Саҥа премьер – Евгений Чекин

03.11.2016
Бөлөххө киир:

Премьер-миниистир Галина Данчикова Госдума дьокутаатынан талыллыаҕыттан, бырабыыталыстыбаны ким салайыаҕын туһунан кэпсэтии сири-сиксигинэн тилийэ көппүтэ. Интернет киэҥ далайыгар күн турдах аайы саҥа кандидатура ырытыллара эрээри, үгүспүт Ил Дархан кими аныырын сэмээр кэтэспиппит. Ол кэтэһиибит түмүгэ ааспыт нэдиэлэҕэ биллэн, Евгений Чекин диэн үгүстэргэ саҥа киһи күөрэйэн тахсыбыта. Иллэрээ күн Ил Түмэнинэн бигэргэтиллэн, Евгений Алексеевич бэҕэһээҥҥиттэн үлэтин саҕалаата.

Кини кимий?

Евгений Чекин – Ярославль уобалаһыттан төрүттээх. Икки үрдүк үөрэхтээх. Бастакыта – быраас, иккиһэ – экономист. Экономист быһыытынан үлэтин-хамнаһын 2003 с. регионнааҕы фондовай киинтэн саҕалаабыта. Кэлин «Бинбанк», «Номослизинг», «ВТБ-лизинг» ААУо кылаабынай экономиһынан, онтон филиалларыгар дириэктэринэн үлэлээбитэ. Судаарыстыбаннай сулууспаҕа 2009 с. кэлэн, Ярославль бырабыыталыстыбатыгар Экономиканы сайыннарыы департаменыгар үлэлии киирбитэ. 2011 с. Саха сиригэр көһөн, Экономика министиэристибэтигэр судаарыстыба уонна чааһынайдар бииргэ үлэлээһиннэрин механизмын киллэриигэ ылсан барбыта. 2012 с. миниистири солбуйааччынан анаммыта. Өрөспүүбүлүкэ сүүс бастыҥ каадырдарын резерветигэр, ону кэккэ федеральнай резервеҕэ сылдьар. Баартыйата суох. Кэргэннээх, түөрт оҕолоох, сааһа – 43.

Тоҕо олохтоох киһи буолбата?

Дии саныы олорор буолуохтааххыт үгүстэр, кини туһунан ааҕан баран. Манна сыһыаран, Егор Борисов «салайааччы киһи ханна төрөөбүтүттэн тутулуга суох, үлэтинэн сыаналаныахтаах» диэн эппитинии, киһи хантан төрүттээҕэ атын сиргэ баран үлэлииригэр-хамныырыгар мэһэй буолбат, төттөрүтүн үлэтин хайысхатын кэҥэттинэригэр олук буолар. Ылан көрүҥ, сэбиэскэй кэм саҕана, биһиэхэ төһөлөөх элбэх киһи атын сиртэн ананан кэлэн үлэлээбиттэрэй? Үгүстэр манна олохсуйан Саха сирин иккис дойду оҥоһуннулар. Оттон бырабыыталыстыба салайааччыларын ылан көрдөххө, Аҕа дойду сэриитин кэнниттэн дойдуну чөлүгэр түһэриигэ Семен Борисов, Василий Протодьяконов, Роман Васильев кэннилэриттэн Тула уобалаһыттан сылдьар Василий Кучеров, Москваттан кэлбит Алексей Леликов, Свердловскайтан – Иван Петров, Чита куоракка төрөөбүт Сергей Маркин салайар үлэҕэ ылсан дойдубут сайдыытыгар улахан кылааты киллэрсибиттэрэ. 2010 с. миниистирдэр кабинеттарын салайан олорбут Галина Данчикова Иркутскайтан төрүттээх. Кини атын дойдуттан төрүттээхпин диэбэккэ, үлэлээбит Дьааҥытын улууһугар, Саха сиригэр төһөлөөх элбэх үлэни ыытта? Региоммут сайдыытыгар Госдуматтан сылдьан өссө да көмөлөһүө турдаҕа.

Саха сиригэр үлэлээбит салайааччылар тустарынан Егор Борисов: «Саха сиригэр өйдүүн-сүрэхтиин, дууһалыын ыалдьан үлэлээбит-хамсаабыт дьоммут аҕыйаҕа суохтар. Онон Евгений Чекин – атын региоҥҥа төрөөбүтэ итэҕэһэ буолбатах. Кини – үлэтинэн, дьаныарынан маннык дуоһунаска талылынна», — диэн уот харахха эттэ.

«Уопута суох, кабинет үлэһитэ»

Диэн этэллэрин биир бэйэм үгүс киһиттэн иһиттим. Ол эрээри Чекины «кабинет үлэһитэ» диэн сүрэхтиир олуона соҕус. Тоҕо диэтэргин, кини үлэтин «суһал көмө» санитарынан, фелдьшеринэн, бырааһынан саҕалаан, кылаабынай бырааска тиийэ үүммүтэ. Бааннарга үлэлиир кэмнэригэр экономиһынан, менеджеринэн, кирэдьиит биэрэр эксперинэн үлэлээбитэ. Оттон судаарыстыбаннай сулууспаҕа кэлэн чааһынай тэрилтэлэри кытары үлэлэһии курдук саҥа сүүрээни киллэриигэ ылсан, түмүктээх, ситиһиилээх үлэни көрдөрбүтэ.

Бу туһунан Егор Борисов: «Евгений Алексеевич ылсыбыт үлэтэ ситиһиилээх, түмүктээх буолла. Ол курдук, инвестицияны киллэриигэ улахан үлэ ыытылынна. Кини быһаччы үлэлэһиитинэн «Якутия» технопаарка, Венчурнай фонда, «Хаҥалас» индустриальнай паарка, инвестиционнай сайдыы агнентствота, о.д.а. тэриллибиттэрэ. Судаарыстыба уонна чааһынайдар бииргэ үлэлээһиннэрин биһиги региоммутугар киллэрэн, 11 млрд солк. суумалаах 28 эбийиэккэ үлэлиир 17 бырайыагы олоххо киллэрдибит. Ону сэргэ 1,5 млрд солк. суумалаах икки концессионнай бырайыагы үлэлэттибит. Онон билигин, экономикабытын бырайыактарынан салайыыга, инвестиционнай бэлиитикэни ыытыыга, саҥа систиэмэҕэ үлэлиир каадырдары иитэн таһаарыыга киирбит кэммитигэр, 2030 сылга диэри Стратегияны оҥорсо сылдьар Евгений Чекин уопут да, билии-көрүү да өттүнэн барытынан барсар», — диэн бэлиэтээтэ.

Дьокутааттар ситиһиини баҕардылар

Дьокутааттар пленарнай мунньах иннинэ Евгений Алексеевич кандидатуратын фракцияларынан, сис кэмитиэттэринэн ырыппыттара. Ону тэҥэ мунньах кэмигэр икки чаас кэриҥэ боппуруостары биэрэн «эксээмэннээтилэр». Санатан эттэххэ, сокуон быһыытынан, Ил Дархан киллэрбит кандидатуратын дьокутааттар аҥардара, ол эбэтэр 35 киһи, өйүүр эрэ түгэнигэр премьер-миниистир ананыахтаах. Онон Евгений Чекин кырата суох эксээмэни ааһан, дьокутааттар 46 куоластарын ылан, ону сэргэ сүбэлэрин, этиилэрин ылынан, бэҕэһээҥҥиттэн премьер-миниистир дуоһунаһыгар ананна.

Аграфена КУЗЬМИНА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0