баар гаас ситимиттэн бэйэлэрин харчыларыгар анал тэрили аҕалан туруортараллар этэ. Аны онно тиэхиньиичэскэй усулуобуйа ылыыта, бырайыак оҥорторуута, бэдэрээччит үлэтэ – барыта төлөбүрдээх этэ. Билигин саҥа сокуонунан бу босхо буолар. Онон уһаайбаҕа диэри гаас ситимин киллэрии үлэтэ тэтимнээхтик барыаҕа.
Ааспыты анаардахха
Мэҥэ Хаҥалас улууһугар гаас ситимэ киирбитэ 14-с сыла. Оччолорго Майа сэлиэнньэтин дьокутааттарын бэрэссэдээтэлэ, “гаастааһынҥа куратор» диэн саҥа дуоһунастанан үлэлээбит Зиновий Игнатьев “Майаҕа гаас кэлиитэ наһаа түргэн этэ. Сэбиэскэй кэм саҕана сөмөлүөтүнэн түһэриллибит хаарта моһуоктаабыта” диэн ахтар.
— Саҥа тутуу олус тэтимнээхтик барбыт буолан, гаастааһын бырайыагар ол дьиэлэр киирбэт кутталламмыттара. Оччолорго Майатааҕы дьаһалта землеустроителинэн Мария Макарова үлэлиирэ. Кинини кытта сэлиэнньэни кэрийэ сылдьан, саҥа дьиэлэри бырайыакка киллэрбиппит. Аны ону куоракка уларыттарарга – туспа уһун үлэ. Сороҕор докумуона бигэргэтиллибит сиргэ дьон дьиэ туттан соһутара. Онно эмиэ хос эккирэтиһии. Майаҕа гаас ситимэ киириитигэр “Сахатранснефтегаз” Мэҥэ Хаҥаластааҕы салайааччыта Анастасия Федорова улахан өҥөлөөх. Ньурбаттан, Намтан, Дьокуускайтан гаас тэрилтэлэрэ күүскэ үлэлээбиттэрэ. Бырабыыталыстыба кыаммат араҥаҕа субсидия олохтоон олох абыраабыта. Билигин олохпут тупсан, куораттардыы толору хааччылыылаах, гаастаах дьиэлэргэ олоробут. Онон гаас кэлэн, тыабытын оттук маска бүтэрэрбитин быыһаата, сынньалаҥы, иллэҥ кэми биэрдэ. Аны дойду бэрэсидьиэнэ уһаайбаҕа диэри гааһы босхо киллэрэр туһунан сокуоҥҥа илии баттаан, дьоҥҥо улахан социальнай өйөбүлү оҥорон үөртэ, — диэн санаатын үллэстэр Зиновий Иванович.
Бүлүү Чочутугар интэриэһиргээтилэр
Сыдыбылга сылга икки-үс саҥа дьиэ тутуллан үлэҕэ киирэр. Гаас бу нэһилиэккэ оскуола баһаарын кэнниттэн 2003 сыллаахха киирбит.
Уһаайбаҕа гаас ситимин босхо киллэрии саҥа сокуонун туһунан Чочу нэһилиэгин баһылыга Петр Догоюсов санаатын бу курдук үллэһиннэ:
— Быйыл тимиргэ уонна маска сыана олус ыараан, РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бу маннык дьоҥҥо туһалаах сокуон олоххо киириитин өйөөбүтүн дьон-сэргэ биһирии ылынна. Биһиги быйыл икки ыалга “Сахатранснефтегаз” АУо гаас ситимин холбуурга сайаапка киллэрбиппит.
Гаас ситимин тардыыга ирдэбилэ үгүс: сир аннынан дуу, үөһэнэн дуу диэн. Мин тус бэйэм 10 сыллааҕыта гаас ситимин дьиэбэр киллэрэрбэр, быһа холуйан, 100 тыһыынча солкуобай этэ. Үгүс гаас киллэрбит дьон социальнай субсидиянан туһаммыттара. Онон уһаайбаҕа диэри гаас ситимин олоххо киллэриигэ эһиилгиттэн ыла баҕалаах киһи үксүөҕэ.
Дириҥнэ сотору гаас ситимэ тардыллыаҕа
Чурапчы улууһун Хоптоҕо нэһилиэгэр “гаас ситимигэр эһиилгиттэн ыла баҕалаах киһи үксүүрэ буолуо” диэн сабаҕалыыр нэһилиэк баһылыга Борис Архипов.
— Гаас ситимин киллэриэн баҕалаах дьонтон сайаапка хомуйа сылдьабыт. Нэһилиэкпитигэр гаас киирэ илик. Хочуолунайбыт эрэ гааһынан оттуллар. Чааһынай уһаайбалаах ыалга быйыл киириэхтээх. Гаас ситимин босхо киллэрии саҥа сокуонун, биллэн турар, эдэр ыаллар саҥа дьиэ туттар дьон олус сэргии иһиттилэр, — диэн бэлиэтиир баһылык.
Ити курдук, уһаайбаҕа гаас босхо киирэрин туһунан сокуоҥҥа РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин илии баттаан, үгүс саҥа дьиэ туттар дьоҥҥо дьоһуннаах чэпчэтиини оҥордо.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска — интэриниэттэн.