Соторутааҕыта “Саха сирэ” хаһыат edersaas.ru саайтыгар тиэхиньиичэскэй наука хандьыдаата Василий Мигалкин бар дьон туһанарыгар “Сахалыы-нууччалыы электроннай тылдьыта” тахсыбыта. Василий Васильевич отучча сыл устата түмэн, таҥан оҥорбут тылдьытын оҕо сааһын биир интэриэстээх доҕоро, физика-математика билимин хандьыдаата, ХИФУ дассыана Николай Бурцев-Бахсы Уус саха тыла сайдарыгар улахан кылаат диэн сыаналыыр.
“Хрестоматия радиолюбителя” кинигэттэн
— Николай Николаевич, тылдьыт ааптарын Василий Мигалкины хаһааҥҥыттан билэҕин?
— Оҕо эрдэхпиттэн, 1960-с сылларга Бороҕон илин өттүнээҕи оҕолор бөлөхтөрүгэр бииргэ эн-мин дэһэн оонньоон, сүүрэн-көтөн улааппыппыт.
Тиэхиньикэ чааһыгар интэриэспитинэн көрсүүбүт арыый ураты соҕустук саҕаламмыта. Сэттис-хаһыс кылаастан араадьыйаны таҥыынан (детекторнай приемник) үлүһүйэн барбытым. Оччотооҕу оҕолор өрүү бибилэтиэкэттэн арахпат, кинигэ уларсан ааҕар этибит. Ол сылдьан биирдэ кинигэ долбууругар “Хрестоматия радиолюбителя” диэн күөх тастаах улахан кинигэ турарын ылаары гыммытым, долбуур нөҥүө өттүттэн эмиэ тардыалаһар киһи баар буолан биэрбитэ. Көрбүтүм – Василек (оҕо эрдэҕинээҕи аата) эбит. Кини эмиэ араадьыйаны таҥыыны сэҥээрэр эбит, онтон ылата биир интэриэстээх дьон быһыытынан “араадьыйа” диэн алыптаах дьарыкка ылларан бииргэ саҕалаабыппыт. Хрестоматиябытын иккиэн ааҕа-ааҕа араадьыйа приемнигы оҥорон, кырыыһа иһэ бүтүннүү боробулуоха буолуор диэри антыанна бөҕөнү тардан, наушник булан (былыргы миноискатель наушнига) детектор оҥостон, Дьокуускай араадьыйатын хабан, ыкса сыстан доҕордуу буолан бииргэ улааппыппыт.
“Өрөспүүбүлүкэҕэ элбэхтик миэстэлэспиппит”
— Аҕам Николай Петрович Бурцев Мүрү орто оскуолатыгар бүтүн кылаас киирэн мастан, тимиртэн уһанар кыахтаах столяркалаах уонна слесаркалаах улахан мастарыскыайы тутан үлэҕэ киллэрбитэ. Киэһэ аайы онно улаатан эрэр оҕолор мустан мин аҕам салайар “Эдэр тиэхиньиктэр” куруһуогар арааһынай сөмөлүөт, тааҥка, массыына моделын, араас араадьыйа тэриллэрин оҥорор этибит. Түүн хойукка диэри үлүһүйэн туран уһанарбыт. Түүн биир чааска төрөппүттэр сылгылыы кэлиэхтэригэр диэри, умсугуйан туран дьарыктанарбыт.
Аҕам “Юный техник”, “Моделист-конструктор”, “Радио”, “За рулем”, “Наука и жизнь” диэн араас сурунааллары сурутара. Ол сурунааллар элбээбиттэригэр мастарыскыайга биһиэхэ анаан үөһээ потолок аннынан лаабыс оҥорон (аллараа миэстэ суох буолан), бибилэтиэкэҕэ курдук кэчигирэтэлээбитэ. Иллэҥсийдибит эрэ кирилиэһинэн ыттан тахсан ол сурунааллартан көрөн арааһы бары оҥорорбут.
Василийдыын араадьыйанан үлүһүйэр дьон быһыытынан, оскуолаҕа радиоузел тэрийэн үлэлэппиппит. Инньэ гынан, уруок быыһыгар араас муусуканы, биэриилэри ыытарбыт, оскуола биэчэригэр оччолорго бобуулаах твист үҥкүү муусукатын тардан кэбиһэн мөҕүллэрбит.
Өрөспүүбүлүкэҕэ бастакы уоттаах муусуканы (цветомузыка) оҥорон үлэлэппиппит. Дьокуускайга куонкуруска аҕалан миэстэлэһэн турардаахпыт. Таһырдьа динамикка муусука холбоон, уруок быыһыгар оҕолор тахсан үҥкүүлээн эмиэ мөҕүллэн турардаахпыт. Биир бириэмэҕэ аракыата оҥорон көтүтэринэн үлүһүйэ сылдьыбыппыт. Ол сылдьан халлааҥҥа эстэр аракыатаны ыытан Ааныска диэн оскуола муостатын сууйар эмээхсини өмүтүннэрэн сэмэлэммиппит. Ол курдук быракааспыт син элбэх этэ.
Василий ордук араадьыйанан үлүһүйэрэ, супергетеродиннай приемнигы маҥнай кини оҥорбута. Араадьыйа дэтээлэ ол саҕана дэписсиит буолан, хомуйбут араадьыйа приемниктарбытын ыһа-ыһа саҥаттан атыттары таҥар этибит. Ол да буоллар, куоракка киирэн кыттан, өрөспүүбүлүкэҕэ мэлдьи миэстэлэһэрбит, бастакы миэстэлэр өрүү биһиэнэ буолаллара.
Үөрэх кэнниттэн
— Оскуола кэнниттэн уһун кэм устата көрсүбэккэ сылдьыбыппыт. Мин маннааҕы университеты бүтэрэн Томскайдааҕы университекка аспирантураҕа үөрэнэ тиийбитим. Василий ол кэмҥэ Томскайга оччолорго Сойуус үрдүнэн автоматикаҕа икки эрэ үрдүк үөрэх кыһата баарыттан биирдэстэригэр — Томскайдааҕы институкка (ТИАСУР) үөрэнэрэ. Оччолорго номнуо араас саҥаны булан (изобретение) оҥоруулара элбэх этэ, патеннардааҕа.
Үөрэҕин бүтэрэн баран Дьокуускайга кэлээт миэхэ уопсайга түспүтэ. Кини тыаттан тута үөрэнэ барбыт буолан куораты үчүгэйдик билбэт, ханна үлэлии барарын даҕаны быһаарыммакка сылдьара. “Эйиэхэ сөп түбэһэр космофизика уонна аэрономия института баар, онно сарсын дириэктэрдэригэр Юрий Шаферга киирэн кэпсэтэн көр”, — диэн сүбэлээтим. Сарсыныгар киэһээ аһыы олорон: “Ээ сырыттым, кэпсээтим, патеннарбын көрдөрдүм. Сэргээтэ, ыйыталаста, биһиэхэ үлэлии кэл диэн ыҥырда”, – диэн кэпсээннээх буолла. “Дьэ-дьэ, ону эн туох диэтиҥ?” – диэн сэргэҕэлээччи буоллум. Онуоха киһим: “Толкуйдуом диэтим”, — диэтэ. Мин аны соһуйааччы буоллум: “Оннооҕор наука хандьыдааттара эҥин кыайан үлэлии киирбэт сабыылаах лабораториялара. Юрий Георгиевич бэйэтинэн ыҥырбытын өссө толкуйдуох буолаҕын! Сарсын бараҥҥын сөбүлэһэ оҕус, уларыйа илигинэ!” — диэн саҥа аллайдым. Ол курдук институкка киирэн, Сталинскай бириэмийэ лауреата, Саха сиригэр куосумас эйгэтин чинчийии институтун тэрийбит физико-математическай наука дуоктара Ю.Г. Шафер сабыылаах лабораториятыгар элбэх сыл таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Кини айбыт-оҥорбут прибордарынан элбэх учуонай хандьыдаат, дуоктар буола үүнэн тахсыбыттара. Уларыта тутуу сылларыгар урбаан эйгэтигэр киирсэн эмиэ бэрт кыахтаахтык үлэлии сылдьыбыта. “Талааннаах киһи барытыгар талааннаах!” диэтэҕиҥ…
Тылдьыкка ылсыы
— Тылдьыт оҥоро сылдьарыҥ туһунан кэпсээбитэ дуо?
— 1998 сыллардаахха биирдэ уулуссаҕа көрсүбүппүтүгэр: “Сахалыы быһаарыылаах тылдьыт суруйа сылдьабын”, — диэн Баһылай этэн аһарбытын мин оччолорго ити дьыаланы улаханнык интэриэһиргээбэт буолан, көннөрү истэн эрэ кэбиспитим, “онтон бэрт буоллаҕа дии, наадалаах дьыала!” диэн сэҥээрбитим эрэ. Испэр дьиктиргии санаабытым, мин Баһылайы тылга олох сыһыана суох курдук көрөр этим. Онтон иккиһин көрсөрбүтүгэр Арассыйатааҕы фундаментальнай чинчийиилэр пуондаларыттан (РФФИ) грант ылан электроннай тылдьытын ситэрэн эрэрин иһитиннэрбитэ. Оччолорго көмпүүтэргэ таба суруйууну бэрэбиэркэлиир бырагыраама киэҥник үөдүйэ илигэ. “Лексикон” диэн бырагыраама, бадаҕа, нууччалыы-английскайдыы көннөрөр функциялаах этэ.
Быйыл Баһылай тылдьытын сүрэхтэниитигэр кыайан тиийбэтэҕим, кэлин куйаар ситиминэн көрөн астыммытым. Кини бастакы версиятын – саха орфографиятын (Sakha orthography) өссө 1998 сыллаахха оҥорбут, 2001 сыллаахха “база данных” курдук статуһунан патеннаабыт. Ол үлэтин сүнньүнэн кандидатскай диссертацияны көмүскээбит. Түүр тылларыгар маннык орфография тылдьыттарын Башкортостаҥҥа, Азербайджаҥҥа, Алтайга, Узбекистааҥҥа, Казахстааҥҥа бэйэлэрин бырабыыталыстыбаларын уурааҕынан үбүлэнэн айар бөлөхтөр тэриллэннэр оҥостубуттар. Оттон биһиэхэ билигин көмпүүтэр бырагырааматыгар, сотовай төлөпүөн эрэдээктэригэр сахалыы суругу көннөрөр функциялар киллэриллибиттэр эрээри, үчүгэйдик үлэлиир, киһи астына туттар гына ситэ сайда иликтэр. Онон Саха сиригэр Василий Мигалкин бэйэтин көҕүлээһининэн соҕотоҕун улахан үлэ ыыппытын түмүгэр, саха тылын электроннай тылдьыта баар буолбута, ити дойдулары кытта тэҥ таһымҥа туруорда. Тылдьыкка 102 тыһыынча тыл киирбит, олору араас сыһыарыыларынан наардаатахха 4,5 мөлүйүөн буолан тахсар. Бу биллэн турар, улахан ситиһии. Итини сүрэхтэниигэ эттилэр гынан баран, тылдьыт сүрүн суолтатын кыайан арыйбатылар дии санаатым.
— Электроннай тылдьыт суолтата тугуй?
— Тылдьыт сүрэхтэниитигэр тыл эппит дьон олус элбэх тыл баайын таҥан электроннай сурукка киллэрэн оҥордо диэн сыаналыыллар. Ити сурукка киллэрии үлэтэ чахчы сөҕүмэр улахан. Манна диэн эттэххэ, Баһылай миигин сөхтөрдө, кини курдук айар-тутар дьон итинник ииччик-быыччык үлэни сөбүлээччилэрэ суох. Сүрүн массив улахана бэрт буолан көмпүүтэр үлэтэ түргэтээтин диэн хас даҕаны табылыысса курдук оҥоһуллубут. Ол гынан баран, Василий Васильевич үлэтин суолтата ордук бу курдук электроннай сурукка киирбит тыл баайын саха тылын былыргыттан олохтоммут быраабылаларын ситимин арыйан, ону тутуһан хайдах олоххо туһанар ньымалары (алгоритмы) айыы буолар. Мин санаабар, кини үлэтин суолтата, саамай сүмэтэ итиннэ сытар. Холобур, саха тыла элбэх сыһыарыы тыллары туттары эрэйэр. Ону таһынан, тыл түһүктэринэн уларыйыытыгар (склонение) туттуллар бэйэ-бэйэлэрин кытта ыкса ситимнээх түөрт табылыыссалары оҥорбут. Ити массивтар сөпкө алтыһан үлэлииллэрин хааччыйар моделын оҥорон таһаарбыт. Бу саха тылын уратыларыгар сөп түбэһиннэрэн, 78 тыл быраабылатын тутуһан үлэлиир модель буолар. Мин санаабар, бу модель уопсай түүр тыллаах омуктарга барыларыгар барсыан сөп эбит. Мин көрдөхпүнэ, аангылыйа тыллаах киһи эмиэ туттуон сөп курдук. Бу биллэн турар, анал үөрэхтээх исписэлиистэр кыайан туттар эрэ профессиональнай бырагыраамалара. Василий Васильевич барытын киһи туттар гына ситэри оҥорор идэлээх, онон үлэтин сайыннаран “пользовательскай бырагырааманы” оҥорор. Ол бырагыраама “Эдэр саас” саайтка тылдьыт быһыытынан киллэриллэн үлэлии турар. Ким баҕарар киирэн туттубутунан барыан сөп. Туттарга судургу, табыгастаах. Саха дьоно ити тылдьыты билиэн-көрүөн, киэҥник туһаныан наада.
Диссертациятын рецензиялаабыт исписэлиистэр кини Арассыыйаҕа аан бастакынан сахалыы быһаарыылаах электроннай тылдьыт оҥорбутун ыйаллар. Ол эрээри, атын омук саха тылын электроннай тылдьытын оҥоһуутунан дьарыктанар кыаҕа суоҕун быһыытынан, В.В. Мигалкин тылдьыта аан дойдуга бастакы сахалыы электроннай тылдьыт буолара туох даҕаны саарбаҕа суох.
Биһиги билэрбитинэн, тылдьыт бөҕө тахсар. Гуманитарнай наука үлэһиттэрэ үгүс үлэни урукку ньыманан ыыталлар. Ол сөп эрээри, элбэх матырыйаал түмүлүннэҕинэ урут биллибэт олохтор (закономерностар) көстөн тахсаллар. Холобура, тыллар бэйэ-бэйэлэригэр сибээстэрэ, атын омук тылын кытта сөп түбэсиһиилэрэ (корреляция), саҥа тыллар киириилэрэ, уларыйа туруулара.
Мин оҕо эрдэхпинэ кырдьаҕастар олох атыннык саҥараллара. Билиҥҥи саха тыла, урукку саха тылынааҕар атын. Тыл уларыйа, сайда турар. Билигин интэриниэт үөдүйэн, балачча элбэх саҥа тыл киирэр даҕаны, үөскүүр даҕаны. Ол матырыйаалы статистика ньымаларынан ааҕан көрөрү наадалаах дии саныыбын. Манна индуктивнай, дедуктивнай ньымалары туттан, корреляционнай, структурнай анаалыстары оҥорон, саха тылын чинчийиини билиҥҥи наука таһымыгар таһаарыы элбэх сонун арыйыылары аҕалыан сөп. Онон оҥоһуллар тылдьыт бэйэтэ бэйэтин сайыннара турар (саморазвивающаяся, самообучаемая) систиэмэ буолуон наада.
Билиҥҥэ диэри ити ньымалары интуитивнай (оҥорон көрүү) таһымҥа туттан кэллибит. Ол сахха “структурнай лингвистика” диэн математика биир улахан салаатын сайыннаран аан дойдуга араас тыллары үөрэтиигэ, расшифровкаҕа даҕаны көдьүүстээхтик туһаммыттара ыраатта. Ити биир курдук, саха омуга аан дойду информационнай эйгэтигэр холбоһоругар тирэх буолуо. Көмпүүтэр тута тылбаастаан, туох даҕаны хааччаҕа суох хайа баҕарар омугу кытта кэпсэтиэхпитин сөп буолар.
Иккиһинэн, төрүттэрбитин, устуоруйабытын төттөрү эргитэн (обратная связь) үөрэтиэхпитин сөп. Онон бу улахан кэскиллээх хайысха.
Маныаха маарынныыр үлэни Андрей Иванович Кривошапкин-Айыҥа оҥорон турар. Кини математик идэлээх, университет ааҕар-суоттуур киинигэр элбэх сыл үлэлээбит киһи. Кэлин тыл эйгэтигэр дьарыктаныа диэн өйгө да суоҕа. Структурнай лингвистика ньымаларын туһанан тааска былыр уруһуйдаан (петроглифтары) хаалларбыт суруктарын ааҕан турар. Киһи дьиктиргиэн иһин, онтукабыт олус үчүгэйдик сахалыы ааҕыллар кыахтаах буолан таҕыста. Ити курдук саха тыла букатын былыргы тыл буолара дакаастанна. Итиччэтигэр “Үгүс билиҥҥи тыллар онтон уларыйан-тэлэрийэн кэлбит буолуохтарын сөп” диэн күүстээх сабаҕалааһыны оҥорор оруннаах. Былыргы тыллаах дьон былыргы омук буоларбыт биллэр буоллаҕа…
Василий Мигалкин электроннай тылдьыта эмиэ итинник хабааннаах үлэ. Уруккуттан биллэр саха тыла таҥыллар-иэҕиллэр быраабылаларын сүүмэрдээн формальнай көрүҥҥэ киллэрии, олору бэрээдэктээн, бэйэ-бэйэлэрин кытта дьүөрэлэһэн үлэлиир математическай моделы оҥоруу, ити модель үлэлиир эйгэтин улахан структурированнай тыл массивын оҥоруу сүҥкэннээх ситиһии. Ити модель саха тыла сайдарыгар, саха устуоруйатын даҕаны үөрэтэргэ элбэх кыаҕы биэрэр сүҥкэн суолталаах.
Бүтээри туран бэлиэтээтэххэ, “нет худа без добра”, ыһыллыы кэмигэр, чуолаан бастакынан физика, математика курдук фундаментальнай наукалар кыһалҕаны көрсөннөр, идэлээх учуонайдар сүрүн дьарыктарыттан “иллэҥсийэн”, ити наукалар сайдыбыт методическай базаларын, атын, гуманитарнай наукалар (экэниэмикэ, технология, тыл, култуура салаалара) сайдалларыгар туттубуттара көдьүүстээх буолбутун бу А.И.Кривошапкин, В.В.Мигалкин холобурдара көрдөрөр. Биир бэйэм даҕаны экэниэмикэнэн, хомуһунан-быһаҕынан аралдьыйбакка, физикабар умса түһэн сытыах эбиппин.
— Оччотугар Василий Мигалкин алгоритмын туһанан, ханыылыы тыллаах норуоттарбыт тылдьыт оҥоруохтарын сөп дуо?
— Этэбин дии, сорох уруулуу омуктарбыт орфографияны бэрэбиэркэлиир бырагыраамалары оҥорбуттар. Ити эмиэ элбэх үлэттэн тахсар, дэлэҕэ кинилэр ол бырагыраамаларын бырабыыталыстыбалара уураах таһааран үбүлээн, анал бөлөх тэрийэн сорунан туран оҥоруохтара дуо. Ол бырагыраамалар төһө үчүгэйдик үлэлииллэрин, туох кыахтаахтарын билбэтим. Анаан туран дьарыктаммыт киһи элбэх туһаны ылыа этэ дии саныыбын. Биһиэхэ оннук уураах да, үбүлээһин даҕаны суох, үгэс курдук манна биирдиилээн дьон туох да сорудаҕа, ыйыыта-кэрдиитэ суох ылсан айаллар-туталлар, киһи сөҕүөн курдук үрдүк ситиһиилэнэллэр. Бу дьон курдук талааннаах, кыахтаах, баҕалаах дьону айар-тутар кэмнэрин куоттарбакка түмэн, институт дуу, университет кафедратын дуу иһинэн туспа структурнай лингвистика салаатын дуу, лаборатория дуу тэрийэллэрэ буоллар, улахан хамсааһын тахсыах этэ. Ыччаты кинилэргэ сыһыаран үөрэттэрэн хаалыах баара, математика уонна да атын точнай наукалар ньымаларын атын наукаларга туһанар наада этэ.
Онтон “Эдэр саас” саайтка тахсыбыт тылдьыты саха тылын учууталлара уруоктарыгар хайаан да туһаналларын курдук, үлэлиир бырагыраамаларыгар киллэрэри ирдиэххэ. Бу тылдьыт сурук-бичик үлэһиттэрин бөрүөлэрин, интэриниэт, тэлэбиисэр нөҥүө кэпсиир-ипсиир дьоммут тылларын-өстөрүн арахсыспат доҕордоро буоларын ситиһиэххэ. Батсаап олохтоохторун бичийиилэрин ыраастыыр абыраллаах ньыма курдук көрүөххэ наада. Бэлэм оҥоһуллубуту бу үлүгэр тылбытыгар уустуктардаах олорон туттубатахпытына аньыы да буолар ини.
Уонна бүтэһикпэр бу Василий Васильевич Мигалкин курдук норуоттарын туһугар кыһаллар энтузиаст дьону чорботуохха, көрүөххэ истиэххэ, саатар эрэйдэрин боруостуохха баар этэ. Итини мин кини оҕо сааһын доҕоро буоларбынан эппэппин, төрүт тыл, саха омук туһатыгар туох эмэ “эмп буолаарай” диэн этэбин. Итинник гымматахпытына били “олус талааннаах, өйдөөх, тулуурдаах” саха омуга аны тугу да «төрөтүө суоҕа».
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru