Саҥа үѳрэнээччи (кэпсээн)

Ааптар: 
28.05.2021
Бөлөххө киир:

Биhиги кылааспытыгар быйыл саҥа үѳрэнээччи кэлбитэ. Ол маннык этэ.

Yѳрэх саҕаламмыта нэдиэлэ кэриҥэ буолбутун кэннэ, кылааспыт салайааччыта Наталья Николаевна кубаҕай ис киирбэх сирэйдээх, үрдүк, акыҥнаабыт уолу батыhыннаран киллэрбитэ. Уонна:

− Оҕолор, бу Милан Шубников. Кини биhиги кылааспытыгар үѳрэниэ. Милан, бу эн кылааhыҥ. Ол иллэҥ миэстэ баар, онно олор, – диэбитэ, саҥа уолу иннин диэки үтүрүйбүтэ.

Милан отой саңата суох уол эбит.  Биhиги бары саҥа “перец” буочара үчүгэйин, суруйара тупсаҕайын хара бастакыттан дьиибэргии, сѳҕѳ да диэххэ сѳп, кѳрбүппүт. Биирдэ физика учуутала Ольга Ивановна (кинини кэрэ буочарын иhин “Мисс Каллиграфия” диэччибит) Шубниковы дуоскаҕа таhаарбыта. Садаача суоттууругар сорудахтаабыта.

Саҥа уолбут суот усулуобуйатын суруйан барбытыгар, бары чуумпуран хаалбыппыт: кини оруобуна Ольга Ивановна курдук суруйан барбыта! Арай «Мисс Каллиграфия» эрэ кыhамматаҕа, киниэхэ кылаабынайа задача сѳпкѳ суоттанара наада этэ.

Кылааспыт кыргыттарыттан Мира, Вета уонна Сардаана уолаттардааҕар да уhуннар, оттон Милан кинилэрдээҕэр үрдүк.

Кыргыттар бастаан утаа саҥа уолга сурук суруйан кѳрѳн баран, харда туппакка, интэриэстэрэ сүппүт курдук туттубуттара. Оттон мин, Ветаны сѳбүлүүр буоламмын, маңнай Миланы испэр киллэрбэтэҕим. Кистээбэккэ эттэххэ, Виолетта кинини одуулаhарын испэр күнүүлүү да санаабытым быhыылааҕа.

Биирдэ физраҕа турникка тардыммыппыт. Бастыҥмыт Ганя Трутин аҕыста, атыттар биэстиитэ-алталыыта кырыммыппыт.

Араспаанньата алфавитынан кэнники турар буолан, Шубников бүтэhигинэн ыңырыллыбыта. Кини уон биирдэ тардыммыта, уон иккиhин сэҥийэтигэр диэри тахсан баран, сэниэтэ эстибиттии ыстанан түспүтэ.

Физрукпут тэтэрээтигэр тугу эрэ бэлиэтэммитэ. Биhиги саңа табаарыспытын ытыктыы санаабыппыт. Оттомо суох Воеводин ким хайа иннинэ: “Оо! Ван Дамм!” – дии-дии, киhибит быччыҥын туппахтаабыта. Онуоха Милан ымайарга дылы гыммыта уонна: «Как дам!» – диэн Спартагы үтүктүбүтэ. Ким хайа иннинэ Мичил тэhэ ыстаммыта, атыттар эмиэ күлсүбүппүбүт.

Саҥа уолбут тоҕо мэлдьи тугу эрэ саныы сылдьар курдугун, саҥата суоҕун таайа сатыыр этибит. Онтон, майгыта итинник эбит диэн түмүккэ кэлбиппит.

Биирдэ, саха тылын уруогар, “Мин ийэм” диэн темаҕа ѳйтѳн суруйбуппут. Аҕыйах хонон баран, Сахаяна Владимировна тэтэрээттэрбитин аҕалан түҥэппитэ. Мин тэтэрээтим үѳhээҥҥи уңа муннуга имиллибит этэ, биллэр-биллибэт нафталин сыта кэлэргэ дылыта. “Ыскаабыгар уура сыппыт”, – испэр таайбытым. Арыйа баттаабытым, үлэм анныгар токуруйбут “3” турара. Итинтэн атын сыананы күүппэтэх буолан, санаам улаханнык түспэтэҕэ.

Учууталбыт ѳйтѳн суруйуубутун ырыппыта. Онтон Хаарчаана Бурнашеваны бэйэтин үлэтин ааҕарыгар соруйбута. “Дьэ, ити, – дии санаабытым мин, – наар бастыңҥ үѳрэнээччилэри: Хаарчаана Бурнашеваны, Надя Фёдорованы эбэтэр Люда Попованы аахтарар. Ол эрэн, эмиэ да сѳп ээ, “үскэ” суруйбут оҕолор испититтэн саҥабыт да кыайан тахсыа суох этэ, оттон отличницаларбыт чоргуйан, диктор курдук ааҕаллар. Мин учуутал эбитим буоллар, оҕону барытын саҥарда сатыам этэ».

Хаарчаана симиттибитэ, моргенштерн браслетын сиэҕин иhигэр симэ сатаабыта. Онтон доргуччу ааҕан барбыта. Кини ийэтин олус истиңник саныырын, таптыырын туhунан суруйбут этэ.

“Кыhаллан, аралдьыйбакка суруйбутум эбитэ буоллар, мин да итинник тыллары булан сааhылыам суох этэ дуо?” – испэр бэйэбэр абаламмытым. Бурнашева ааҕан бүппүтүгэр, олордон баран, Сахаяна Владимировна Шубниковы ааҕарыгар сорудахтаабыта.

Милан оргууй туран кэлбитэ. Кэккэлэhэ олорор Надя Фёдороватын диэки мунчаарбыттыы кѳрѳн ылбыта. “Кытаат”, – Надя сибигинэйбитэ, мичик гыммыта.

Шубников, Паустовскай сыҥаах баттанан олорор ойуулаах, от күѳх тастаах тэтэрээтин арыйбыта, кыратык тохтуу түhэн баран, кэhиэҕирбит куолаhынан:

− Мин ийэм Тамара Ивановна диэн. Кини номоҕон сирэйдээх. Хойуу, хара баттахтаах. Сааhа отут аҕыhа. Мин кинини ытыктыыбын уонна таптыыбын, – диэн ааҕан барбыта. − Ийэм тьаҕа улааппыт. Оскуола кэнниттэн куоракка ГПТУ-га киирбит. Онно үѳрэнэ сылдьан аҕабын кытта билсибиттэр. Биир сыл буолан баран, сыбаайбалаабыттар. Аҕам армияҕа барбытын кэннэ мин тѳрѳѳбүппүн. Онтон ийэбэр: «Кэргэниҥ интернациональнай ытык иэhин толоро сылдьан, кыргыhыы толоонугар геройдуу оҕутта», – диэн биллэрии кэлбит. Онно чанчыктара туртайбыт… – Милан бѳтѳн ылбыта.

Кылааска чуумпу ѳссѳ ордук хойдубута. Милан салгыы аахпыта:

–  Билигин ийэбиниин иккиэн олоробут. Кини миигин наhаа таптыыр. Мин туспар кыhаллан тахсар. Музыкальнай оскуолаҕа муоста сууйар. Yлэтэ сүрдээх ыарахан, мин билэбин. Хаҥас ытыhын ортотунан, тирээпкэни мэлдьи ыгар сиринэн, сотору-сотору хабыллан тахсар, чэр буолар. Yлэтин кэнниттэн илиитин сылаас ууга уган олорооччу. Ытыстара дэлби кытарбыт буолаллар. Ийэм хаhан даҕаны үҥсэргээбэт, арай биирдэ эмэ саҥата суох үѳhэ тыынан ылар. Мин кинини наhаа аhынабын. Олоҕун чэпчэтиэхпин, мэлдьи үѳрдэ эрэ сылдьыахпын  бҕ5арабын… Кини… – Милан тохтоон хаалбыта.

…Уу-чуумпу. Сахаяна  Владимировна ситэри аахтарбакка олордубута…

Ити уруок кэнниттэн биhиги Миланы саҥалыы кѳрбүт курдук буолбуппут. Кылааспыт салайааччыта Наталья Николаевна  кинини спортсекторынан таларга эппитин бары ылыммыппыт.

Онтон, сыыйа, үгүстэр Миланы кытары доҕордоспуттара, ол иhигэр сорох кыргыттар эмиэ.

Шубников спортсекторынан талыллыбыта икки нэдиэлэ буолбутун кэннэ, биирдэ, волейбол секциятыттан тѳннѳн испиппит. Артём эриллиилээх, кручёнай, подачатыттан мээчик күүтүллүбэтэх траекторияны оңорон, Трутин аттынан ааспыта. Ганя: “Щет!” – диэт, илиитин даллаппытынан, айаҕын аппытынан, соhуйбуттуу туран хаалбыта.

Биhиги ол түгэни саныы-саныы, омуннаахтык күлсэ испиппит.

− Доо, оттон ѳмүттэн хааллым ээ! Кѳрдѳхпүнэ, хаҥас диэкинэн иhэн, “С” буукуба  курдук иэҕиллэн, мин туhаайыыбынан халыйда. Эс, атын сиринэн ааhар ини диэммин, туран хааллым ээ! – Ганя күѳ-дьаа буолбута. Эмиэ күлсүбүппүт.

− “Щет!” – диэбиккин кулгааҕыҥ эрэ истэн хаалла дуу, доҕоор? – Спартак кыhытардыы ыйыппыта.

− Нуу, доо. Дьэ, бэйи, мин да эриллиилээх биэриини сатаатахпына кѳрѳѳрүҥ. Хайдах ылар эбиккит? – Трутин  ыйытыыта биhиги кѳрдѳѳх күйгүѳрбүтүгэр симэлийбитэ.

Ити кэмҥэ Милан аан бастаан саҥа таhааран күлбүтэ.

Кини оттомноох, улахан киhилии дуоспуруннаах бэйэтэ, сирэйэ оҕолуу сырдаабыта, муннун тѳбѳтүгэр бычыгыраабыт кѳлѳhүнүн таммахтара кылабачыйбыттара, кѳрѳргѳ олус ис киирбэх этэ…

Максим Ксенофонтов

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0