СӨ Туризм уонна предпринимательство дьыалаларын министиэристибэтин иһинэн «Туризм уонна территориальнай маркетинг сайдыытын ааҕыныстыбата» автономнай тэрилтэ 2021 сыллаахха тэриллибитэ.
Ааҕыныстыба туризм эйгэтин бары салааларыттан сонун сүүрэннэри сырдатан, турист ахсаанын элбэтэр соруктаах тэриллибитэ. Маны таһынан, Саха сирэ дойду уонна омук сирдэрин туристическай ырыынактарыгар бэйэтин дьоһуннаах миэстэтин буларыгар далаһа уурар тэрилтэ быһыытынан бэлиэтэнэр.
Биллэн турар, туризм эйгэтигэр саҥа хайысхалары тобулар урбаанньыттарга улахан көмөнү, сүбэни, өйөбүлү оҥорор тэрилтэ олус наадалааҕа чахчы. Ааҕыныстыба исписэлиистэрэ туристическай өҥөнү оҥорууга урбаанньыттар үлэлэрин кэтээн көрөллөр, араас хайысханы тобуларга үөрэтэллэр уонна оҥоһуллубут биисинэс-былааннары анаалыстыыллар, сүбэ-ама биэрэллэр.
Бастыҥ үлэлээх урбаанньыттары кэмигэр таба көрөн өйөөн, кинилэр үлэлэрин араас быыстапкаҕа кытыннаран, бэйэлэрин эмиэ киэҥ араҥаҕа таһааран, бөдөҥ биисинэс эйгэтигэр «күөх уоту» уматар — эмиэ бу тэрилтэ. Ааҕыныстыба исписэлиистэрэ туристическай өҥөнү оҥорор урбаанньыттарга көмөлөһөн, эрэкэлээмэлиир, биһирэмниир, матырыйааллары наада буоллаҕына, английскай тылга тылбаастаан биэрэллэр. Дьоҕус урбаанньыттары кыахтаах тэрилтэлэри кытта тиксиһиннэртээн, инвестиционнай бырайыактарга кытыннараллар, уопут атастаһыытын тэрийэллэр.
«Туризм уонна территориальнай маркетинг сайдыы ааҕыныстыбата» автономнай тэрилтэ эдэр эрчимнээх салайааччыта Дмитрий Громовтыын ити тиэмэҕэ, боппуруоска кэпсэттибит.
Быыстапка туризмы хото сырдатар
— Дмитрий Анатольевич, эйигин кытта олохтоохтук кэпсэтиэхпин баҕарбытым өр буолла да, олох таба туппаппын — өрүү улуустарынан, нэһилиэктэринэн командировкаларга сылдьар буолаҕын. Буолумуна, туризм эйгэтин бары салааларын сонун сүүрээннэрэ итинник дьону-сэргэни кытта алтыстахха көстөн иһэр буоллаҕа. Ааҕыныстыба тэриллиэҕиттэн туох үлэни ыыттыгыт?
— Саха сирин туһунан кэрэхсиир дьон интэриэһин учуоттаан, араас быыстапкалары ыыттыбыт. Ол иһигэр былырыын кулун тутар 16–18 күннэригэр Москва куоракка «MITT» Норуоттар икки ардыларынааҕы быыстапканы, кулун тутар 19 күнүгэр СӨ Поспредствотыгар, Дьокуускайга кулун тутар 27 күнүгэр бастакы «Muus Ustar» бэстибээлгэ, бэс ыйын 7–12 буолбут «Татарстаҥҥа Саха сирин күннэригэр» тэрийбит быыстапкаларбытын холобурдуохха сөп. Маны таһынан, visit-yakutia.com интэриниэт-портаалга 3252 киһи Саха сиринээҕи туристическай маршруттары интэриэһиргээн, араас ыйытыылаах тахса сырытта. Онон иһитиннэриигэ-биллэриигэ ылыммыт былааммытын 104% толордубут.
Кластеры тэрийии — кэм ирдэбилэ
— Аны улуустарынан эмиэ үлэ ыытаҕыт. Бу туһунан сырдатарыҥ буоллар.
— Кэлиҥҥи сылларга улуустар, нууччалыыттан тылбаастаабакка холбурдаатахха, «туристскай-рекреационнай кластер» диэн туризмы сайыннарыы сонун хайысхатын тобуллулар. Ол эбэтэр биир сиргэ-уокка олорон үлэлиир хас да туристическай тэрилтэ бэйэ-бэйэлэрин кытта ыкса сибэстээхтик бииргэ үлэлээһиннэрэ кэм ирдэбилинэн буолла.
Биһиги тэрилтэбит бу маннык үлэҕэ тосхоллору оҥорорго көмөлөһөр. Ол курдук, Амма улууһун сиригэр-уотугар улуус салалтатын сайаапкатынан туризмы сайыннарыы тосхолун оҥорбуппут. Ол түмүгэр араас хайысхаҕа үлэлиир 10 Амма урбаанньыта уопсай санааҕа кэлэн, улууска туризмы сайыннарыы тосхолугар үлэлэһэллэр. «Амма» ТРК үгэс буолбут кэрэ айылҕа уонна култуура бииргэ силбэһиитин көрдөрөр кластер. Манна урбаанньыттар туристары ытык сакральнай сирдэринэн сырытыннарыахтара, тыа сирин олоҕун укулаатын билиһиннэриэхтэрэ, кэрэ айылҕаҕа күүлэйдэтиэхтэрэ. «Дьиэ кэргэн паарката уонна «Арт-резиденция» курдук туристскай бырайыактар тутуллуохтара. Дьиэ кэргэн пааркатыгар ыалдьыт дьиэлэрэ, глэмпинг зоната, элбэх өҥөнү оҥорор киинэ, быыстапка, кэнсиэр, быһата, бары култуурунай тэрээһиннэр ыытыллар былаһааккаллара тутуллуохтара.
Дьааҥы улууһа туристскай-рекреционнай кластеры тутууга анаммыт оройуон. Манна научнай, экологическай, ытык сирдэргэ сүгүрүйүү — бары хайысхалаах туризм сайдыан сөптөөх дойдута. Киһилээх хайалара уонна «Батагайка» сир ирэн сууллан үөскэппит хотооло үгүс туриһы кэрэхсэтэр. Ол эрээри суола-ииһэ мөлтөх буолан, уустуктардаах. Туристары түһэрэр сир суоҕа эмиэ харгыстары үөскэтэр. Туристскай киин Баатаҕайга уонна Верхоянскай куоракка тиһиллэн турар.
Хаҥалас улууһугар «Лена» ТРК Арассыыйаҕа бастыҥнар ахсааннарыгар сылдьар. Өлүөнэ очуостара Айылҕа паарката, Сиинэ остуолбалара, Уус Буотама бизоннара, Булуус, кумах тукулаан — бу барыта улуустааҕы биир кэлим «Лена» туристскай-рекреационнай кластерга түмүлүннэ.
Анаабыр оройуонун сиригэр-уотугар туризмы сайыннарарга бу хоту улуус урбаанньыттара эмиэ туруннулар. Көһө сылдьар табаһыттарга айан — турристары кэрэхсэтэр биир сонун сүүрээн. «Тэрпэй Тумус» ресурснай резервакка Кыһыл Кинигэҕэ киирбит кыыллар бааллар. Бу улуус экстремальнай туризмынан, булдунан уонна балыгынан дьарыктанар туристары бэйэтигэр угуйар.
Туризм хайысхаларынан сайдар
— Уонна туох киһи кэрэхсиир сүүрээннэрин холобурдуоххун сөбүй?
— Саха сиригэр промышленнай хайысхалаах туризмы сайыннарыыга үлэлэһэбит. Бу бырайыакка биһиги тэрилтэбит көҕүлээн үлэлэтэр. Резиденнэринэн «Якутия» ҮАПК АУо, «Дьокуускайдааҕы килиэп кэмбинээтэ», «Дьокуускайдааҕы үүт аһы астыыр собуот», «Сахабулт» ҮАПК акционернай хампаанньалар, «Көмүлүөк», «Чороон XXI үйэ», «Киэргэ», «Уруу», «Саюри» ХЭУо-лар, ЯТЭК ПАУо, «АЛРОСА» АХ, «Колмар» УК, «Якутия» Технопаарка, «Якутскэнерго» ГРЭС ПАУо буолаллар. Тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар тыа сиринээҕи туризмы сайыннарыыга эмиэ былааннаах үлэ барар. Хаҥалас, Горнай уонна Амма улуустарыгар «пилотнай» дэнэр бырайыактары бэлэмниибит.
Интэриниэт ситимэ — туризм өйөбүлэ
— Дмитрий Анатольевич, аныгы үйэ сиэринэн интэриниэт ситимнэригэр хото үлэлииргит олуһун үөртэ. Бу туһунан сырдат дуу.
— «Туризм уонна территориальнай маркетинг сайдыы ааҕыныстыбата» ГАУ үлэтин ис хоһоонун туристарга анаан Телеграм уонна Вконтакте ханаалларынан сырдатар. Саха сиригэр туризм сайдыытын, сонун сүүрээннэр тустарынан https://t.me/artitmnews, https://vинформацииk.com/artitm14, айанньыт-туристарга туһалаах иһитиннэриилэри https://visit-yakutia.com/, https://t.me/visit-yakutia.14, https://vk.com/visit_yakutia_official интэриниэт-ситимнэринэн билсиэххэ сөп.
Үлэ түмүгэ
— Ханнык тэрилтэлэр патеннарын оҥортордулар?
— Роспатент нөҥүө судаарыстыбаннай регистрацияны хас да бренд ааста: «Arctic fashion show», «Саха сирэ — эн кутуҥ күүһэ», «Саха сиригэр оҥоһулунна», «Саха быһаҕа», «Саха хомуһа». Онон бу хайысхаҕа ылыммыт былааммыт эмиэ 100% туолбута.
…Көстөрүн курдук, саҥа тэриллибит тэрилтэ диэтэххэ, биир сыл иһигэр бэрт көдьүүстээх үлэни ыытан, атаҕар бигэтик турарын ааһан, сонун сүүрээннэри олоххо киллэрэн, үгүс урбаанньыт, турист болҕомтотун тарта. Ол буоллаҕа — тахсыылаах үлэ түмүгэ диэн.