Сааскы ыһыы чугаһаата. Хаһаайыстыбалар бу түбүктээх хампаанньаҕа бэлэмнэнэллэр. Нам улууһун Хамаҕаттатыгар “Саҥа сүүрээн” бааһынай хаһаайыстыбата хортуоппуйу, оҕуруот аһын үүннэриинэн дьарыктаммыта балачча буолла. Хаһаайыстыба хортуоппуй сиэмэтин Татарстантан кэлэрин кэтэһэр.
Билиҥҥи туругунан, суол аһылыннаҕына кэлэрэ күүтүллэр. Бааһынай хаһаайыстыба баһылыга Александр Жирков былырыын Казаҥҥа тиийэн сиэмэ хортуоппуйунан хааччыйар, пробиркаттан оҥорон таһаарар, вируһа суох сиэмэлээх хаһаайыстыбаҕа сылдьан, технологияларын билсэн, хайдах үүннэрэллэрин, харайалларын көрөн кэлбитэ.
Быйыл “Саҥа сүүрээн” 35 гектарга хортуоппуйу, 3 гектарга хаппыыстаны, 5 гектарга моркуобу, 1,5 гектарга сүбүөкүлэни ыһар соруктаах.
Үүннэрбит хортуоппуйдарын, оҕуруоттарын аһын харайар хранилищелара аныгы ирдэбилгэ ситэ эппиэттээбэт, харайар иэнэ кыра буолан, уустуктардаах эбит. Ол да буоллар, үгүс сыранан-сылбанан ылбыт үүнүүлэрин энчирэппэт туһугар кыһаналлар. Хаһаайыстыба технологияны тутуһан үүннэрбит хортуоппуйа минньигэс, бөдөҥ, астыылларыгар үчүгэй буолан, өрүү былдьаһыгынан барарын туһунан истэбит. Ол курдук, Нам улууһугар эрэ буолбакка, Дьокуускайга тиийэ, хотулар кытта (оскуолалар, дьыссааттар, кафелар, остолобуойдар, бэл, эрэстэрээннэр) хамаҕатык атыылаһаллар. Атын улуустартан кэлэн кууһунан элбэҕи илдьэ бараллар.
– Дьон атыыласпыт хортуоппуйугар сытыйбыт-ымыйбыт хортуоппуй суох буоларыгар кыһанабыт. Элбэҕи ылааччыларга өссө моркуоп, сүбүөкүлэ бэлэх курдук биэрэн ыытарбытын кэрэхсииллэр. Онон төһө кыалларынан атыылаһааччыны интэриэстии, түргэнник тиэрдэргэ кыһаллабыт. Оҕуруотчуттар бэйэ-бэйэбитин кытта билсэбит, көмөлөсүһэбит, уопут атастаһабыт. Атын улуустартан кытта кэлэн үлэни-хамнаһы билсэн барааччылар. Холобура, соторутааҕыта Сунтаартан кэлэ сылдьыбыттара. Билигин туох барытын сыаната ыарыы турар. Хортуоппуй эрэ буолуо дуо? Биир гектарга олордуллар олох үчүгэй хаачыстыбалаах моркуоп сиэмэтэ 100-тэн тахса тыһыынча солкуобай буолла. Билигин элбэх үбү-харчыны уктаххына эрэ оҕуруоттанар-астанар кыахтааххын. Дьону хамнаһа суох үлэлэппэккин. Онон оҕуруотунан дьарыктанар бааһынай хаһаайыстыба баһылыга, пиэрмэр экэнэмиис, буҕаалтыр курдук буоларын таһынан, тиэхиньикэни эмиэ сүүс бырыһыан истэри-тастары билиэхтээх, туох саҥа хамсааһын баарын ааҕа, билэ сырыттаҕына табыллар, быыстапкаҕа сылдьыахтаах, көрүөхтээх-истиэхтээх. Үлэһитэ дьиэтигэр-уотугар кыһалҕата суох буоларыгар эмиэ кыһаныахтаах. Билигин алта үлэһиттээхпин. Урут дьонум хаһаайыстыбалара “Сүүрээн” диэн ааттааҕа, ол иһин “Саҥа сүүрээн” диэн ааттаабыппыт, – диир Александр Степанович.
Нэһилиэнньэни хааччыйыыга бэйэбит хортуоппуйбут, оҕуруоппут аһа дэлэйэрин туһугар “Саҥа сүүрээн” курдук хаһаайыстыбалар элбии, кыахтара кэҥии, баазалара сайда, кинилэри өйүү туралларыгар баҕарабыт.
Женни Стрюкова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: fermilon.ru ылылынна